News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Кулун тутар » 13 » Бил баһыттан сытыйар диэн МОРОЗКИН холобуругар көрүөххэ сөп.
Бил баһыттан сытыйар диэн МОРОЗКИН холобуругар көрүөххэ сөп. | 23:54 |
"Ньыгыллар" фракцияларын салайааччыта Александр МОРОЗКИН суруналыыстартан уоран мунньахтаан тугу туһанарый?
Aartyk.ru Понедельник, 11 Марта 2013 22:15
Ил Түмэн ааспыт 40-с сессиятыгар тахсыбыт айдааннаах боппуруос салгыыта (быыбарга партиялар төһө уокурукка хас испииһэк туруоруохтарын сөбүн туһунан) бүгүн, кулун тутар 11 күнүгэр, эмиэ айдаантан саҕаланна. "Ньыгыллар" парламеҥҥа фракцияларын уонна Сөбүлэҥ хамыыһыйатын салайар НОРУОТ (ханнык норуот?!) депутата Александр МОРОЗКИН суруналыыстары мунньахтан муустаах ураҕаһынан үүртэлээн таһаарда...
Абата абалаах, кыһыыта кыһыылаах, ханнык эрэ Темиртау куоракка төрөөбүт, республика баайа-дуола диэн ааттыыр - "АЛРОСА" АК акцияларын В.Штыровы кытары араас махинациянан аралдьытан ылбыт, Ил Түмэн мунньаҕар хоту Алаһыай уокуругуттан талыллан баран "бырааһынньык үгэнигэр" хат дьахтары күүһүлээһиҥҥэ уорбалана сылдьыбыт, Ил Түмэн 3-с ыҥырыылаах мунньаҕар биэс сыл тухары дэҥҥэ эрэ мунньахха сылдьыбыт да буоллар, В.Штыров сорудаҕынан 4-с мунньахха Томмоттон турбут уонна талыллыбыт, аһара баран 1-кы вице-спикергэ диэри "үүммүт" депутат биһиги бэйэлээх бэйэбит республикабыт сокуонун оҥорор уорганыттан холдьоҕоро төһө сиэрдээҕий?! Түүлээн-түбүлээн байа-тайа, туһана кэлбит депутаттар республика интэриэһин төһө көмүскээбиттэрэй? Аҕыс сылы быһа В.Штыров салалтатынан республика баайын-дуолун куомуннаһан туран атыылыырга сокуон оҥорсубут "өҥөлөрүн" салҕаары аныгыс быыбарга эмиэ хаардыы кэһэн киирээри сорунар уоруйах ньымаларын көрдөрүмээри прессаны үүрдүлэр дуо? *** Бу туох киһиний?
Александр МОРОЗКИН 1993-1997сс. Мииринэй оруйуонун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччытынан олордоҕуна, Мииринэй куорат прокуратурата оруйуон дьаһалтата гуманитарнай көмөнү уоран сиэбитин булан холуобунай дьыала тэрийбитэ биллэр. Дьыалаҕа эриллибит дьаһалтаттан биир эрэ киһи - баһылык солбуйааччыта Василий Чуйко биэс сылга уураахтаммыта. Атыттар киргэ-хоххо буккуллубуттарын илгэн кэбиһэн баран - ууттан кураанах тахсыбыттара. Бу буруйдаммыт Чуйко толук буолбутун толунан, кэлин президент В.ШТЫРОВ секретариатын салайбыта. Аччык 90-с сылларга гуманитарнай көмөнү уорууга кыттыспыт киһини В.ШТЫРОВ "Хотугу сулус" уордьанынан кытары наҕараадалаабыта. "Кытаат, уор-сиэ" диэн тэбиэһирдэн биэрэр быһыыта эбитэ дуу, эбэтэр дьон-норуот санаатын аахсалларыттан ааспыт, билбиттэринэн айбардыыр "хаһаайыттар" быһыылара эбитэ дуу? *** МОРОЗКИН оруйуон баһылыгын 1-кы солбуйааччытынан олорон бюджет харчытын ыскайдааһыҥҥа уорбаланан холуобунай дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыта. Ол гынан баран, "барыны бары саба тутар" тойоно ШТЫРОВ көмөлөстөҕө буолуо - дьыала суукка тиэрдиллибэтэҕэ. Ханан эрэ ханарыйан сииккэ кубулуйан симэлийэн хаалбыта. МОРОЗКИН киниэхэ холуобунай дьыаланы тэрийбит прокурору иэстэспитэ биллэр. "АЛРОСА" АК 1-кы вице-президенэ уонна толорор дириэктэрэ дуоһунастаах олорон дьахтары күүһүлүү сатаабыт айдааныттан сиэттэрэн үлэтиттэн ууратыллыан биир хонук иннинэ - хампаанньаҕа үлэлии сылдьар быыпсай прокурору үлэтиттэн холдьохпутун Уххан.ру санатан турар. *** Акцияны атыылаһыы
"АЛРОСА" АК акциятын 1995 сыллаахтан саҕалаан хампаанньа топ-менеджердэрэ (ол иһигэр МОРОЗКИН, ШТЫРОВ, ДОЙНИКОВ о.д.а.) хайдах бэйэлэригэр иҥэриммиттэрин туһунан кэпсээн бэчээккэ тахсыбыта. Онно сурулларынан, хампаанньа салалтата миноритарнай акциялаах дьону (үлэһит коллективы) хас да ыйы быһа хамнас төлөөбөккө моруу гыммыттар. Кыра-хара дьон быстаран акцияларын баара-суоҕа 1,5-2 тыһ. солкуобайга топ-менеджердэригэр, оччолорго да хас да нуулунан арыттаһар үрдүк хамнастаахтарга атыылаан кэбиспиттэр. Соруйан күһэйэн, чэпчэки сыанаҕа судаарыстыба баайын-дуолун атыылаһан ылбыттар. Кэлин бу менеджердэр ураты бас быстар сыанаҕа акцияларын батарбыттара биллэр. Дьэ, итинник боростуой дьону албыннаан-түөкэйдээн хаппытаалларын хаҥатар дьон өссө депутаттаан олорон биһигини дьаһайаллар... *** 220 тыһыынча уонна 1 мөлүйүөннээх миэбэл
Бэйэни атыттартан үрдүктүк тутталларын өссө биир холобуртан көрүөххэ сөп. МОРОЗКИН Ил Түмэҥҥэ 1-кы вице-спикер дуоһунастанан баран, 2010 сыллаахха, кабинетын 1 мөл. солкуобайдаах миэбэлинэн таҥмыта биллэр. Оччолорго оруобуна улахан уу кэлэн нэһилиэк бөҕөтө ууга барбыта. Тыа дьоно сордоох кыра хамнастарын сыыһынан үйэлэрин-саастарын тухары муспут малларын дуомун, сүөһүлүүн-сылгылыын бүтүннүүтүн устар ууга былдьатан көрө матан хаалаахтаабыттара. Онно халаан содулугар эмсэҕэлээбит ыалга 220 тыһ. солкуобай бюджеттан "бэрт эрэйинэн" көстүбүтэ. Оттон соҕотох МОРОЗКИН - далбарга сылдьыбыт алмаасчыт атыырын кабинетын миэбэлигэр ирдэбилин көрүөҥ этэ: сыаналаах, джунглига эрэ үүнэр мастан илиинэн кыһан оҥоһуллубут оһуордаах буолуохтаах, хайаан да дьиҥнээх тириинэн бүрүллүбүт буолуохтаах... Дьэ, биһиги - нолуок төлөөччүлэр харчыбытыгар тиэлэһийэ көтүү диэтэҕиҥ... Бүтүн ыалга 220 тыһ., биир депутакка - 1 мөл. солкуобай көрүллэрэ ким дьиҥнээхтик кулут уонна хаһаайын буолара ырылхайдык көстөр. ***
Чуона өрүскэ быһылаан
МОРОЗКИН биир хааһылааҕа В.ШТЫРОВ президенинэн талыллаатын кытары атын алмаасчыттардыын, энергетиктэрдиин тутуспутунан Ил Түмэҥҥэ 2003 сыллаахха кэлсибитэ. Син барсан иһэн, "АЛРОСА" АК Чуона өрүскэ турар сынньалаҥ базатыгар хат дьахтары күүһүлүү сатаабытын туһунан сурах бэчээккэ тахсан айдаан бөҕөтүн тоҕо тардыбыта. МОРОЗКИНЫ сэргэ, кини уонна В.ШТЫРОВ хос моонньохторугар, депутат К.МЯГКОВКА ("Ленанефтегаз" ААО гендириэктэрэ) эмиэ холуобунай дьыала тэриллэр. Кырдьыбыт эрээри кыыбаҕата оонньуур МОРОЗКИНЫ депутатыттан устар этиилэр күөрэйэллэр. Хайдах сидьиҥ, ньэгэй майгылаах буолуохха сөбүй, бу оһоҕостоох дьахтары атаҕастыы сатаабыта киһи өйүгэр баппат! Бэйэлэрин оннук айылаах муҥур хаһаайыннарынан санаммыттара бэрдин! МОРОЗКИН, бастаан, сонуну таһаарбыт суруналыыстарга "үрдүк аатын харыстаан" сууттаһарынан суоһурҕанар. Онтон "буруйа суох" МОРОЗКИҤҤА прокуратураттан туох эрэ докумуон кэлбит сураҕа иһиллэр. "Кылыыһыт депутат" суутаһыах баҕата сыыйа уостар. Сол курдук "прокуратураттан киирбит докумуон" дьылҕата эмиэ биллибэтинэн симэлийэн хаалар. Арай, атаҕастабыл харчынан атыылаһыллыбытын туһунан усках сурах онон-манан быычалаан ааһар. Ил Түмэн 3-с ыҥырыылаах мунньаҕар депутаттаабыт дьон ахталларынан, МОРОЗКИН ити айдаан кэнниттэн парламеҥҥа букатын көстүбэт буолан хаалар. Син саатар сирэйдээх эбит. Биирдэ эмэ кэллэҕинэ кэтэх эрээккэ ким да көрбөт миэстэтигэр күлүгүрэн олороро диэн оччотооҕу депутаттар ахталлар. Биэс сыл ааһар. Арай, бэһис сылга МОРОЗКИННАРА эмискэ мунньахха кэлитэлиир буолан барар. 2008 сыллаахха Ил Түмэн 4-с ыҥырыылаах мунньаҕар быыбар саҕаланар. Томмот биир мандааттаах уокуругуттан МОРОЗКИН дьэргэс гына түһэр... уонна иккис болдьоҕор талыллан хаалар. *** Ил Түмэн 4-с ыҥырыылаах мунньаҕар МОРОЗКИН "тыыллан-хабыллан" турар. Парламент 1-кы вице-спикерэ Геннадий ВАДЮХИН федеральнай инспекторынан барбытыгар, "ньыгыллар" МОРОЗКИННАРЫН спикер солбуйааччытынан анньаллар. Куоластааһыҥҥа, эмиэ ШТЫРОВ депутат-саллааттара Владимир ПЕТРОВ (Удачнайдааҕы ГОК дириэктэрэ), Александр ДУДНИКОВ ("Корпорация "Трансстрой Восток" ХЭТ гендириэктэрэ), Михаил ДЕРЕВЯШКИН ( "Нерюнгриэнергоремонт" ААО гендириэктэрэ) - бары "генераллар" киһилэрин үтүөтүн өттөтөн, былдьаһ-былдьаһа тыл этэллэр. МОРОЗКИН өйөбүлү ылбычча, уонна били кини аньыытын-харатын санатар 3-с мунньаҕыттан аҕыйах киһи 4-с мунньахха баарынан буолуо, эфиртэн түспэт депутакка кубулуйар. Саас да ыллаҕа, көҕүн барытын партиятын туһугар уурар. Мунньах аайы МОРОЗКИН, хамыыһыйа аайы МОРОЗКИН... *** Геолог МОРОЗКИН бүгүҥҥүтэ
Билигин МОРОЗКИН кутуйаҕы сиэбэтэх, аньыыта-харата суох куоска курдук туттан-хаптан сылдьар. Үһүстээн даҕаны Ил Түмэн быыбарыгар турар баҕалааҕа сэрэйиллэр. Тойоно В.ШТЫРОВ Уһук Илин салалтатыгар кэлэн эрэриттэн эрдийэн, олохтоох прессэни уҥа-хаҥас дайбаталаан "миэстэбитин буллартаан" эрдэҕэ. "АЛРОСА" АК-ттан сааттаахтык ууратыллан баран бу депутат сыл курдук «Техснабэкспорт» ААО, «Атомредметзолото» ААО штатыгар ааҕылла сылдьар. Онтон, 2008 сылга, айдаан умнуллубутун кэннэ «Эльконский горно-металлургический комбинат» САО үлэлии барар. *** МОРОЗКИН күнэ күөрэйэн парламеҥҥа вице-спикердии олордоҕуна, 2011 сыллаахха президент ыйааҕа тахсар: "кылыыһыт" депутат СР "Якутскгеология" ГУГГП генеральнай дириэктэринэн ананар. Россия салалтата былырыыҥҥыттан саҕалаан геологоразведкаҕа миллиардынан суумманы барыыр буолла. Харчыга муннугар сыттаах Александр МОРОЗКИН үтүмэн үп хамсыыр сиригэр чолоп гына олоро түһэр. "Якутскгеология" федеральнай, региональнай таһымнаах геологическай чинчийиилэри оҥорор соҕотох тэрилтэ. Үлэ, биллэн турар, сакаасчыт харчытыгар оҥоһуллар, ону таһынан көмүс хостооһунунан дьарыктанар салаалаах. 2011 сыллаахха "Якутскгеология" 12 федеральнай уонна 13 республиканскай объекка госсакаас ылбыта. Сылын аайы сир баайын хостуур тэрилтэлэри кытары сүүһүнэн мөлүйүөннээх 30-40 дуогабар түһэрсэр. "Якутуголь", "Сургутнефтегаз" ААОлар, "Бурязолото", "Золото Селигдара" САОлары, онтон да атын улахан тэрилтэлэри кытары контрактаах. *** Дьонтон уоран оҥороллор
В.ШТЫРОВ республиканы быраҕан, дуоһунаһыттан аккаастанан түүн үөһээ Дьокуускай аэропордуттан уоран Москубалаабыта. Кини саллааттара, эмиэ быыбардааччылартан уоран, сабыылаах аан кэннигэр тугу-тугу оҥоро, ханнык-ханнык сокуону айа сылдьалларын Таҥара уонна "ньыгыл" партия салалтата билэн эрдэҕэ. Бил баһыттан сытыйар диэн МОРОЗКИН холобуругар көрүөххэ сөп. Маннык салайааччылардаах партияттан дьон ол иһин кэлэйэн эрдэҕэ. ***
Туйаара НУТЧИНА, Аартык.ру.
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1733 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 57 Ыалдьыттар (гостей): 57 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|