News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » От ыйа » 28 » Түҥ ойууртан сирдээн таһаарыах дьон
Түҥ ойууртан сирдээн таһаарыах дьон | 19:52 |
Тус санаа
Сааһыламмыт санаалар
Үлэ үөһүгэр Бу уһун дуу, кылгас дуу олохпор, саха киһитэ үлэлиирин барытын үлэлээн кэллим. Оҕо сааһым фермаҕа ааспыта. Кырабыттан ыһыахтарга ат сүүрдэн, сүөһүгэ бостууктаан, от оттоон, сэбиэскэй былаас эстиэр диэри Угут Күөл сылгытын базатыгар звеневодтаан, кэлин урбаанньык буолан, соҕуруу дойдуга маҕаһыын аһан, ааспыт үйэ бүтүүтүттэн чааһынай дьиэ тутуутугар, «Саха такси» сулууспатыгар үлэлээн кэллим. Кэлиҥҥи түөрт сылга бу тоҕо саха киһитэ сиргэ үлэлээбэт буолла диэн, Нам Хомустааҕар сир ылан оҕуруот аһын олордон үлэлээтим. Онон дойдум дьонугар күүстээх соҕустук, үлэлээн кэлбит киһибин, үлэни барытын билэбин диир кыахтаахпын. Үс сыл устата сахам дьонугар анаан «Тиэргэн» диэн чааһынай дьиэни тутуу, олох туһунан сурунаал таһаарабын, «Дьолгун туораттан көрдөөмө” диэн бэйэм олохпуттан уонна аттыбар сылдьыбыт доҕотторум, билэр дьонум олохторуттан сэһэн суруйабын. Сурунаалым телеверсиятын дискэнэн таһаарабын. Элбэх эдэр оҕо дьону батыһыннаран тутуу үлэтигэр сыһыарбытым, ол дьонум дэҥ, оһол, ыарыы арыалластаҕына, көмүскэллэрэ суоҕун иһин, көмө буолуох эбит диэн тутулуга суох профсоюз быйыл тэрийдим.
Киһини үлэ сайыннарар
Сахабыт сирэ араас омугунан туолан эрэр, бэйэбит сирбитигэр бэйэбитигэр миэстэ суох буолуох курдук. Итини сокуону биһиги оҥоро олоробут диэн кэпсиир норуот талбыт дьоно, депутаттарбыт, бу ааспыт сүүрбэ сыл устата сааһылыахтаах этилэр. Ол тоҕо эрэ кыаллыбата, ким да кыһаллыбата. Ол оннугар улахан тутууларга саханы кыайбат, арыгылыыр диэн туората сатыыллар, сир үлэтигэр саха кыайбат диэн омугу аҕала сатыыллар, харчылаах үлэ буолла да, саха кыайбат аатырар. Ити барыта бэйэбит салалтабытыттан, урукку өттүгэр бэйэбит быыбардаан дурда-хахха гыныахпыт диэн салалтаҕа өйөөн таһаарбыт дьоннорбутуттан тахсар. Билигин биһиги үүннэрэр оҕуруоппут аһын кэлэн көрүҥ, алта уон кыраадыс тымныыга туппут дьиэбитин көрүҥ. Ити саха дьонун үлэтин түмүгэ. Биһиэхэ тиийэр биир эмэ омук бу орто дойдуга баар дуо диэн чуумпу киэһэ дуорааннаах соҕустук саҥарыам этэ. Киһини үлэ сайыннарар. Киһи үлэтэ үчүгэй өрүттээх түмүктээх, элбэх барыыс, харчы киирэр буоллаҕына, өссө сайдар санаата күүһүрэр, боростойдук эттэххэ, орто дойду бухатыыра буолар, кинини туох да ыарахан тохтоппот. Оттон сарсыҥҥы килиэп харчыта хантан булабын диэн санаалаах сылдьар киһи биир күнэ этэҥҥэ аастаҕына дьоллооҕунан ааҕынар. Мин санаабар, ити икки киһи санааларын ыккарда сирдээх халлаан курдук кый ыраах. Саха төрдө - тыа сирэ
Тыа сириттэн төрүттээхпит. Тыа сирэ эстибэтэҕинэ, саха эстиэ суоҕа. Истэр тухары тыа сиригэр көмө оҥоробут диэн буолар. Куруук миллиард, биир эмэ да буолбатах, уонунан миллиард. Ол үлүгэр көмө ханна барар, тоҕо киһи хараҕар көстүбэт, тоҕо тыа сирэ эстэн иһэр? Биһиги, урбаанньыктар, дьон-сэргэ харчылаах буоларыгар интэриэспит улахан. Дьон харчылаах буоллаҕына, үлэбит-хамнаспыт тахсар, атыыбыт, тутуубут барар. Атын, бюджеттэн хамнастаах дьон, туох санаалаахтарын билбэппин.
Харчы чуумпуну сөбүлүүр Хайдах гынан дьон-сэргэ харчылаах буоларын ситиһиэххэ сөбүн сэмээр сылдьан киһи үөрэтэр эбит. Тутуу миниистирин бастакы солбуйааччыта Романов Александр Афанасьевичтыын уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тутууга отделын салайааччыта Петров Николай Ильичтиин билсэбин. Сотору-сотору көрсөбүт, кэпсэтэбит, былаанныыбыт. Санаабыт биир, бу тутуу бизнеһигэр сахабыт дьонун өрө тардан таһаарыы. Урукку өттүгэр бу криминальнай аҥаардаах бизнес этэ. Ылсыы-бэрсии, билиҥҥи тылынан откат. Ити кэмнэргэ тендердэргэ төһө эмэ лицензиялаах эрээри кытта сатаабытым үрдүнэн биир да үлэҕэ тииспэтэҕим, туораттан киирии кытаанах бобуулаах быһыылаах этэ диэххэ. Этэргэ дылы, харчы чуумпуну сөбүлүүр. Сунтаар кыыһа Наталья Михальеваны - Сайаны тылбар киллэрэн ити чуумпу хос аанын сэгэппиппит, тэлэбииһэринэн син кэпсиир буолбуттара. «Саха сирэ” хаһыакка тутуу туһунан Александр Тарасовтыын тутуу ис эридьиэстэрин суруйан истэхпитинэ? президент уонна правительство кытаанах бобууларынан биир да хаһыакка мин суруйууларбын таһаарбат дьаһал ыыталааннар, мин санаабар, опалаҕа ыыппыттара. Дьиҥэр, ити тахсыбатах суруйуулар кэнниттэн аатырар Грабцевичтара правительствоттан барбыта. Хамныыр харчы
Эрэмээн учуонайа саха саҥа үөскээбит норуот, ол иһин өйө кыра оҕо өйдөөх диэбититтэн тойотторбут улаханнык өһүргэнэн айдаан бөҕөтүн тардыбыттара. Ол бэйэлэригэр ылынан. Эмиэ да сөп ээ, баай, харчылаах киһи куруук быстыаҥка норуоту өйө суох диирэ чахчы буоллаҕа. Биир эрэмээн табаарыһым били мөлүйүөннэр саӄана Кыһыл Сыырга вертолетнай площадка оҥорорго түөрт массыына кумах куттарбытым уонна тэҥнээбитим, онно уон икки миллиард харчы төлөөбүттэрэ уонна бэйэлэрин бырыһыаннарын ылбыттара диэн кэпсээн турар. Киһи билбэтинэн, төһөлөөх оннук кэпсэтиилэр, төлөһүүлэр буолаллара буолуой, туох билиэ баарай. Харчы ханна, хайдах хамныырын норуот дьоно депутаттар тоӄо хонтуруолласпаттарый, туох куттала онно баарый? Иннибэр Михаил Седалищев «Сахабыт сылгытын этин - аан дойду рыногар” диэн 2010 сыллаахха таһаарбыт кинигэтэ сытар. Биһиги биир дойдулаахпыт Андрей Еремеевтиин эт рыногын аан дойдуга бары үөрэтэн көрөн баран таһаарбыт кинигэрэ. Сылгыбыт уонна сахабыт сүөһүтүн этэ "мраморное мясо” диэн ахсааҥҥа сатаан киирэр түгэнигэр, киилэтэ 200 доллар сыанаҕа туруох эбит. 1 долларбыт билигин 32 солкуобай, ол аата биир киилэ эппит 6400 солкуобайга тэҥнэһиэн сөп. 120 киилэ ыйааһыннаах убаһа этэ 768000 солкуобайга туруох эбит. Бу этиилэр тоҕо эрэ өрө тутуллубатахтар, төһө эмэ Германия курдук дойдулар үлэлэһиэххэ дии сатаабыттарын үрдүнэн. Санаан көрдөххө, бу бизнес алмаастааҕар барыыстаах буолуон сөп эбит. Сылгы иитиитэ муҥутуур сайдыах этэ. Саха сирэ аан дойдуну хааччыйар сылгыны иитэр кыахтаах дии саныыбын. Наада буолла да, ол оҥоһуллубут бэлэм былаан проегын булуохпут уонна былаах курдук өрө тутан таһаарыахпыт.
Санааттан санаа
Санааттан санаа салҕанар. Арай итинник тэрээһин саҕаланнын, үлэни, сырыыны кыайар сылгыһыт дьон наада буоларыгар тиийэр. Билигин сылгыга сааһырбыт эрэ дьон үлэлиир. Эһиилгиттэн сахабыт атын сүүрүүтүн сайыннаран бардахха сатанар дьыала буолан тахсар. Ол ат сүүрүүтүгэр оҕону сыһыаран сүүрүкчүт гыннахха, бу дьоҥҥор үйэлэригэр сылгыга таптал иҥэн хаалар. Ол киирбит таптал киһи тыыннааҕын тухары дууһатын иһигэр сылдьар, сүүһүнэн сылгыһыт тахсан кэллэҕэ ол. Саха атын баайааччылары хамнастыахха, бирииһин улаатыннаран интэриэс үөскэтиэххэ, правительство туруорар бирииһин президент бирииһигэр тиэрдэн саха атын сүүрүүтүн республиканскай суолталаах гына улаатыннаран биэриэххэ. Дьэ, оччоҕо уол оҕо куорат диэки тардыһара тохтуо этэ.
Улуус кииннэригэр биир лицензиялаах эт, оҕуруот аһын тутар киин баар буолуон наада. Эн кыра хаһаайыстыбаҕын, эн улахаҥҥын диэбэккэ, барытын биир тэҥҥэ көрөр киин. Дьокуускай куорат рыногар турар эт сыанатыгар тэҥнээх сыанаҕа утары төлөөн тута туруохтаах. Рынок сыаната сотору-сотору уларыйар, син биир нефть сыанатыгар майгылаан, түһэ-тахса турар. Ол тутар кииҥҥэ күн аайы бүгүн сыана маннык диэн көстө туруохтаах. Бааһынай күн бокуойа суох үлэлээх, өссө онно манна бородууксуйатын илдьэн батара сатыыра киниэхэ улахан охсуулаах, бу рынок сыанатыгар тутар тэрилтэ ол оннугар государствоттан субсидия ыллын дии саныыбын.
Түҥ ойууртан сирдээн таһаарыах дьон
Урут «Элгээйи” совхоз тыһыынчанан туонна хортуоска, хаппыыста үүннэрэр буолара. Сахабыт сирэ кыһына тымныытын иһин, сайыҥҥы күммүт биэрэр күүһэ туохтан да күүстээх. Онон сиргэ түспүт сиэмэ көрдөххө-харайдахха үүнэр-ситэр эбит. Күн биэрэр күүһүн туһанан, кытай чэпчэки сыаналаах тиэхиньикэтинэн барыыстаахтык үлэлээн, Мииринэйтэн саҕалаан Тиксиигэ диэри Сунтаар оҕуруот аһынан хааччыйыан сөп этэ. Хас куорат, улуус киинин аайы Сунтаар улууһа туһунан бэйэтэ оптовай базалардаах буолуохтаах. Тоҕо атын омуктарга эрэ оптовай базаланалларыгар сир бэриллиэхтээҕий, биһиги да ылыахпыт. Кытай курдук сиргэ сылдьан фанера оҥорор чааһынай собуот көрбүтүм. Мас суох сирэ буолан эрэйинэн, улахан сыанаҕа булан үлэлии олороллор этэ. Биһиэхэ умайбыт ойуурбутугар босхону үрдүнэн мас баһаам. Тоҕо кыаллыа суоҕай, оннук собуот тэринии. Ол дьону кытары кэпсэтэн көрбүтүм, кыттыгас тэрилтэ тэрийэн, бэйэлэрэ да аҕалан туруоруох курдуктар. Сахабыт сирин ДСП-нан, фанеранан бэйэбит да хааччыйыах этибит. Олох диэн суола суох түҥ ойуур курдук. Ону сирдииргэ сылдьыбыт, хайа диэки барары билэр киһи наада. Ол курдук, бу олоххо түҥ ойууртан суолу тэлэн сирдээн тахсарга биһиги, сырыыны сылдьыбыт урбаанньыктар, бэлэммит.
Бу санааларым олоххо киирэллэригэр туруулаһарга соҕотоҕун тугу да кыайыам суоҕа. Ол иһин сиэрдээх россиялардыын кыттыстым. Мин Федот Семенович Тумусовтан биир үтүө холобур ылан турабын. Кимтэн да, туохтан да толлубакка, быыбардааччы туруорбут сорудаҕын толорор иһин туруулаһыахха сөбүгэр. Правительство ыҥырыытынан нефтепровод үлэтигэр Россия, Саха сирэ сайдарын туһугар диэн дьон бөҕөтүн үмүрү тутан үлэлии тахсыбыппыт. Үлэ оҥоһуллан баран төлөһүү кэлбитигэр үүрүллүбүппүт. Ыҥырыы таһаарбыт бэйэбит правительствобытыттан көмө көрдөөбүппүтүгэр, мунньахтаан баран үлэлэтэн баран кыайан хамнас төлөөбөт дьону хаайыыга ыытыахха диэн уураах таһаарбыттара, ол аата бэйэбитин. Дьолбор, Федот Семеновиһы көрсүбүтүм, көмөлөс диэн депутатскай сорук туруорбутум. Ол соругум президент Путиҥҥа тиийбитин истибитим. Аҕыйах хонон баран, Саха сириттэн итиннэ үлэлэспит тэрилтэлэргэ түргэнник харчыларын төлөөҥ диэн дьаһал тахсыбыта. Онон, сахалартан үлэлээбиттэр, мин билэрбинэн, отуттан тахса мөлүйүөнү ылан турабыт. Онон бэйэбитигэр эрэ сүрдээх, арыый улахантан кутуйах иинин кэҥэтэр правительствотааҕар, Федоту уонна кини партиятын кытары сэргэстэспит ордук буолуо. Уонна мин соҕотох буолуом суоҕа, эһигинниин, Сунтаарым дьонунаан, бииргэ буолуохпут, биир сүбэнэн Сахабыт сиригэр сайдыыны биирдэ өрө тутан таһааран, сунтаардар дуо дэтэн, Сахабыт сиригэр тыа сирэ сайдарыгар олук ууруохпут диэн бигэ эрэллээхпин. Күн таҥара бэйэтэ анаан бу орто дойдуга дьоллоохтук олоруҥ диэн ыыттаҕа. Хаһан эрэ төттөрү ылаттыа. Онон, бу хаалбыт олохпутугар аны дьоммут-сэргэбит туһа диэн астына үлэлээн хаалыаххайыҥ диэн санаалаах олоробун. Иван АЛЕКСАНДРОВ
|
Category: Саха |
Views: 1766 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 80 Ыалдьыттар (гостей): 80 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|