Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » От ыйа » 15 » Анаабыр Аламаастара хампаанньа Айхаллаах уруйдаах ыһыахтара сиэри-туому тутуһан, Үрдүк Айыыларга үҥэн-сүктэн көрдөьөн саҕаланна….
Анаабыр Аламаастара хампаанньа Айхаллаах уруйдаах ыһыахтара сиэри-туому тутуһан, Үрдүк Айыыларга үҥэн-сүктэн көрдөьөн саҕаланна….
08:30
«Анаабыр Аламаастара» ОАО тэриллибитэ 15 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах
Үтүө - майгы  ыһыахха  сырыттым.


Саха сирин төрүт олохтоохторо үлэһиттэрдээх «Анаабыр аламаастара»  диэн тэрилтэ олохтоммута 15 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар ыҥырыллан сырыттым.
Күммүт-дьылбыт тупсан, айылҕа барахсан анаабыт курдук аламай күннээх арылы сырдыгын,  аламаас күлүмүнүү арылыччы тыган, тосхойон,туран да биэрдэ.
 Ыһыах Үс Хатыҥҥа буолла.

15 сыл анаараа өттүгэр 1998 сыллаахха Анаабыр улууһугар, ыраах туундараҕа,  Майаат үрэҕэр,  Матвей Евсеев алмаас хостуур бигэ санаалаах, кыра тэрилтэ тэринэн аҕыйах киһилээх, лаппахылардаах, биэдирэлэрдээх, аҕыйах лотоктаах уонна биир балаакалаах тиийэн кэлбиттэрэ дииллэр. Оччолорго сахалар промышленноска, - аламаас кырыылааһыныгар эрэ киирэн эрэр кэмнэрэ этэ. Сахалар аламаас хостуохтара диэн санаа да суоҕа.

     Бу манна, Майаат үрэҕэр тоҕус уонус сылларга Чернышевскай экспедициятын геолоктара аламаас баарын булбуттар эбит этэ. Оччотооҕу Анаабыр улууһун баһылыга Н.Е. Андросов ити туһунан билэр буолан, урут аһаҕас көмүҺү хостооһуҥҥа  улахан опыттаах Матвей Евсеевы, Иван Андреевы булан кыра тэрилтэ тэрийтэрбитэ.     .

 
Итэҕэйбэттэрэ бэрдиттэн кинилэр тэрилтэлэригэр ким да харчы угуон баҕарбатаҕа. Оннооҕор тэрийээччилэр кытта, араас биричиинэлэринэн үбүлүүртэн аккаастаммыттара. Эрэл кынаттаах эдэр дьон күүстэрин- күдэхтэрин, сэниэлэрин-сылбаларын харыстаабакка,  күннэри түүннэри күлүмэхтик үлэлээбиттэрэ, тыыһыынчанан кубометр боруоданы сууйбуттара. Ахсарбатах, аахыйбатах дьоннор айахтарын атыахтарын быатыгар түөрт тыыһыынча кэриҥэ караат алмааһы сууйан таһаарбыттара.

Онтон ыла ситиһии сэтэллээх, үүнүү үктэллээх, сайдан иһэр салҕааһыннаах, кыайыы кыттыгастаах уон биэс сыл ааста. Билигин Анаабыр Аламаастарын бары салааларыгар холбоон биэс тыьыынча кэриҥэ киһи үлэлиир, бары кэриэтэ саха сирин төрут олохтоохторо, тыа дьоно.  Тэрилтэ аҥардас алмаас хостооһунан эрэ дьарыктаммат, саха сирин тоҕус улууһун хабан, сыһыы-сыһыы муҥунан сыыспай сиэллээҕи сыбыытаттылар, хонуу-хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы хорҕоттулар. Тыа хаһаастыбатын араас аһын-үөлүн оҥорон таһаарыыннан күүскэ дьарыктаннылар. Эргэнэ хара тыабыт элбэх маһыттан дьиэни-уоту тутталар, эргиэн-урбаан эйгэтигэр киллэрдилэр. Саха сирин тоҕус улууһун толору хабан, тэрилтэ бөҕөтүн тилэри тэрийэн үлэ-хамнас тэрийдилэр, аҥаардас аламаас хостооһунугар икки тыһыынча кэриҥэ саха сирин эдэр ыччатын вахтаннан үлэҕэ үөрэтэн, идэ биэрэн хостуур промышленноска киллэрдилэр. Орто хамнастара 113,5 тыһ. солк тэҥнэстэ.

4 тыһ. карат аламааһы лаппаахыннан хостооһунтан 2013 сылга барыта холбоон 4 мөлүйүөн карат аламааһы, ол аата АЛРОСА бары хампаанньалара хостообут аламаастарын 12,5 %-нын хостоотулар. Инньэ гынан «Анаабыр Алмаастар» аан дойдуга аламааһы аһаҕас ньыманнан хостооһуҥҥа, сылга 61 мөл. кубометр боруоданы таҥастыыр, инники күөҥҥэ иһэр, аныгы технологияннан толору сэбилэммит саамай бөдөҥ, сайдыылаах тэрилтэҕэ кубулуйда.
Хампаанньа 700 чэ тыа сирин туох да идэтэ суох эдэр ыччатын саҥа идэҕэ үөрэттэрэн, 800 киһини идэтин уларытан, үрдэтэн олоххо суолларын дьиҥнээхтик булларда.

«Анаабыр Алмаастара» хампаанньа 10,8 млрд. солк нолуок уонна араас төлөбүрдэр быһыытынан төлөөтө..10 млрд. солк аахсыйаларын атыылаан, атыылаһан, барыта 20 млрд солк Республика бюджетыгар киллэрдэ. 400 мөл.солк социальнай хайысхалаах араас төлөбүрдэри оҥордо.

Күн тааһын хостоон күлүмүрдэтэ оонньоппут
Көхсүттэн көнтөстөөх Күн Айыы оҕолоро,
Аламаас тааһы айааһаан аан дойдуга аатырпыт
Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы Хаан аймахтара
Анаабыр Аламаастара хампаанньа
Айхаллаах уруйдаах ыһыахтара сиэри-туому тутуһан,
Үрдүк Айыыларга үҥэн-сүктэн көрдөьөн,
Ырыаннан ыһыахтанан, үҥкүүннэн үҥэн ,
Тойугунан толуйан, оһуохайынан оһуордаан
            саҕаланна….

Үүт маҥан ат үрдүгэр олорон, үрүҥ көмүс дуоҕатын өрө туппутунан «Анаабыр Аламаастара» хампаанньа  аҕа баһылыга Матвей Евсеев, аттаах эдэр уолу батыһыннаран түһүлгэҕэ инникилээн киирэн истилэр.
Кинилэр кэннилэриттэн 15 сыллаах үлэлэрин кэрэһэлиир  аламаас күлүмүрдэс көстүү оҥоһуктарын өрө тутан сэттэ уол, сэттэ кыыс арыалдьыттар сэлэлии хааман түһүлгэҕэ киирэн кэллилэр.

 Табык тыаһаата ,  дүрбүөн дүрбүйдэ, сахсыллар дьаҕа сардырҕаата, хомус доҕуґуоллаах  тэтим охсор күпсүүрдэр күпсүйдүлэр, көөкөлөйдөр көөҕүнэстилэр, сиксиирдэр сипсийдилэр, барабааннар баргыйдылар -  биир кэлим тэтим доҕуһуол буолан ньиргийдэ.

«Анаабыр Аламаастара» хампаанньа кэнниттэн, кини иһинэн тэрилтэлэр холуонналара ; «МЕГА»  атыы-эргиэн киинэ, «АЛМАС» маһы таҥастыыр сомох-тэрилтэ, үүт , сир аһынан дьарыктанар «ӨЛҮӨХҮМЭ кыладабыайа» сомох-тэрилтэ, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар «ӨЛҮӨХҮМЭ агрофирмата», «НӨМҮГҮ агрофирмата», «ХАТАС сибинньэ иитэр кэлим-тэрилтэтэ», «БӨРТӨ сылгы иитэр собуота», аламааһы хостуур АЛЛАРАА -ӨЛҮӨНЭТЭЭҔИ» хампаанньа эҕэрдэ этиилээх, уруй-айхал доҕуһуоллаах киирдилэр

Түптэ буруота унаарда, «Айархаан» хомусчуттара хомус дьүрүһүйүүтүнэн дьүһүйдүлэр, дэйбиирдээх үҥкүүннэн дьалбыйдылар. Арчылаах тойук амалыйда. Арыылаах алаадьы, көөнньөр кымыс, үрүҥ сиэл дойду иччилэригэр, Үрдүк Айыыларга айах туттулунна.

Кии, алаадьы, сиэл сыта, салама, сиэр­ туом тойуга барыта кыттыһан тыыннаах этигэн көстүү буолан иннибитигэр тэлгэннэ, ыһыах ыһылынна, Алгыс түстэ. Өрөгөй ырыата ньиргийдэ
Кымыс иһиитин сиэрэ туома толорулунна, Чороонноох үҥкүү чуочайда, кыталык үҥкүүтэ кынтайда.

Хампаанньа аҕа баһылыга Матвей Евсеев аан тыл эттэ, СР вице- бирисидиэнэ Д.Глушко, Ил-Түмэн бэрэссэдээтэлэ, В.Басагысов, СР Правительствотын солб. бэрэссэдээтэлэ П. Маринычев, СР норуоттарын Ассамблеятын хос бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн солб. бэрэссэдээтэлэ А.В. Кривошапкин уо.д.а. эҕэрдэ тыл этилэр хампаанньа үлэһиттэригэр государственнай наҕараадалары туттартаатылар. Россия норуоттарын Ассамблеятын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Р.Г.Абдулатипов эҕэрдэтэ этилиннэ.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар ытык мааны остуол тула олорон аһаабатахпытын аһаатыбыт, сиэбэтэхпитин сиэтибит.
Хампаанньа ас оҥорор тэрилтэлэрин астаабыт астарын арааһа дэлэччи хоточчу тэлгэммит. Сыырыгар тиийэ сыппыт, субайыгар тиийэ субуруйбут.. Хартаннан, хатыыһынан, хааһынан хатаҕалынныбыт, саламаатынан, салаат арааһынан күндүлэннибит, арыылаах алаадьы амсайдыбыт, сыалаах этинэн эмсэхтэннибит, сүрэхтиин-быардыын сылаанньыйан, кыынньар кымыһынан утахпытын ханнаран, ааттаах суоллаах артыыстар ырыаларын-тойуктарын, алгыс тыл аламаҕайын, эҕэрдэ тыл эйэлээҕин дуоһуйа иһитибит.

Хампаанньа тэрилтэлэрэ бары остуол уйарынан ас араас эгэлгэтин хоточчу тардыбыттар, киэргэтии бөҕөтүн киэргэммитэр, бары сахалыы мааны таҥас кэтэн сир симэҕинии ситэ силигилээбитэр.
Тэрийэ да сатаабыттар, көх-нэм буолбуттар көрү-нары көҕүлүтэн туппуттар. Тэрилтэлэр бары тус туһунан түһүлгэлэммитэр, киэргэммиттэр. Араас элбэх күрэхтэргэ, күөн-көрсүһүүлэргэ кыттыыны ыллылар.

Сахалыы аска-үөлгэ, таҥаска-сапка, ырыаҕа тойукка күөн-күрэстэр, спорт сахалыы национальнай көрүҥнэригэр күөн -көрсүһүүлэр күргүөмүнэн көхтөөхтүк ыытылыннылар.
«Анаабыр Аламаастара» корпоративнай ыһыаҕар  үс тыһыынча кэриҥэ киһи сырытта диэн аахтылар.

Ыһыахха сылдьыбыт дьон маннык сыаналаатылар :

Мы сами стали активными участниками замечательного Ысыаха

-Не часто сельским жителям удается поучаствовать в мероприятиях республиканского уровня. И для нас – членов олекминской делегации острова Кыыллаах – это стало настоящим подарком. Мы приехали передать благодарность олекминчан нашему депутату Матвею Николаевичу Евсееву за поддержку и помощь району. И не ожидали, что сами станем не просто зрителями, но активными участниками замечательного Ысыаха. Но первым открытием для нас стало то, что «Алмазы Анабара» - это не только добыча алмазов, но и свинокомплекс, конезавод, и немюгюнское подсобное хозяйство.
С восхищением смотрели на высокую корпоративную культуру – когда все коллективы чувствуют себя одной семьей, выйдя на парад.
Видна забота о людях, ведь не забыли никого, привезли работников даже с самых дальних приисков и награждали высокими наградами и рабочих, и инженеров, и служащих.
Мы в восторге от открытия Ысыаха, какие-то элементы возьмем для своего наслежного Ысыаха.

Мы поучаствовали в конкурсе национальной одежды, где наша Настя Лавернова стала лауреатом. Очень обрадовалась, получив денежный приз. Такой же подарок получил работник «Кладовой Олекмы». Работники этого предприятия стали призерами в спортивных соревнованиях.
Мы благодарны за возможность участия на Ысыахе «Алмазов Анабара», для нас это память на всю жизнь. А Матвею Николаевичу и его большой команде здоровья и процветания.
Р. Лавернова, В. Семенова, Л. Ларионова, В. Кузьмина – члены ансамбля «Талба» (с. Кыллах)


Хаһан да сылдьыбатах ыһыахпар сырыттым!

- «Алмаастаах Анабар» ыһыаҕа. 15 сыллаах үлэтин, ситиһиитин түмүгэ. Нууччалаатахха 15 – ний юбилей. «Үс Хатыҥ» куорат ыһыахтыыр сиригэр буолар диэн истибитим онно атын тэрилтэлэр көҥүллэтэн ыһыахтыыллар эбиттэр. Анабаардар көҥүллэтэн баран ыЬыахтыыр сирдэрин бэрийэн, тэрийэн оҥорбуттар, элбэх сыралаах улэннэн . Кыргыттарым. ыһыахха аҕаллылар, Трибуна иннигэр олортулар, Ыһыах саҕаланна.

Аһара сөбүлээтим, сахалыы танастаах элбэ5ин. Ыһыаҕы онтон ордук туох киэргэтиэй? Ыһыаҕы Алгыс Уйбаан, ал5аан кыра оһоҕу аһатан туойан аста. Анаабыр Алмаастарын генеральнай директэрэ, Ил-Тумэн депутата Евсеев М.Н 15 сыллаах улэтин ситиһиилэрин. трибунаттан кэпсээтэ. Онтон отделларынан параадтаан кэллилэр, трибунаттан тэйиччи үлүгэрдээх элбэх дьон тохтоотулар. Үчүгэй үлэһиттэрин наҕараадалаан,  грамоталары, көмүс чаһыытыгар тиийэ туттардылар.

Мин мээнэ хаампат киЬи, барытын кыайан ситэ иҥэн-тоҥон көрбөтүм, о5олор куоталаһыыларын, концертары көрдүм, уонна кэрэ куолары көрүүгэ, саастаах, о5олордоох дьахталлар кыттыбыттарын биһирээтим, маладьыастар. КыыЬым иккис миэстэ, сиэн кыыЬым үһүс миэстэ буолбуттарыттан үөрдүм аҕай. Сабыс саҥа ураһалар,ыллыыр сирдэр, дьон олорор сирдэрэ, толору араас аһылыктаах аһыыр сир, ити барыта үчүгэйдик бырыйыактанан киэркэтиллибиттэр, оҥоһуллубуттар.

Унаардаах уһун тымныы кыһын кэнниттэн, сааскы ылааҥҥы күннэр ааһаннар, саргылаах самаан сайын кэлбит үөрүүтүгэр,былыыр- былыргыттан утумнанан кэлбит,  куруук уос- домо5о буолар сахалар ыЬыахпытыгар туох тэҥнэһиэй!  Урут эдэрдэр ыһыахха билсиһэн ыал буолаллара.

Быйыл сылдьыбыт ыһыаҕым туохха да тэҥнэммэт үчүгэй, хаһан да сылдьыбатах ыһыахпар сырыттым!
Зинаида Александровна Евсеева.

Национальный праздник во всей красе!

Остался очень доволен организацией корпоративного Ысыаха, посвященного 15-летию ОАО «Алмазы Анабара». Весь процесс Ысыаха от самого начала до конца прошел в строгом соответствии с народной традицией этого праздника.

Во первых: с изыском, во всей красе народной традиции было сделано оформление местности, где состоялся ысыах.

Во-вторых: большое количество участников, одетых в якутские национальные одежды придало атмосферу благоухания и наслаждения красотой окружающего мира.

В третьих: чувствовалось что здесь собрался огромный коллектив, устремленный единым порывом, уверенно шагающих к общему производственному успеху и благополучию каждого. Вот именно здесь и на этом празднике, было видно дружба, взаимопонимание представителей разных народов, уважение к культурным традициям других народов. Это было истинное проявление духа интернационализма в многонациональном коллективе.

В четвертых: разнообразие программы и уровень его организации вдохнуло каждому участнику ысыаха энергию, задор который долго сохранится.

В пятых: каждая программа, будь это священный алгыс при торжественном открытии праздника, красочный концерт, будь это спортивные состязания, или конкурсы красоты, также национальных костюмов, вплоть до церемонии встречи солнца ранним утром никого не оставлял равнодушным. Как говорится все прошло на Ура! А это очень важно, оно говорит что коллектив ОАО «Алмазы Анабара» организован и силен не только на производстве, но и на праздничных мероприятиях. Это вселяет каждому члену коллектива силу духа и уверенности в завтрашнем дне.

Вспомнил 1992 год, когда Первый Президент Республики Саха (Якутия) подписал Указ, об ежегодном праздновании национального праздника ысыах 21 июня. Прежде всего нужно было поднять значимость национального праздника Ысыах. И Мы тогда в 1992 году сумели впервые провести ысыах в Сунтаре под эгидой ЮНЕСКО, при участии многочисленных гостей из других стран, в том числе заместителя генерального секретаря ЮНЕСКО господина Пауэра. После посещения юбилейного Ысыаха ОАО «Алмазы Анабара» я радуюсь тому, что красочность, привлекательность и уровень проведения даже локальных праздников Ысыах намного вырос и сможет превосхитить представителя любой высокоцивилизованной нации.
К.Е. Иванов
Советник генерального директора ОАО «Алмазы Анабара» Почетный гражданин РС(Я)


 Маннык ыһыахха өссө сылдьыахпын ба5арабын. Эһиил миигин ыҥыраарыҥ !

-Мин бэс ыйын 15 кунугэр ОАО «Анаабыр Алмаастара» 15 сыллаах ыьыа5ар сырыттым.Ыһыах тэриллиитин олус сөбүлээтим. Ыалдьыттара наһаа элбэхтэр, биЬиги ыьыах аьыллыытыгар кыттыыны ылбыппыт. Көрөр киһитэ да элбэх этэ, ол иһин наһаа кыһаллан оонньообуппут. Үчугэйдик өр сыл үлэлээбит дьонноругар наҕараада бөҕөтүн туттарбыттара. Онно эмиэ оонньообуппут. Аһыллыы кэнниттэр улахан оьуохай туһулгэтэ буолбута онно биһиги хаалбыппыт. Ыалдьыттарга, туох баар киһиэхэ босхо остуол тэрийбит этилэр, онно остуолга толору араас ас арааһа баар этэ уонна онно дьоннор эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтииллэр этэ.

Кыра оҕо курэҕэр суруттараммыт күрэхтэспиппит уонна бириис бөҕө ылбыппыт, мин сахалыы таҥас күрэҕэр кыттаммын альбом ылбытым. Ырыаҕа бырааппын кытта ыллаабыппыт,  цветной картон уонна уруһуй тэрилин ылбыппыт. Бу бириистэрбэр наһаа үөрдүм.

Бу курэхтэри ыыппыт дьоннор наһаа үчһгэйдик сыһыаннаспыттара. Онтон улахан концерт буолбута онно биһиги эмиэ ыллаабыппыт. Наһаа үчүгэй концерт көрөн сөбүлээтим. Маннык улахан, үчүгэй ыһыаҕы көрө иликпин ээ.. Кэлбит дьоҥҥо анаан күрэхтэһиилэр буолбуттара. Дьоннор барытыгар кыттыыны ылбыттара. Маннык ыһыахха өссө сылдьыахпын ба5арабын. Миигин өссө ыҥыраарыҥ!
Бу ыһыаҕы тэрийбит , салайан ыыппыт үлэһиттэргэ махталбын тириэрдэбин.
Карина Павлова 6 «Б» кылаас үөрэнээччитэ.

Ыһыах мин хараҕым көрүүтүнэн.

-Мин «Анаабыр Алмаастара», үбүлүөйдээх ыЬыахтарыгар сырыттым. Аһыллыытыгар Хатылаевтар салайааччылаах «ТЭТИМ» диэн барабаанныыр бөлөххө оонньообутум. Көрөччүлэр элбэх этилэр. Биһиги барабааҥҥа оонньуурбутун дьон сөбүлээбитэ. Параадтаан киирэллэрин көрбүтүм, кинилэр олус учугэйдик эрчиллибиттэр, эрдэттэн бэлэмнэммиттэриттэн үөрэбин. Матвей Николаевич атынан киирбитэ, кини кэнниттэн улахан алмаастары киллэрбиттэрэ олус учугэй этэ. Алгысчыт алгыһа, уҥкүүһүттэр уҥкүүлэрэ олус үчүгэйэ. Улахан остуол тэрийбиттэригэр астара минньигэс тотоойу этэ.
Онтон мин курэхтэһиигэ кыттыбытым. Оһуохайга киирбитим, ырыаҕа ыллааммын, таҥас көрүүтүгэр кыттаммын үһүс миэстэ буолбутум, электроннай кинигэ бэлэхтээбиттэрэ, мин олус үөрбүтүм. Оҕолор курэхтэһиилэрин үчүгэй баайытык ыыппыттара. Күүстээхтэр быһыйдар курэхтэһиилэрэ наһаа тэрээһиннээхтик, көхтөөхтук барбыта. Кыайбыттарга бириистэрэ учугэй баҕайы. Улааттахпына мин эмиэ курэхтэһиэм.

Ыһыаҕы сөбүлээтим, тоҕо диэтэххэ онно элбэх кыттыы баар уонна онно элбэх киһи кэлбитэ. Туох баар Ыһыаҕы тэрийбит дьоннорго ис сүрэхпиттэн махталбын тириэрдэбин.
Тимур Павлов ЯГНГ 5-с «Б» кылааһын үөрэнээччитэ.


Прежде всего - забота о своих работниках.

Ысыах посвященный 15-летию «Алмазов Анабара» прошел на высоком уровне, в местности с целомудренной травой и терпким воздухом, вобравшим в себя ароматы трав и берез, кивающих поодаль, в просторном лугу. И встали в круг все, кто хотел, стар и млад, невзирая на возраст, национальность, знание языка, ибо и повод был исключительный для праздника, проводимого компанией. В этот светлый день ысыаха коллектив совместил пятнадцатилетний юбилей компании «Алмазы Анабара» и радость встречи лета.

Но прежде было другое. Прежде всегда была забота. Ведь что делает хороший хозяин в своем доме, в данном случае, руководитель компании? Заботится о своих работниках. Так вы, уважаемый Матвей Николаевич, неустанно делает все возможное, чтобы трудилось и жилось коллективу не хуже других.

В наше непростое время в руководимом коллективе сумели создать моральный климат, настрой людей, способных достигать производственных целей, умеющих прогнозировать и лавировать среди конкурентов. И самое главное, чтобы была у работников востребованность. Нужность.

Отрадно, что в этот день добрые слова в адрес коллектива говорила гости праздника. Никто не был забыт. И это не было искусственно натянутым мероприятием. Действительно, работники компании работают во благо республики и страны.

Уверен, что для работников компании юбилей - это праздник связи всех поколений – дань благодарности ветеранам, честь и слава нынешним труженикам, передача трудовой эстафеты будущим мастерам.
С уважением Сахамин Афанасьев, руководитель Якутского Регионального исполкома Партии «ЕДИНАЯ РОССИЯ»

Түмүк санаа…….

«Анаабыр Аламаастара» тэриллибитэ 15 сылыгар аналлаах ыһыах бэрт тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк ааста. Үлэни-хамнаһы үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытан үтүмэн ситииһиилэммит, сахабыт сирин биир чулуу тэрилтэтин үлэһиттэрин үбүлүөйдээх ыһыахтара үөрүү-көтүү көтөллөнөн, ырыа- тойук аргыстанан, алгыска көтөҕүллэн Айхалланна, Уруйданна!! Үтүө-майгы ыһыахха сырыттым.

Уххан.  Бэс ыйын 15 күнэ 2013 сыл


Выступление генерального директора компании «Алмазы Анабара» Матвея Евсеева на юбилейном Ысыахе.

Уважаемые коллеги, дорогие друзья! Уважаемые гости!

Разрешите поприветствовать всех на юбилейном Ысыахе ОАО "Алмазы Анабара"!


В этом году ОАО "Алмазы Анабара" отмечает свое 15-летие. За этот достаточно короткий промежуток времени ОАО "Алмазы Анабара" стало самым крупным в мире предприятием по добыче россыпных алмазов.

Сегодня ОАО "Алмазы Анабара" - это многопрофильный холдинг, география присутствия которого уже давно вышла за пределы Анабарского улуса. Работники общества и его дочерних предприятий трудятся в восьми улусах Республики - Анабарском, Оленекском, Булунском, Жиганском,Олекминском, Хангаласском, Ленском, Нерюнгринском улусах и в г.Якутске.

За эти 15 лет добыча алмазов выросла с 4 тысяч карат в 1000 раз, и с учетом объемов недавно приобретенного ОАО "Нижне-Ленское" суммарная добыча 2013 года составит более 4 миллионов карат, что составит около 12,5% в общем объеме добычи группы «АЛРОСА».Использование самой современной техники, внедрение прогрессивных технологий способствуют эффективной работе. Достаточно сказать, что общий объем ежегодно перерабатываемой горной массы вырос до 61 млн.м3.

Общий объем капитальных вложений за 15 лет составил 7 млрд.руб. В том числе по капитальному строительству 3,7 млрд.руб.

При производстве горных работ наше предприятие отличается принципиальным и ответственным отношением к экологическим вопросам. При промышленном освоении в арктических улусах обеспечивается комплексный подход к обеспечению экологической безопасности, восстановлению природной среды.

ОАО "Алмазы Анабара" является одним из бюджетообразующих предприятий Республики, которое с 1998 года перечислило 10,8 млрд.руб. налогов и неналоговых платежей во все уровни бюджетов. Кроме того, республиканский бюджет получил в 2007 году 2,3 млрд. руб. за продажу 49% пакета акций ОАО "Алмазы Анабара", в 2013 году - 7 млрд.руб за приобретение 100% пакета акций ОАО "Нижне-Ленское". За все годы общий объем поступлений в бюджет составил более 20млрд.руб.

Уважаемые коллеги, сегодня я суверенностью могу сказать, что все достигнутое – результат нашей совместной, кропотливой,порой неимоверно тяжелой, созидательной работы. Вести горные работы в самых сложных, экстремальных климатических условиях Крайнего Севера, выстроить производственную цепочку от ведения геологоразведочных работ,соблюдения технологии добычи и обогащения, подбора кадров, завоза материальных ресурсов, финансирования на всех этапах, бухгалтерского учета, юридического сопровождения и многих других аспектов нашей с вами ежедневной работы до получения алмазной продукции- все это возможно только при наличии высокопрофессионального, сплоченного коллектива. И именно благодаря всем вам, я могу сказать сегодня: "Алмазы Анабара" – это наш совместный результат! Это наше общее дело!

Кроме того, я бы сказал, что "Алмазы Анабара" – это наш общий дом. Ведь на работе мы проводим значительную часть нашей жизни.

Предприятие уделяет большое внимание созданию комфортных условий труда для своих работников. Так на новых месторождениях Эбелях, Гусиный сегодня строится полностью благоустроенный вахтовый поселок на 400 человек. Здание повышенной комфортности возводится с применением технологии МХМ, с местами проведения досуга, спортивной площадкой.

В подразделениях ОАО "Алмазы Анабара" вахтовым методом и на постоянной основе успешно работают почти 2 тысячи человек.

Средняя заработная плата с 2005 г. выросла более чем в 4 раза, так если в 2005 году она составляла 20,9 тыс. руб., то в текущем году средняя зарплата составляет 113,5тыс.руб.

Здесь необходимо отметить, что 99% работников Общества – это жители Республики, в том числе половина –это жители сельских и арктических улусов.

Социальная политика предприятия направлена на соблюдение интересов трудового коллектива, обеспечение социальной защищенности работников, закрепление специалистов.

За период с 1998 г. выплаты социального характера составили более 400 млн. руб.

В целях оздоровления работников ежегодно проводится комплексное медицинское обследование, лечение, как по месту жительства, так и в санаториях и профилакториях.

В целях оказания материальной поддержки семей с детьми выплачиваются единовременные пособия на рождение ребенка, материальная помощь многодетным и неполным семьям, новогодние подарки детям работников,организован детский летний отдых.

ОАО "Алмазы Анабара" является обладателем «Сертификата доверия работодателю» № 001 от Федеральной государственной инспекции труда (2010 г.).

И главное, "Алмазы Анабара" – это наше общее будущее. Предприятие ведет значительный объем геологоразведочных работ, обеспечивая прирост минерально-сырьевой базы, что является основой стабильной динамики дальнейшего развития.

Уникальный опыт, использование современной техники и рост автоматизации производства позволяют высокими темпами увеличивать объемы горных работ.

В настоящее время,ОАО "Алмазы Анабара" имеетутвержденную долгосрочную программу развития до 2021 года и перспективные направления до 2033 года. Это надежная гарантия уверенного движения ОАО "Алмазы Анабара" к новым рубежам.

Безусловно, главное богатство – это люди, со всей ответственностью понимающие, что именно от их ежедневного труда, новаторских идей, практического опыта зависит дальнейшее процветание предприятия.

Я сегодня с радостью отмечаю, что на нашем предприятии уже формируются трудовые династии, такие как Игнатьевы, Захаровы, Попковы, Поповы, Макаровы, Бродягины и другие, из которых, я надеюсь, вырастут талантливые организаторы и руководители.

Это подтверждает то, что люди действительно уверены в настоящем и будущем ОАО "Алмазы Анабара".

Юбилейная дата – еще один повод поблагодарить ветеранов за годы, отданные родному предприятию, за основы, заложенные для создания компании, и вклад в общее дело. Лучшие в своей профессии люди, всегда задавали высокий уровень качества работы, на который и сегодня равняется весь коллектив нашего предприятия.

Дорогие друзья, в в этот торжественный день примите благодарность за добросовестный труд! Крепкого вам здоровья, сохранения производственных традиций, осуществления планов и уверенного взгляда в будущее! Праздничного Вам настроения!






Category: Алмазы Анабара | Views: 2916 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 114
Ыалдьыттар (гостей): 114
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024