News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Кулун тутар » 22 » , видеокамераҕа уста сылдьар уол холуочук куолаһынан Самсон Чупрову батыһа сылдьан, «документы покажите! Ваши документики, пожалуйста! Докум
, видеокамераҕа уста сылдьар уол холуочук куолаһынан Самсон Чупрову батыһа сылдьан, «документы покажите! Ваши документики, пожалуйста! Докум | 18:18 |
«ДОКУМУОҤҤУН КӨРДӨР! ДОКУМУОҤҤУН!»
Среда, 20 Марта 2013 01:28 Массыынаҕа итирик олорон айаннааччылар бэрээдэктэрин, полиция үлэһиттэригэр сыһыан хайдаҕын ырылхайдык көрдөрөр түбэлтэ кулун тутар 2 күнүгэр тахсыбыт. Ол эрэн, бу түбэлтэ киэҥ эйгэҕэ кулун тутар 15 күнүгэр эрэ биллибит. Ону да интернеккэ видеоҕа устуу «ыйаммытын» кэнниттэн. Полиция полковнига Самсон Чупров республика ГИБДД-тын начальнигынан 2012 сыл кулун тутар 2 күнүгэр анаммыта. Өссө оччотооҕу РФ ИДьМ-тын министрэ Рашид Нургалиев бирикээһинэн. Кини бу үрдүк дуоһунаска үлэлээбитэ оруобуна сыла туолар күнүгэр маннык түбэлтэҕэ эрэ түбэһиэм дии санаабатах буолуохтаах. Ити күн сарсыардатыгар үлэтигэр айаннаан истэҕинэ, «Тойота-Гайя» диэн массыына кини болҕомтотун тардыбыт: бу массыына утары иһээччилэр суолларыгар элээрдэн тахса-тахса, саахалы үөскэтиэн сөптөөҕүн өйдөөн көрөн, начальник тохтоторго санаммыт. «Тойота-Гайя» суол быраабылатын кэһэ-кэһэ айанныырыттан сиэттэрэн, суоппара итирик буолуон сөбүн сабаҕалаабыт.
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, начальник массыынатынан «иномарканы» ситэн ылан, суол кытыытыгар тохтоппут. Чупров тиийэн, бэйэтин билиһиннэрэн баран, суоппары массыынаҕа киирэн, докумуоннарын бэрэбиэркэлэтэригэр эппит. Силиэстийэ сабаҕалыырынан, ити кэмҥэ «Тойотаттан» холуочук уолаттар ойон тахсан, иирсээни «провокациялаан», Чупров дастабырыанньатын өссө төгүл көрдөрөрүгэр, бэйэтин билиһиннэрэригэр модьуйбуттар.
атыгар төннүбүт. Ити кэмҥэ уолаттартан биирдэстэрэ суотабай төлөпүөнүн видеокамератыгар уста сылдьан, начальник дастабырыанньатын өссө көрдөрөрүгэр модьуйбут уонна массыынаҕа киирэн, чугастан көрөөрү былдьыы сатаабыт. Онто кыаллыбатаҕар, начальнигы моонньуттан ылан, этин-сиинин көҕөрдүбүт. Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 318-с ыст. 1 чааһынан дьыала тэриллибит. Ол эбэтэр, былаас бэрэстэбиитэлигэр күүһү туттан, олоххо уонна доруобуйаҕа куттала суох эмсэҕэлээһини оҥоруу бэлиэтэ баарынан. Бу – официальнай иһитиннэрии. «News.Ykt.Ru” суруйарынан, ити кэнниттэн «Тойота-Гаер» уолаттарын барыларын медиккэ илдьэн бэрэбиэркэлэппиттэрэ – суоппар арыгы испэтэх, атын уолаттар холуочуктар эбит. Тоҕо итинник быһыыламмыттарын ыйыппыттарыгар, суоппар уол: «Мы же просто угорали...Что тут такого?» – диэн олох да улахаҥҥа уурбатахтык хардарбыт. Өссө Чупрову «бэйэтэ итирик» диэн уорбалаабыттара, алкотестер начальник арыгы испэтэҕин көрдөрбүт.
Интернеккэ «ыйаммыт» видеоустууну көрдөххө, видеокамераҕа уста сылдьар уол холуочук куолаһынан Самсон Чупрову батыһа сылдьан, «документы покажите! Ваши документики, пожалуйста! Документики покажите!» диэн үрүт-үөһэ ыххайыы бөҕөтө. Тохтоло суох кэлиилии кэбэр. Начальник «я же показал» диэбитигэр, «я не видел, мне покажите!» диэн тохтуур аат суох. Массыынаҕа киирэн баран, Чупров дастабырыанньатын таһааран көрдөрбүтүгэр, видеоҕа устааччы тарбачыһан ылаары гыммытын, начальник сиэбигэр уктан истэҕинэ, тыас-уус буолан, массыына иһэ күөрэ-лаҥкы барар, «что вы делаете-то!» диэн Чупров саҥата иһиллээтин, сибээс быстан хаалар.
Оо, дьэ, киһи да сөҕөр! Иннилэригэр полковник формалаах, погоннаах, өлүөр өйдөөх киһини көрөн туран, бэйэтин билиһиннэрбитин, сулууспатын дастабырыанньатын көрдөрбүтүн үрдүнэн, итинник кэрээнэ суохтук быһыыланар диэн! Итинэн буоллаҕына, «кыра-хара» рядовой полицейскай эбитэ буоллар, олох да сиргэ тэпсиэ эбиттэр быһыылаах. Полиция үлэһиттэригэр убаастабыла суох, аанньа ахтыбат сыһыантан, бэл диэтэр, аһаҕастык абааһы көрүүттэн маннык быһыылар тахсаллар буоллаҕа.
Бу түбэлтэттэн сиэттэрэн, бэйэм суруйбут дьыалабын санаан кэлэн кыһыйабын-абарабын: былырыын күһүн ОВО икки полицейскайыгар сулууспаларын кэмигэр армян ыччаттара саба түһэн, дубинкаларын былдьаан, сиргэ охторо сытыаран тэбиэлээбиттэригэр холуобунай дьыала тэриллибэтэҕэ, буруйдаахтар 500 солк. суумалаах административнай ыстараап эрэ төлөөн баран, эппиэттэн куоппуттара дии. Бу сырыыга киһитэ үрдүк сололоох полицейскай буолан, холуобунай дьыала тэрилиннэҕэ дии саныыбын. Онтон атын, көҕөрдүү аайы административнай миэрэнэн эрэ муҥурданыа этилэр.
Ааспыт 2012 сылга полиция үлэһиттэригэр 45 саба түһүү чахчыта бэлиэтэммит, 16 холуобунай дьыала тэриллибит. Түөрт чахчыга дьыаланы тэрийэри аккаастыыр туһунан уураах тахсыбыт. РФ Холуобунай кодексатын 318-с ыстатыйатын 1 чааһынан көрүллэр накаастабыл миэрэ – 200 тыһ.солк. диэри сууммалаах биитэр 18 ыйга диэри хамнас (атын дохуот) кээмэйинэн ыстараап, эбэтэр 3-6 ыйга хаайыы, эбэтэр 5 сылга диэри көҥүлү быһыы. *** Вера МАКАРОВА, "Саха сирэ".
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1592 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 6 Ыалдьыттар (гостей): 6 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|