News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ыам ыйа » 2 » Тоҕо биһиги АЛРОСА нөҥүө өссө хас эмэ үйэлэргэ биһиги оҕолорбут аһыахтаах Сахабыт Сирин баайын бүс-бүтүннүүтүн, экономикабыт улахан аҥаарын
Тоҕо биһиги АЛРОСА нөҥүө өссө хас эмэ үйэлэргэ биһиги оҕолорбут аһыахтаах Сахабыт Сирин баайын бүс-бүтүннүүтүн, экономикабыт улахан аҥаарын | 11:11 |
АЛРОСА-бытын туруулаһыаххайыҥ!
Бу соторутааҕыта аҕай премьер-министр Дмитрий Анатольевич Медведев элбэх улахан хампаанньалары приватизацияҕа ыытабын диэн тыл таһаарбыта. Ол аахпыт испииһэгэр биһиги бары кэриэтэ аһаан-сиэн олорор АЛРОСА-быт киирэн хаалаахтаабыта. Эмиэ аҕыйах хонуктааҕыта аны биһиги Президеммыт Егор Афанасьевич Борисов салайыылаах улахан Ил Түмэн мунньаҕар "Саха Сирэ АЛРОСА 7% атыыга таһаарар” диэн уураах ылыммыттара. Тоҕо? Тоҕо биһиги былаастарбыт улахан аспытын, улахан бүтэһик аспытын атыыга таһааран эрэллэрий? Итиннэ үөһээҥҥи адьырҕалар да улахан сабыдыаллаах буолуохтарын сөп эрээри биһиги сирбит аата биһиги сирбит буоллаҕа, тоҕо бэйэбит дьоммут бу үчүгэй таһымнаахтык үлэлии олорор хампаанньабытын атыыга таһаардылар? Бу приватизацияҕа ыытан биһиги туох барыыстанабытый? Мин көрдөхпүнэ туох да улахан барыыс көстүбэккэ дылы. 2008 сыл түмүгүнэн АЛРОСА 50% акцията Росимущество харайыытыгар сытара, Саха Сиригэр 32%, улуустарбытыгар 8%, уонна хаалбыта араас кэтэх харайыыга.
Дьэ мантан көрөр буоллахха Саха Сирэ онто да суох бу хампаанньаҕа улахан сабыдыаллааҕа көстүбэт ээ, бу хаалбыт 32%-ттан өссө 7% атыыга ыыттахпытына олох даҕаны бу хампаанньа ис дьыалатыгар киирэр кыаҕа суох да буолан хаалар кутталбыт тыҥаан иһэр курдук буолбатах дуо? Аны былаастарбытын көрөр буоллахха өссө да атыылыах дьүһүннээхтэр. Дьэ ити курдук ыраата барбакка Татарстаны көрүөххэйиҥ, Татарстан билиҥҥи Президена Рустам Минниханов "республикам баайын чахчы да талбыт үөһээттэн эттэхтэрин аайы атыылаабат соҕус киһи буолуохтаахпын” диэн бэйэтин санаатын этинэн олорор, онно Татарстан урукку Президена, көннөрү урукку буолбакка бастакы Президеннэрэ Минтимер Шаймиев улахан өҥөлөөх, сүбэ-ама биэрэн киһитин кытаанах тылынан саҥарталанарын ирдиир буолуохтаах.
Аны бу киһи, Рустам Минниханов, көннөрү республика Президена эрэ буолбатах, кини чунуобунньук аатыттан ааһан аны Татарстан биир улахан аһа "Татнефть” ниэби хостуур судаарстыбаннай хампаанньа салайар сүбэтин бэрэссэдээтэлэ. Онтон биһиги Президеммыт Борисов бу АЛРОСА салайар сүбэтин бэрэссэдээтэлэ буоллаҕына хайдаҕый? Уопсайынан биһиги дьоммут 90-с сылларга татаардары кытта тэҥ курдук буолааччылар ди, тоҕо кэнники кэмҥэ биһиги Россияҕа куттас-мөлтөх курдук көстөр буолан иһэбитий? Иннэ көрдөххө Штыров өҥөтө улахан курдук ээ, тоҕо эрэ Николаев саҕана биһиги омукпут, республикабыт бэйэтин күүстээх, санаатын этинэр, эппитин толорор улахан авторитеттааҕа, ол ханна барда? Тоҕо биһиги "дрессированнай ыттар” курдук хас үөһээҥҥи тойон этиннэҕин аайы толорорго күһэллэбитий? Ама оччо айылаах аллараа түстүбүт дуо? Билигин 7% атыылаатыбыт, ол аата биһиэхэ 25% хаалла. "Блокирующий пакет акций” баар, ол эбэтэр хампаанньа ылыммыт үгүс этиитин утарар кыахтанныбыт, ити үөрдэр. Ол эрэн бу Россия 50%, биһиги 7% атыылаан кэбистэхпитинэ 57% атын дьон илиитигэр барар. "Контрольный пакет акций” ама кыайан атыылаһар киһи көстүбэтэ буолуо дуо?
АЛРОСА курдук үчүгэй барыһы биэрэ турар хампаанньа билигин араас таһымнаах бизнесменнар харахтарын сырдаппыт буолуохтаах, онон сотору кэминэн хампаанньаттан сылтаан алдьаммыт республикабыт барахсан туох да диэҕин билбэккэ аҕыйах солкуобайы быраҕан биэрэллэрин кэтэһэ олорор буоллахпытына да көҥүлбүт. Онто да суох АЛРОСА нолуогун биһиэхэ төлөөбөт буолбатах дуо? Биһиги бу АЛРОСА-ҕа бэйэбит акциябыт харчытынан аһаан-сиэн олоробут, сотору кэминэн онто суох хааллахпытына испит арааһа ыанара буолуо. Онон бу АЛРОСА-быт туһугар туруулаһарбыт биһиги олохпут инникитин туһугар туруулаһыы курдук өйдөнүллүөхтээх. АЛРОСА-ҕа биһиги бары баайбыт баар, "Алмазы Анабара”, "АЛРОСА-Нюрба”, "Севералмаз” о.д.а. Маны ааһан Африкаҕа тиийэ алмааһы хостуур. Тоҕо биһига бачча айылаах улахан, минньигэс аспытыттан тэйэргэ күһэллиннибит? Биһиги аҕатыттан мөҕүллүбүт оҕо курдук Россия туох диэн саҥарбытын барытын толорорго күһэллэбит, дьиҥэр биһиги быраат этибит буолбатах дуо? Быраат курдук сорох этиитин сөбүлэспэт буоллахпытына аһаҕастык этиэххэ баара. Борисов бэҕэһээҥҥэ диэри биэрбэппин, антах миигин истэллэр, өйдөһөбүн диэн саҥарара иһиллэрэ ди, онтубут ханна барда?
Тоҕо биһиги АЛРОСА нөҥүө өссө хас эмэ үйэлэргэ биһиги оҕолорбут аһыахтаах Сахабыт Сирин баайын бүс-бүтүннүүтүн, экономикабыт улахан аҥаарын атыыга таһааран ханнык эрэ клаҥҥа туттарабытый? Билигин барытыгар АЛРОСА онто да суох өтөн киирэ олорор, экономикабыт, олохпут-дьаһахпыт барыта бу хампаанньа бас билиитигэр турар, онон АЛРОСА-ны атыылааһын син-биир бэйэбитин атыылааһын кэриэтэ! Онтон-мантан иһиттэххэ билиҥҥи былаастарбыт АЛРОСА-ны атыылаабыт харчыбытытын, сыаналаабыттарынан 14 миллиард быһылаах, эргэ дьиэлэри көтөрүүгэ ыыталлар үһү. Ол сөп дуо? Бу хас эмэ сылы быһа аһыахтаах аспытын ол ханнык эрэ дьиэлэри көтөрүүгэ ыытабыт дуо? Муус Устар ый 27 күнэ биһиэхэ, сахаларга ытык күн, биһиги өбүгэлэрбит хас эмэ үйэлэр тухары турууласпыт көҥүллэрэ дьэ дьиҥнээхтии демократтыы санаалаах Ельцин хамаандатын улахан өҥөтүнэн, онно эбии туохтан да өһүллүбэт, улуу салайааччыбыт, омукпут бастыҥа, Сахабыт Сирин бастакы Президена Михаил Ефимович Николаев улахантан улахан өҥөтүнэн ылыллыбыт дьиҥнээх көҥүлү биэрбит суверенитеппыт күнэ буолар.
Уонна биллэн турар улуу убайдарбыт Аммосовтаах, Аржаковтаах, Ойуунускайдаах өрөбөлүүссүйэ курдук ыар кэмнэр быыстарыгар олохторун ууран туран турууласпыт автономияларын күнэ буолар. Бары билэрбит курдук баайа суох ыал дьадаҥы, сэнэбилгэ сылдьар, киһи курдук ааҕыллыбат, саҥата иһиллибэт буолар. Биһиги республикабыт улахан ыал буолар, Николаев саҕана кыахтаах ыал эбит буоллахпытына биһиги сылын аайы кэхтиигэ, эстиигэ баран иһэр курдукпут. Биирдэ алҕас куһаҕан, кыайан салайбат ду, субус-суруйан оннук оҥорор ду, аҕабытын тала сылдьан үтүө ыал аатыттан сүтэн эрэбит! Тохтуоххайыҥ!!! Ыалбыт баайын, улахан аһаан-сиэн олорор баайын бэйэбит илиибитигэр хаалларыаххайыҥ!!! Үтүө ыал аатыттан туораамыаххайыҥ!!! Ити АЛРОСА-ны хайдах бэйэбит бас билиибитигэр хаалларабыт диэҥҥэ мин маннык санаалаахпын, Росимущество атыыга таһаарбыт акцияларын атыылаһан ылыахха, АЛРОСА 50%+1 акциятын атыылаһан ылан АЛРОСА-ны бэйэбит салайыаххайыҥ. Бу АЛРОСА-ҕа биһиги бары баайбыт мунньуллан олорорун умнумуохха баара. Баайбытын талбыт атыылаан бүтүөххэйиҥ, куттанан-саллан турарбытын тохтотуоххайыҥ, бэйэбит санаабытын этинэн иһиэххэйиҥ!!!
Сайдархан
|
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. |
Views: 1352 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 1 | |
Бардын. Барыта баhаарыллан турар. Миэхэ улахан туhаны биэрбэт, атын да саха туhаммата буолуо. Тойотторбут эрэ абыраналлар. Сааппат сирэйдэр. Маннык тойоттор баалларын тухары уларыйыы суох буолуо.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 117 Ыалдьыттар (гостей): 117 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|