News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » От ыйа » 14 » Отчут дьон, “от ыйын 13 күнүгэр абааһылар мунньахтыыллар” диэни истибит буолуохтааххыт. Онно сылы быһа ким “барыахтааҕа-кэлиэхтээҕэ” барыта
Отчут дьон, “от ыйын 13 күнүгэр абааһылар мунньахтыыллар” диэни истибит буолуохтааххыт. Онно сылы быһа ким “барыахтааҕа-кэлиэхтээҕэ” барыта | 13:13 |
Абааһы мунньаҕа
12.07.2013 12:00 | Автор: Кыым | Отчут дьон, "от ыйын 13 күнүгэр абааһылар мунньахтыыллар” диэни истибит буолуохтааххыт. Онно сылы быһа ким "барыахтааҕа-кэлиэхтээҕэ” барыта быһаарыллар диэн буолар. Бу күҥҥэ сыһыаннаах түбэлтэлэри истибиппиттэн кэпсиим. Устудьуон атаһым кэпсээбиттээх. Сааскы кус-хаас булдун аймалҕана, ыһыылаах-хаһыылаах ыһыахтар ааһаннар, сыыйа-баайа от кэмэ тиийэн кэлбит. Кини дэриэбинэтигэр окко өрүү от ыйын 15 күнүгэр киирэр идэлээхтэр эбит. Ол аата, Бөтүрүөп таҥара уонна "абааһы мунньаҕын” кэнниттэн киирэр үгэс олохсуйбут. Сорох сыл биир эмэ киһи "мунньах” күн киирэн хаалан, сайыны быһа табыллыбакка эрэйдэнэрин билэллэр эбит. Ол сайын аҕалара куоракка киирэн аһыы утахха умса түһэн, "окко өтөрүнэн тиийэрэ биллибэт” диэн дьоно биллэрбиттэр. Атаһым аах бэйэлэрэ эрдэ киирэ турарга санаммыттар. От тэрилин тэриммитинэн барбыттар. От ыйын 11 күнүгэр диэри матасыыкылларын оҥосто сатаабыттар. Сатаабаккалар, ыһа-ыһа таҥар дьарыктаммыттар. Түүнү быһа оҥостон, 12-скэ хомунан киирбит киһи диэн сылдьыбыттар. Эбиэт саҕана орҕостон тураннар, көлөлөрүгэр тэриллэрин барытын – балааккаттан саҕалаан, кыраабылга тиийэ – бааммыттар. Собуоттаары гыммыттара, бэҕэһээ эрэ киэһэ куттубут уматыктара мэлийбит! Саатар сайыны быһа сүүрдүөхтээх бэнсииннэрин аҕалара буолуохсут "топпокко”, уһун моойдооххо атыылаан кэбиспит. Кыыһыран да төһөнү кыыһырыахтара баарай, ыксаан буочука түгэҕэр дьалкыйар дьэбиннээх бэнсиини сыппайан ылан куттубуттар.
Быраата тэлгэһэ аанын тэлэччи арыйаатын, ыстаннаран тахсан иһэн, хотуур төбөтө быга сылдьарын өйдөөбөккө, аан сүрдьүгэһигэр олуйтаран ааспыт.
Оттоору бугуһуйа сылдьар эдэр эр бэртэрэ сайылыктарын ходуһаларын диэки салайан кэбиһэллэр. Суол үчүгэй кэмигэр, ол балтараа көстөөх сиргэ сүүрбэттэн тахса мүнүүтэ иһигэр чыһыырдан тиийэллэр эбит. Оттон ол сайын окко киириэх эрэ иннинэ ардах түһэн ньылбырытан, үтүһэ-үтүһэ айаннаан, сирэй-харах, дьүһүн-бодо буолан айаннаабыттар. Суолларын ортолоон иһэн, матасыыкыллара кыаммакка дьикти баҕайытык уһуутаан баран, турунан кэбиспит. Уу ыһан сойутаннар, эмиэ көлөлөрүн ыспытынан бараллар...
Күнү быһа арыыга биккиллэн, ханна ыбылы ылбан "хам туппутун” булаллар уонна "туһа тахсыа суох” диэн быһаараллар. Бачча кэлэн баран, саатар сэптэтин-сэбиргэллэрин илдьэн быраҕан кэлэргэ быһаарыналлар.
Төһөнү кыайалларынан, бэйэ-бэйэлэригэр өрө кыстаһан кэбиһэллэр. Таһаҕастаах буоланнар, алта-сэттэ биэрэстэлээх сиргэ түүн үөһүгэр биирдэ тиийэллэр. Убайа тиийээт да: "Абата бэрт, саатар күрүө оннун охсуом”, – диэн хотуурун ылар. Биитин көннөрө түһэр да, күрүө иһигэр иккитэ-үстэ дайбаан иһэн, били тахсарыгар ааҥҥа кэбирэппит хотуурун күрүө баҕанатыгар таарыйан, хоолдьугун туура охсон "хар” гынар тыаһа иһилэр. Онон ол күн от охсуута бүтэр.
Чэйдиирдии оҥостон олордохторуна, арай отууларын тула атах тыаһа бөҕө буола түспүт. Онтон дьон ньамалаһан эрэрин курдук, биир кэм бап-баллырҕас саҥа-иҥэ, кус-хаас тойуга хойдубут.
Иккиэн салҕалас буолуохтарыгар диэри куттанан, куйахалара күүрэн, илдьэ сылдьар саха быһахтарын кыыннарыттан сулбурута тардыалан таһааран, тутан олорбуттар. Иһиттэхтэринэ, дьон аатын бөҕөнү ааттаталыыллар эбит. Ол кими ааттыылларын өйдөөн истибэккэ хаалаллар эбит. Арай, ол саҥаттан саамай чуолкайдык оскуола дириэктэрин аатын иккитэ хатылыылларын иккиэн истэн хаалбыттар.
Тыастан-уустан, саҥаттан-иҥэттэн куттанан, кутаа оттубуттар. Эһэкээннэриттэн көрдөһө-ааттаһа, утуйумаары мас мастаан хоммуттар. Сорох ардыгар тыас-уус сүтэн хаалар, иһиллээбит курдук уу-чуумпу буолар, онтон эмискэ эмиэ тыаһаан-ууһаан барар эбит. Ардыгар бириигэбэр ааҕан эрэргэ дылы дьон ааттарын ааттаталыыллара үһү. Оскуола дириэктэрин тоҕо эрэ чиҥэтэн, иккитэ хатылаан эппиттэрин дьиктиргии санаабыттар. Дьиэлэригэр кэлэн ийэлэригэр кэпсээбиттэрин "истиэ суохтааххытын истибиккит” диэбит...
Ол дьыл балаҕан ыйын бүтүүтэ дириэктэрдэрэ эмискэ сүрэҕэ тохтоон, өлөн бөһүйэн хаалаахтаабытын булбуттарын туһунан атаһым кистии-саба кэпсээнин түмүктээбитэ.
Тумуһахха
Урукку отчуттар Бөтүрүөп таҥара иннинэ окко киирэллэрэ үһү. Ардах түстэҕинэ дьиэлэригэр да тахсыбакка, үгүс оччут отууларыгар үлбүкээнэн сыталлара (биһиги эргин "үлбүкээ” диэн маарыланан эбэтэр чараас таҥаһынан балаакка курдук тигиллибит, бырдахтан харыстанар оҥоһугу ааттыыллар). Ол таҥастарын укта сылдьан, сылайдахтарына ханна баҕар утуйан ылар кыахтаахтара.
Эһэм үлбүкээ иһигэр утуйарын ордороро үһү. Тыраахтар соһо сылдьарыгар анаан оҥоһуллубут "болуот-дьиэтин” икки улахан Эбэ икки ардыыгар үтэн киирэр тумуһахха туруортарбыт. Оҕонньор онно сытан, сайын устата аҕыйахта кэлэн барара үһү. Ону да арыыта, бурдуга бүттэҕинэ ылан барар эбит.
Сэбиэскэй кэм буолан, оччолорго абааһыны-таҥараны соччо баардылаабаттар эбит. Оччотооҕу оҕонньоттор кыахтара да бэрт буолуо – ол-бу сибиэн биллэн муокастаатаҕына, көннөрү "хаадьылаата” диэн буолара үһү. Тустары кытта тустан, күрэстэһэри кытта күрэс былдьаһан сылдьаллар эбит.
Биирдэ эһэм түүн үлбүкээтин иһигэр утуйа сыттаҕына, болуот дьиэ салҕалыар, ыйанан турар үлбүкээ биэтэҥниэр диэри ааны тэппиттэр. Эһэм иһиттэҕинэ, тэппит киһи аан кэтэҕэр тыынар тыаһа иһиллэргэ дылы үһү. "Хайаларын хара санаата батарбакка түүннэри хаамта? Киһи буоллаххына – киир!” – диэбит.
Ону эһэбин кытта хонсо сытар куораттан кэлэ сылдьар күтүөппүт истэн, куттанан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыспыт. Өссө чиҥэтэн: "Абааһы буоллаххытына – аас! Күн дьонун тыытымаҥ! Мэнээктээмэҥ!!!” – дии-дии болуотун эргиччи хаамыталаабыт. Сарсыныгар, сүрэҕин туттубутунан дэриэбинэҕэ тиийэн кэлбитин. От үлэтиттэн сүрэҕэлдьээн кэллэҕэ диэн, эдьиийим төттөрү үүрэн ыыппыт.
Сайыны быһа ол атах тыаһа тыбыйан кэлэн, түүн үөһүн саҕана ааны тэбэр идэлэммит. Кэлин оҕонньордоох күтүөт үөрэнэн хаалбыттар. Эҥин араастаан кэпсэтэн, көрдөһөн да көрөллөр эбит. Син биир тыаһатарын отой тохтоппотох.
Күтүөт кэпсииринэн, ол дьыл, өссө, хойутаабыттар. Ааҕан таһаарбыта, от ыйын 13-гэр киирбиттэр эбит.
Биир күн баҕалаах
Бу түбэлтэни Мэҥэ Хаҥаласка дьоммор оттоһо сылдьан истибиттээхпин.
Биир сайын икки ыаллыылар "абааһы мунньаҕа суох-баар” диэн үлтү этиһэн баран, кырдьыгын-сымыйатын тургутан көрөргө санаммыттар. Ыстапаан мунньах биир күн иннинэ, оттон Ньукулай мунньах күн отторугар киирбиттэр.
Ол сыл санаан кэлэ-кэлэ тэһэ түһүтэлиир ардахтаах сайын буолан биэрбит. Илии тутуспут отчуттар ходуһаҕа киирэн, күрэхтэһэн тиритэн-хорутан барбыттар. Маҥнай киирбит отчут отун мунньан бугуллаан кэбиспит.
Сарсыныгар, "бааһы мунньаҕа” күн киирбит отчут хомуйуохтаах күнүгэр, күнүскү омурҕан саҕана арҕаа диэкиттэн ытыс саҕа былыт тахсаат, тэһэ түһэн кэбиспит. Киһи кыһыйыах, күннэрэ тыган турбут. Күнү да хаххалаабат былыттан ыаҕастаан уунан куппута чахчы да абалаах буоллаҕа.
Субурдаабыт отторо илийэн хаалбыт. Ньукулай санаата алдьанан, отун ыһан тарҕатан, эргитэн баран дьиэлээбит. Бу күн Ыстапаан өссө эбии охсон биэрбит. От илийдэҕинэ сымныырын туһанан, ол күн түүн үөһүгэр диэри киэҥ сири тэлэ көппүт. Сарсыныгар кэлэн эмиэ күнү быһа охсубут.
Ньукулай ото үрдэ саһаран, анна хараара охсон хаалбытын күнү быһа тарҕатан, хамсатан, киэһэлик биирдэ бугуллаталаабыт. Өйүүнүгэр, дьэ, охсордуу кэлбит.
Үс күн охсон баран Ыстапаан мунньара буолар. Сарсыарда эрдэ, сиик көтө илигинэ ходуһаҕа киирэн, кытыылаан саҕалаан, киэһэлик бугул бөҕөнү бачыгыратан кэбиһэр. Сарсыныгар кээһэн чөмчөтөн таһаарар.
Ньукулай ото кууран мунньуллар күнүгэр, соруйан көрөн турбут курдук, киэһэнэн эмиэ ибили түһэн кэбиһэр. Бу сырыыга Ыстапаан бүтэһик охсубут сирин тобоҕо эрэ илийэр.
Бу курдук ким эрэ кигэн биэрэринии, кэлэ-кэлэ Ньукулай мунньар күнүгэр ибили түһүтэлээн испит. Ыстапаан икки оту туруорбутун кэннэ, Ньукулай биир боскуйаны туруорар. Ону да ото сайын "умайан”, ортото хотойон, харааран хаалар.
Күһүн биэтэккэ "абааһы мунньаҕын” биир күн иннинэ киирбит отчут үс оту эбии оттуур. Онон күһүн Ыстапаан аҕыс үчүгэй хаачыстыбалаах оту туруортуур. Оттон Ньукулай бэһиэйэх отуттан үһэ быстар мөлтөх туруктааҕа кыһын хотоҥҥо бурҕачытан киллэрэригэр, улахан аҥарын төттөрү таһаарарыгар биллэн тахсар. Сааһыары икки ынаҕа атаҕар уйуттубат буолан хаалбытын салгыырыгар тиийэр...
"Абааһы мунньаҕын” күн киирэн алдьаннахпын!” диэн муҥун ытыыр сураҕа билиҥҥэ диэри иһиллэр.
Тумарык УОЛА.
|
Category: Дьикти. О невероятном |
Views: 2555 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 107 Ыалдьыттар (гостей): 107 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|