News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ыам ыйа » 30 » Биһиэхэ сүрүн таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон буолар
Биһиэхэ сүрүн таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон буолар | 19:10 |
Айыы үөрэҕэ
Биһиги
бастааҥҥыттан итэҕэл аатын толкуйдаан барбыппыт. Биллэн турар,
итэҕэлбит саха омук гиэнэ этэ. Онон «саха итэҕэлэ» диэн ааттыахха сөбө.
Ол гынан баран олоҥхолорго айыы киһитэ диэн киһи барыта ааттанар ээ. Ити үгэһи тутустахпытына, биир омук эрэ ааттанарынан ааттанарбыт тутах буолар. Биһиэхэ сүрүн таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон буолар. Кини аата син элбэх. Сороҕор Аар Тойон диилэр. Өссө олоҥхоҕо Үрүҥ Элкэнэй Тойон диэн баар. Сүрүннээн икки аат баар: Үрүҥ Айыы Тойон уонна Аар Тойон.
Бу ааттартан биирин талар буолбуппут. «Сумерки богов» диэн кинигэҕэ
«Психоанализ и религия» диэн ыстатыйа баар. Э. Фромм диэн бөлүһүөк ол
ыстатыйаҕа итэҕэллэри икки көрүҥҥэ арааар: бэйэтин аптарытыатынан хам батыыр итэҕэл уонна киһиэхэ көҥүлү биэрэр итэҕэл диэн. Биһиэхэ ити көстүү таҥаралар ааттарыгар сылдьар курдук. Аар Тойон диэн киһини хам баттыыр аат. Маннык ааты эттибит да сүгүрүйэ сытарбытыгар тиийэбит. Аар диэн тыл кырдьаҕаһы уонна ытыктыыры бэлиэтиир тыл. Аны үөрэх диэн тылы туһаннахпытына, Аар үөрэҕэ диирбитигэр тиийэбит. Оччоҕо үөрэхпит ис хоһоонуттан балачча тэйэр курдукпут. Үрүҥ Айыы Тойон ааты ыллахпытына, киһи көҥүлүн харыстыыбыт. Бу аат киһини хам баттаабат. Бу ааты ыллахпытына үөрэхпит Айыы үөрэҕэ буолар. Бу ис хоһооҥҥо да маарыҥныыр. Олоҥхолорго үксүн айыы киһитин туһунан кэпсэнэр. Айыы киһитэ 35 омук буолар.
Итини атыннык, 35 арааса этиллибитин курдук саныахха сөп. Ол аата
биһиги итэҕэлбит киһи-аймахха барытыгар сыһыаннаах буолар. Аны бу тыл
Аар Тойонннооҕор быдан элбэхтик этиллэр. Бу ааты ыларга арай биир мэһэй баара. Саха Үрүҥ Айыы Тойон
диэн аата христианство үөрэҕэр эмиэ киирбитэ. Манна эмиэ таҥараны
бэлиэтиир тыл буолбута. 1720-1727 сылларга саха сиринэн Д. Г.
Мессершмидт экиспэдииссийэтэ сылдьан ааспыта. Ол туһунан Ф. И.
Табберт-Страленберг суруйан хаалларбыта. Кинигэтэ 1730-с сыллар диэки
Германияҕа тахсыбыта. Кини онно аан бастаан Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааты
киллэрэр. Ол аата бу тыл сахаларга былыргыттан баар эбит. Оттон кэлин
христианство киирбитин кэннэ таҥара аатын быһыытытынан хаалан хаалбыт.
Саха киһитэ таҥара дьиэтигэр киирэн туран үҥэригэр Үрүҥ Айыы Тойон аатын
ааттыыр, инньэ гынан бэйэтин таҥаратын көрөн туран үҥэр. Биһиги бу уратыны аахсан Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттан аккаастаммакка быһаарбыппыт. Онон үөрэхпит, атыннык эттэхххэ итэҕэлбит Айыы үөрэҕэ диэн ааттаммыта. Онуоха биһиги Аар Тойон диэн тылтан букатын аккаастаммыт буолбатахпыт. Таҥара иккис аатын курдук көрөбүт. Онон ким баҕарар таҥараны Аар Тойон диэн сөп. Биһиги
Айыы үөрэҕэ диэн тылы ылыммыппыт кэннэ В. Кондаков таҥара диэн Аар
Тойон диэн ааттаныахтаах, Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттаныа суохтаах диэн
турда. Итини кини биһиги таҥараны Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттыырбытын
билэн баран биһигини утарар эрэ туһугар оҥордо. Маныаха саха норуотун
үгэһин утарыы баар. Тоҕо диэтэххэ, Үрүү Айыы Тойон диэн аат уруккуттан
баһыйар этэ. Ханнык да бу ааты бобуу суоҕа. Биһиги Айыы үөрэҕин ылыыбыт биир үчүгэйэ диэн Айыы уонна айар
диэн тыл биир төрүттээхтэригэр сытар. Онон Айыы үөрэҕэ айыыга-тутууга
сыһыаннаах буолар. Былыр да оннук өйдөөн Үрүҥ Айыы Тойон диилллэрэ,
билигин да оннук өйдүүбүт. Оттон киһи айар-тутар буолуута биһиги ситиһэ сатыырбыт саамай улахана буолар. Айыы үөрэҕэ диэн тылы өйдүүргэ биир буккуйуу баар. Урут сахаҕа икки «й» баар этэ. Биир й - «мурун й» буукубата диэн ааттанара уонна маннык суруллара: «j», оттон иккис й - «айах й» буукубата диэн аатанара: «й» диэн суруллара. Оттон 1939 сыл эргин нууччалыы алпаабыкка киирииннэн сибээстээн «мурун й» - j буукубатын ылан кэбиспиттэрэ. Ол иһин билигин «мурун й» буукубалаах уонна «айах й» буукубалаах тыллар биир курдук суруллаллар. Ити айыы уонна аjыы диэн тыллары өйдүүрбүтүгэр охсор. «Айыы» диэн айары-тутары өйдүүбүт. Оттон «аjыы» (билиҥҥиннэн «аньыы»)
диэн аньыыны-хараны өйдүүбүт. Билигин бу икки өйдөбүллэри биир тыл
курдук суруйабыт. Ону туһанан сорохтор Айыы үөрэҕэ диэн тылы аньыы-хара
үөрэҕин курдук ылыналлар. Үөрэх диэн тылы эмиэ
мээнэ ылымматахпыт. Айыы үөрэҕэ 1990 сыллаахха үөскээбитэ. Ол кэмҥэ
хомуньуус баартыйа син-биир баһылаан олороро. Онон итэҕэл диэн ааты
киллэрэрбит сатаммат этэ. Оннооҕор мөккүһүү буолан ылбыта. Артыыс Гаврил
Колесов «итэҕэл» диэн тылы быһаччы этэр санаалааҕа. Оттон мин хаһыакка
эҥин тахсыахпыт, бу кэмҥэ быһаччы итэҕэл диэн ааттанарбыт сатаммат
диэбитим. Онон «Айыы үөрэҕэ» диэн аат барбыта. Мантыкабыт сөбүн сотору олох көрдөрбүтэ. Үөрэх
диэн аатынан киэҥник тэнийэн барбыппыт. 1993 сылга диэри ким да
мэһэйдээбэтэҕэ. Ити сылларга маҥнай кыра кинигэ, онтон улахан кинигэ Айыы үөрэҕэ аатынан тахсыбыта. «Эдэр коммунист» хаһыакка тахсар анал балаһалаах этибит. Кэлин үөрэх
диэн тылбыт өссө бигэргээтэ. Биһиги Айыы үөрэҕин бигэргэтэрбитигэр
айыыларга сыһыаннаан киһи туһунан өйдөбүллэри түмпүппүт. Онтукабыт 63
өйдөбүл буолбута. Кэлин өйдөөтөхпүтүнэ, Алтайдарга даҕаны, Хотугу
Бурятияҕа даҕаны, ити биһиги курдук өйдөбүллэри түмпэтэх, наардаабатах
эбиттэр. Итинник көстүү тенгрианствоҕа даҕаны көстүбэт. Ол аата биһиги
атын кыра омуктар итэҕэллэриттэн уратыбыт диэн үөрэҕи айбыт эбиппит.
Инньэ гынан итэҕэлбитин быдан күүстээбиппит. Дьиҥнээх дьөһүөл
(жречество) таһымыгар таһаарбыппыт. Атыттар хара ойуун таһымыгар
хаалан хаалбыттар. Ол иһин ол-бу дьиктини оҥоро сатыыллар. Ол гынан
баран киһини үөрэтэр кыахтара суох. Билигин бу биһиги итэҕэлбит биир
күүстээх өттө буолар.
Ойуулар
1990 сылтан биһиги ойуулары оҥорууга үлэлээн барбыппыт. Ойуулар
биһиэхэ болҕомтону түмэргэ, өйү-санааны туохха эрэ тохтоторго наада
этилэр. Гуманитарнай институкка үлэлиир Римма Семеновна
сүбэһит буолбута. Кини оччолого саха таҥаһын үөрэтиинэн дьарыктанара.
Сахалыы ойуулары эмиэ кимнээҕэр да билэрэ. Биһиги немец учуонайа саха
орнаменнырыгар учуонай истиэпэни көмүскээбит диэн истэрбит. Ол гынан
баран кини матырыйаала биһиэхэ суоҕа. Мандар оччолорго биллибэт этэ. Барыта 12 ойууну талбытым. Ойуулар быһаарыылара маннык:
- Айыыһыт—ох уонна кыптыый.
- Иэйэхсит—көҕүөр.
- Дьөһөгөй—ат ойуута.
- Хотой Айыы—көтөр ойуута (халлаан уонна ол ыккардыгар төбө ойуута).
- Улуу Суорун—суор.
- Аан Дьааһын—дүҥүр.
- Билии айыылара—кыра күөрчэх (түөрт муннук), орто күөрчэх (түөрт сүрүн суол уонна түөрт быыс суол), улахан күөрчэх (аҕыс суол).
- Турук Айыылара—1) алта муннук, 2) үөһэ-аллара тахсар сурааһын.
- Үрүҥ Айыы Тойон—күн ойуута.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 2433 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 77 Ыалдьыттар (гостей): 77 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|