Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 27 » Миллиардынан харчы ханна барарый?
Миллиардынан харчы ханна барарый?
08:50
 Афанасий МАКСИМОВ: "СИР баар – норуот баар”
Вторник, 26 Марта 2013 19:16
Дьалкыйа устар дьалхааннаах үйэ кирбиитигэр бороҥ ураанхай дьоһун миэстэтин булан тыыннаах хаалар суолун тобулар мөккүөрдээх.
Күннээҕинэн, кыараҕас, түҥкэтэх ыырынан, быһымахтык быһаарынан дьаһанарбыт оччугуй омукка охсуулаах. Бэйэ эрэ иннин көрүнэр дьаллыкпытын быраҕан, дьиҥнээхтик норуот туһа диэн санаанан салайтаран, ырааҕы өтө көрөн, далааһыннаахтык толкуйдаан дьылҕабытын быһаарыныах тустаахпыт. Аныгы кэм-кэрдии үргүбүт сылгы курдук өрө тыбыыран өйө-мэйэ суох ыстанан иһэр. Итии уорҕатыгар хатаастан илгиллибэккэ айаннаппыт киһи.
 Судаарыстыбаннай таһымнаах толкуй – саха хааныгар баар. Ону тилиннэриэххэ, бүөбэйдиэххэ, бөҕөргөтүөххэ эрэ наада.
Сарсыҥҥы – бүгүн оҥоһуллар. Ил Түмэн депутата Афанасий МАКСИМОВ саха норуотун инники дьылҕатыгар   дьайыах айылаах санаатын "Аартык.ру” интернет-хаһыатын кытары үллэстэр.
***
Сырье биэрэр эрэ аналтан босхолонуоҕуҥ
 
- Афанасий Николаевич, ньиэп-гаас промышленноһыгар үлэлээбит киһи буоллаҕыҥ. Сир баайынан төһө өр олоруохпутуй?
- Биир киһи олоҕунан мээрэйдиир эбит буоллахха, сир баайыттан тото-хана аһаан олоруохпутун син. Ол гынан баран, Арассыыйа  кэнэҕэс көлүөнэтигэр уустук буолуоҕа. Холобур, гааһы уонна ньиэби хостуур технологиянан биһиги дойдубут букатын хаалан иһэр. Америкалар сланцевай гаас хостуур технология айдылар. Биһиги, онтон да атын дойдулар  айылҕа гааһын, ньиэби 1200-3000 м дириҥтэн хостуур эбит буоллахпытына, америкаларыҥ 100-150 м дириҥҥэ сытар гааһы хомуйан хостуур кыахтаннылар.  Оннук ньыманан ньиэп эмиэ хостоон эрэллэр.
- Сланцевай гаас, ньиэп элбэх?
- Элбэх уонна, биллэн турар, чугас сытар буолан хостуурга быдан аҕыйах үп баранар, онтон сиэттэрэн  сыаната даҕаны чэпчиир. Холобурга диэн эттэххэ, Америка дьахталлара ас астыылларыгар сылга 2,5 тыһыынча солкуобайы төлүүр эбит буоллахтарына, Арассыыйа дьахталлара 5 тыһыынчаны төлүүллэр. Аны, Америка өтөрдөөҕүтэ туттар гааһын 70 бырыһыанын тас дойдулартан атыылаһар эбит буоллаҕына, билигин 25 бырыһыанын эрэ атыылаһар буолла. 10-ча сылынан букатын даҕаны бэйэтин гааһын тас дойдуларга атыылыыр буолуоҕа. Кытайдар эмиэ оннук технологияны баһылаан эрэллэр.
- Оччотугар сырье эрэ биэрэр таһымнаах промышленностаах дойду кэскилэ кээнчэ буолуон сөп?
- Дьиҥнээхтик оннук куттал баар. Ол иһин сырье биэрэр эрэ оруолтан тахсыахха, экономика атын салааларын сайыннарыахха диэн этэн эрэллэр эбээт. Наука биир сиргэ турбат, киһи-аймах билиитэ-көрүүтэ кэҥээн иһэр. Сарсын өссө туох-туох айыллара биллибэт.
- Биһиги даҕаны син сайдыылаах дойдуну батыһан технологиябытын сайыннарыахпытын сөп буоллаҕа.
- Биһиги сир баайын хостуур технологиябыт Сэбиэскэй кэмтэн улаханнык сир өтө илик. Москубаҕа баран иһэн сөмөлүөттэн көрөөр эрэ, бэл, ньиэби кытары тахсар гааспытын (попутный газ) кыайан туһаммаппыт. Баайбыт бэрт. Сылын аайы 50 млрд попутнай гааһы салгыҥҥа уматан кэбиһэбит.
- Хайа, оттон ыстарааптыыллар диэн баара дии?
- Ыстарааптаа да ыстрааптаама, ыллыҥ да биир күн эргэрбит технологияны хайдах барытын тилэри көтөн уларытан кэбиһиэххиний? Биһиги өссө "ЯКОЛ” собуотун тута сатыырбытыгар  "Евро-3”, "Евро-4” стандартка көһөбүт диэн этэ. Уонтан тахса сыл ааста даҕаны, баччааҥҥа диэри "көһөн” бүтэ иликпит.
 - Кытайдар саҥа технологияны баһылыыр буоллахтарына, биһиги гааспытыгар, ньиэппитигэр наадыйыа да суохтар. Оччотугар, туох гынаары Арассыыйа Азия-Тиихэй акыйаан регионун (АТР) дойдуларыгар экономикатын туһаайда?
- Аан дойду индустрията АТР дойдуларыгар көспүтэ ыраатта. Киһи-аймах быһа туппут аҥаара бу региоҥҥа олорор. Субу билиҥҥи кэмҥэ, атын дойдулары батыһаммыт уонна географическай да балаһыанньабытынан чугас буоламмыт – коммерческэй  интэриэһи, барыһы батыһан АТРга экономикабытын туһаайдыбыт. Кэнэҕэс аан дойду сайдыыта, чуолаан бу регионтан  тахсара сабаҕаланар. Сайдыы – аҥаардас ньиэп уонна гаас промышленноһыттан тутулуктаах диир тутах. Экономикаҕа үп-харчы хамсыыр салаалара элбэх. Онон Азия дойдуларын кытары сибээһи бөҕөргөтөрбүт туох да куһаҕана суох. Арай, кэмиттэн кэмигэр олохтоммут сибээс ис хоһооно уларыйыан сөп.
 
Миллиардынан харчы ханна барарый?
 
- Сир баайа барыта үллэһиллэн турар.
- Билигин аан дойдуга саамай ымсыылаах сир – Арассыыйа. 50 бырыһыан тыытыллыбакка турар сир баайа Арассыыйаҕа баар. Онтон 25 бырыһыана – Саха сиригэр. Ол иһин республика сирин баайыгар быраабын сокуонунан суох оҥордулар. Гааһы ыллылар, ньиэби ыллылар, көмүскэ, чоххо – бырааппыт суох. Көр эрэ тулаҕын: уу, тыа, булт-алт, сир анна – барыта федеральнай бас билиигэ барда. Биһиэхэ туох хаалла?
- Тэлгэһэ...
- ...ходуһа, оҥоһуллубут бааһына, сайылык уонна мэччирэҥ. Ол аата – тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар сирбит – республика уонна муниципалитеттар бас билиилэригэр билиҥҥитэ БААР! Итини туһаныахха наада. Сири түҥэтэн баран атыылаһан ылыахха наада. Сокуон билигин 49 сылга диэри сири түүлэһэн ылары онтон нэһилиэстибэҕэ биэрэри билиҥҥитэ көҥүллүүр. Аренда сыаната кып-кыра.
- Төһөнүй?
- Субу билигин аренда сыаната кыра, ол эрээри хаһан баҕарар үрдүөн сөп. Аренда аата аренда. Онтон сокуон 10 га сири бэйэ бас билиигэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо көҥүллүүр. Ол сыаната – 2, 5 тыһыынча солкуобай. Дьону өйдөтөр үлэнэн ким да дьарыгырбат. Правительство, муниципалит ханна баарый?! СИРдээх киһи тутайбат. Норуот дьылҕатыгар дьайар тыын боппуруоһу быһаарбакка быыбарынан оонньуу сылдьаллар. Быыбар кэлэр уонна ааһар. Оттон СИРЭ суох норуот – норуот аатыттан ааһар. Сириҥ суох буоллаҕына – сүөһү ииппэккин. Сүөһүтэ суох саха – САХА буолбат. Тоҕо диэтэххэ, биһиги култуурабыт, итэҕэлбит, олоҕу анаарыыбыт, өйбүт-санаабыт, тылбыт-өспүт, айлҕабыт барыта – сүөһү-сылгы иитиититтэн тирэнэн тахсар.
***
Сүөһү, сылгы дьиҥнээх ахсаана биллибэт
 
- Тыаҕа сүөһүнү көрөн олорор дьону, бас билиититтэн тутулуга суох хамнастыахха диэн этэр этиҥ.
- Бэйэм тыаттан төрүттээх киһи буоларым быһыытынан сүөһү көрөр хайдаҕын эппинэн-хааммынан билэбин. Биир да өрөбүлэ суох үлэ, сайын үтүөтүн да билбэккин, кыһын тымныытын да аахсыбаккын. Бу кэмҥэ тыаҕа сүөһү иитэр дьон сааһа 50-70 буолла. Бу дьон кыаммат буоллахтарына харчыта суох сүөһү көрөр ыарахан үлэҕэ ыччат сыстыа дуо?.. Депутат буоларым быһыытынан сыыппаралары тэҥнээн, ырытан, анааран көрөбүн.  Соторутааҕыта тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга 80 тыһыынча ыанар ынах баар диэн отчуоттаата. Итэҕэйэҕин дуо?
- Билбит суох...
- Сымыйа! Киһи барыта билэр: үүтү – тэриллиилээх  хаһаайыстыба эрэ дөбөҥнүк туттарар кыахтаах. Ол иһин, кэтэх сүөһүлээх дьон үүт харчытын соноругар кыһарыйтаран, сүөһүлэрин "тэриллиилээх хаһаайыстыба” сүөһүтүн курдук суруттараллар. Онон отчуоттуур 80 тыһ. ыанар ынахтан улахан аҥаара – кэтэх ыаллар сүөһүлэрэ. Үйэ саҕаланарыгар 220 тыһ. ахсааннаах саха - 700 тыһ. сүөһүлээҕэ. Оччолорго даҕаны уот курааннар түһэллэрэ, уу сута буолара. Ол да буоллар сүөһүлэрин ахсаанын аччаппакка тутан олорбуттара, отторун туох да техниката суох илиинэн оттууллара. Билигин буоллаҕына,  "хаһан да буолбатах кураан түһэн” от да оттоммот, сүөһү да ахсаана аччыы турар. "Тыа хаһаайыстыбатыгар” диэн сыллата харчы бөҕөтө кутуллар. Урут 8 млрд этэ, билигин 14 млрд буолла. Ол тухары оту кыайан оттообоппут, сүөһүбүт, сылгыбыт охто, аччыы турар...Отчуоттара наар үбү элбэппиттэрин туһунан буолар, оттон көрдөрүү түһэ турар! Бу үлүгэрдээх миллиардынан харчы ханна барарый: уоруллар дуу, көдьүүһэ суох туттуллар дуу?!
***
Саха төрүт итэҕэлин салалта тоҕо билиммэтий?
 
- Биир да саха салайааччыта (Михаил НИКОЛАЕВ, Егор БОРИСОВ, Виталий БАСЫГЫСОВ, о.д.а. буоллун) биир да киһи саха бэйэтэ итэҕэллээх омук диэн аһаҕастык эппэт. Онон-манан эргитэн православнай храм, духовнай гимназия бөҕөтүн туттараллар. Күүстэринэн соҥнооһун тахса турар. Тохсунньу 19-гар политиктары батыһан дьон муустаах ойбоҥҥо умсар. Бу – организмҥа туох да улахан стресс.
- Биир да өлбүт киһи сураҕа суох ээ...
- Тута өллөххө эрэ "бабат” диибит дуо?! Үрэммэтэх киһи этигэр, хааныгар-сиинигэр муустаах уу улаханнык охсор! Буолаары буолан Саха сиригэр. Мин  күн аайы тымныы уунан куттабын. Биир кыраадыс намтатан, сыыйа, өр үөрэммитим. Булчуппун, политикпын – ыалдьарым көҥүллэммэт. Атын дьон эмиэ кутталлар. Ол гынан баран ону культка кубулутар тоҕо нааданый?!
Саха уонунан тыһыынчаҕа илдьэ кэлбит итэҕэлин христианствоны киллэрэн бутуйбуттара, онтон христианствоҕа үөрэнэн истэхпитинэ букатын да таҥара, абааһы суох диэн турбуттара. Саха төрүт итэҕэлин эрэ сөргүттэҕинэ норуот быһыытынан бу сиргэ тыынын уһатыан сөп. Оттон итэҕэл төннөрүгэр – тыабыт сирин, сүөһүбутун, сылгыбытын сүтэриэ суохпутун наада.
 Туохха барытыгар орто олом наада. Итэҕэлбитин ахтыбыт-суохтаабыт буолан билигин аһара түһүү баар. Ыһыахпыт дьиҥнээх ис хоһоонун сүтэрэн шоуга кубулуйда... айдаан-куйдаан, түрүлүөн бөҕөтө! Алгыс түһэр, Аар Айыыларга үҥэр-сүктэр – түгэн нус-хас, уу-намыыннык барыахтааҕа.
Итэҕэл төннүөхтээх, ааппыт-суолбут сахатыйыахтаах. Биллэн турар, ити биир күн оҥоһуллубат улахан дьыала. Аны 50, 100 сыл тухары барар процесс.
- Аны 100 сылынан саха баар буолуо дуо?
- Аһара санаа түһүүлээх өйү-санааны утарабын. "Арыгыһыт буоллубут", "быһынныбыт- ойуннубут" диибит даҕаны, ханнык баҕарар норуокка, ханнык баҕарар үйэҕэ ити проблема баар этэ.
***
Эргиччи эриэккэс судаарыстыбаннай тутул тобулла илик
 
- Күрэстэһии баар буолуохтаах диибит даҕаны, олох сорох-сорох эйгэтигэр ол наада буолуо. Биир өттүнэн ыллахха, империя интэриэһиттэн көрдөххө, биир сүрүн партия баара үчүгэй буолбатах дуо? "Норуоту ыһар буоллаххына сүүс таҥарата ай" дииллэрин курдук, сүүс партия сүүс аҥыы дойдуну араарыа суоҕа дуо?
- Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх буолуохтаах.  Биир партия, кими да тыыннарбат курдук былааһы ытарчалыы хам ылан туохха тиэрдибитин эппитинэн-хааммытынан билэн кэлбиппит. Сибилиҥҥи "Биир ньыгыл Арассыыйа” партия оруобуна ол кэм киэбин кэтэн эрэр. Партия бэйэтин бүтүн дойдуну уонна былааһы кытары бииргэ туруорунан кэбистэ. "Ньыгыллар” итини туттардылар", "маны оҥордулар" дии-дии отчуоттаа да отчуоттаа... Хайдах да оннук буолбатах! Судаарыстыба – оскуола, дьыссаат, кулууп, дьиэ туттарар, суол оҥотторор, балыыһа өрөмүөннүүр, турба таттарар. Судаарыстыба хааһынатын уонна партия сиэбин бутуйуу – сирэйэ-хараҕа суох норуоту балыйыы, албыннааһын. Судаарыстыба бюджетыгар норуот тиритэн-хорутан үлэлээбититтэн нолуок быһыытынан харчы киирэр эбээт. "Ньыгыллар” муста түһэ-түһэ мунньахтаабыттарыттан буолбатах.
Мин сөбүлүүр политигым Уинстон Черчилль этэн турар: "Демократия диэн ньэгэй. Ол гынан баран киһи-аймах онтон ордугу толкуйдуу илик”, - диэн. Кырдьык, эргиччи тупсаҕай судаарыстыбаннай тутул диэн айылла илик. Күн сирин кыһалҕата элбэх. Икки атахтаах 1/7 күн аайы иһэр ууну була сатыыр кыһалҕалаах, ким эрэ ууттан куотар кыһалҕалаах... Коммунистар идиэйэлэрэ аһара үчүгэй этэ. Сурукка-бичиккэ, луоһуҥҥа. Оттон дьиҥ олоххо хайдах буолбутай?
- ...онон?
- Онон, демократическэй бириинсипкэ олоҕуран, дойдуга хас да партия баар буолуохтаах, политикаҕа эмиэ күрэстэһии баар буолуохтаах.
***
"Ил Түмэн депутаттара саакка-суукка кииримэҥ!”
 
- Ааспыкка, Ил Түмэн 41-с мунньаҕар, республика бюджетын туһунан сокуоҥҥа уларытыы киллэриллибитэ. Дефицит туһунан ыйытаргар, үп миниистирэ иэмин-дьаамын биэрбэтэҕэ...
- Быыбар диэн быыбар. Ол да кэнниттэн олох салҕаныаҕа. Ону баара, суруналыыстар истибиккит дии: бюджеппыт 130 млрд солк. дохуоттаах уонна 146 орускуоттаах буолбутун. 16 млрд дефициттээх бюджет Саха сиригэр хаһан да суоҕа!  
- Ити айылаах "дефицит” миллиардтара ханна барарый?
- Бэйэҥ суруйбутуҥ дии: онно массыына, манна оптуобус... БЫЫБАРГА.
- Бюджет суотугар быыбар хампаанньата?
- Ол иһин этэбин, "ньыгыл” партия бюджеты кытары бэйэтин сиэбин бутуйбута ыраатта диэн. Инньэ гынан, биир сурааһынынан республика тас иэһин икки төгүл эмискэ туох да баламаттык улаатыннаран кэбистилэр.
- Иэспит-күүспүт хас буолла?
- 24 млрд солкуобай!
- Ок-сиэ....
- Бэйэбит дохуоппут 60 млрд, ол аата бюджет 47 бырыһыана... Депутаттарга этиэхпин баҕарабын: быыбар кэнниттэн олох эмиэ салҕаныа, эһиги республика хааһынатын талбыккытынан дьалкыйан, кэлэр Ил Түмэн састаабыгар улахан ыарахан балаһыанньаны оҥорон эрэҕит, ити кэриэтин тарҕаһыа этигит диэн.
***
Туйаара НУТЧИНА,
"Аартык.ру”
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1698 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 89
Ыалдьыттар (гостей): 89
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024