Уххаан диэн таптал ааттаах Любомир Михайлов
Киирии тыл Ааспыт 1917-1992 сылларга Россия государствота
капиталистыы оло5у синнэрэн уопсай бас билиини олохтообута, уон алта араас
государстволар холбоьоннор Советскай уопсай бас билии республикаларын биир
Ньыгыл Союьун тэрийбиттэрэ. Онтон ыла сир урдугэр уопсай бас билии уонна
капиталистыы лаагырдар диэн араарсан олорбуттара.
Уопсай бас билии лаагыра саамай куустээх дэнэрэ, ол
иьин Советскай Союз хаьан да ыьыллыа суо5а диэн биьиэхэ эрэл санаа баара. Бары
биир тэн бырааптаах этибит, босхо уорэх,
эмп-том, улэтэ суох киьи диэн суо5а онтон 1985 сыллаахха
Коммунистическай Партия киин Комитетын генеральнай секретарынан т.Горбачев
Михаил Сергеевич талыллыбыта, онтон ыла Советскай Союз оло5о айгыраан киирэн
барбыта. Советскай Союзка 1987 сыл-ха «Уларыта Тутуу» диэн са5аламмыта, Союзнай
Республикалар ыьыллан тус-туьунан Государстволар буолан барбыттара. «Уларыта
Тутуу» кэнниттэн Россия Государствотын призиденинэн т. Ельцин Борис буолбута. Онтон ыла олорор
олохпут тосту уларыйан, капиталистыы олоххо эргиллэн кэллибит, ким сатаан байар
ол харчылаах, ким улэтэ суох дьадайар бириэмэтэ буолла. Ол да буоллар
эрэйи-муну корон, урдуккэ тардыьар утуо санаалаах, дьонно-сэргэ5э дьолу-соргуну
ба5арар, улэлии-хамсыы сылдьар улэьит дьоннор биьиэхэ элбэхтэр.
Кунду аа5ааччы!
Бу икки уйэ кирбиитигэр, 1969-2000 сылларга саха
тыатын сирин эдэр ыччата бу уустук кэмнэргэ эрэйи-муну корон, хайдах улаатан,
киьи-хара буолбутун ыал а5а баьылыга буолбутун кэлин урдук уорэххэ тардыспытын,
улахан улэьит киьи буолбутун туьунан бу кинигэ5э суруллуо.
Сылаас кунум сыдьаайан
Сарпа уоттаах кыымынан
Кынаттанан дайаммын
Киьи буолтум кэрэтиэн!
Тахсан сарыал утары
Тын хатыытын таптааммын
Кэрэ, сырдык ыралаах
Киьи буолтум кэрэтиэн!
Урдук дуолга талаьар
Уоруу-котуу аргыстаах
Куустээх сана догордоох
Киьи буолтум кэрэтиэн!
Улэ-хамнас уоьугэр
Уунэр суьуох кэккэгэ
Кыттыьаммын хаамсабын
Киьи буолтум кэрэтиэн!
Уйбаан Ороьуунускай.
Саха сиригэр 1969 сыллаахха Бэс ыйын 27 кунугэр
Ленинскэй оройуон Малыкай сэлиэнньэтин бааьынай хаьаайыстыба ыалыгар «уххаан»
диэн таптал ааттаах уол о5о торообут. Бу о5о торууругэр туорт анар киилэ
ыйааьыннаа5а эбитэ уьу, ону а5алаах ийэтэ о5обут улаатта5ына улахан киьи буолуо
диэн «Уххаан» диэн хос ааты ааттаабыттар.
А5ата,
Михайлов Николай Семенович Ньурба улууьун Малдьагар нэьилиэгэр 1932 сыллаахха
торообут.Кини Малыкай орто оскуолатын бутэрэн баран 1956-60 сылларга дьокуускай-даа5ы
тыа хаьаайыстыбатын техникумугар уорэнэр, онно ветеринарнай быраас
специальнаьын ылан нэьилиэгэр кэлэр. Бастакы Мальдьагар нэьилиэгэр ветеринарнай
бырааьынан улэлиир, онтон 1980 сыллаахтан 1995 сылгы диэри Ньурба улууьун
«Молтохтук корор» обществоларыгар председателинэн улэлиир. Ус сыл пенсиятыгар
олорон баран 1998 сыллаахха ыалдьан олбутэ.
«Уххаан»- ийэтэ,Тимофеева-Михайлова Клавдия Николаевна
1937 сыллаахха Ленинскэй оройуон Малдьа5ар нэьилиэгэр торообутэ. Кыра
эрдэ5иттэн колхозка суоьу улэьитинэн улэлиир. Онтон доруобуйата молтоон оройуон
Бытовой комбинатыгар иистэнньэн , уборщица улэтигэр улэлиир. Кэлин пенсия5а
тахсар уонна сиэннэрин корорго комолоьон дьиэтигэр олорор. 1996 сыл-ха ыалдьан
олбутэ.
Бу ыал
«Уххаан» диэн таптал ааттаах уоллара
улаатан баран Михайлов Любомир Николаевич диэн буолбута. Любомир диэн
аат сахалыыта «Таптал уонна Эйэ» диэн буолар.
Бу ыалга икки кыыс кэнниттэн уьус о5оннон Любомир
торообут, кини кэнниттэн туорт уолаттар торообуттэр. Онон элбэх о5олоох ыал
буолбуттар. Любомиры, уолаттартан, улаханнара
буолан буолуо, а5ата кытаанахтык иитэн-такайан улаатыннарбыт. А5ата
бастаан эдэр сылдьан аргыны собулээн корон, дьон тэнэ «аьы ас курдук»
марайдаммакка оло5у корунэн иьэрэ уьу. Онтон улахан уол уххаан торообут кэмиттэн
«а5а аргыны иьэр буолла5ына, бу билинни айдааннаах, бутуурдаах кэмнэ, бу олох
ыараханыгар а5а быьыытынан уолаттарбын аргыттан тутар кыа5ым суох»-диэн арыгы
иьэрин тохтоппут. Таба5ы букатын тардыбат эбит , «чол» оло5у тутуьар, биьириир
киьи буолбут. Уолаттарыгар а5алара: Мин киьибин, эьиги дьон кэккэтигэр киирэн
киьи буолун, учугэй дьон суолун-ииьин батыьын»- диирэ уьу. Ону Любомир ойугэр
санаатыгар тутан хаалбыт. 1976 сыллахха
Маалыкай орто оскуолатыгар уорэнэ киирбит, маннайгы кылааска Пионер буолбут, онтон
1982-83 сыллардаахха Ленинскэй Комсомол кэккэтигэр киирбит. Оскуолага уорэнэ
сылдьан спорт араас корунунэн дьарыктаммыт.
Ол курдук конул тустуунан, волейболунан, настольнай
тенниьинэн, баскетболунан ,футболунан дьарыктаммыт. Шахмат бастакы дуоскатыгар
оскуола5а уонна оройуонна о5олорго 5 тогуллээх чемпион буолбут.
Оскуолатыгар, конул тустууга бэйэтин ыйааьыныгар
чемпионунан, настольнай теннискэ абсолютнай чемпионун буолуталаабыт.
1986
сыллаахха Маалыкай орто оскуолатын икки предметкэ орто сыананнан уонна атын
предметтэргэ учугэй, туйгун сыаналаах ситии-хотуу аттестатынан бутэрэр.
Оччотоо5у бириэмэ5э олоххо «девиз» курдук о5ону уорэтэр тыл баара: оскуола,
производство,урдук уорэх.
Онон оскуола кэнниттэн бэйэтин торообут
совхоьугар 17 саастаах эдэр уол Любомир улэлиии хаалар. Онно ынах суоьу
ферматыгар кырдьа5ас дьону, дьахталлары кытта ыанньыксытынан улэлиир. Ол кэмнэ
суоьуну коруу барыта илиинэн буолара.
Биирдии
ыанньыксыт 18-20-лии ына5ы илиитинэн ыыра, куннэ устуутэ-туортуутэ раздойдаан,
тунуй бургунастары ыан 2000 лиитирэ ууту ылбыт. Корор ынахтаргын сууйан-тараан,
ырастык тутуохтааххын, отунан, сиилэьинэн, эбии аьылыгынан(комбикорм хааьынан),
от дул5аны сугэннэн улту кырбаан,ону уулаах тимир буочука5а буьаран, туустаан
бэйэн илиигинэн тутан-хабан аьата5ын.
Оччо5уна
ына5ын элбэх ууту биэрэр. Ынахтары уулатыы, ынах саа5ын курдьуу, ону хотон
таьыгар таьааран балбаахтааьын барыта ыанньыксыт илиитин улэтэ буолара. Онон
дьиэ5эр улту сылайан кэлэн баран сыннана
туьэн ыларга бириэмэ оппот курдуга. Улэн сылаалаах, танаьын-сабын сыта барыта
ынах саа5ын сыта сарсыарда 6-га туран улэтигэр барар киэьээ 11 диэри улэлиирэ
уьу кыра бырааттара сарсыардаа утуйа сыталлар уьу кэлэригэр эмиэ утуйа
сыталлар.
Любомир совхоьугар оннук биир сыл улэлээн баран 1987
сыллаахха Советскай Армия кэккэтигэр военнай служба5а ыныраллар.
Икки сыл устата Петропавловск-Камчатскайга Советскай
Армия Противовоздушнай оборонатын чааьыгар 3РВ (Зашитно-Ракетные Воска)
зенитчигинэн расчетнай ньуомэргэ сулууспалыыр.
Любомир 1989 сыл сэтинньи ыйыгар Советскай Армия
сулууспатыттан ситиьиилээхтик тумуктуур. Онтон олорор дьиэ ыларга диэн ус
сыллаах улэ5э дуогабардаьар Елизовскай оройуон «Раздольное» боьуолэгэр улэлии
хаалар. Онно эмиэ суоьу ферматыгар ыанньыксытынан улэлиир. Оччотоо5уга, хас
бирдии ыанар ынахтан элбэх ууту ыаьынна курэхтэьии буолара. Биир сылга биир
ыанар ынахтан 5000 лиитирэ уут киирбитин аьара ыабыт ыанньыксыт «Герой
Соцтруда» буолара. Ол кирбиини ыанньыксыт Любомир Николаевич ылбыттарыттан
биирдэстэрэ.
1993 сыллаахха
улэлиир дуогабара туолбутун кэннэ
Любомир Николаевич торообут сэлиэнньэтигэр Маалыкайга тоннон кэлэр, «Степан
Васильев» аатынан совхозка кочегарынан улэлиир. Совхоьугар улэлии сылдьан,
инники кэскилэ суо5ун ойдоон Хоту Муома улууьугар 1994 сыллаахха улэлии барар. Онно ис дьыала
отделын иьигэр милиционерынан улэ5э киирэр. Силиэстибэ5э, ситиьиилээхтик
улэлиир.
1996
сыллаахха Любомир Николаевич Якускай куоракка коьон кэлэр, онно
«Сахазолотоспецохрана» тэрилтэ5э охранник-стрелогунан улэ5э киирэр.
1996 сылтан
2004 сылга дылы хас да охраннай структураларга (чааьынай харабылланар
тэрилтэлэргэ)
харабылынан, харабыл- шоферынан улэлиир.
2004 сылтан
куоракка дьиэ тутар бригада5а кыттыьан улэлиир, дьиэ туттуутунан дьарыктанар.
Ити сылдьан Любомир Николаевич коннору дьиэ тутааччыттан бригадир-маастарга
тиийэ уунэр-улаатар. Бу бириэмэ5э Якутскай куорат таьыгар Маалай Марха5а сир
учаастагын атыылаьан дьиэ, гараж туттар,
подсобнай хаьаайыстыбаны оностор. Манна хортуоска, хаппыыста ууннэрэр,
сибиинньэ, куурусса иитэр,теплица5а огурсуу, помидор ууннэрэр. Любомир
Николаевич итиннэ туттуллар туту
матырыйаалларын бэйэтин улэтинэн-хамнаьынан атыылаьан баран, тиэйэн а5алар,
дьэтин-уотун, хаьаайыстыбатын бэйэтэ туттар.
2005 сыл-ха
Санк-Петербурдаа5ы Профсоюзтар Гуманитарнай университетын Саха сиринээ5и
филиалыгар тастан уорэнэр юридическэй факультетыгар уорэнэ киирэр, специальнаьа
юриспруденция. Любомир Николаевич оло5ун аргыьа Ильина Екатерина Романовна.
2006 сыл-ха кинилэр иккис о5олорун кыыс о5олоноллор, кыыстарын Кристина диэн
ааттыыллар. Билигин уоллаах кыыстаахтар. Уоллара Родион Якутскай куорат 2-с
нуомэрдээх оскуолатыгар онус кылааьын ситиьиилэхтик бутэрдэ. Любомир Николаевич
кэргэнэ Екатерина Романовна икки урдук уорэх дипломнаах, биирэ терапевт-врач,
иккиьэ экономист-бухгалтер. Билигин Екатерина Романовна главнай бухгалтерынан
улэлии сылдьар. Санкт-Петербурдаа5ы Профсоюзтар Гуманитарнай
Университетын кэтэхтэн уорэнэн, бутэрэн юриспруденция специальностаах дипломун
ылан кэллэ. Дипломун темата билинни кэмнэ саамай наадалаах тема: Реализация
права граждан РФ на оказание бесплатной
квалифицированной юридической помощи. Дипломун учугэйдик ситиьиилээхтик
«туорт» оценка5а туттаран защиталаан(комускээн) кэллэ.
2011
сыллаахха От ыйын 29 кунугэр Любомир
Николаевыьы «Единая Россия» партия5а чилиэнинэн талаллар.
2012 сылтан
РСХППК «Рыба Арктики» - юристконсультанынан ситиьиилээхтик улэлии сылдьар.
Якутскай куораттаа5ы УИК чилиэнинэн 2011 сыллаахтан улэлии сылдьар.
2012
сыллаахха торообут нэьилиэгэр баьылык быыбарыгар кыттан элбэх киьи куолаьын
ылбыта.
2013 сылтан
ВПП «Единая Россия» Якутскайдаа5ы отделениятыгар ПО «Мархинка» секретарынан
улэлиир.
2013 с.
Якутскай куораттаа5ы первичнэй отделениялар ВПП «Единая Россия» слеттарыгар,
пулевой ытыы курэ5эр 2 миэстэни ылары ситистэ, волейболга окруктарынан
оонньооьунна, хамаанданнан 2 бочуоттаах
миэстэни ылары ситистилэр.
Онон Любомир
Николаевич, саха ыалын а5а баьылыга, ыал дугдата-хаххата буолан, урдук
уорэхтээх специалист, олоххо тардыспыт, бэйэтин собулуур идэтигэр
улэлээн-хамсаан, дьонно-сэргэ5э утуону, учугэйи онорон дьон уоруутун-котуутун
коруон-билиэн ба5арар уонна дьоно-сэргэтэ дьоллоох буоларыгар дьулуьар.
2013 c. Дьокуускай куорат Думатын депутата Александров Л.В., комолоьооччутунэн улэлии сылдьар. 2012 с.Ил Тумэн народнай депутата Крылов А.В., общественнай помощнигынан улэлии сылдьар.
И.Иванов.
|