Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 23 » Суруналыыстар быыбардарын санатыстахха
Суруналыыстар быыбардарын санатыстахха
08:14
Аны күһүн быыбар күүтэр...
22.03.2013 12:57 | Автор: Иван Гаврильев Кыым
Төһө да билигин сонуна ааспыт, умнуллубут курдук буолбутун иһин, олунньу 27 күнүгэр Дьокуускайга буолан ааспытСуруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлин быыбарын умнумуох баара. Бу быыбарга, туох да омуна суох, бу билигин буолар уонна аны күһүн буолуохтаах быыбар илэ-бодо сиэркилэтэ, кыччатыллыбыт "макета” көстөн ааспыта. Биллэрин курдук, аны күһүн балаҕан ыйын 8 күнүгэр туохха да холооно суох улахан "атыыр” быыбардар буолаары тураллар. Ол курдук, Ил Түмэн 70 дьокутаата талыллыаҕа, 20 улуус баһылыга саҥалыы быыбарданыаҕа. Былырыын Бүлүү, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас улууһун быыбардара хайдах курдук уорааннаахтык, хайдыһыылаахтык барбыттарын үгүстэр өйдүүр буолуохтаахтар. 20-чэ улуус былаһын тухары оннук хабыр хапсыһыы бардаҕына, онно Ил Түмэн быыбара эбиилик буоллаҕына (өссө эбии 20-ттэн тахса муниципальнай тэриллии мунньаҕын быыбара ытаһа буоларын санатабыт), өрөспүүбүлүкэбит үүт-тураан олоҕо өр кэмҥэ уоскуйбаттыы ытыллыан, сатарыйыан сөп.

Онон, олунньу 27 күнүгэр буолан ааспыт суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлин талыыны санатыһабыт. Уруок ылыахпыт, тугу эмэ туһаныахпыт этэ диэн...Таарыйа, бу быыбарга соторутааҕыта уларытыллыбыт, мантан антах өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээти, идеологияны сүрүннүөхтээх "Сахамедиа” бөлөх бастакы "бойобуой сүрэхтэниини” ааспытын, туохха остуойулааҕын көрдөрбүтүн санатабыт. Аны күһүҥҥү быыбары эмиэ кини иилиэ-саҕалыа, биллэриэ-сырдатыа турдаҕа...

 СӨ суруналыыстарын сойууһун отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕа буолара аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ, бу билигин Сойууһу салайан олорор Г.Бочкареваны "устаары гыналлар үһү, аҕыйах ыйтан бэттэх бэрэсидьиэн сүбэһитинэн анаммыт киһи үҥсүү түһэрбит, онон бу дуоһунаска кини оннугар Ноевы анаан эрэллэр үһү” диэн сурахтар тарҕаммыттара. Бу көҕүлээһини Ил Дархан тус бэйэтинэн буолбакка, кини аннынааҕы структуралар иилээн-саҕалаан, кыһанан-мүһэнэн тэрийэн эрэллэрин туһунан анаан этэллэр этэ. Ол кэннэ, бириинсибэ биллэр буоллаҕа, туох да саҥаны-сонуну толкуйдуу барбакка, Бэчээт департаменыгар улуустартан кэлбит, тутулуктаах бэчээт бэрэстэбиитэллэрин биирдиилээн ыҥыран киллэрэ-киллэрэ "бэсиэдэлэһэр”, "өйдөтөр үлэ ыытар” сурахтара иһиллибитэ. Чэ ону баҕас былыр сэбиэскэй саҕаттан билбит-көрбүт дьыалабыт...

Сойуус отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕын кэмигэрСойуус бэрэссэдээтэлин уларытарга холонуу ханнык да дириҥник аттарыллыбыт бэлитиичэскэй-идеологическай төрүөтэ суоҕа ырылыччы көстүбүтэ. Бу өр кэмҥэ биир эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон күнүүлэһиитин, туора дьоҥҥо көстүбэт туох эрэ бытархай сөпсөспөт буолуутун кытта сибээстээҕин мустубут дьон бары да тута өйдөөбүт буолуохтаахтар. Ол эбэтэр, биир бырабыыталыстыба обуойматыгар сылдьар игирэ "ботуруоннар” иэс-күүс баайсыыларыгар майгынныыра. Холобур, Г.Бочкарева эмиэ судаарыстыбаннай бэчээт үлэһитэ. Өскөтүн тугу эмэ сыыһар, сыыспыт буоллаҕына, ону сиэрдээхтик ыҥыран ылан кэпсэтэр, өйдөтөр кыах төһө эмэ баар бөҕө буоллаҕа. Ону сиэллээн-кутуруктаанмөккүөр бөҕөтүн мөҥүрэтэр, бэчээккэ сыһыаннаах судаарыстыбаннай структураны барытын атаҕар туруоран өлөрүнэн мөҕүһүннэрэр, чааһынайСМИ-лэри бука барыларын өстөөх оҥорон хайыталыыр,Москубаттан РФ суруналыыстарын Сойууһун баһылыгын П.Гутионтовы кытта манна айгыһыннаран аҕалар туох кыһалҕа баар этэй!Ол түмүгэр билигин "Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтата Левин салайааччылаах чааһынай бэчээт уорганнарыттан кыайтарар эбит, ол аата "бэчээт көҥүлэ” манна муҥутуурдук сайдан турар” диэн кэлтэгэй токурутуулаах өйдөбүл Арассыыйа барытын үрдүнэн күүлэйдии бара турдаҕа. Бу хампаанньа аһара баламаттык уонна куруубайдык ыытыллыбытын түмүгэр, Сахабыт сирин тус-туһунан ыйдаах-күннээх, араас сыаннастары тутуһар чааһынай бэчээт тэрилтэлэрэ бука бары биир күүс буолан утарсарга күһэллибиттэрэ. Дьиҥинэн, ама, бу дьон бука бары Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтата ыытар бэлиитикэтин утараллара, Левин этиитинэн сылдьаллара буолуо дуо! Ол гынан баран, "бэчээккэ судаарыстыбаннай бэлиитикэни” бу курдук томорооннук ыыппыт дьон көмөтүнэн, оннук курдук өйдөбүл үөскээн тахсыбыта.Туох да саарбахтааһын суох – ити кинилэр быһаччы буруйдара!

Өрөспүүбүлүкэбит кэнники быыбардара эмиэ ити курдук схеманан бара тураллар. Болдьоҕо бүтэн барар, эбэтэр атын үлэҕэ көһөр баһылык (дьокутаат да буоллун), үгэс курдук, "преемник” хаалларар мөккүөрдээх. Кинини эмиэ өйдүөххэ сөп. Кини баһылыктыыр кэмигэр үлэҕэ ылбыт хамаандатын дьоно (ол иһигэр чугас дьоно, аймахтара...) анаммыт "килиэптээх” миэстэлэригэр салгыы олорон хаалыахтарын наада буоллаҕа. Букатын туора киһи баһылыгынан талылыннаҕына ол дьон үксэ миэстэлэриттэн туоратыллан, үлэтэ суох хаалан баран кини суобаһыгар ыар таһаҕас буолан ыйаналлара туох наадалаах буолуой! Онон ханнык баҕарар баһылык"преемнигы”, утуму салҕааччыны хаалларарга кимнээҕэр да улахан интэриэстээх. Ол гынан баран, кини интэриэһэ үүт-маас судаарыстыба интэриэһин кытта дьүөрэлэһэрэ – олу-ус улахан боппуруос! Ону ол диэбэккэ, биһиэхэ курдары кэпсэтии, "лобби” көмөтүнэн  мэлдьи ол "преемник” көмүскэлигэр судаарыстыба аппараата барыта үлэлээн, ыар миэлиҥсэ буолан үлтү мэһийэн барар. Хайдах үлэлиирин билэбит: били үөһэ этиллибитин курдук, тутулуктаах дьону кыһарыйан, олуйан-моһуйан, Ил Түмэн бииртэн биир "ыарахан ыйааһыннаах” дьокутааттарын ыыталаан, киин куоракка олохтоох улуус ытыктанар дьонун үрдүн үөһэ командировкалаан, ол быыһыгар туһатынааҕар буортута элбэх да дьону кыбыталаан, боростуой быыбардааччыны үлтү кыынньаан-кыйахаан, өсөһүннэрэн оҥоһуллар. Бу хампаанньа ыытыллара кэрээнэ суоҕа бэрдиттэн, обуойма таһыгар хаалбыт хандьыдааттар көмүскэл эрэйэн атын, туора күүстэри тардарга күһэллэллэр, бу мөккүөргэ соччо сыһыана да суох дьон ыктаран-олуллан "өстөөх” лааҕырыгар түмсэргэ тиийэллэр. Син биир Галина Бочкарева көмүскэлигэр Москубаттан Гутионтов кэлбитин, мөлтөх сценарийдаах "быыбар”түмүгэр тутулуга суох суруналыыстар бары бииргэ түмсэргэ күһэллибиттэрин курдук...Холобур, биһиги түбэлтэбитигэр көйгөлөммүт хандьыдааттары ытыс үөһэ түһэрэн ылар дьонноохпут. Ол курдук, Госдуума дьокутаата Сөдүөт Тумууһапкөмөтүнэн төһө туоратыллыбыт хандьыдаат "Сиэрдээххэ” сыстыбытын аахпыт да суох... Сорох улуустарга былаас "аһара көмөлөспүтүн” түмүгэр, кыайар да кыахтаах хандьыдаат ааспакка хаалар түбэлтэлэрэ тахсаллар – нэһилиэнньэ өсөһөн утары куоластыыр.

Олунньу 27 күнүнээҕи мунньахха төнүннэххэ... Онно кистэлэҥ куоластааһын көмөтүнэн, Г.Бочкарева -- 60, Афанасий Ноев 40 %-ны ылбыттара. Үлэ-хамнас эмиэ бу курдук тэрилиннэҕинэ, аны күһүҥҥү да быыбар түмүгэ онтон атын буолар чинчитэ суох. Онон, аны күһүн "Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа кэккэтэ лаппа хаҥыан, силиһэ-мутуга дириҥиэн, өс-саас, хайдыһыы ыыра өссө кэҥиэн сөп. Таарыйа кыбыттахха, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка буолбут быыбардар хайдыһыыларын дуораана, иэс баайсыы, быһаарсыһыы күн бүгүнүгэр диэри илэ-бодо биллэ турар. "Балыйдылар”, "толоостук орооһон улууспутун хайыттылар”, "атаҕастаатылар, "норуот хаһыатабыт” дэнэҕит, ону булгуччу бэчээттээҥ!” диэн модьуйсуулаах суруктар хаһыаппытыгар күн бүгүнүгэр диэри аҕыраабакка киирэ тураллар.

Суруналыыстар быыбардарын санатыстахха


Дьиҥинэн, Саха сирин суруналыыстарын иһигэр туох да улахан, бигэ бириинсиптээх хайдыһыы суоҕун тэҥэ. Ол гынан баран, Галина Бочкарева ананыан иннинэ, балаһыанньа арыый атын этэ. Холобур, "чааһынайдар” уонна "бүддьүөттэн үбүлэнээччилэр” диэн арахсыы муҥура суох дириҥээн, чааһынай хаһыаттар Бэчээт күнүн туспа ылар үгэстэрэ олоҕуран испитэ. Чааһынай таһаарыылар суруналыыстара "Бэчээт күнүн бырааһынньыгар биһиги тугу гына барыахпытый, ол судаарыстыба таһаарыылара бэйэ бэйэлэригэр наҕараада бэрсэллэрин көрөр туох да эбээһинэспит, интэриэспит суох” диэн тыллаахтара. Оттон Суруналыыс сойууһун оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ "Ситим” үлэһиттэригэр бэйэтэ кистээн суруйбут кыраамыкы суруктарын киэһэ ким да көрбөтүгэр, үлэ чааһын кэнниттэн уоран кэлэн тиксэрэн барара. Ким да көрбөтүгэр кистээн туттарыллыбыт "махтал сурук” да диэхтээн, сыаната-ыйааһына төһө-хачча буолаахтыай... Дьиҥинэн, кырааматаны да "дьон көрөрүгэр анаан туттарылыннын” диэн оҥорор буолуохтаахтар. Бочкарева кэлиэҕиттэн Суруналыыс сойууһа урукку дьылларга ханан да холооно суох үлэлээн испитэ. Наҕараада да туттарыыта, усунуос да төлөбүрэ бэрээдэктэммитэ, уопсай тэрээһин да, араас куурустар, сэминээрдэр да элбэхтик ыытыллар буолбуттара (ону бу мунньахха кэлэн баран Бэчээт департаменын сорудаҕынан Бочкареваны утары куоластаабыт суруналыыстар да, бука, мэлдьэспэттэрэ буолуо). Быһата, суруналыыс сойууһун билиҥҥи бэрэссэдээтэлэ сорох дьон наар бэйэлэрэ эрэ өрө тутуллалларын, ааты-суолу, чыыны-хааны үллэстэллэрин, күн кинилэртэн эрэ тахсарын, туохха барытыгар тиһэх туочуканы кинилэр туруоралларын мэһэйдээбитэ буолуо.

Маны туора дьон ааҕарыгар, баҕар, күлүүлээҕэ буолуо. Кимнээх эрэ "бу дьон наҕараадаҕа тиксибэт буолан, онон күнүүлэһэн киирсэллэр эбит, тугун баҕас кыратай-бытархайай!” диэн омнуолуу саныаҕа. Ол гынан баран, ити эмиэ олохпут бүгүҥҥү күннээҕи көстүүтэ.Итини таһынан, "судаарыстыбаннай бэчээт уорганыгар үлэлиир” эрэ диэн матыыптаан, атыттары тумнан туран, чопчу кимнээххэ эрэ (сороҕор, көстөн турар мөлтөх үлэһиттэргэ) сылын аайы көтүппэккэ наҕараада туттарыы – иэдээн буолбатах дуо! Ол кэннэ ыччаты, эдэр суруналыыһы туох сиэригэр-майгытыгар иитэбит, үөрэтэбит, туохха сирдиибит?

Күһүҥҥү быыбардар туһунан

Аны күһүн буолуохтаах быыбар бэрт дьикти күҥҥэ-дьылга ыытыллан эрэр. Ол курдук, балаҕан ыйын 8 күнүгэр дьону имири-хомуру тутан биир сорукка түмэр уустук. Быйылгы сут-кураан дьылтан сүрэхтэрэ саллыбыт дьон аны сайын ыкса күһүҥҥэ диэри ходуһаттан тахсыбакка оттууллара көстөн турар. Элбэхтик айанныыр дьон кэпсииллэринэн, билигин киин Саха сиригэр кытта буруолуу сытар көрдүгэннэр бааллар үһү. Онон баһаар өттүнэн эмиэ судургута суох сайын буолуон сөп. Урукку дьылларга быыбар сүрүн "штабын” оскуолалар толорор эбит буоллахтарына, балаҕан ыйын саҥатыгар үөрэх дьылыгар киирии, өрөмүөн-кырааска, уруок чааһын аттарыыта, мунньах сугулаана үгэннээн турар буолуо. Онон, быйыл быыбар оскуолаларга тирэҕирэр кыаҕа суох. Бүддьүөт атын да тэрилтэлэригэр уоппускаттан кэлии-барыы, сүпсүлгэн үгэнэ буолар. Инньэ гынан, дьаһалта, былаас күүһүн толору туһанар кыах эмиэ биллэ-көстө аҕыйыан сөп.

Маннык түгэҥҥэ, быыбардааччы уруккуттан истэр-билэр, аатын-суолун өйдүүр дьонугар эрэ быыбардыыр кыахтаах. Дойду салалтата да ону олус бэркэ өйдөөн, онно орочуоттанан быыбары бу курдук табыгаһа суох кэмҥэ туруорбута сэрэйиллэр. "Дьон истэрдии-билэрдии "ньыгыл” баартыйаҕа куоластыа; быыбарданар дуоһунастарга оппозицияны буолбакка, уруккуттан олорбут дьону быыбардыа” диэтэҕэ. Киин Арассыыйаҕа, эмиэ син биир биһиэхэ курдук, хомуур үлэтин үгэнэ буолар, ити кэмҥэ. Онон, быйылгы быыбарга саҥа, сонун дьону күүтэн туһа суох. "Уруккуларбыт” лөкөччү олорон хаалыахтарын сөп. Сай ортото үрэх бастарын, ходуһалары кэрийэ сылдьан аҕытаассыйа ыытыы көдьүүһэ кыратын тэҥэ, хандьыдаат да хармааныгар олус ыараханнык баттыыра өйдөнөр. Быыбар хампаанньатын ыһыахтан саҕалыаҕы... Аны күһүҥҥэ диэри ол саас кэпсээбит быыбарыҥ бырагырааматын ким өйдүү сылдьыай?

Саҥа дьон холоноллоругар, бэлиитикэ түһүлгэтигэр киирэллэригэр аһара тэҥэ суох усулуобуйалаах быыбар буолан эрэр. Ол эрээри, куһаҕан үчүгэйдээх. Хата, иирсээнэ-сэриитэ аҕыйах буолуо.

 
Одоҥ-додоҥ сурукка тистэ Уйбаан
Category: Выборы | Views: 1556 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 О5онньор  
Мелтех суруйуу, кырдьык одон-додон суруйаахтаабыт табаарыс Кыым хаьыат эрэдээктэрэ. Мантан ордук суруллубат муна эбитэ дуу....

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024