Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 22 » Буруйу дакаастыыр кыах суо±ун кэннэ, тугу ба±арар тобулуохха, ким ба±арар к³²µлµн бы´ыахха син буолла±а.
Буруйу дакаастыыр кыах суо±ун кэннэ, тугу ба±арар тобулуохха, ким ба±арар к³²µлµн бы´ыахха син буолла±а.
14:47
Ньургун ЯКОВЛЕВ: «Политическай интэриэс баар»
(Ньурба мээрэ Гаврил ВАСИЛЬЕВ адвокатын эбии этиитэ)

Быйыл кµ´µн быыбарданан талыллыбыт Ньурба куорат мээрэ Гаврил ВАСИЛЬЕВЫ бэрик ылыыга уорбаланар диэн ааттаан, ыллылар да хаайан кэбиспиттэрэ сонун-нуомас буолан тар±анаат, уостубут курдук буолбута этэ.
Холуобунай дьыала тэриллибитэ да, биир сиргэ турбат. Кырдьыгынан-сымыйанан, бµтµн кинигэни курдук ти´эн та´аарыахха наада. Би´иги быраабы харыстыыр уорганнарбыт кэли²²инэн туох эрэ аптаах ки´и оруолун толорор идэлэннилэр. Тук курдук толорору кинилэр сатыыллар диирбитигэр тиийэбит.
Барыта и´иллэн-биллэн и´иэхтээх µйэ±э силиэстийэ ымпыга кытары ы´ыллар, хайа эрэ харса суох суруналыыс бас билиитигэр киирэр. Суруксут да араас, биир ки´и биири эппитин атыннык иэ±эн та´ааран, ол ки´ини бэркэ со´утуон с³п. Бэйэтин санаатын со²ноон, тосту-туора тµмµгµ о²оруон син. Биитэр ким эрэ сакаа´ынан, этиллибити атын суолталыахха эмиэ с³п.
 ¥лэлээн ньиргитэ олоруохтаах мээри туох эрэ кутталлаах ки´и курдук хаайан сытыараллар. Гаврил Васильев Ньурба ИВС-тан Дьокуускайга СИЗО-±а к³´³рµлµннэ. Субу быыбарданан ба´ылык буоллум дуу-даа диэн ыккардыгар, букатын µ³йбэтэх сиригэр тµбэстэ±э. Тойоттору тоноон туохха ба±арар сыбыы тутар дьон к³нн³рµ ки´ини ыйыстан баран ымыр да гыныахтара суох.

Сорунан туран сура±ы сонун курдук та²ан тар±аталларыттан ки´и дьиксинэр. ¥´µ диэнтэн ас та´аарар суруналыыстардаах, этэрбэс араадьыйатын эрэнэр эрэдээктэрдээх и´итиннэрэр-биллэрэр тэрилтэлэр баар буолбуттарыттан ки´и сонньуйар эрэ. Аата эрэ чаа´ынай тэрилтэлэр илэ ³йд³рµнэн сурах ыыта олорор µ´µлэр дуо, µ³´эттэн дуу, туораттан дуу ыйар-кэрдэр, ирдиир-сирдиир дьоннордоох буолан, медиа-куйаарга и²нэн сырыттахтара.

Сылдьыбыты² сыччах, ыллылар да µтµ³ ааккын онно-манна сыбыахтара дуу, э²ин дьаралыгы ыйыахтара дуу. Т³´³ да ол сымыйатын, сурахха сууламмытын и´ин, µйэ-саас тухары кэннигэр са²ара, ³рµµ уорбалыы сылдьыахтара турда±а. К³нн³рµ да ки´и онтон сылтаан алдьаныа, айана атахтаныа. Оттон салайар µлэ±э сыстыбыт, дьэ, са²аны, элбэ±и са±алаан эрэр ки´и баара эрэ сурах ту´уттан ханна-ханна тиксиэ биллибэт. Арай, би´иги сууттарбыт сурах суурада´ыннаах, сымыйа сыбахтаах, дой±ох дор±оонноох дакаастабыллары ылыналлара µксээн и´эрин к³р³-билэ сылдьаммыт, дьыала дьи²э суо±ар итэ±эйиэхпит буолуо. Уорбалаа´ынынан эрэ ура±астанар уорганнары бэйэбит уорбалыыр идэлэниэхпит эбитэ дуу.

Санатар буоллахха, Ньурба куорат мээрин Гаврил Васильевы тµµннэри тутан «тµµнµктээх», µ³лэс тµннµктээх тµрмэ±э ылан бырахпыттара. Сонно су´аллык туох баар информагентстволар сонуну иилэ хабан ылан у²а-ха²ас тар±аппыттара. Иннэ-кэннэ биллэ да илигинэ. Уоран, эбиитин уорбалаан туппут дьон информацияны кистиэ да эбиттэр. Соруйан, репутацияны тµ´эрээри, тыас та´аартараары итинник дьа´аммыттара ³т³ к³ст³р. Дьыала, дьи²инэн, ол чопчу Васильевка, мээргэ да буолбатах. Улахан дьон атын улахан дьо²²о мэ´эйдэтэн, ыраа±ынан иэ±эн та´аарбыкка дылылар…

 Дьон тута – Ньурба, СК, бэрик, СИЗО диэн тыл-³йд³бµллэри биир аат тула с³рµµ тутан, тµмµк санааны тобула охсор буолла±а. Ньурба мээрэ кириминээлгэ кииригэс диэн дьаардаах дьаралыгы и²эрэргэ тиэтэйэллэр.

Холуобунай дьыала буолан баран, кырдьыгынан-сымыйанан туо´у баар буолуохтаах. Ол сµрµн туо´уну суох о²оро сатаатылар диэн информация быраабы харыстыыр органнарга киирбит диэн сонунну²у сурах интэриниэт иэнин ылан кэбиспитэ. Суох о²оро сатааччылар аатырбыт Ньурба криминальнай б³л³±³р тирэ±ирэр дьон диэн ³сс³ ымпыктаа´ыннаах. Хаайбыттарынан с³п буолбакка, былаас ки´итин букатын мааппыйаны кытта бы´а ситимнээх курдук ³йд³бµлµ со²нуу сатыыллара ³т³ к³ст³р. Бэриги ыла сатаатылар диэн буруйдаабыттара, ол биэриэхтээх эрээри биэрбэтэх диэбит курдук ки´илэрэ сурахтыын сµттэ диэн бы´аарыылаахтар.

Аны ол сµрµн туо´уну суох о²орорго соруммут икки ки´ини саалыын-саадахтыын тараччы тутан ылбыт аатырдылар. Букатын дэтэктиип киинэтин и´иттэн тахсыбыт сонуну сотон-дуйдаан та´аардылар диэтэ±и².

Ол µлµгэр «заказной» дьыала са²а «арыллаатын», ээ, биллээтин кытары богуоннаах дьоннорбут айахтара а´ыллыбыт. Силиэстийэ ымпыгын то±о эмиэ кэмин иннигэр ыскайдаатылар? Кэмэнтээрийдэ диэтэххэ кэбис диэнтэн атыны билбэт дьон буолуохтаах этилэр. Дьэ, дьикти. Ситэ ³йд³мм³т силиэстийэлээх, сурах хоту сууттуур дьµµл-уорганнаах ханна-ханна тиийээхтиирбит буолла…

Онно с³п буолбакка, араллаана суох ааспытын кытары алдьатарга холоноллор. Гаврил Васильев эдэригэр федеральнай ирдэбилгэ сылдьыбыта диэн турдулар. Ол юридическай факультекка µ³рэнэр уолу кыайан булбакка, бµтµн дойдуну аймаатахтара дуу? Баара эрэ ки´ибит загранпаспорын болдьо±о ааспытыгар аймаммыттара аахсыллыбат буолла±а.
Дьиктиттэн дьикти. Ол туо´убут Ньурба мээригэр хаста да бэрик биэрэ сатаабытын, биирэ туох да и´ин буолумматах µ´µ. Бэриги биэрэргэ холонуу сокуонунан ара²аччыланар. Ону ылбатах ки´и хаайыыга быра±ыллар. Биэрдэххэ ылар куолута диибит дуо, оччо±о?

Аны туран ол «туо´уну» оонньоон «суох гына» сатаабыт дьоннортон биирдэстэрэ бэйэтэ хаайыыга сытар эбит. Киллердэри хаайыыттан баппыыскалаан та´ааран дьону «дьа´айтарар» диэн ньыма омуннаах киинэ±э да суох ини.

Буруйу дакаастыыр кыах суо±ун кэннэ, тугу ба±арар тобулуохха, ким ба±арар к³²µлµн бы´ыахха син буолла±а.

Ама маны барытын быыбар тыыныгар кµтµрµ³хпµт дуо? Аны кµ´µ²²э диэри бµтµн куорат ба´ылыгын олох µ³´µттэн ороон ылан, кистии сытыарыахтара дуо? Быыбар быыбарынан, эдэр ки´ини кэскилин бы´ар, ыалы аймыыр сиэргэ баппат бы´ыы. Дьоно, кэргэнэ, о±олоро хайдахтаах охсууну ылан эрэллэрин сэрэйэбит эрэ.
Васильев кэргэнэ рейтини сырсан, буруйа дакаастамматах дьону хараардан бµтµ², силиэстийэ кэмигэр информация итинник к³²µл тар±анара сокуону кэ´ии буолар диэн а´а±астык этэр. Ити ту´уттан о±олорбунаан улахан охсууну ыллыбыт диир.

Интэриниэт кэнниттэн илэ-бааччы тутан олорор аа±ар ха´ыаттарбыт ылсан эрэллэр. Ха´ыытыыр бастаах бала´алар баар буоллулар. Ол аайы «µ´µ» тула буолбакка, баар дьону са²ардан, кыларыйан турар кырдьыгы ыган ыла сатыыллар.

«Наше время» ха´ыат кулун тутардаа±ы 10-с нµ³мэригэр Екатерина ЧЕМЕЗОВА Ньурба мээрэ Гаврил Васильев адвоката Ньургун Макарович ЯКОВЛЕВЫ кытта бµтµн бала´анан интервьюта бэчээттэммитэ. Хара ма²найгыттан бу дьыала±а туох да политическай сакаас диэн суох, чуолаан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа манна кыттыга´а суох диэн этиллэр. Матырыйаал аата да ону туо´улуур – Ньурба мээрин дьыалата биллибэт кµµстэр провокациялара диэн.
Ки´и тута туох бэйэлээх кµµстэрэ кµ³рэс гыммыттарай диэн ч³р³й³ тµ´эр. Ха´ыат ыстатыйатын манна ыстаан сыбыыр наадата суох ини. Онно этиллэри Ньургун Яковлев бэйэтэ ситэрэн биэрэрэ ордук буолуо.

-  Екатерина Чемезова диэн корреспонденныын уот ааныттан туох да политика суох буолар, мин бу холуобунай дьыала эрэ ту´унан кэпсиибин диэн бы´аарсыбыппыт этэ. Кини мин ыстатыйам политиканы таарыйыа суо±а, дьыала сµнньµнэн эрэ кэпсэтиэхпит диэн то´о±олоон эппитэ. Бу ыстатыйаны аа±ан баран со´уйдум. Хара ма²найгыттан, бастакы тылларыттан туох да политическай сакаас бу дьыала±а суох, «Биир ньыгыл Арассыыйа» манна туох да сы´ыана суох диэн суруйбут. Политика±а миигин сы´ыарыма диэн эрдэттэн бы´аарсыбыппыт кэннэ итинник ааттаах, са±аланыылаах уонна тµмµктээх матырыйаал тахсыбыта со´утта±а дии. Билигин маны аа±ан баран, мин, дьэ, этиэхпин с³п -  ол аата бу суруналыыс миигинэн ту´анан, сакаас суох этэ диэн санааны со²ноору эрэ бу интервьюны ылбыт эбит. Ол аата «Биир ньыгыл Арассыыйа» бу дьыала±а сы´ыана суох, туох да политическай сакаас эмиэ суох диэн этэр ба±аттан эрэ миигин кытта кэпсэппит.
- Итинтэн, т³тт³рµтµн сакаас баар этэ диэн санаа±а кэлэ±ин.
- Ол аата баар буолла±а! Оннук суо±а буоллар, кини миигин албынныа суох этэ. Политиканы таарыйыахпыт суо±а диэн эрэннэрэн туран интервью ылар уонна итинник этиилэри эбии сыбыыр… Ол этиини суруйуу са±аланыытыгар ³сс³ киллэрэр. Дьэ, мин этиэхпин с³п – КИНИ ПОЛИТИЧЕСКАЙ ИНТЭРИЭСТЭЭХ диэн. Сыала-соруга диэн – чопчу санааны киллэрии, оннук санааны дьо²²о тиэрдии, со²ноо´ун.
- Ити суруйууга ³т³н киирэр буоллахха, эн бы´аччы быраабы харыстыыр органнар провокациялара этэ диигин.
- Суруналыыс полиция µлэ´иттэригэр ким туораттан дьайда э²ин диэн ыйытар. Мин билбэппин диир буолла±ым. Федот Тумусов то±о сакаас баар диэбитэй диэн ыйыппытыгар, мин эмиэ то±отун билбэппин диэбитим. Федот Семенович миигиннээ±эр элбэх информациялаах ки´и буолла±а. Госдума±а µлэлиир, политика и´игэр сылдьар ки´и. Этэр бырааптаах, ол и´ин этэр. Мин оннук информациям суох, политика±а сы´ыаным суох диибин. Полицияларга дьайыы баарын баар.
- Эн ити эйгэни и´иттэн бэркэ билэр буолла±ы².
- Билэбин. Силиэдэбэтэллии да, борокуруордуу да сылдьыбытым, ити систиэмэни уруккуттан и´иттэн µчµгэйдик билэбин. Ол и´ин этэбин – КИНИЛЭРИ ЧАХЧЫ КИМ ЭРЭ САЛАЙАР. Чемезова суруйуутуттан со´уйан баран, билигин чопчу этиэхпин с³п – КИНИ ПОЛИТИЧЕСКАЙ ИНТЭРИЭСТЭЭХ эбит диэн.
- Васильевка эн со±отох адвокаккын дуо?
- Со±отох.
- Билигин µлэ бара турар, силиэстийэ ыытыллар эрэ диэн этэр кыахтаах буоллахпыт.
- ¥лэ барар.
- Оттон Чемезова±а силиэстийэ харан турар диэбиккин дии.
- Тохтоон турар диэн буолбатах, туох да µлэ барбат. Би´игини кытта µлэ барбат.
- Эдэр сылдьан ирдэбилгэ сылдьыбыт, регистрацията суох саалаах этэ диэн эбии чахчылары кµ³рэтэллэр дии. А´ара µлэлииллэр курдук диэбэккин дуо?
- Ол була сатаан µлэлиир буоллахтара. Хайа ба±арар саха ки´итигэр ³бµгэлэрин саалара баар. Былыр Саха сиригэр сааны к³²µлэ суох атыылыыллар этэ. Оччолорго хас µµтээн аайы тэллэх анныгар туо´апка сытара ини. Дьи²инэн, сахаларга ол улахан буруй буолбатах. Саха эр ки´итэ бултуом этэ диэн сааланара чуолкай.
Мин чопчу бу суруйууга оло±уран, политическай интэриэс баар диэн тµмµккэ кэлэбин.
Салгыытын олох бэйэтэ суруйуо дуу, хайа эрэ силиэдэбэтэл ³йµн µлэтиттэн барыта тутулуктанара дуу?..
Венера ПЕТРОВА – ЧЭГДЭ. («Туймаада» ха´ыат кулун тутар 21 кµнµнээ±и 144-с №-р
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1550 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 15
Ыалдьыттар (гостей): 15
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024