Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ыам ыйа » 2 » Тас дойдуларга үтүө сыһыан диэн суолга, айаҥҥа эмиэ тулхадыйбаттык тутуһуллар
Тас дойдуларга үтүө сыһыан диэн суолга, айаҥҥа эмиэ тулхадыйбаттык тутуһуллар
11:06
Айан аргыстаах суол үтүө сыһыаны эрэйэр.
(санаа атастаһыыта)

Кэнники биэс сыл иһигэр араас сири-дойдуну бөлөҕүнэн кэрийдибит. Сылдьарбыт былаһын тухары атын дойдуларга куорат иһинээҕи суол айанын быраабылатын бэлиэтии көрөн сөҕөбүн.
Токио курдук улахан сайдыылаах куоракка автобуһунан айанныыргар кыратык да тохтуу түспэккин. Үс таһымнаах (трехуровневай) суоллар бааллар. Айанныахха да астык. Ыксыыр буоллаххына, төлөбүрдээх суолунан айанныыгын. Барыта дьон туһугар диэн оҥоһуллубут. Үлэ чааһа бүтэригэр метроҕа үтүрүһүү-анньыһыы да суох.  Барыта – сырдыга, ырааһа киһи сүргэтин көтөҕөр. Метро олбохторо кытта сымнаҕастар.

Таксистар массыыналарын көрүөххүт этэ, олорор олбохторо мап-маҥан куруһубаларынан киэркэйэллэр, суоппардарбыт муус маҥан бэрчээккэлээхтэр.

Маҥнай утаа айаннара барыта таҥнары курдук, утары массыына эйигин көрдө-көрбүтүнэн сырылатан иһэр буолар.  Европа дойдуларын курдук «хаҥас өттүнэн айаны» көрө үөрэммэтэх киһи бастаан саллар.

Тибеткэ айан

Тибеткэ киин куораттара Лхасаттан үс күнү быһа Кайлас хайатыгар айаннаан турардаахпыт. Массыыналарбыт барыта джиптэр, суоппардарбыт дьиҥнээх АС-тар. Хайалар усталарынан, серпантин курдук суолунан, үөһэ-аллараа тахсарга түргэнник үктээн айанныыллар. Ол быыһыгар кэпсэтэр сололоохтор. Утары хантан массыына тахсыа биллибэт буоллаҕа дии. Кинилэр туристары таһар, хайанан айанныыр үөрүйэхтэр. Сорох сиргэ тохтоон, тоҕо бириэмэни ыытан туралларын бастаан өйдөөбөт этибит. Онтубут баара, биир пуунтан атыҥҥа диэри (дэриэбинэттэн дэриэбинэҕэ) төһө бириэмэнэн  айанныахтааҕа ыйыллан сылдьар эбит. Наһаа түргэнник айаннаабыт буоллахтарына, пропуск бэрибиэркэлиир пуун иннигэр баран күүтэллэр эбит.

Нэлэмэн киэҥ сиринэн да, хайалар да быыстарынан суоллара – асфальт. Кыра кэрчик суол оҥоһуутугар дьахтар аймах тэбис-тэҥҥэ кубаалданан үлэлии сылдьара көрүөххэ сүрдээх этэ. Хайаҕа сатыы ыттар эмиэ айан ахсааныгар киирэр. Таһаҕаспытын, бэйэбит саҕа рюкзактарбытын, эдэр кыргыттар  сүгэн арыаллаабыттара. Дьэ, уонна дьахтар аймах мөлтөх диэҥ.

Иерусалим дьиктилэрэ

Бастакытынан, ислам итэҕэлинэн дьахтар аймаҕы туохха да көҥүллээбэт буолуохтаах диэн санаабыттан, Иерусалимҥа уруулга сирэйдэрин тууна бааммыт омук дьахталлара элбэхтэрин дьиктиргии көрбүтүм.

Иккиһинэн, Каир ортотугар биир светофор баара биһиги сылдьарбытыгар үлэлээбэт этэ. Массыына аҕыйаҕа суох. Египеккэ массыына таҥар собуоттар бааллар да, биһиги дойдубут былыргы мааркалаах массыыната элбэҕин ааһан сыаната ботуччу буолар эбит. Уонна атыыга мээнэ булбат үһүгүн.

Атын тас дойдуларга

Китай курдук улуу судаарыстыба киинигэр Пекиҥҥэ эмиэ светофор аҕыйах, ыраах-ыраах тураллар. Дьон кыра көлөлөрүгэр анал суоллар бааллар. Кыһыннары сүүрдэр мотореллардарын уруулугар бэртээхэй үтүлүктэри тигэллэр эбит. Хотуттан сылдьар дьон биһиги тоҥон титириибит, кытайдар буоллаҕына, чараас таҥастаах дьону таһан элэҥнэтии.

Тиалаҥҥа киинэҕэ курдук хойуутук атахтарынан тэбэр да, мотуордаах да ааҕан сиппэт көлөлөр быыстала суох тэбис-тэҥҥэ массыыналары кытары айанныыллар. Ыксаан дуу, мэһэйдэтэн дуу, сөбүлээбэккэ сигналлыылларын да истибэккин. Бары ыгылыйбакка холкутук айанныыллар. Ханна баҕарар сатыы киһини тохтоон аһардаллар.

Биир күнү быһа Африка кумах куйаарын устун айаммытыгар араас дьикти кыыл кытары суол быраабылатын билэр, тутуһар курдуктара. Сафарига аналлаах джиптарыгар уһун айаҥҥа бары усулуобуйа барыта баар.  

Хотугу, соҕуруу Америка хас да штаттарынан сырыыбытыгар ханна да  суол саахала буолбутун көрбөтөхпүт. Киинэлэргэ курдук биир кэм сирена да холбонуулаах массыыналар иһиллибэттэр. Калифорнияҕа күүтүллүбэтэх халыҥ хаар түспүтүгэр хастыы да миэтэрэ уһуннаах массыыналар халтарыйбатыннар диэн анал сыаптары (сэрэххэ диэн бэлэм укта сылдьаллара)   кэтэрдинэн ааһан иһэллэрин көрөммүт дьиктиргээбиппит.

 Арассыыйаҕа

Москваҕа таксист кэпсиир: Киин хаһыакка ааҕааччы суругун бэчээттээбиттэр. Биир ыал бээтинсэ түүн сырыы аҕыйах буолуохтаах диэн куорат тас өттүгэр даачатыгар айаннаабыт да, өрөбүл сарсыарда биирдэ тиийбит…

Оннук сүрдээх «пробка» буолар да, буолуо да турдаҕа. «Пробкаҕа» түбэспит дьон ыксаатаҕына хайдах, хантан туалеты булара буолла диэн элбэх кэлии киһи толкуйга түһэр. Сатыы киһи күннээҕи айана кытары Москваҕа сөхтөрөр. Сарсыарда, киэһэ иккилии чаас метронан үлэлэригэр да, төттөрү дьиэлэригэр да айанныыллар. Уопсайа күн аайы айаҥҥа түөрт чааһы барыыллар. Онно өссө сарсыарда эрдэ туран хомуналларын эптэххэ, киэһэ хойут тиийэн хантан бириэмэ булан дьиэлэрин-уоттарын дьаһаналлара, оҕолорун кытары алтыһаллара буолуой? Туох да диэбит иһин, улахан куорат  олохтоохторо «кытаанах» тулуурдаах дьон. Ону таһынан, бириэмэни сатаан туһанар буолан, тугу барытын ситиһэн, толорон, оҥорон  олохторун оҥостоллор.

 Онтон биһиги куораппытыгар

Сылдьыбыт сирдэрбитигэр холоотоххо дьоллоох Дьокуускай куораппыт төһө эмит кыра эрээри светофор элбэҕэ «кыайар». Дьэ, кырдьык, сөхтөрөр.

Светофор төһөнөн элбэх да соччонон быраабыла кэһиллибэккэ, суолга бэрээдэк буолуо диэн сыалтан ГИБДД туруорар дуо?

Кып-кыра куораппытыгар «час пик» эрэ кэмигэр буолбакка, биитэр саахалтан эрэ сылтаан эмиэ буолбакка, светофор хара баһаамыттан «пробка» буолар буолбатах дуо?

Сорох түгэҥҥэ сатыы сылдьыбыт быдан ордук курдук. Тиийиэхтээх сириҥ бу турар курдук да суолга айан тохтоон бириэмэ бөҕөтүн сүтэрэҕин. Автобус да сырыыта харгыстанар. Устунан үлэтигэр хойутаабыт быыгабар ылар…

Чугас дьүөгэм бэйэтэ урууллаан баһаам ыраах айаҥҥа сылдьыбыт киһи кэпсиир: дойдубар тахсан массыынабын ууран баран сатыы сылдьабын. Дьахтар аймах бары массыыналаммыта туох да быраабыланы тутуспакка иннигэр кэлэн «хорус» гына тохтууллар…

Куорат тас өттүгэр олорор киһи күн аайы кэриэтэ бэйэтин массыынатынан киирэр эрээри, мэлдьитин биир сиргэ туруоран, хаалларан баран наадатыгар сатыы эбэтэр автобуһунан сылдьар.

Аны туран, улахан куораттан кэлбит дьон суолбут быраабылатын атыҥырыыллар. Сэрэхэчийбэккэ, сатаан сылдьыллыбат, холкутук киһи айаннаабат дииллэр.  Тыаттан кэлээччи суоппардар саллаллара онтон атын.

Биирдэ ГИБДД инспекторын массыынатыгар олорсо сылдьан элбэххэ үөрэммитим. Киһим тулалыыр эйгэҕэ тас көрүҥүнэн тоҥуй, тыйыс майгыта сирэйигэр сурулла сылдьар. Мин көрөн куруук саллар киһим этэ. Үлэтин чааһын кэннэ формата суох, бэйэтин чааһынай массыынатынан хас да чаас биир дьыаланы быһаарсан  чугастык алтыспытым киһим отой атын эбит. Суолга ханна барытыгар атын массыыналарга да, сатыы дьоҥҥо да тохтоон аһардар. Түгэнинэн туһанан суоппардарга аналлаах араас ыйытыктары сураспытым. «Крутой» нүөмэрдээхтэри, тонировкалаахтары соруйан тохтотон бэрибиэркэлиирбин сөбүлүүбүн, ким «саһан» олороро интэриэһинэй диир.

Бу көрсүһүү кэнниттэн суолу туораан биэрэрим элбээбитэ. Эппиэтин анараа суоппар махтанан фаратын чыпчылыҥнаттаҕына эбэтэр сигнааллаан биллэрдэҕинэ, миэхэ хайдах эрэ испэр астыныы дуу, үөрүү кыыма дуу үөскүүр.

_________________________________________________________________

 

Омук сириттэн кэллэххэ, дойдубут салгынныын атына

киһи ис дууһатын үөрдэр, манньытар  эрээри,

кырдьыгын эттэххэ, дьон тоҥ сүрэҕэ сонньутар.

__________________________________________________________________

 

Суолга киһи майгыта

 

Тас сэбэрэлиин кэрэ кореянкалар, ис дууһалыын аламаҕай японкалар…(ханнык баҕарар тас дойду омуктара диибин) туох баар боппуруоскун, омук тылын билбэтиҥ да иһин, хайдах сатыылларынан быһаарыылара киһи сүргэтин көтөҕөн киһиэхэ үтүө сыһыан диэн баарын бэлиэтииллэр.

Тас дойдуларга үтүө сыһыан диэн суолга, айаҥҥа эмиэ тулхадыйбаттык тутуһуллар. Дьахтар дуу, эр киһи дуу уруулга олороруттан тутулуга суох. Биһиги бэйэ-бэйэҕэ сыһыаммыт куһаҕаныттан араас саахал, быһылаан тахсар. Ону ааспыт кыһын чугастааҕы улууска бараары суолга быстарбыт кыра оҕолоох эдэр ыал  суох буолбута да туоһулуур.

- Уһун айаҥҥа урут-уруккуттан суоппардар алдьаммыт массыыналаах киһиэхэ аһаҕастык көмөлөһөллөрө. Бу суол, сурукка тиһиллибэтэх, олоҕурбут сокуона буолара.

- Сэт-сэлээн диэҥҥэ уоппуттаах айанньыттар итэҕэйэллэрэ.

- Айан табылларын туһугар сир иччилэрин аһатыы – өбүгэ үгэһэ тутуһуллара.


Баара суоҕа 400 тыһ. эрэ тахса сахалар тимир көлөбүт бэйэбит  ахсааммытыттан элбээһинэ, айылҕабытын буортулуурун ааһан, эбиитин баай-дуол эмсэҕэлээһининэн эрэ муҥурдаммакка,  сүрүнэ – бэйэни сатаан өйдөспөт буолуу – барыбыт олохпут инники кэскилин сарбыйарын өйдүөх тустаахпыт.
 

Хомпорууна

--
группа АЙЫЛГЫ
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1328 | Added by: uhhan1
Total comments: 2
2 Марина  
сөпкө да суруйбут

1 Яша  
Оннук.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 113
Ыалдьыттар (гостей): 113
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024