Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Кулун тутар » 31 » Саха сирин тыын тэрилтэтэ хайдах атыыламмытын туһунан боппуруос билигин да аһаҕас турар.. (Ким туох иһин биэрбитэй? у. )
Саха сирин тыын тэрилтэтэ хайдах атыыламмытын туһунан боппуруос билигин да аһаҕас турар.. (Ким туох иһин биэрбитэй? у. )
08:39
 Таас чоххо төннүү остуоруйата
28.03.2013 13:28 | Автор: СУР
taas«Өһүө" балаһаҕа дорооболоруҥ! Саас кэлбитинэн, күн ылааҥырбытынан. Кыстыкпыт кытаанах соҕустук ааһан эрэр, бадаҕа. Сүөһү көнньүнэн өлүүтэ, Тиксии тоҥуута уонна да атын сатамньыта суох быһыы-таһаа. Холобур, хочуолунайдарбытын таас чоххо көһөрөммүт ханна да оскуола, кулууп, балыыһа тымныытынан сатаммата... „Бэйи эрэ, ити убаҕас уматыкпыт бэрт этэ ээ, тоҕо эмиэ сир хаба ортотугар таас чохпутугар көһөн өлө оонньоотубут?” — диэн дьон-сэргэ ыйытара баа буолбатах. Баар суол.
Тоҕо диэтэххэ, хочуолунай убаҕас уматыга, атыннык эттэххэ, Кыһыл Сыыртан хостонор газоконденсат уматыкпыт, бэйэҕит билэргит курдук, аны өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолбатах. Атыыламмыта ыраатта. (Ким туох иһин биэрбитэй?  у.  ) Саҥа хаһаайын, биллэн турар, убаҕас уматыгы ырыынак сиэринэн ыаратан атыылыыр буолан, хочуолунайдарбытын таас чоххо көһөрөргө тиийбиппит.
Саха сирин тыын тэрилтэтэ хайдах атыыламмытын туһунан боппуруос билигин да аһаҕас турар.

Кулун тутар 22 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы суукка „Максимов дьыалатыгар" туоһулары дьэбэлэйдэтии салгыы барда. Мантан сылтаан „Руслан Шипков бэрэсидьиэн Штырову утары туоһулуур" диэн ааттаах матырыйаал интэриниэт иэнин бараата.

Ону баара, матырыйаалы төттөрүтүн „Шипков бэрэсидьиэн Штырову ырааһырдар туоһунан буолла" диэн ааттыахха сөп эбит.

Дьыала иһин эридьиэстэһэ сатаабакка, „ыраас мууска" икки сүрүн боппуруоһу ууруохха наада: 1) өрөспүүбүлүкэ интэриэһигэр ким үлэлээбитэй? 2) өрөспүүбүлүкэ интэриэһин утары ким үлэлээбитэй?

Биллэрин курдук, суут – мэкчиргэ төбөтө, хайа баҕарар диэки хайыһыан сөп. Биэс солкуобай кыптаххына „кыра куоракка тохтоппокко ыытыа", биэс мөлүйүөнү уһаартаххына „бэркэ гыммыккын" диэ. Онон суут тугу дьаабыланара бэйэтин дьыалатын курдук. Оттон дьон-сэргэ судургутук ким таҥнарыахсытын билиэн баҕарар.

Руслан Шипков „Якутгазпром" салалтатыттан эрдэ барбыт дьоллоохпун, онон үчүгэйдик утуйабын диэн туран, манныгы эппитин тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада: „Бу өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэниттэн тахсар улахан бэлиитикэ этэ. Кини бары суолунан „Якутгазпрому" суох оҥорор, оттон лицензиятын „Сахатранснефтегаз" хампаанньаҕа биэрэр сыаллаах этэ".

Биллэрин курдук, „Сахатранснефтегаз" оччотооҕуга ырыата ылланан эрэр „Саханефтегаз" оннугар тэриллибит, сүүс бырыһыан өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр сылдьар хампаанньа. Билигин саха киһитэ бэрэсидьиэннээх. Ол эбэтэр Штыров ырата туолбута буоллар, Саха сирин гааһа, ол иһигэр хочуолунай уматыга, билигин да Саха сирин бас билиитигэр баар буолуохтаах этэ.

„Хайдах этэй?" диэн санатыһыахха.


2005 сыллаахха „Саханефтегаз" хампаанньа „Якутгазпром" аахсыйаларын 92 %-нын бас билэрэ. Оттон „Саханефтегаз" бэрэсидьиэнинэн ол сахха А.Н. Максимов этэ. Бу сэкириэт буолбатах. Оттон хампаанньа бэрэсидьиэнин туох баар дьаһала, хамсаныыта Устаап ирдэбилинэн буолуохтаах. Холобур, аахсыйалаахтар мунньахтарыгар хампаанньа аахсыйаларынан бэрэсидьиэн Максимов эрэ куоластыыр. Бу кини бырааба да, эбээһинэһэ да диэн буолар.

„Саханефтегаз", ЮКОС, Таалакаан айдааннарын көтүтүөххэ уонна 2005 сыл бэс ыйынааҕы быһыыны-майгыны көрүөххэ.

„Саханефтегаз" бу кэмҥэ баар-суох тыыппалаах бас билиитэ „Якутгазпром" хампаанньа этэ. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытта сөбүлэһии быһыытынан, бэс ыйын 9 күнүгэр „Якутгазпром" аахсыйалаахтарын уопсай мунньаҕа ыҥырыллар. Маны баһылаан-көһүлээн ыытааччынан гаас хампаанньатын 92 %-нын бас билэр "Саханефтегаз” бэрэсидьиэнэ Афанасий Максимов буолар. Бу мунньахха быһаарыллыбыта, "Якутгазпром” аахсыйаларыгар эбии эмиссияны оҥоруу, атыннык эттэххэ, аахсыйалары эбии бэчээттээһин. САБЫЫЛААХ СУРУТУУНАН. Ол эбэтэр, аахсыйалар чопчу атыылаһааччыларга анаан бэчээттэнэллэр. Онон кимнээх атыылаһыахтаахтара эрдэттэн биллэр. Ол кэнниттэн ”Саханефтегаз” гаас хампаанньатыгар өлүүтэ түөрт төгүлтэн ордук кыччыахтааҕа.

Бэс ыйын 13 күнүгэр Афанасий Максимов Ил Түмэн үрдүк трибунатыттан этэр: "2005 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр быһаарыллыбытынан, "Якугазпром” аахсыйалара өрөспүүбүлүкэ сүүс бырыһыан бас билэр "Сахатранснефтегаз” хампаанньатын бас билиитигэр киириэ”.

Ону хайдах оҥорор туһугар толкуй барар. Бэрэсидьиэн Штыров Ил Түмэҥҥэ эппитинэн, баҕалаах баһаам, өрөспүүбүлүкэ толкуйдуур, ыксаабат. Оччотооҕу АЛРОСА бэрэсидьиэнигэр Александр Ничипорукка этэр: кыттыһыаххытын баҕарар буоллаххытына, чопчу бырайыактаах кэлиҥ.

Ахсынньы 25 күнүгэр АЛРОСА Кэтээн көрөр Сэбиэтэ "Якутгазпром” таһаарбыт аахсыйаларын "сабыылаах сурутуутугар” ыйыллар хампаанньалары атыылаһарга быһаарыы ылынар. Биллэн турар, Вячеслав Штыров сөбүлэҥинэн. Оттон 2006 сыл олунньу 7 күнүгэр АЛРОСА бэрэсидьиэнэ "Якутгазпром” аахсыйаларын иһин бэрт кылгас кэм иһигэр төлүүргэ бэлэмин туһунан сурук ыытар.

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын толкуйа хайа диэки хайыһа сатаабытын көрүҥ эрэ. Оччотооҕуга АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ лаппа дьайар кыахтаах судаарыстыбаннай хампаанньата этэ. Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ интэриэһигэр икки хампаанньа сылдьар: АЛРОСА уонна "Сахатранснефтегаз”.

АЛРОСА тылыгар тура сатаабыта, "Якутгазпром” аахсыйаларын "сабыылаах сурутуу” быһыытынан атыылаһыахтаах "Славия” ХЭУо уонна өссө үс хампаанньаны атыылаһарга тиийбитэ. Бу "Славия” аан бастаан саха төрүттээх Москуба урбаанньыта Александр Аммосов хонтуруоллуур хампаанньата дэнэр этэ.

2006 с. муус устар 14 күнүгэр "Славия” ХЭУо "Якутгазпром” эбии аахсыйаларын хас биирдиитин 1 солкуобайга, ол аата барыта 627 181 579 солкуобайга атыылаһан ылбыта.

Соһуйуох быатыгар, бу "Славия” били АЛРОСА атыыласпыт хампаанньата буолбакка, Зиявудин Магомедов, ол эбэтэр Смоленскай уобалас сенатора Магомед Магомедов быраатын бас билэр хампаанньата буолан биэрбитэ.

Бу туһунан Александр Аммосов КоммерсантЪ хаһыакка этэн турар: "Бу "Славия” Афанасий Максимов "кыһамньытынан” тэриллибит хампаанньа — ЮКОС хампаанньаны кытта куодарыспыт АЛРОСА салалтатын (Ничипорук) кытта атааннаһыы кэмигэр”.

Онон АЛРОСА "Якутгазпром” хампаанньаны иккитэ атыылаһан турар: бастаан 2001 сыллаахха "Саханефтегаһы” буор босхо ылбыт ЮКОС структураларыттан хонтуруоллуур бакыаты 17 мөл. дуолларга атыыласпыта; иккиһин — "сабыылаах сурутууга” ыйыллыбыт, кэлин биллибитинэн "кураанах” хампаанньалары.

Чэ, ити хааллын. Биһигини өрөспүүбүлүкэ оттугун быһаарар тыын хампаанньаны хайдах тосту-туора дьон атыыласпыттара интэриэһиргэтэр. Биллэн турар, бу дьыала ис эриэнигэр барытыгар тиийэр кыахпыт суох эрээри, уопсай балаһыанньаны билиэхтээхпит.

Бастатан туран, эбии аахсыйалары кимнээх бэчээттэттилэр? "Якутгазпром” аахсыйаларын 92 %-нын бас билэр "Саханефтегаз”. Үөһэ этиллибитин курдук, бу аахсыйаларынан куоластааһыны хампаанньа бэрэсидьиэнэ Афанасий Максимов эрэ оҥорор бырааптаах.

Иккиһинэн, эбии аахсыйалары кимнээх атыылаатылар? Биллэн турар, бас билээччилэр — "Саханефтегаз” хампаанньа. Бэрэсидьиэн кимин билэбит.


Атыыһыт аахсыйалары кимнээххэ атыылыырын билэр этэ дуо? Биллэн турар, эмиссия "сабыылаах сурутуунан” барбыта, ол эбэтэр аахсыйалар чопчу атыылаһааччыга анаан бэччэттэммиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата быһаарыммытынан уонна Ил Түмэҥҥэ да этиллибитинэн — АЛРОСА хампаанньа атыылаһыахтаах этэ. Ол иһин АЛРОСА "сабыылаах сурутууга” суруллубут хампаанньалары ол иһигэр "Славия” ХЭУо атыылаһар — 2005 сыл сайыныгар.

Ол эрээри, 2006 сыл муус устарга аахсыйалары, этэргэ дылы, "славиятын славия” эрээри, букатын атын "Славия” атыылаһар.

Судаарыстыбаҕа, Саха сиригэр, өрөспүүбүлүкэҕэ, АЛРОСАҕа, "Сахатранснефтегаз” хампаанньаҕа туох да сыһыана суох "Славия”. "Сиэркилэ хампаанньа” — диэн ааттыыллар отоойкоҕо олордорго анаан тэриллибит маннык хампаанньаны.

Аахсыйалары Магомедовтар "Славияларыгар” көһөрүү Дьокуускайдааҕы фондовай кииҥҥэ оҥоһуллубут. Бу киин бас билии туһунан кумааҕыны үс суукка иһигэр оҥорон биэрэр үгэстээх эбит буоллаҕына, бу сырыыга биир суукка иһигэр барытын оҥорбут.

Оччотооҕу АЛРОСА вице-бэрэсидьиэнэ Эрнст Березкин атырдьах ыйыгар эппитэ баар ("Саханьюс” ИА):


--"Якутгазпром”, биллэн турар, "Саханефтегаз” хампаанньаны кытта, эбии эмиссия аахсыйаларын өссө олунньу ыйтан 680 мөл. солк. атыылаһарга кэпсэтиилээх АЛРОСАҕа буолбакка, ханнык эрэ "Славия” хампаанньаҕа атыылаабыта соһуччу буолла. Манна "Трансойл” урукку дириэктэрэ Абдурагимов кэлэ сылдьыбыта, Кыһыл Сыыры инспекциялаан барбыта... Оттон АЛРОСА бэрэстэбиитэллэрин Кыһыл Сыырга киллэрбэтэхтэрэ даҕаны (алмаастаах хампаанньа, этиллибитин курдук, "Саханефтегаз” хонтуруоллуур бакыатын бас билэрэ, Сур.) .

Көрөргүт курдук, атыылааччы аахсыйалары кимиэхэ атыылаабытын бэркэ билэр буолан тахсар. Бу Абдурагимов Абдурагим Байрамович, бырааттыы Магомедовтар бэрэстэбиитэллэрэ, билэргит курдук, сотору соҕус "Якутгазпром” генеральнай дириэктэрэ буолбута.

Эрнст Березкин аахсыйалары атыылааһыны "массыанньыктааһын” курдук сыаналаабытын Афанасий Максимов сорунуулаахтык утарбыта: ханнык да масыанньыктааһын суох, аахсыйалар проспектара Федеральнай регистрационнай сулууспаны этэҥҥэ ааһан тураллар.

Быһата, "аахсыйалары атын дьон атыыластылар диэн айдаан суох”. Таарыйа эттэххэ, аахсыйалар проспектарыгар суруллубутунан, "кыһыл көмүс” аахсыйалар суохтар. Ол эбэтэр Штыров бу ураты боломуочуйалардаах аахсыйаларынан ”оонньообута” диэһин олоҕо суох буолан тахсар.

Мин кими да буруйдуу сатаабаппын. Ол эрээри, дьикти буолбат дуо?


Дьээбэтэ диэн, 2008 сылга диэри барыта эриэ-дэхси этэ. "Якутгазпром” генеральнай дириэктэрэ Абдурагимовы утары Максимов "бууннуурун” туһунан туох да суоҕа. "Сата баһа” муус устар ыйга тардыллыбыта: Максимов бас билэр «Якол» хампаанньатын Кыһыл Сыырга гаас конденсатын массыына уматыгар кубулутар тиһиктэн "муустаах ураҕаһынан” үүрүү саҕаламмытын кэнниттэн. Саҥа хаһаайыттар сымнаҕас дьон буолбатахтарын мантан инньэ биллэрэн барбыттара. Бэйэҕит билэргит курдук, салгыы сапараапка ыстаансыйаларын, "Якутгазпром” сүрүн "хонтуоратын” дьиэтин курдук уо.д.а. актыыптары былдьаталаан барбыттара. Сокуон быһыытынан. Мүлүк-түлүк туттууну билиммэт дьон буолан биэрбиттэрэ — атыылаабыккыт да бүттэ, уора-көстө актыыптары "хармааҥҥытыгар” көһөрөн бүтүҥ диэбиттэрэ, бадаҕа.

Дьэ, бэйэҕит да өйдүүр буолуохтааххыт, мантан ыла саҕаламмыта эбээт, Афанасий Максимов "Якутгазпром” саҥа хаһаайыттарын кытта "эрдээх” охсуһуута.

Ол эбэтэр, "ыалдьыттар” кини тус хармааныгар киирбиттэрин эрэ кэнниттэн уһуктубута диирбитигэр тиийэбит — "ырыа тылын” хайдах силлээн кэбиһиэххиний?

Өрөспүүбүлүкэ салалтата эмиэ 2008 сылтан эрэ тыла өһүллүбүтэ: "Саханефтегаз” иһигэр үбү уорууга, баайы-дуолу хампаанньа салалтата бас билэр хампаанньаларыгар көһөрүүгэ күүстээх ситим тэриллибитэ. ЮКОСтан бэйэтэ да сыккырыыр тыына төннүбүт хампаанньаны салайааччылара бары өттүттэн саба түһэн тыынын салҕаабыттара” — диэн турар Вячеслав Штыров.

(http://www.1sn.ru/27387.html)” — диэн буолбут.

Дьэ, буоллаҕа. Бу матырыйаалга барыта бэчээккэ тахсыбыт, Ил Түмэҥҥэ этиллибит быһыы-майгы киирдэ. Алыс ырааппатах дьыала буоллаҕа, бэйэҕит да төбөҕүтүн дьэҥкэрдэ түстэххитинэ, өйдүүр инигит.

Бу матырыйаал хоруй буоллун, дьон "тоҕо таас чохпутугар төнүннүбүт, тоҕо тоҥобутуй-хатабытый?” диэн ыйытыгар.

СУР.
Category: Нефтегаз | Views: 1768 | Added by: uhhan1
Total comments: 1
1 Сэмэн  
Бу түбэлтэҕэ үөһэттэн алларааҕа дылы буруйдаахпыт. Үөһэлэр толкуйдара, мэйиилэрэ чычаас буолан, бэйэлэрин тустарыгар үрдүк сололоох тойон буолан олорон хаалаары уонна сиэри-аһаары, дьоҥҥо киэбирэн олороору, киһиргээрии, оттон аллараалар барытын билэ-көрө олорон куттанан, саҥарбакка-иҥэрбэккэ, барытыгар сөпсөһөн, арахсыһыы-хайдыыһыы үөскээн оҥорбут уонна барытын туран биэрбит буруйбут буолар. Онтон ордук туох да суох. Онон кэлэр-бэттэх сылларга өйдөөн-төйдөөн, ырытан, халбаннатан көрөн баран быыбарга, араас айдааҥҥа киирсэри көрүөххэ этэ баара. Дьиҥ чахчы бэйэтин дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар бэриниилээх киһини талан аныыр кэмэ кэллэ. Ону хас биирдии сахалыы саҥарар киһи өйдүөх тустаах. Хантан, туох төрүттээх дьон буоларбытын умнуо суохтаахпыт! Барыгытыгар үтүөнү баҕарабын.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024