Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 21 » ыстатыйа кэнниттэн сарсыныгар "Якутскгеология" дьиэтигэр "бэсиэдэҕэ" ыҥырылла сырыттыбыт
ыстатыйа кэнниттэн сарсыныгар "Якутскгеология" дьиэтигэр "бэсиэдэҕэ" ыҥырылла сырыттыбыт
09:07
 Александр МОРОЗКИН: "Мин суруналыыстары үүрбэтэҕим... көрдөспүтүм"
Вторник, 19 Марта 2013 22:13
Александр МОРОЗКИН: "Мин суруналыыстары үүрбэтэҕим... көрдөспүтүм"
Аартык.ру ыстатыйаларын кэнниттэн "быһаарсыыга" ыҥырыы элбээн эрэр. Ол курдук "ньыгыллар" Ил Түмэҥҥэ фракцияларын салайааччыта Александр МОРОЗКИН суруналыыстартан уоран мунньахтаан тугу туһанарый?" диэн ыстатыйа кэнниттэн сарсыныгар "Якутскгеология" дьиэтигэр "бэсиэдэҕэ" ыҥырылла сырыттыбыт.
Күн лаппа киэһэриитэ СР "Якутскгеология" ГУГГП хонтуоратын төрдүс этээһигэр генеральнай дириэктэрэ, таарыччы Ил Түмэн дьокутаата Александр МОРОЗКИН кэбиниэтигэр ыҥырда. Нэлэччи аһыллыбыт аан кэннигэр дьиэлээх хаһаайын  төттөрү-таары хоһун "мээрэйдии" сылдьарыгар түбэстибит. Дьүһүнэ биллэ аламаҕай  эрээри иһигэр кыыл тарбыыра көстөр.   
- Мин эһигини үүрбэтэҕим, тахсаргытыгар көрдөспүтүм, - диэн буолла. - Эрдэ, хамыыһыйа чилиэннэрин кытары кэпсэтиилээх этибит: ким да суруналыыстары ыҥырбат, бэйэ икки ардыбытыгар быһаарсан баран прессэҕэ тахсабыт диэн. Мин ол мунньахха оппозициялар соруйан айдаан таһаараары суруналыыстары ыҥырбыттар диэн уорбалаан тымтыбытым... кыраны да күүркэтэҕит, - диэн "сэмэлээтэ".
Бүтүн Саха сирин дьылҕатын  таарыйар быыбар сокуонугар уларытыы киллэрэн эрэллэрин билэ сатыырбыт тоҕо уорбаланыахтаах этэй?! Суруналыыс идэтин сыала-соруга диэн, оттон информацияны билии уонна тарҕатыы буоллаҕа. Суруналыыс үлэтин хаарчахтыыр быраабы киниэхэ ким биэрбитэй?!Суруйууларбытын  нэһилиэнньэ ханнык эмэ сорҕото - сахалыы ааҕар кыахтааҕа син сэҥээрэн ааҕар интернет-таһаарыы буоллахпыт. Геолог МОРОЗКИН тугу булаары сири чинчийэрий диэбит кэриэтэ уорбалааһын.  
- АЛРОСА АК акциялаах этиҥ буоллаҕа, Александр Павлович?
- Баар этэ, өссө ону таһынан бонус быһыытынан "Алроса-Нюрба" АК акциялаах этим.
- Атыылаабыккыт дуу, эбэтэр...
- Атыылаабытым. Аһыахха-таҥныахха наада этэ буоллаҕа. Уонна сүгүн-саҕын акционердар мунньахтарыгар ыҥырбат да этилэр...
- Дьиэ кэргэниҥ ханна олороруй? Кыраныысса таһыгар?
- Суох кыраныысса таһыгар буолбатах.  Ити эмиэ усках сурах. Москваҕа олороллор.
- Кэргэниҥ эмиэ?
- Кэргэним эмиэ.
- Оччоҕо манна соҕотоххун?
- Соҕотохпун. Кэргэним кэлэ-бара сылдьар. Оннук кэпсэтиилээх этибит.
- "Чепецкий Механический Завод" ААОҕа туох сыһыаннааххытый?
- ...суох. Саҥа истэбин... ким диэтиҥ?
- "Чепецкий Механический Завод".
- Суох.
***
Оттон интернеккэ сурулларынан, Морозкин  Александр Павлович "Чепецкий Механический Завод" ААО аффилированнай сирэй испииһэгэр киирэ сылдьар (http://www.chmz.net/shareholder/disclosing_information/). 30.01.2008 с. туругунан Морозкин А.П. - "лицо принадлежит к той группе лиц, к которой принадлежит акционерное общество" диэн сурулла сылдьар. Бу 2008 сыллааҕы даннай. Баҕар, "биһиги" Морозкиммыт курдук ааттаах атын киһи атомнай промышленность биир тутаах тэрилтэтин бас билсэ сылдьыбыта буолуо. Ол гынан баран, атын аффилированнай сирэй испииһэгэр 2010 сылга диэри "Эльконский горно-металлургический комбинат" САО (аадырыһа: 678955, Саха Республиката, Томмот к., Алдан оройуона, Укуланскай уул., 97) уонна "Лунное" САО (678900, Саха Республиката, Алдан к.,) ааттара ыйылла сылдьаллар. Морозкин 2008-2009 сс. "Эльконский горно-металлургический комбинат" генеральнай дириэктэрэ буола сылдьыбыттааҕа.
***
- Бу хантан ылбыт информацияҕытый? - үөһэ суруллубуту эппиппэр Морозкин ыйытар.
- Интернеккэ ким баҕарар киирэн көрүөн сөп. Онно барыта сурулла сылдьар. "Чепецкий Механический Завод" ААО диэн көрдүүр ситимҥэ суруйдаххына тахсан кэлэр. Онно 2008-2010 сылтан, бастаан Морозкин А.П. аффилированнай сирэй испииһэгэр ыйылла сылдьар, онтон совладелец быһыытынан "Эльконнааҕы хайа-металлургическэй кэмбинээтэ" уонна кини самалык тэрилтэтэ "Лунное" САО ааттара баар.
- ...Көрүөм эрэ, дьиэбэр тиийэн баран... дьикти эбит. Чепецкэй механическэй собуот Росатом тэрилтэтэ ээ.
- Оттон эн уранынан дьарыктанар "Эльконнааҕы хайа-металлургическай кэмбинээтигэр" үлэлии сылдьыбытыҥ буолбат дуо?
- Сылдьан. Ол гынан баран мин итиннэ наймыламмыт үлэһит эрэ быһыытынан үлэлээбитим.
- Акцията суох?
- Суох бөҕө буоллаҕа! Туох ааттаах доппуруостаан хааллыгыт?! Итинник буоллаҕына кэпсэтэ да сатыа суохпун сөп...
- Сарсын Штыров кэлэр диэн этэллэр дии.
- Билбэппин. Ил Түмэҥҥэ ол туһунан тугу да билбэттэр... Миигин "Штыров киһитэ" дии-дии суруйаҕыт да...
- Оннук буолбатах?
- Ырааҕынан оннук буолбатах, - баһын быһа илгистэр. Диктофон холбоно сытарын үрдүнэн "суруйумаҥ" диир.
- Штыров Уһук Илиҥҥэ кэллэҕинэ биһиэхэ - республикаҕа хайдах буолуой?
- Штыров кыахтаах салайааччы. Үлэһит. Бэйэтин харыстаабакка үлэлиирэ. Штыров Уһук Илиҥҥэ кэлэр да түгэнигэр биһиги ону сатаан туһаныахпытын наада. Бэйэ туһатыгар үлэлиири эмиэ сатыахха наада ээ. Кинини саамай улахан салалтаҕа сыаналыыллар, кыаҕын билэллэр.
-  Совет Федерации тоҕо нус-хас олорботуй?
- Күүстээх үлэҕэ үөрэммит киһи буоллаҕа. Совет Федерации үлэлиэххэ сөп буолан баран, онно үлэҥ  түмүгэ араастык көстүөн сөп. "Выхлоп" атын буолар.
- "Якутскгеологияны" салайан олороҕун. Геологоразведка ыытаҕыт...
- Биһиги үлэлиир территориябыт - Уус Ньараттан Чульмаҥҥа диэри тайыыр.
- Федеральнай, республиканскай сакаастары толороҕут...
- Оннук.
- Ааспыт сылга төһө суумалаах үлэни оҥорбуккутун этиэххин сөп дуу?
- Биллэн турар. Федеральнай сакааһынан 650 мөл., республика сакааһынан 90 мөл. солкуобайтан кыратык тахсар үлэни оҥордубут. Ону таһынан, тэрилтэлэри кытары дуогабардаһан 200 мөл. өлөрдүбүт. "Янгеологиябыт" куһаҕана суохтук үлэлээтэ. Дьон хамнаһын үөһэ тартыбыт.
- Орто хамнас төһөнүй?
- 40  000 солк. Өссө 20 бырыһыан үрдэтэн 2015 сылга 60 000 солкуобайга таһаарар санаалаахпыт.
- Барыта холбоон-илбээн былырыын хас суумалаах үлэни оҥордугут?
- 1 млрд солкуобай кэриҥэ.
- Хамнас, техника, уот-күөс төлөбүрэ...
- Уонна бу манна барыыбыт, - диэн баран генеральнай дириэктэр остуолугар сытар киппэ кумааҕыттан биир лииһи ылан утары бырахта. "Тыраахтыр, массыына, сири хаһар, үүттүүр техника, бульдозер...."  Барыта бачча суума диэн баран хас да нуул төгүрүтүллүбүт ханнык эрэ тэрилтэ сакааһа тиһиллибит.
Александр МОРОЗКИН итини таһынан "сыралаах" үлэ-хамнас туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Түмүгэр:
- Туох да аһара ынырык киһи курдук көрдөрө сатыыргыт сыыһа, - диэн  эттэ.
***
Быһаарыы:
- Открытое акционерное общество «Чепецкий механический завод» находится в городе Глазове, расположенном в центре России, на севере Удмуртии, на расстоянии 1000 км от Москвы по проходящей через город железнодорожной магистрали Москва – Владивосток.В настоящее время до 70% городского бюджета формируется за счёт отчислений ОАО Чепецкого Механического Завода. На предприятии работает более 10 тысяч человек. По результатам последнего социологического опроса до 86% трудоспособного населения города хотело бы работать на ОАО ЧМЗ.В 1992 году руководство ОАО ЧМЗ приняло решение о формировании на предприятии системы общего управления качеством, основанной на принципах TQM (Total Quality Management - общее управление качеством) с учетом имеющегося опыта разработки систем качества. За основу были взяты международные стандарты ISO серии 9000.
В 1995 г. предприятие получило возможность выйти со своей продукцией на мировой рынок. Возникает необходимость в реконструкции и реорганизации производства для обеспечения качества выпускаемой продукции в соответствии с требованиями мировых стандартов.
Решением Государственного комитета Удмуртской Республики по собственности 28 марта 1996 года предприятие преобразовано в открытое акционерное общество "Чепецкий механический завод" с уставным капиталом 1 371 539 тысяч рублей (http://www.chmz.net/about/history/).
***
Санатар эбит буоллахха, Александр МОРОЗКИН бу билиҥҥи Ил Түмэн мунньаҕар иккис болдьоххо олорор, кини 18№-дээх биир мандааттаах Томмот быыбардыыр уокуругуттан дьокутааттыыр. Аартык.ру хаһыакка киирбит информациянан, кэлэр Ил Түмэн быыбарыгар "ньыгыллар" бу уокурукка  А.МОРОЗКИНЫ уонна Ольга МАКИЕНКОНЫ туруоруох курдуктар. Хайалара бастакы нүөмэринэн турарын билиҥҥитэ быһаара иликтэр.
***
Аартык.ру
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1533 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024