Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Балаҕан ыйа » 3 » Урааҥхай – Улуу Пехлеван- Билигин да кыахтаах оҕо, ыччат элбэх. Саха урааҥхайа уһугуннаҕына барытын кыайыан-хотуон сөп.
Урааҥхай – Улуу Пехлеван- Билигин да кыахтаах оҕо, ыччат элбэх. Саха урааҥхайа уһугуннаҕына барытын кыайыан-хотуон сөп.
08:52
Великий якут
4 сентября, 19:30ИА SakhaLife
В ходе предвыборной кампании иногда встречаются интересные материалы, в которых нет прямой агитации за того или иного кандидата, но статьи эти сами по себе любопытны и дают иного пищи для ума.
В качестве примера размещаем классно написанную известным журналистом Иваном УШНИЦКИМ статью, опубликованную 30 августа 2013 года в газете "Якутск вечерний".
ТЕГЕРАН: ТРИУМФ ЯКУТСКОГО НАРОДА
 
Спортсмены Якутии добивались выдающихся побед: первый чемпион Олимпийских игр по парусному спорту в СССР Тимир ПИНЕГИН, олимпийский чемпион по тяжелой атлетике Владимир ГОЛОВАНОВ, олимпийские чемпионы по вольной борьбе Роман ДМИТРИЕВ и Павел ПИНИГИН, серебряный призер олимпийских игр по легкой атлетике Евгения КОЛОДКО и многочисленные чемпионы и призеры мира, Европы, СССР, России, Параолимпийских игр.
 
Но ничего подобного триумфу Александра ИВАНОВА в Тегеране в 1974 году советская и российская школы вольной борьбы не помнят.
 
Тогда главным тренером сборной СССР по вольной борьбе был Юрий ШАХМУРАДОВ. Мне в 2010 году довелось с ним поговорить с ним у него дома в Махачкале в течение долгих 4 часов. Когда он рассказывал о Тегеране-74, его глаза горели, голос иногда переходил на речитатив, он преобразился, заново переживая те события.
 
Белое солнце Тегерана

 
Тогда в вольной борьбе турнирами высшего уровня были Олимпиада, чемпионаты мира и Европы, первенство СССР, Тбилисский и Тегеранский турниры.
 
Александр Иванов в начале 1974 года выиграл Тбилисский турнир, называемый «Малым чемпионатом мира».
Теперь предстояло испытание Тегераном.
 
В Иране борьба – почти главный национальный вид спорта, имеет давние традиции и длинную историю. Читатели старшего возраста могут вспомнить легендарный иранский фильм «Мазандаранский тигр», культовый не только в Иране, но и в СССР, рассказывающий о простом деревенском парне-борце, ставшем любимцем всей страны.
 
Иранцы рассчитывали победить в весовых категориях 48, 52, 57, 62, 68, 74 кг, а на 52 кг занять весь пьедестал.
На 52 кг было 30 участников – больше, чем на других весовых категориях.
 
Ярким свидетельством популярности вольной борьбы в Иране было проведение турнира в огромном помещении, вмещающем 60 тысяч человек. Трибуны просто ревели и гремели – крики сливались с громом барабанов.
 
«Молоток, так держать!»
 
Первого соперника, иранца, Александр Иванов быстро впечатал лопатками на ковер, сделав виртуозную вертушку.
Юрий Шахмурадов обрадовался: «Молодец, начало есть!»
 
Второго соперника, тоже иранца, Александр взял за ноги, поднял, перевернул в воздухе и бросил лопатками на ковер.
Трибуны взревели, забили барабаны. Но Александр тогда еще не понимал, что иранцы, ценители красивой борьбы, начали за него болеть.
Шахмурадов ликовал: «Молоток, так держать!»
 
Третьим соперником снова оказался иранец, очень верткий и осторожный. Но и он попался на прием Александра – в воздухе только мелькнули его пятки и он не понял, как оказался лопатками на ковре.
Тут трибуны, уже выучившие фамилию неизвестного борца, начали дружно скандировать: «И-фа-ноп-пы! И-фа-ноп-пы!»
Шахмурадов: «Во даешь, Иванов, красавец!»
 

Прибежал олимпийский чемпион Леван ТЕДИАШВИЛИ, сграбастал Александра, непрерывно бормоча: «Чо ды, чи-да-оба боролся, чач-чу кушал да-а, ну джигит!»
 
На четвертом круге против Александра вышел иранец, также выигравший вчистую все предыдущие схватки. Александр у него начал брать балл за баллом, трибуны взрывались после каждого удачного приема советского борца: «И-фа-ноп-пы! И-фа-ноп-пы!»
Иранцу ничего не оставалось, кроме как пойти ва-банк, но тут его поймал Александр, сделал молниеносную мельницу, затем положил на мостик, стал приближать лопатки иранца к ковру. Гонг!
 
После четвертой яркой победы парня из далекой северной Якутии, о которой иранцы не имели никакого понятия, трибуны придумали новый способ: начали ритмично бить ногами по полу – получалось впечатляюще. Нашелся у них какой-то дирижер, который давал ритм барабанам.
 
Шахмурадов всем повторял: «Славная победа! Вот это наша школа! Равняться на Иванова!» От Александра не отлипал Федор БАУМБАХ, чемпион СССР: «Ай-да, мы, сибиряки!» Другой сибиряк, великий Иван ЯРЫГИН был спокоен: «Саша, потом в Якутске праздновать будем!»
 
«Великий пехлеван»
 
Пятый круг. Как только Иванов вышел в зал – трибуны возликовали: «И-фа-ноп-пы! И-фа-ноп-пы!»
 
Когда лопатки пятого иранца соприкоснулись с ковром – на трибунах встали и запели. Это было неожиданно.
 
Шахмурадов не мог сдерживаться: «Блестяще, это урок, образец борьбы». Чемпион мира и Европы Владимир ГУЛЮТКИН крепко обнял Александра: «Железный якут!»
 
Когда Иванов шел к раздевалке, к нему стали прибегать иранцы и касаться его, приговаривая «Пехлеван!»
 
Шестой соперник, иранец Кулан АСКАРИ вышел на ковер чуть ли не ползком – другого способа противостоять приемам советского борца тренеры сборной Ирана не смогли придумать. Но Александр даже ползавшего заставил летать и приземлиться на лопатки.
 
На  трибунах началось неописуемое. Под грохот барабанов люди рванули к ковру, начали касаться великого борца, чтобы впитать его силу и ловкость. Трибуны скандировали: «Пехлеван! Пехлеван!»
Прибежала вся сборная СССР, еле сумели вывести Александра из зала в раздевалку.
 
Шахмурадов только качал головой: «Саша – герой!» Всем говорил: «Такого я еще не видел! Такого никогда не было!»
 
Гигант Сослан АНДИЕВ, будущий двукратный олимпийский чемпион, неторопливо выразил восхищение: «Лисандр, молодыац, мужык, твоя борба – ыскусство, дай руку».
 
Тут в раздевалку вошли великие иранские борцы Абдулла МОВАХЕД, Голамрез ТАХТИ и Имамали ХАБИБИ, начали наперебой поздравлять Иванова. Они рассказали, что Иран теперь воспринимает «Искандера» Иванова как нового национального героя, посланного самим Аллахом, чтобы победить всех лучших борцов страны. По их словам, никогда в Иране ни один борец так ошеломительно не побеждал, поэтому теперь иранцы зовут Иванова «великим пехлеваном».
 
Иранские борцы предупредили, что теперь десятки тысяч людей будут стремиться прикоснуться к великому пехлевану.
 
Седьмой, последний круг
 
Трибуны безумствовали: «И-фа-ноп-пы! И-фа-ноп-пы!», «Пехлеван! Пехлеван!» Барабаны, ритмичные удары десятков тысяч ног.
Против Иванова вышел совершенно подавленный иранец.
 
Когда Александр бросил соперника переворотом через себя и уложил на лопатки – любители красивой и зрелищной борьбы впали в неистовство. Стоявшие начеку гиганты Ярыгин и Тедиашвили посадили Александра на свои могучие плечи и понесли через плотный полицейский коридор к раздевалке.
 
Шахмурадов подвел итоги турнира: «Бесподобное, потрясающее выступление Иванова. Это – симфония борьбы!»
 
Потом была целая армейско-полицейская операция по выводу Иванова из раздевалки к автобусу. Толпа несколько раз прорывала цепи солдат и полицейских, в свалке разбили стекла автобуса. Автобус сопровождала полиция на мотоциклах.
 
Через 36 лет Юрий Аванесович Шахмурадов вспоминал: «Видел много соревнований, выдающихся побед. Но такого, чтобы весь огромный стадион рвался приветствовать победителя, такого апогея восторга и восхищения никогда не видел».
 
Тегеран-74 – один из самых больших триумфов якутского народа. В следующем году исполнится сорок лет, когда другая страна аплодировала мужеству, мастерству и торжеству якутского борца.
 
Нам нужно помнить с гордостью этот наш триумф. Говорят, что только тот народ, который помнит и уважает своих героев – достоин будущего.
 
 
Источник:
Иван УШНИЦКИЙ, спортивный журналист, «Якутск вечерний».

Урааҥхай – Улуу Пехлеван

Күндү ааҕааччыларга уруй-айхал буоллун. Бу мин, Тургун, "Кистэлэҥ күүс” сурунаал бүгүҥҥү нүөмэриттэн "Ураанхай” диэн саҥа балаһаны иилээн саҕалыыбын.  Ол курдук, бастакы сэһэргэһээччим саха дьонун аар-саарга аатырдыбыт, Монреаллааҕы олимпиада көҥүл тустууга үрүҥ көмүс мэтээл кыайыылааҕа, биһиги, сахалар, киэн туттар дьоммутуттан биирдэстэрэ Александр Николаевич Иванов. Дьэ эрэ, аан дойду күүстээх бөҕөстөрүн хаалдьыктарын эрийтэлээбит, сүнньүлэрин мускуйбут, кыайыы-хотуу өрөгөйүн билбит киһибит билиҥҥи кэмҥэ туох санаалаах үлэлии-хамныы сылдьар эбитий? Чэйиҥ эрэ, өрөйүҥ-чөрөйүҥ, чуор кулгаах, сытыы харах буолуҥ!
- Александр Николаевич, үтүө күнүнэн. Дьэ эрэ, олимпиец биир күнэ хайдах саҕаланарый? Сарсыарда хараххын хайа тардаат, тугу гынаҕыный?

- Ааҕааччыларга барыгытыгар эҕэрдэ буоллун! Мин спорт эйгэтигэр өр сылларга үлэлээбит киһи быһыытынан саҥа күммүн эппин-хааммын хамсатан уһугуннарарбыттан саҕаланар. Эдэр эрдэхпиттэн оҥорор хамсаныыларбын аҕыйах да кэрдиис буоллун билигин бэйэм кыахпын билинэн хамсанабын. Эти-хааны чэбдигирдэр сэрээккэни хас биирдии киһи оҥоруохтаах, сатыахтаах.

- Онтон билиҥҥи кэмҥэ киһи аһыыр аһылыга, хайдах, тугу сиирэ тус бэйэтигэр дьайыылаах дуо? Ол эбэтэр олимпиец тугу сөбүлээн аһыыр эбитий?

- Кырдьык, бу билиҥҥи үйэҕэ ас арааһа дэлэйэн, араас эбиилээх, атын амтаннаах, сыыһа туруктаах эгэлгэ баһаам буолла. Биһиги, спортсмен дьон, киһи ис уорганнара, этэ-сиинэ астан улахан тутулуктаах буоларын бэркэ билэбит. Ол иһин үксүн бэйэ дойду этин, арыытын, үүтүн, балыгын, сирин аһын сиибит. Дьиҥ чахчы сахалыы-махалыы бэйэ киэнин аһыыр быдан ордук туһалаах буолар. Атын омук аһын үчүгэй хахтаах, амтаннаах, кэрэ көстүүлээх диэн батыспакка, айылҕа барахсан биэрбитин туһаныахха наада. Кэрэ аҥарым куруук быырпах оҥорор, ол утаҕы дьиэ кэргэмминээн сөбүлээн иһэбит. Ис уорганнаргын ыраастаан, сөптөөх эйгэни үөскэтэр. Саха киһитин быһыытынан ис миинин, сэлиэйдээх, эттээх миини ордоробун.

- Дьэ эрэ, аһаан-сиэн баран, сөптөөх күүс-күдэх ылынан, спорт киэҥ эйгэтигэр үрдүк ситиһиилэри оҥордоҕуҥ. Онтон ордук дьарыктан ураты өссө туох нааданый?

- Туох баар ситиһииҥ улахан үлэттэн тутулуктаах. Киһиэхэ тулуур наада. Кыахтаах, эт-хаан өртүнэн төһө баҕар сайдыылаах буолуохха сөп. Ол эрэн онтуҥ тулуура, ис туруга суох кыаллыбат. Этиҥ-хааныҥ син биир уҥуохха олоҕуран, онтукайыҥ барыта киһи ис туругунан салайтарар. Күүстээх, күргүөмнээх үлэ, дьарык, өссө төгүл үлэ, үлэ, үлэ... Оччоҕо эрэ киһи үрдүк чыпчаалга ситиһиилээх буолар. Ычата кыра киһи, тугу эрэ кыраны ситиһэн баран тохтоон хаалар, бэрдимсийэр, улуутуйар. Киһи олоҕун тухары, иннин диэки кыайыы-хотуу түстүөхтээх, үрдүккэ-чыпчаалга туруулаһыахтаах, кырдьыгы эрэ өрө тутуохтаах. Мин тус бэйэм олохпор олус көнө, куруутун баары эрэ этэр, оҥорор буолан элбэх моһоллору көрсө сылдьыбытым. Олимпиецпын диэн хаһан да куоһурдаммат, бардымсыйан дьону сирэйгэ-харахха анньыбатаҕым. Хараны хара, үрүҥү үрүҥ диибин.

- Эһигини, тустууктары, прототип оҥостон устубут, Олег Марков "Доҕотторум бука бары...” диэн уус-уран киинэтигэр биир түгэн баар. Биир уол интернакка саҥа кэлэн баран төттөрү бара сыһар, ол эн тускунан көстөр. Ол баар кырдьык дуо?


- Кырдьык оннук түгэн баар этэ. Бастаан утаа кэлбиппэр тургутан көрдүлэр. Дмитрий Петрович уолаттары кытта туһуннаран көрдө. Ол кэмҥэ оҕолор дьарыктаммыттара син балай да буолбут этэ. Мин, дьэ, утуу-субуу кыайтардым да киирсэ турабын, абата да бэрт. Хапсыһыылар кэнниттэн Коркин ыҥыран ылан эттэ: "Дьэ, доҕор, дьиэҕиттэн тугу да аҕалбатаххын. Чэ буоллун, эн сотору СССР чемпиона буолуоҥ. Быйыл Союһу ылыахпыт”, - диэбитэ. Петрович мин сатабылбын, кыахпын, дьарыкпын көрөн, дойдутугар тустуу албастарын үөрэппэтэхтэр, ситэри дьарыктаабатахтар диэн итинник эппит.. Ону мин кэһиитэ суох кэлбиккин диэн өйдөөн олус хомойдум. Дьэ, онно төттөрү дьиэбэр барыыһыкпын диэн таҥаспын хомуна сырыттахпына, уолаттар киирэн: "Петрович чемпион буолуоҥ диэбит буоллаҕына, хайаан да чемпион буолууһугун. Барыма, кини кырдьыгы эрэ этэр”, - диэн өйдөтөн биэрдилэр. Сотору кэминэн, дьарыктанан баран сайын оҕолорго Союз чемпиона буолары ситиспитим.

- Онтон билиҥҥи кэмҥэ тоҕо саха тустуута үрдүк ситиһиилэрэ суоҕуй? Олимпиада чыпчаала кыайтарымаары гынна дуо?

- Билигин да кыахтаах оҕо, ыччат элбэх. Саха урааҥхайа уһугуннаҕына барытын кыайыан-хотуон сөп. Биһиги ону илэ бэйэбитинэн оҥорон турардаахпыт. Сөптөөх дьаһал, тэрээһин суох. Ханнык баҕарар эйгэҕэ таһым, кэм-кэрдиис диэн баар. Холобур, оскуоланы ылан көрүҥ. Оҕо оскуола иннинэ оҕо саадыгар сылдьар, онно иитээччилэр үлэлииллэр, онтон оскуолаҕа киирдэҕинэ, алын кылаастарга диэн туспа идэлээхтэр үөрэтэллэр, онтон салгыы отой туспа учууталлар үөрэтэллэр. Оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэх кыһатыгар быдан атын программа, атын үөрэтээччилэр. Ол аата, оҕо, киһи улаатан истэҕин аайы атын-атын таһымҥа үөһээ тахсан, сайдан иһиэхтээх. Онтон биһиэхэ тустуубутугар хайдаҕый? Отой да оҕо сааһыттан дьарыктаабыт дьоно улаатыар, кыаҕырыар диэри сосуһа сылдьаллар. Оскуола оҕотун дьарыктыыр таһым уонна улахан спортсмены дьарыктаан таһаарар атын буолар. Ону биһиги дьаһалтабыт өйдөөбөт, ардыгар олох да таһыма, кыаҕа-уоҕа, билиитэ-көрүүтэ суохтары  салайааччы, үөрэтээччи, такайааччы оҥороллор. Сырыыны сылдьыбыт, билиини билбит, өйүнэн-санаатынан үрдүк, этинэн-хаанынан бэйэтэ барытын билбит киһи салайыахтаах дии саныыбын. Аат-суол диэни былдьаспакка, батыспакка эдэр, эрэллээх ыччаты үрдүкү таһымҥа салгыы утааран иһиэхтээхпит. Коркин Дмитрий Петрович улуута итиннэ сытар, оҕону сөпкө көрөн, талан ылан дьарыктаан баран салгыы атын тренердэргэ, атын киэҥ сиргэ, үөһэ таһымҥа атааран иһэрэ.

Таһыма суох дьону дьаһалтаҕа олордон дьиҥ үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо кыахтаах, ааттаах специалистары таһаарбаттар. Саха тустуутун сайдыбат сүрүн содула ити сытар. Өссө төгүл этэбин, саха ыччата урааҥхайа киирдэҕинэ, кыахтаах, күүстээх кыайыыны-хотууну өрөгөйдүө диэн бигэ эрэллээхпин.

- Олоххор туохтан эмэ кэмсинэ саныыгын дуо?

- Тренербин Коркин Дмитрий Петровичтыын кэнники кэмҥэ ситэри алтыспатахпын, кыаллыбатаҕын кэмсинэбин. Уонна олохпор туохтан да кэмсиммэппин.

-  Спорт политикаҕа туох сыһыаннаах дии саныыгын?

Сорохтор спортсмен буоллуҥ да туохха да олох атын өттүгэр сыһыана суох дии саныыллар. Ити сыыһа өйдөбүл спорт эйгэтэ куруук дойдуҥ туһугар дьаныардаах дьарык, сылаалаах үлэ түмүгэр кыайыы өрөгөйүн билэҕин, ыарахаттары туораан үрдүкү чыпчаалга тахсаҕын. Бу манна, элбэх холобуру аҕалыахха сөп. Ол курдук, Алквиад Иванов-Россия икки төгүллээх чемпиона, СССР спордун маастара уонна медицинскэй наука доктора, Николай Гоголев –  Россия бастакы чемпиона, СССР спордун маастара уонна историческай наука доктора, Николай Алексеев – Россия призера, бэтэрээннэргэ аан дойду чемпиона, СССР спордун маастара уонна математическай наука доктора, Георгий Балакшин – Европа боксаҕа чемпиона, Россия хас да төгүллээх чемпиона, спорт маастара, билигин народнай депутат.  Аҥардас да дойдубут салайааччыта, Владимир Путин  - спортсмен бэрдэ, икки көрүҥҥэ: самбоҕа уонна дзюдоҕа спорт маастара. Ити элбэҕи этэр. Бу тиэмэ, дьиҥинэн кылгастык сатаан быһаарыллыбат.

- Тус бэйэҥ урааҥхай саха быһыытынан дьиэ-кэргэниҥ туһунан сэһэргээ эрэ. Аныгы олох урааҥхайа эн көрүүгэр хайдах буолуохтааҕый?

 - Саха эрэ буолбатах, киһи-аймахха бука барыларыгар дьиэ кэргэн диэн сүрүн суолталаах. Эр киһи быһыытынан куруук булчут, сэрииһит буолан буолан төрөөн инники күөҥҥэ сылдьаҕын. Онно эн кэннигэр кытаанах, эрэллээх, чугас дьонноох эрэ буоллаххына, ситиһиилээх, кыайыылаах-хотуулаах буолаҕын. Өскөтүн туга да суох, атах балай сырыттахха, оннук киһи санаата да кэхтэр, күүһэ да эстэр. Атастар, аймахтар тустарынан атын кэпсэтии. Дьиэ-кэргэниҥ маҥнайгы кэккэҕэ туруохтаах. Дьоллоох буолуоххун баҕардаххына, баар-суох чугас дьоҥҥун бастаан дьоллуох тустааххын, дурда-хахха буолуохтааххын. Кэргэнэ, оҕото суох мин олохпор кыайыыларым суолтата да суох буолуохтара этэ. Онтон урааҥхай быһыытынан этиэм этэ, билиҥҥи аныгы олох очурдара уол оҕоҕо улахан охсуулаах буолар. Эт-хаан өртүнэн мөлтөх киһи ис туруга кытта алдьанар. Оннук ыччат элбээтэҕинэ, омук эстэр кутталлаах. Дьиҥ урааҥхай саха оҕотун  кыра эрдэҕиттэн киһилии сиэр-туом тутуһан, үчүгэй быһыылаах-майгылаах гына иитэн таһаарыахтаах. Ол курдук, чөл олох, ыраас эйгэ, туһалаах ас, айылҕаҕа харыстабыл, бэйэ-бэйэни ытыктааһын, төрөөбүт дойдугун, дьоҥҥун-сэргэҕин көмүскээһин буолар. Инники олохпутун бэйэбит быһаарынарга туруулаһыах тустаахпыт.

- Кистэлэҥ күүс диэни эн хайдах өйдүүгүн? Оннук өйдөбүл баар дуо?

- Кистэлэҥ күүс киһиэхэ барытыгар баар. Мүччүргэннээх кэмҥэ, алдьархай ааҥнаатаҕына ол күүс биллэр дии саныыбын. Ыарахан түүрүллэр кэмҥэр туһалыан сөп. Күүс олоҕуҥ тухары мунньуллан сылдьар. Ону эн биллэрбэккэ, көрдөрбөккө сылдьыахтааххын. Ол иһин кистэлэҥ күүс буоллаҕа. Киһиттэн тутулуга суох, спортсмен буол, артыыс буол, булчут буол, учуутал буол, айылҕаттан бэриллибит сүдү күүс-кыах. Ким эрэ ону таба туһанар, ким эрэ суох уонна араас хайысханы талбыккыттан, ханнык хайдах сырыыга түбэспиккиттэн тутулуктаах.

- Кэнники кэмҥэ сахалар итэҕэлбит суох буолан иллээх, сомоҕоһуулаах буолбатахпыт диилэр. Итэҕэл туһунан тус бэйэҥ туох дии саныыгыный?

- Итэҕэл диэни ылан көрдөххө биир өттүттэн уустук да, атын өттүттэн судургу да буолуон сөп. Хас омук аайы, олорор сириттэн, сиэрин-туомун, өй-санаа өттүнэн (менталитет) син биир араас буолар. Түҥ былыр киһи аймах бастатан туран олоҕо-дьаһаҕа айылҕаттан улахан тутулуктаах этэ. Хайдах дьыл буолара, тымныы дуу, итии дуу, өҥ дуу, кураан дуу. Киһи барахсан уот оттон аһын буһаран, олбох аттыгар иттэн аһаан-сиэн киһи хара буоллаҕа. Ол иһин уокка, күҥҥэ сүгүрүйүү, айылҕа күүһүн ытыктыы олордохторо.

Биһиги сахалар отой түҥ былыргы итэҕэли илдьэ сылдьыбыт дии саныыбын, ол аата Айыы Таҥараҕа итэҕэл, айылҕаҕа сүгүрүйүү. Онтон ити билиҥҥи тарҕаммыт улахан итэҕэл хайысхалара бары биир силистээхтэр (христианство, буддизм, ислам).

Атын омуктар бэйэлэрин бөлүһүөк дьонун, чараас эйгэни, айылҕаны кытта алтыһар ойууттарын Таҥара дьоно диэн проповедник оҥостон, итэҕэллэрин дьону түмэр үөрэх оҥостоллор. Биир халыыпка киллэрэ сатыыллар дии саныыбын. Итэҕэл хас киһиэхэ бэйэтигэр баар, ханна эрэ кый ыраах халлааҥҥа көтө сылдьыбат. Айыы Таҥара оҥоһуута оннук. Киһини айарыгар хара маҥнайгыттан дьоҥҥо ис турук, кистэлэҥ күүс  укпут буолуохтаах. Ону киһи олоҕор бэйэтэ уһугуннаран, өйдөөн кэлиэхтээх. Мээнэҕэ эппэттэр дии: аан дойдуга итэҕэл, эрэл, таптал баар буоллаҕына үтүө-кэрэ тосхойор диэн. Бастакы итэҕэл турар. Айыылары айхаллыы, иччилэри ытыктыы, сиэри-туому тутуһан олоруохтааххын. Айылҕаҕын, сиргин-уоккун, төрөөбүт дойдугун, дьоҥҥун-сэргэҕин харыстыы, арчылыы сырыттахха иллээх, эйэлээх уонна итэҕэллээх буолаҕын.

- Александр Николаевич, сиһилии сэһэргэһииҥ иһин махтал. Ааҕааччыларга туһаайан тугу этиэҥ этэй
?

- Ааҕааччыларга, бука барыгытыгар, баҕарыам этэ бэйэ-бэйэҕитигэр тулуурдаах, амарах сыһыаны. Самаан сайыны ураанхай саха быһыытынан этэҥҥэ оттоон-мастаан, бултаан-астаан, эйэ дэмнээхтик кыһыҥҥа бэлэмнэнин! Таһаарылаахтык үлэлээн, чөл олоҕу тутуһун, кырдьыгы батыһыҥ.

 

Кэпсэттэ Тургун Попов
 
Category: Спорт | Views: 2249 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024