Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 18 » Иирсээннээх Ил Түмэн киирсиилээх мунньаҕа
Иирсээннээх Ил Түмэн киирсиилээх мунньаҕа
21:32
 Ил Түмэн: өссө тугу атыылыыбыт?
Суббота, 16 Марта 2013 08:39
Норуот депутата Афанасий МАКСИМОВ үүт-тураан Ил Түмэн олоҕун кэлэн бүтүннүү дьигиһиттэ. Үксүгэр кнопканы баттыырынан эрэ дьарыктана олорбут депутаттар уонна ону көрөр суруналыыстар чуҥкук мунньахтартан дьааһыйан сыҥаахпыт тахса сыһара. Билигин, дьэ сахсаҥнатыы!

МАКСИМОВ мээнэҕэ Манчаары диэн ааттаныа дуо, туох баар боппуруоһу барытын иҥэн-тоҥон быһаарсан былаастары улаханнык кыйахыы сылдьар. Кини кэнниттэн урут саастарыттан күүрээннэрэ күөмчүлэммит депутаттар ону сэргэ утарылаһар ис санаалаах да буоллахтарына иһийэ сылдьыбыт депутаттар төлө биэрэн батыһан турдулар. Норуотунан саптынан тус интэриэстэрин тутуһа сылдьар үгүс депутаттары, кырдьык, этэллэрин курдук өйдөрүн сайҕыы таарыйа "ол дойдуга" ыыта сылдьыахха баар эбит. Саатар биир сылга. Ким туга-ханныга көстөн кэлиэх этэ. Сытыы өссө кылааннанан, сыппах өссө сынтарыйан эргиллиэхтэрэ этэ.
***
41-с сессияҕа республика бу сыллааҕы бюджетын сокуонугар уларытыы киллэрилиннэ. Дакылааты СР үпкэ миниистирэ Валерий ЖОНДОРОВ аахта. Миниистиртэн Афанасий МАКСИМОВ ыйытар:
- "РИК" ААО уонна "Целевой фонд будущих поколений РС(Я)" бюджеты таһынан тэрилтэлэр бюджет суотугар тэриллибиттэрэ. Ол гынан баран бу тэрилтэлэр үлэлэрэ-хамнастара тоҕо отчуоттамматый? АЛРОСА АК уонна правительство икки ардыгар Сөбүлэҥ түһэрсибит диигин. Туох ис хоһоонноох Сөбүлэҥий, ханнык сыалга сылын аайы АЛРОСА 520 мөл. солкуобайы "Фонд будущих поколений" түһэрэрий? Ону депутаттарга распечаткалаан ыытар кыахтааххын дуо?
- Ыытыахпытын сөп...
- Эн дакылааккар Фондаҕа былырыын 520 мөл. солкуобай түспүтэ диэтиҥ. Оттон АЛРОСА бэйэтин отчуотуттан көрдөххө, Фондаҕа 1,5 млрд солкуобайы 2012 сыллаахха ыыппыт. Ол харчы ханна, туохха барда?
ЖОНДОРОВ мунаахсыйбытын көрөн көмөҕө 1-кы зампред Александр СТРУЧКОВ эппиэттэһэ сатаата:
- АЛРОСА икки сыллаах төлөбүрэ биир сылга түһэн итинник миллиардтан тахса сыыппара таҕыста. АЛРОСА сөбүлэҥ быһыытынан сылга 520 мөл. солкуобайы "Фонд будущих поколений РС(Я)" ыытыахтаах.
- Александр Александрович, ити мин этэр отчуотум -  Россиятааҕы бухгалтерскай учуот даннайа. Кинилэр хайдах да икки сыллаах харчыны биир сылга киллэрэн отчуоттуур кыахтара суох! Ол эн этэр "икки сыллаах төлөбүрүҥ" эбилиннэҕинэ даҕаны 1 млрд 40 мөл. солкуобай тахсар... Оттон атын 500 мөлүйүөнэ ханна барда?
- ... - харда иһиллибэтэ.
МАКСИМОВ:
- Бары билэбит ити Фонданы ким тэрийбитин.
Микрофону Зоя КОРНИЛОВА иилэ хабан ылар:
- Бу икки тэрилтэ бюджет харчытыгар тэриллибиттэрэ онон үп хамсыыра хайаан да хонтуруолланыахтаах. СР Счетнай палатата төһө харчы киирэрин аахтын уонна депутаттарга отчуоттаатын! - диэн буолла.
Бу этиини атын депутаттар өйөөтүлэр. Онон сотору СР Счетнай палатата "РИК" ААО уонна "Фонд будущих поколений РС(Я)" аанын тоҥсуйуохтаах. Төһө суостаахтык тоҥсуур барара буолла...
***
Парламент биир саамай кырдьаҕас депутата Зоя КОРНИЛОВА этэр:
- Депутаттаабытын тухары 15 млрд дефициттээх бюджеты саҥа ылынныбыт. "Якутуголь" ААОну атыылаабыппыт, соторутааҕыта "Нижне-Ленскэйи" атыылаатыбыт... Атыылаабыппытын барытын сиэн кэбистибит. Дьиҥинэн, ол харчыны эргитэн "үүннэрэн" иһиэхтээх этибит... Билигин туохпут да хаалбата. Билигин туохпутун атыылыыбыт?!
***
Баайбытын-дуолбутун атыылаттаран баран биир киһи күрээбитэ. Билигин төннө сатыыр. Ол аата син туох эмэ хаалла5а дии.
***
Аартык.ру    

 Иирсээннээх Ил Түмэн киирсиилээх мунньаҕа
Пятница, 15 Марта 2013 20:45
Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, эрдэттэн суруналыыстарга суос бэринэн сабыылаах аан кэннигэр мунньахтыыр Сөбүлэҥ хамыыһыйа көрө сатаабыт боппуруоһа Ил Түмэн уочараттаах мунньаҕар дьүүллэннэ.

Айдаан-куйдаан туохтан саҕаламмытын үгүс киһи билбэт, өйдөөбөт. Ол курдук "СР народнай депутаттарын талар быыбар туһунан", "СР муниципальнай быыбарын туһунан" республика сокуонугар  куоластааччыны муннарар эриэхибэйдик эргитиллибит  уларытыы киирдэ.
Быыбар туһунан сокуоҥҥа уларытыыны киллэрэри көҕүлээбит  "ньыгыл" депутаттар "норуокка чугас буолабыт" дииллэр, оттон утарылаһар партиялар депутаттара (КПРФ, "Сиэрдээх Арассыыйа", "Гражданскай платформа") "аныгыс парламеҥҥа "ньыгыллар" эмиэ баһыйар ахсааны ыла сатаан уларытыы киллэрэллэр" дииллэр. Инньэ гынан, бүгүн Ил Түмэҥҥэ туох да киһи иилэн ылбат аҕыс араллаана таҕыста. Били, эрдэтээҥи Госдумаҕа депутаттара сутуруктаһан бурҕатыһалларын курдук балаһыанньаҕа  чугаһыыр ыксаллаах быһыы-майгы тахса сырытта.
***
Улахан  утарсыы сүрүн ис хоһооно биир: мандат. Ил Түмэҥҥэ мандат уопсай ахсаана 70. 70 киһи Ил Түмэҥҥэ депутаттыы кэлиэхтээх. Ол 70 киһиттэн 35-э биир мандаттаах уокуруктан талыллан кэлэр. Оттон 35-э партия испииһэгинэн. Чуолаан быыбарга партиялар кыттар саҥа балаһыанньалара улаханнык уларытылынна.
"Депутаттарбыт испииһэгинэн талыллар буолуохтарыттан ыла норуоттан тэйдилэр, партияларын салалтатын эрэ иннигэр илэмэ-салама түһэллэр" диэн ыас буолбут ырыалаахпыт. Онуоха туран, "ньыгыллар" этэллэр, "кырдьык норуоттан тэйдибит, онон норуокка чугаһаан хас быыбардыыр уокурук аайы (уокурукпут 35) тус-туһунан партийнай испииһэк оҥорон быыбарга кыттыахха, оччоҕо депутаттар биир уокурукка баайыллан, онно эппиэтинэстээх буолуохтара" диэн этэллэр. Бэйэлэрэ ааҕыммыттарынан 40 000 чилиэннээх "ньыгыл" партия хас нэһилиэк уулуссатын да аайы тус-туһунан испииһэги туруоруон сөп. Оттон кыра, саҥардыы тэриллэ сатыыр партиялар  35 уокурукка буолуохтааҕар, аҥаарыгар даҕаны бэрт эрэйинэн дьонун испииһэктээн кэчигирэттэхтэринэ да махтал.
Онон бу балаһыанньа кыра партиялар быыбарга кыттар бырааптарын кэһэр диэн оппозиция утарса сатаата.
***
Партиялар уопсай республиканскай испииһэктэриттэн уокурук испииһэгэр 3-тэн элбэх киһи киирэрэ көҥүллэммэт. Кинилэр кэннилэриттэн уокурукка   "чугас" дьон испииһэккэ киириэхтээхтэр. Ол гынан баран испииһэккэ бастакы турар эрэ киһи депутат мандатын ылар кыахтаах. Иккитэ депутат буолбаттар. Бу - дойду, республика Төрүт Сокуонунан мэктиэлэммит гражданин быыбарданар уонна талыллар быраабын толоостук кэһэр диэн оппозиция туруорсар. Урут испииһэккэ ким бастакы турарыттан тутулуга суох мандат бэриллэрэ. Испииһэккэ киирбит дьон ону бэйэ икки ардыгар кэпсэтэн кимиэхэ баҕарар биэрэллэрэ көҥүл этэ.  
***
Биир саамай "ньыгылларга" сүүйүүлээх балаһыанньанан буолла - Ил Түмэн быыбарыгар ааһар кээмэй - 7% олохтонно. Оттон муниципальнай быыбардарга - 5%. Федеральнай политика партиялар тустарынан сокуону чэпчэтэ турар кэмигэр - талыллар бырыһыаны улаатыннара туруу өйдөммөт.
Аны, билигин Империали ньыматынан хаалбыт мандаты түҥэтии олохтонор. Ол аата судургутук быһаардахха - элбэх куолаһы ылбыт партияҕа, кыра партиялар "тобох" бырыһыаннара эбиллэн өссө эбии мандат ылар кыахтанар.  Холобур, Кэбээйи-Дьааҥы быыбардыыр уокуругар  коммунистар 8%-ны ылаллар, "лдпрдар" - 2%-ны, "эсердэр" - 5%. Оттон "ньыгыллар" 15%-ны. "Ньыгыллар" 7%-ны иккитэ куоһарбыт үөрүүлэригэр 2 мандаты ылаллар. Коммунистар 8%-нарыгар 1 мандаты ылаллар. Кинилэр "тобох" 1%-ра  уонна "лдпрдар" 2%-ра, эсердэр 5-%ра, "ньыгыллар" тобох 1%-ра эбиллэн баран - Империали ньыматынан үллэһиллэллэр үһү - уонна ким элбэх мандаты ылбыкка эбии мандат тэбиллэн биэрэр.
Империали ньыма - сүүйүүлээх партияҕа эбии сүүйүүнү, хотууну, кыайыыны "бэлэхтиир". Оттон урут партиялар бэйэлэрин "тобохторун" мунньан-тараан бэйэлэригэр эбии мандат ылаллара - пропорциональнай үллэрии баара. Билигин ол суох буолла.
***
Чэ, быһатын эргитэн-урбатан, араас кубулҕатынан "ньыгыллар" аныгыс да быыбарга кыайар-хотор суолларын хайарга дьулустулар.
Ону утаран коммунистар (ордук Георгий Артемьев, Виктор Губарев, Александр Гаврильев), "сиэрдээхтэр" (Зоя Корниловалара эрэ) уонна "гражданскай платформалар" (Афанасий Максимов, Владимир Федоров) улаханнык утарыластылар. Ону баара, бу парламеҥҥа "Биир ньыгыл Арассыыйа" баһыйар улахан аҥаарын ылан олорор буоланнар, сокуоҥҥа уларытыыны ахсааннарынан саба баттаан ылыннардылар.
Ону ылыннарарга депутат Зоя Корниловаҕа анаммыт суругу кытары аһан, ону элбээтиннэрэн, тарҕатан кытары туһаннылар. Зоя Афанасьевна "миэхэ  аадырыстаммыт суругу тоҕо астыгыт, өссө миигиттэн көҥүлэ суох тарҕаттыгыт?!" - диэн "ньыгыл" Александр Морозкинтан, Ольга Макиенкоттан ыйыппытыгар, Макиенко ымыр да гыммакка: "Ааспыт сырыыга быыбардааччылар санаалара тоҕо учуоттамматый диэн бэйэҥ ыйыппытыҥ. Быыбардааччылар суруйбуттар, санааларын эппиттэр. Бу боппуруоһу Сөбүлэҥ хамыыһыйата көрөр этэ, онон председатель Александр Морозкин быһаарыытынан суругу аспыппыт уонна хамыыһыйа чилиэннэригэр быыбардааччы санаатын тарҕаппыппыт", - диэтэ... Аны, Морозкиммыт атын киһи суругун кытары ааҕар, тарҕатар буолбут дуу?
Манан диэн эттэххэ, ол суруксут "боростуой быыбардааччы" наһаа политикаҕа быһаарсарын, ылылла да илик сокуон барылын дьүүллэһэр кыахтааҕар киһи итэҕэйэрэ уустук. Сорох депутаттар бэйэлэрэ  даҕаны "кыайан өйдүү иликпит" диэн этэ сырыттахтарына, ханнык эрэ түгэх  нэһилиэктэн  "боростуой быыбардааччы" "ньыгыллар" этиилэрин өйөөн суруйара көрүдьүөс соҕус. Аһара модороон үлэ.
***
Афанасий Максимов салалталаах оппозиция депутаттара "Биир ньыгыл Арассыыйа" дьоҥҥо чугас буолабын дии-дии бэйэтин тус интэриэһин өрө тутан сокуоҥҥа уларытыыны киллэрбиттэрин утаран миитин тэрийэргэ кытары этии көтөҕө сырыттылар. Сокуоҥҥа уларытыы бастакы ааҕыытын ааспытын кэннэ, Максимов "ньыгыл" коллегаларын саатырда сатаабыт тыл этиитин видеоматырыйаалга көрүөххүтүн сөп.
***
Аартык.ру
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1654 | Added by: uhhan1
Total comments: 2
2 Захар  
Биирдии улууска биирдии депутаты!

1 Семен  
Ээ, барытын атыылаан иһин. Өрөспүүбүлүкэбитин Бэрииһэби кытта барыларан атыылыаххайын. Кыратык Бэрииһэпкэ скидка оҥоруохха. Түргэнник атыылаһыахтара.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 69
Ыалдьыттар (гостей): 69
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024