Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » От ыйа » 23 » Талыллыахтаах Ил Түмэммит чугастааҕы сылларга туруулаһара да үгүс: былдьаппыт нолуок хомуурдарын өлүүлэһэн төннөрүү, атыылаабыт сирбит баайы
Талыллыахтаах Ил Түмэммит чугастааҕы сылларга туруулаһара да үгүс: былдьаппыт нолуок хомуурдарын өлүүлэһэн төннөрүү, атыылаабыт сирбит баайы
12:25
«Кырдьыксыт кырдьаҕааһаптар» элбэхтэрэ сөхтөрөр
23.07.2013
Инньэ, 2001-2002 сыллардааҕы өрөспүүбүлүкэ Президенигэр хандьытаат буола сылдьыаҕыттан, ама да буолбутун иһин, Тумууһабы түһэрэ, хараарда сатааччылар аҕыйыах тустара көстүбэт – буолар да эбит!..
 Ол иһигэр, ити үөһэ ахтыллыбыт, соторутааҕыта баартыйаттан (СР-н) уһуллубут Анатолий Кырдьаҕааһап, Сөдүөт Тумууһап «Алмаас эргиэн бааҥҥа» олордон үүнэргэ-үрдүүргэ кыах биэрбит Айсиэн Ньукулаайаба, «Сиэрдээх Арассыыйа» аатыттан Ил Түмэҥҥэ дьокутаат буолбут, онтон миниистир буолаат, «сиэрдээхтэри» сиилээн барбыт Уйбаан Силэпсиэп курдуктары ким дуу, туох дуу иитиэхтээн таһаарарый? Чопчу билбит суох эрээри, сэрэйиэххэ сөп. Чэ, ити сэрэйиилэри «АС» ааҕааччыта, бэйэҥ толкуйдаа. Арай, ити толкуйгар көмө курдук, саха биир биллэр суруналыыһа, көнө сүрүннээх киһи Савва Агафонович Егоров «Саха сахата» диэн, 2005 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт кинигэтин көрөргө сүбэлиэм этэ. Савва Агафонович бокуонньук суобаһын утарбакка, кимиэхэ да ньыла көппҥккө, баары баарынан этэр киһи буоларын, кинини чугастык билэр дьонноруттан истээччибин. Онтон, ити Сөдүөт Тумууһап туһунан кинигэтин да, «үлэ биэрэр тойонугар» бэрт буола сатаан суруйбатаҕа чахчы.
 
Оттон, быыбар күнэ чугаһаатаҕын ахсын, «биир туонна кыһыл көмүстээҕэр» буолуох, онно суоҕунан Тумууһабы, ол аата саха «сиэрдээхтэрин» түһэрэ-хараарда сатааһыннар элбээн иһэр буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэргит, Ил Дархаммыт Барыыһап Тумууһабы эрэ, «былааспын былдьаһыа» диэн дьаарханар бадахтаах – былаас бары кэлиҥҥи дьайыылара ити сабаҕалааһыны кэрэһэлииллэр (ол иһигэр «Кырдьаҕааһап кырдьыга»). Ытыктабыллаах ааҕааччы, ити сабаҕалааһыҥҥа сөбүлэспэт буоллаххына, ол тус көҥүлүҥ. Мин эмиэ, санаабын көҥүллүк, хайдах саныырбынан этэ сатыыбын – сөп буоллун, сөлҥгөй буоллун. Оннук.
 
Ол эрэн, хаһыаттары көрө олорон, бэйэм курдук саныыр дьоннору элбэҕи булабын. Чэ, холобурдуур буоллахха…
 
«Туймаада» хаһыат бу дьыллааҕы 160 №-гэр «Кырдьык аҥаара – кырдьык буолбатах» диэн Уус Алдан Тумулуттан Ефрем Слепцов суруйуутун сэҥээрэн аахтым. Ити Дьэппириэп Силэпсиэп били, «саха интэллигиэнсийэтэ» ааспыт быыбардарга «Путин тула сомоҕолоһорго» ыҥырбыттарын «ол дьоммут дьайыыларга таҥнарыыга тэҥнээх буолбутун олох көрдөрдө» диэбитин кытта сөбүлэһэбин. Былааска, Путин да муҥур былааһа буоллун, бэрт буола сатыыр кыра, аҕыйах ахсааннаах омуктары ким да, ханнык да былаас сөбүлүөх туһа суох – кулуттуу өй-санаа хаһан да хайҕаныа суохтаах, сыччах көҥүл өйдөөх-санаалаах (ол эрэн, сокуону тутуһар-билинэр) эрэ киһини-омугу кытта дьоннор тэҥҥэ кэпсэтиэхтээхтэр – ити баҕас, мэлдьэһиллибэт чахчы.
 
Дьэппириэм Силэпсиэп суруйуутунан «бу былааһы хаан тохтуута суох быыбарынан эрэ демократичнайдык кыайыахха сөп. Үөскээн турар балаһыанньа оччо тыҥааһыннааҕын хас биирдии киһи өссө төгүл өйдөөҥ! Уонна былаастан куттаныма, бары холбоһон утардахпытына Көмүөл күүһэ буолуохпут, биһигиттэн куттаныахтара», - диэбитэ, аны күһүҥҥү быыбардарга быһаччы сыһыаннаах. «Миигинниин биэс хааһах» диэбиттии, «АС-ҕэ» үгүс суруйууларбар ити Дьэппириэм Силэпсиэп курдук быһаара сатааччыбын – быыбардарга бэйэм көрүллэрбин, олоххо-бэлиитикэҕэ сыһыаммын.
 
 
Ааспыт ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттара олус «өйдөөхтөрүттэн» эбитэ дуу, «өрөспүүбүлүкэбит туһа» диэн быһаарыылаах боппуруостарга кыайан турууласпатылар, салалта (үрдүкү салалта дьоно Кириэмилтэн саҕалаан) тугу былааннаабытын, соҥнообутун «тук» курдук куоластаан истилэр. Элбэҕи-үгүһү ахтыбакка, бу ыҥырыы Ил Түмэн 1992 сыллаахха ылыныллыбыт өрөспүүбүлүкэбит сүбэринитиэтин былдьаппытын туһунан 1994-1998 сс. Ил Түмэҥҥэ Өрөспүүбүлүкэ палаататын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Егор Ларионов кыһыйан-абаран суруйбутун урукку суруйууларбар ахтыбытым. Егор Ларионов биһиги Ил Түмэммит норуот талбыт парламена эрээри, итинник тыын суолталаах быһаарыыларга наар «истигэн оҕо» буола сылдьыбытыттан, дойду Конституционнай Суутугар тиийэ туруорса сатаабатаҕыттан хомойуон хомойор. Кырдьыга да, өрөспүүбүлүкэбит дьылҕатын быһаарар ыйытыктарга («син биир үөһээҥҥилэр – Москуба быһаараллар» диэн матыыбынан) «тойоттор» этэллэринэн куоластыыр Ил Түмэн туохха нааданый? Били, Арассыыйа Госдуумата биир киһи – Путин эппитинэн «туһалаах» сокуоннары харса суох ылынан «взбешившийся принтер» диэн хос ааттаммытыгар дылы, биһиги Ил Түмэммит «придаток правительства» буолбутуттан астынар курдук дьаабы! Дьэ, оччоҕо тоҕо моргуһабыт, сыбыс-сымыйанан «демократиялыы, быыбардыы» оонньуубут, судаарыстыба харчытын «туһата суох быыбардарга» кутабыт? Оттон, ҥскөтҥ, Арассыыйа саамай Үрдүкү салалтата, Төрүт Сокуона сымыйалаабат буоллаҕына, биһиги билиҥҥитэ «демократическай» судаарыстыбаҕа олоробут, онон ити Төрүт Сокуоммут туоларыгар бука бары, туох ханнык, бары таһымнаах дьокутааттар кыһаллыах, хайдах сатанарынан туруулаһыах кэриҥнээхпит. Оннук дьокутааттары булан талыахтаахпыт – наада тирээтэҕинэ куттаммат дьоннору. Хоодуот дьоннорбут мэлийбиттэрэ дуу? Баар буолуохтаахтар. Олохпут онобулуттан (устуоруйаттан) ыйдаҥардан көрдөххҥ, бүгүҥҥү күҥҥэ да холобур оҥостуох дьоннорбут элбэхтэр эбээт. Ама да, кэм-кэрдии уларыйбытын, олох-дьаһах атынын да иһин, киһи ис бараана, майгыта-силигитэ оннук таһы-бааччы уларыйбатах буолуохтаах. Ол аата, көрдөөтөххө, билигин да Омуоһаптары-Ойуунускайдары, Бараахаптары-Ардьакыаптары булуохха сөбө ини. Дьэ, онон, аны күһүҥҥү быыбардарга саха дьиҥнээх эр бэртэрин, сайаҕас санаалаах далбар хотуттарын хото таларбыт буоллар үчүгэй буолуо этэ. Оннук?
 
Талыллыахтаах Ил Түмэммит чугастааҕы сылларга туруулаһара да үгүс: былдьаппыт нолуок хомуурдарын өлүүлэһэн төннөрүү, атыылаабыт сирбит баайыттан судаарыстыбаҕа киирэр барыһы ирээттэһии (рента төлөбүрүн курдук, аан дойду уопутугар тирэҕирэн), сахалар сирбитигэр-уоппутугар төрүт омук буоларбытын Арассыыйа салалтатыгар билиннэрии (итинтэн сылтаан, төрүт омуктар бырааптарын туруорсуу), уо.д.а. Элбэҕи ааттыы туруохха сөп этэ.
 
Оттон, улууспар талыллыахтаах Оройуон Сэбиэтин дьокутааттара, били, ньурбалар курдук «сүппүт» аахсыйаларбытын (урукку «Якутгазпром», онтон «Саханефтегаз» этэ) дьаныардаахтык туруорсан ирдэһэллэригэр-төннөрөллөрүгэр, АЛРОСА ОАО биир бырыһыан аахсыйатын ханнык да матыыбынан былдьаппаттарыгар баҕарыам этэ – ити мин сааһырбыт киһи татым баҕа санаам, сиэннэрим кэскиллэрин санаан этэбин. Оннук.
 
Дьэ, онон, ханнык да «кырдьыксыт Кырдьаҕааһаптар» «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйаны кэбирэппэттэрин курдук тэринэ, быыбар хампаанньатын чиэстээхтик ыытан аһарыахтаахпыт. Оҕолорбут, сиэннэрбит олохторун тупсарар туһугар, кэлэр быыбардарга толкуйдаан кыттыһыахтаахпыт, уонна, хайаан да кыайыахтаахпыт! Атын буолуох туһа суох: сиэрдээх быһыы-майгы, өйдөөх туруорсуу өрөгөйдүү туруоҕа.
 
 
Мин эппэтэҕим, Эһиги истибэтэххит буолуохтун. Дом ини, дом!
 
 
Макар МЫЛА
Источник:
Алтан Сэргэ
Category: Выборы | Views: 1389 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 109
Ыалдьыттар (гостей): 109
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024