Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » От ыйа » 9 » Норуот хас эмэ үйэ тухары ылыммыт итэҕэлин, култууратын ытыктыахха наада. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы, дьон итэҕэлгэ чугаһаан иһэр
Норуот хас эмэ үйэ тухары ылыммыт итэҕэлин, култууратын ытыктыахха наада. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы, дьон итэҕэлгэ чугаһаан иһэр
09:39
 Күнү көрсүү
08.07.2013 16:51 | Автор: Бүөтүр Бөтүрүөп
Кыым.Саха дьоно-сэргэтэ күнү көрсүү сиэрин-туомун туох дии саныырын, күн күөрэйиэн иннинэ уонна тахсыбытын кэннэ, кэрийэ сылдьан туоһуластым.
Биэнсийэлээх:
-- Күн тахсыыта диэн саха омукка эрэ баар сиэр-туом буолбатах.  Тус бэйэм олох салҕаныытын курдук уонна ыраастаныы быһыытынан ылынабын. Ис-иһигэр киирдэххэ, саамай кэскиллээх сиэр-туом дии саныыбын.  Арчыланан ыраастанан, күн саамай уһун кэмигэр быһаарыллар дьыала.
Абааһы, таҥара, иччи диэн сахаларга баар. Таҥара диэн Айыы Аар таҥара. Барыта күнтэн саҕаланар. Биһиги итэҕэлбит күҥҥэ үҥүү-сүктүү буолар. Итэҕэлбит оннук буоллаҕа дии. Ол иһин хас сыл аайы манна кэлэн күнү көрсөбүн. Бүгүн былыттаах соҕус да буоллар, кытара кыыһан тахсара буолуо дии саныыбын. Кытаран да көһүннэҕинэ, эниэргийэтин биэриэхтээх.  Ону мин итэҕэйэбин.
Суоппар идэлээх уол:

--Биһиги Туймаада туонатыгар Бүлүү түгэҕиттэн анаан-минээн ыһыах түүн күнү көрсөөрү кэлэн турабыт. Саха киһитэ буоларым быһыытынан, күнү көрсүү сиэрин-туомун ис сүрэхпиттэн чугастык ылынабын. Сахаҕа бу үгэс былыр-былыргыттан баччааҥҥа диэри кэллэҕэ. Чахчы, саха сиэринэн күнү көрсөллөр.

Мин хас сайын аайы күнү көрсөн сылы быһа мустубут ыарахан санааттан-онооттон ыраастанабын. Ол туһугар ыраах-чугас диэн араарбакка кэллим.

 

Кирилл Петрович Гаврильев, худуоһунньук:

-- Биһиги Күн Дьөһөгөй оҕолоро буоллахпыт дии. Күнтэн күүс ылабыт, бары күн сырдыгыттан, сылааһыттан үөскээбит дьон буоллахпыт. Ол иһин күҥҥэ сүгүрүйэн, үчүгэй санааны иҥэринээри кэлэн турабыт.

Таҥара диэн аан дойдуга барытыгар баар. Хас биирдии киһи итэҕэллээх буолар. Оттон абааһы диэн -- Аллараа дойду иччилэрин куһаҕан санаалара. Үтүө икки мөкү икки охсуһуута киһи санаата буолар.  Киһи үчүгэй санаата куһаҕан санаатын кыайыахтаах.

Олох тутулуга барыта күн сырдыгыттан кэлэр.  Ханнык баҕарар итэҕэл: Православие, Ислам, Буддизм да буоллун -- барыта күнтэн тутулуктаах.  Күн суох буоллаҕына, ханнык да итэҕэл суох буолар. Ол иһин биһиги итэҕэлбит -- күҥҥэ сүгүрүйүү. Кини итэҕэли барытын холбуур итэҕэл дии саныыбын.  Айылҕаҕа сүгүрүйэрбит, айылҕаттан аһаан-сиэн олорорбут быһыытынан айылҕаҕа саамай чугас -- итэҕэлбит. Ол иһин айылҕа оҕолоробут дэнэбит.  Онон киһи аймах барыта күҥҥэ сүгүрүйүөхтээх. Биһиги, сахалар, итэҕэлбит саамай үтүө, араас итэҕэли холбуур итэҕэл.  Ол иһин күҥҥэ сүгүрүйээччилэр элбээн эрэбит.  Сыл аайы күнү көрсүүгэ киһи элбээбит буолар.

 

Степан Заровняев:


--Күнү көрсүүгэ мин бэһис сылбын сырыттым.  Инбэлиит буолбутум уон биэс сыл буолла. Араас куоталаһыыга наар кыттабын.

Кэлээскэлээх сүүрүү, "сидячий волейбол”, "жим лежа”, скандербек, дарс, саахымат, дуобат күрэхтэһиилэригэр кыттарбар улаханнык туһалыыр, күүс-көмө буолар эбит.  Бэйэм таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммит киһибин эрээри, син биир кэлэн көрсөбүн. Былыргы сахалар итэҕэллэрин, сиэрдэрин-туомнарын тутуһабын.

Күнү көрсөрүм миэхэ санаабын бөҕөргөтөр. Наар бириистээх миэстэҕэ тиксэр буоллум. Күн сардаҥата күүс-уох биэрэр. 2007 сылтан саҕалаан араас күрэхтэһиини көтүппэт буоллум.

 

Александр Дмитриев, муусука учуутала:

-- Күнү көрсүүгэ бу аан бастаан сырыттым. Урут сылдьыбат этим. Бэйэм төрдүм Ньурба эрээри, ыраах хоту олоробун. Эдэр эрдэхпинэ күнү көрсүбэт этилэр. Бүгүн сылдьаммын, ис-иһигэр  киирдэххэ, сүрдээх суолталаах курдук санаатым. Хайдах эрэ улаханнык сонурҕаатым.  Дьиҥнээх улуу итэҕэл курдук  иҥэринним.  Бэйэм ити сиэри-туому толорууга кыттыстым.

Үчүгэй баҕайытык алгыыллар эбит. Алҕысчыты сөхтүм. Уһун баҕайытык ис-иһиттэн, кинигэттэн ааҕар курдук буолбатах, барытын өйүгэр тута сылдьар эбит.  Ол аата бу алгыс түөрэтэ силистээх-мутуктаах курдук буолан тахсар. Мээнэ эрдэттэн артыыстаан бэлэмнэнии курдук буолбатах. Улахан итэҕэл курдук көрдүм, ылынным.

Күнү көрсүүгэ биһиги, сахалар, эрэ буолбакка, атын омуктар эмиэ бааллар. Онон күнү көрсүү хайа да омукка улахан суолталаах эбит.  Бу туһунан өссө чиҥэтэн ааҕыахха, көрүөххэ-истиэххэ наада эбит диэн санааҕа кэллим.  Бэйэм таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммит киһибин.

 

Москубаттан төрүттээх, Саха сиригэр 43 сыл геологынан үлэлээбит 78 саастаах Адель:

-- Төрөөбүт дойдубар кырдьан эрэ баран барбытым. Билигин Москубаҕа олоробун. Бу ыһыаҕы көрөөрү, сиэннэрбэр көрдөрөөрү анаан-минээн кэлэ сылдьабыт. Саха сиригэр 12 сыл буолан баран эргилинним. Соҕуруу бырамыысыланнастаах оройуоннарга геологынан үлэлээбитим. Манна уолум баар, үлэлии-хамныы сылдьар. Төрөөбүт дойдубут мантан ыраах эрээри, олохпун манна олордоҕум дии.

Хас биирдии норуокка төрүт итэҕэлэ хаһан баҕар күндү буолар баҕайыта.  Итэҕэли барытын, кырата-улахана диэн араарбакка убаастыахха наада. Биһиги көлүөнэни итэҕэлгэ сыһыарбат буола сатаабыттара, оннук ииппиттэрэ эрээри, тоҕо эрэ син биир итэҕэлгэ эргиллэ турабыт.

Норуот хас эмэ үйэ тухары ылыммыт итэҕэлин, култууратын ытыктыахха наада. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы, дьон итэҕэлгэ чугаһаан иһэр. Киһи аймах итэҕэлэ суох хайдах да олорбот. Маны хайа да түбэлтэҕэ этинэн-хаанынан син биир хайдах эрэ билэр буолар эбит.  Манна кыыспын уонна сиэммин илдьэ кэллим. Кинилэр билигин Украинаҕа олороллор. Ыһыах хайдах эбитин көрдөрө сатыам. Өссө маны таһынан Өлүөнэ очуостарыгар, Булууска сылдьыахтаахпыт.

Биһиги аймах Арассыыйа араас муннугар уонна Сойуус саҕанааҕы өрөспүүбүлүкэлэринэн ыһыллан олохсуйбуппут. Онон тыыннааҕым тухары дьоммун эдэр сааспын атаарбыт дойдубар -- Саха сиригэр аҕала туруом. Олоҕум тухары олорбут сирбин-уоппун, сиэннэрбэр билиһиннэриэм.

Кыыһым манна оскуоланы бүтэрбитэ. Сиэним Саха сирин олус сөбүлээтэ. Билигин сылайан утуйа сытар.  Кэлээт, элбэх сиргэ сырытыннарбытым, ол иһин сылайаахтаата быһыылаах. Кыыспыныын күнү быһа ыһыахтыыр сири кэрийэ сырыттыбыт. Утуйбакка күн тахсыытын көрүстүбүт.

 

Уус Алдантан сылдьар Уйбаан Уйбаанабыс Бурцев, оһуокайдьыт, тойуксут, алгысчыт:

-- Манна бэҕэһээ киэһэ хойутаан кэлбитим. Күнү көрсүүттэн саҕалаан, ыһыах бүтүөр диэри сылдьыам дии саныыбын.  Үс Хатыҥ сүрдээҕин тупсубут. Улам-улам саҥаны оҥорон, эбэн иһэллэрин кэрэхсээтим. Инньэ гынан дьон-сэргэ киирэрэ-тахсара бэрээдэктээх буолбут.

Кыратык былыт мэһэйдээн, хойутаан да буоллар, күммүт күөрэйэн, көмүс сардаҥатын ыһан тахсыбытын олус үөрэ көрүстүбүт.  Дьон-сэргэ уруйа-айхала сүрдээх.

Саҥа тахсар күнтэн күүс-сэниэ ыллыбыт. Өйү-санааны эбиннибит, тылы-өһү да тупсардыбыт дии саныыбын.  Онуоха эбии уус тыллаах оһуокайдьыттарбыт, чуор куоластаах ырыаһыттарбыт күн көрсүүтүн наһаа тупсардылар. Ол быыһыгар бэйэм эмиэ кыратык эттим.

Күнү көрсүү былыр-былыргыттан баар. Киһи айылҕа хаамыытынан олоруохтаах.  Ол быһыытынан, бэйэм төрүт култуура үөрэхтээх киһибин, киэһэ эрдэ утуйан, сарсыарда эрдэ туран сылдьабын. Оннук киһи үйэтэ уһун  буолар дииллэр.  Сарсыарда салгын ыраас, ону тыынан көрсүөх тустааххын. Хас саҥа тахсар күнтэн эниэргийэ ылан иһиэхтээххин.

Сылга биирдэ эрэ күнү көрсөр сыыһа, күн аайы көрсөр буоллахха, суолтата улаатар.  Үйэҥ тухары хас күнү көрсүөххэ наада.  Оччоҕо, дьэ кырдьык, киһи үйэтэ уһуур.

Мин төрөөбүт-үөскээбит дойдубар биир эмээхсин 98 сааһыгар тиийбитэ. Биһиги саҥа орҕостон турарбытыгар, пахаай, былыр үйэҕэ  хонууга хааман кэлэн, сарсыардааҥҥы чэйин иһэн сыпсырыйа олорор буолара. Ол оннугар киэһэ эрдэ баҕайы, аҕыстан-сэттэттэн утуйар быһыылааҕа. Улуу киһи Суорун Омоллоон курдук, сүүһүгэр тиийэрэ буоллар, диэн сырыттахпытына баран хаалаахтаабыта.

Дьоммутугар-сэргэбитигэр -- манна мустубут буоллун, мустубатах да буоллун -- үтүөнү, кэрэни, сырдыгы, сылааһы, кэрэни, дьоллоох, өҥ-тот олоҕу баҕарабыт.

Абааһы, иччи диэни эмиэ итэҕэйэбин. Абааһы омукка барытыгар баар. Ону утарылаһар күүс баар буолуохтаах. Өскөтүн таҥара суоҕа буоллар, абааһы аймаҕа биһигини аҥаардастыы атаҕастыа этэ. Дьиҥ бэйэлэрин көрөн да турбатарбын, абааһы баар дии саныыбын.  Киһи баалларын бүтэйдии билэр. Ону үчүгэйдик билэбин.

Ыһыахтарга алгыс этээри гыннахпына, хайаан да эрдэ тахсан, көрдөһөн-ааттаһан киирэбин. "Өйбөр-санаабар санаата салҕаа, сэниэбэр сэниэтэ киллэр, тылбар тылла эп” диэн көрдөһүүлээх буолааччыбын. Онтум туолааччы.

Бэҕэһээ Намҥа педагогическай колледж 50 сааһын көрсө, аламай күн тахсыытыгар алгыс этэн кэлбитим. Онно былытым кырыытынан бэрт быыкайкаан хайаҕас баар этэ, онон оруобуна 3 чаас 35 мүнүүтэҕэ кылбаччы ойон тахсыбыта. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, халыҥ былыт кэнниттэн курдат сардаҥаран турбута. Онон үрүҥ күммүтүн үчүгэйдик көрсүбүппүт.

 

Быйыл оскуоланы бүтэрбит уол:

-- Күнү көрсүүгэ сэниэ, күүс-уох ылаҕын. Саха норуотугар күүс биэрэр. Ыһыахха сылдьан, үөрэн-көтөн, куоталаһыы көрөн, күн көрсүүтүгэр сылдьан, сылы быһа тиийэр гына күүс, эниэргийэ ылаҕын.

 

Орто саастаах эр киһи:

-- Быйылгы ыһыахха күнү көрсүүгэ, алгыс этэр кэмҥэ күрүө тас өттүгэр тоҕо туруорбуттара буолла? Манна иллэрээ сыллааҕыта, күрүөтэ-хаһаата суох эрдэҕинэ, үчүгэй баҕайы этэ. Туох да хааччаҕа суох алгыска тиксибиппит.  Биһигини онно милииссийэ да, ким да тохтоппотоҕо. Бүгүн киирэр ааны бүөлээн баран тураллар.

Бары күрүө таһыгар бэйэ-бэйэбитигэр ыга симсэн турабыт. Ырааһыйаҕа киирэн туран алгыс ылыныа этибит буоллаҕа дии. Элбэх киһи хом санаатын иһиттим. Онон сөбүлээбэтим.

Иһирдьэ киирэн чэчирдээх оҕолор тастарыгар туруо этибит буоллаҕа дии. Үрдүк күрүө нөҥүө туран эрэ алгыһы истэ сатаатыбыт. Онтон, хата, оһуокайга туорайдаспатахтара, киллэрбиттэрэ...

Итэҕэл диэн хааччахтаммат өйдөбүл буоллаҕа дии. Холобур, абааһы, таҥара диэн хаһан баҕарар баар. Мин Таҥха кэмигэр илэ харахпынан, эппинэн-хааммынан көрбүт-истибит буоламмын, күүскэ итэҕэйэбин.

Таҥха кэмигэр бүлүүһэ сүүрдэ олорон кэргэним буолуохтаах кыыс аатын, уот харахха таһаарбыта. Онтон салгыы сүүрдэ олорон, сылайан, утуктаан, ыксаан, аттыбытыгар олорон эрэ утуйбут кыыһы, эдэр дьон дьээбэлэнэн ыҥыраммыт, кыыспыт чуут анараа дойдулуу сыспыттаах! Тыала суохха мас хамсаабатыныы, туох барыта бэйэ-бэйэтиттэн сибээстээх буолар.

 
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 2055 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024