Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Балаҕан ыйа » 5 » Былааска норуоттан тахсыбыт, дойдутун, республикатын, дьиҥ норуот, төрүт олохтоохтор иһин туруулаһар Василий Горохов курдук талыы дьон тах
Былааска норуоттан тахсыбыт, дойдутун, республикатын, дьиҥ норуот, төрүт олохтоохтор иһин туруулаһар Василий Горохов курдук талыы дьон тах
08:26
Уһук хоту дойду хоһуунун кытта санаа үллэстии
 Уххан.:
 - Горохов Василий Алексеевич Усуйаана орйоуонун Сайылык нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ; аҕата Горохов Алексей Христофорович прокурорунан онтон Силээннээх оскуолатын директорынан үлэлээбитэ. Ийэтэ Николаева Мария Васильевна быраас этэ.
 Василий Алексеевич СГУ бүтэрэн, физика-математика учууталынан онтон оскуола директорынан, Силээннээх сопхуос ЖКХ-тын начальнигынан, 1992-2012сс. Силээннээх МО баһылыгынан 20 чэ сыл үлэлээтэ.
 «Государственнай,уонна муниципальнай салайыы» куурустарыгар үөрэнэн иккис үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ
 СР норуоун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СР муниципальнай сулууспатын туйгуна

 Дойдутун туһугар тутулуга суох туруулаһар, бигэ көрүүлээх, халбаҥнаабат хайысхалаах  В. Горохов курдук уопуттаах, бэйэтин кыаҕын көрдөрбүт норуотан тахсыбыт киһи баһылык да , депутат да буолуохтаах дии саныыбын.
 Саҥа үйэ - саҥа дьону, салайааччылары үөскэтэр. Билиҥҥи кэм бары кубулҕатын сатаан ырытар, ону ааһан өйдүүр, кини ыар тыынын уйар, туруорар моһоллорун хайдах туорууру билэр, уһук хоту дойду олоҕун кыһалҕатын, кыһарҕанын этинэн-хаанынан аһарбыт эрэ киһи, бу, кыһалҕата күн-түүн өссө эбии элбээн иһэр улууһу салайар, сайыннарар кыахтаах.
 Туруорбут сыалы-соругу толорууга амарах, кимиэхэ баҕарар аһаҕас , аһыныгас уонна ирдэбиллээх, дьулуурдаах, кытаанах буолуу - биир үрдүк таһымнаах салайааччыга түмүллүбүтэ, сэдэх буолааччы. Итинник хаачыстыбалар биир киһиэхэ түмүллэн, салайар үлэҕэ-хамнаска быһаччы туһалыылларын олох бэйэтэ көрдөрөр. Кини үгүс сыл устата нэһилиэк салайааччытын быһыытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан кэллэ. Кинини кытта сана үүлэстиэҕиҥ
.

 Василий Горохов:
 -Билиҥҥи быыбардар олохпут инники кэскилин , сайдыыны түстүүргэ улахан быһаарар оруоллаахтар, Россияҕа , аан дойдуга  да буола турар быһыыны-майгыны кытта ситимнээн көрүөххэ наада. Баһылыгы да талыы, Ил Түмэн депутатын талыы да буоллун.
 Республикабыт, улуус , нэһилиэк да буоллун инники кэскилэ, кини бюджетын дохуота үбүнэн-харчыннан өлгөмнүк туолуутуттан тутулуктаах.
 Оттон олохпут күннээҕи кыһалҕатын да, кэскиллээх былаанын да толорор үп –харчы  быһылыыр үгүс өртө биһиги сиртэн хостонор баайбытыттан кэлэр.
 Кэлиҥҥи уонча сылга, сокуон да, быраап да өртүнэн барыта төттөрү түһүү, ыһыктыы, атыыланыы диэкки бардыбыт. Ситэриилээх былаас Штыров В.А уонна кини хамаандата, Ил Түмэн 3-4 ыҥырыылаах депутаттара , республика төрүт олохтоохторун сирбит баайыгар бырааппытын мэктиэлиир сокуоннарбытын барытын суох онордулар, атыылаатылар.
 70 депутааттан 50-чатата хостуур промышленность бирэстэбиитэллэрэ, тойоторо, уонна онно атыыламмыт дьоннор этилэр. Кинилэр бары «ЕР» партия чилиэннэрэ. Ил Түмэн – норуот былааһын – ситэриилээх былаас юридическай отделыгар кубулуттулар. Ил Түмэн контрольнай функциятын кытта сүтэрдэ.
 Сир баайын, республика активын атыылаабыт харчыларын бюджет таһынан фондаларга ыытан, туох да норуот (Ил Түмэн) хонтуруола суох айбардыы олороллор.Сүнньэ суох парламен бэйэтин боломуочуйаларыттан аккаастаммытыгар тэҥнээх.
 
Билигин, бу сокуоннайа суох республика экономикатын хааччыйар активын атыылааһыны, онно сөп түбэһиннэрэр сокуоннары  хоһуттан көрүүнү, Ил Түмэҥҥэ хонтуруоллуур функциятын толору төнүннэриини ситиһиини туруулаһыы наада.
 Ол наадатыгар биһиги сирбит баайын хостуур промышленность бары салааларын кытта аһаҕас кырдьыктаах, баттааһына , албыннааһына суох сыһыаны хааччыйары ситиһиллиэхтээх. Республика улуус дохуотун элбэтэргэ бу тэрилтэлэр ханна баар сирдэринэн, улууска, республикаҕа юридическайдык  регистрацияланалларын, нолуогу онно төлүүллэрин ситиһиллиэхтээх.
 Иккиһинэн мегапроктарга, сиртэн хостуур промышленноска олохтоохтору кытыарыыны, кинилэри үөрэтиини ,үлэҕэ ылыыны олохтоох сокуонунан мэктиэлээн туран хааччыйыллыахтаах.
 Үсүһүнэн бу тэрилтэлэр хостуурга лицензия ылыыларын, онно киирбит сөбүлэһиилэрин, (чуолаан айылҕа харыстабылыгар) норуот хонтуруолугар ылыыны тэрийиллиэхтээх. Инньэ гынан бюджет дохуотун үрдэтэн,  социальнай гарантиялары толоруохпутун, хамнаһы урдэтиэхпитин, суол оҥоһуутугар, благоустройствоҕа, эргэ дьиэлэри саҥардыыга, саҥа дьиэ тутуутугар, кыра бизнескэ көмөлөһүүгэ о.д.а ситэри туһаныахпытын сөп буолар
 
Бюджет 80% нын олохтоох бэйэни салайыныыга биэриэххэ
 Бюджет харчыта миэстэтигэр үлэлиэхтээх, туһаныллыахтаах.
Тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр 8 млрд. солк тыа сирин олохтооҕор 2 эрэ млрд. тийэр диэн этэллэр. Бу барыта, көрүллэр харчыны кииҥҥэ биэриитэн, Минсельхоз буолар буолбат араас тэрилтэлэринэн бу харчыны аһарыыттан тахсар, коррупцияны үөскэтэр.
 Конистутиционнай бэрээдэги олохтооһун наада.
 Тутулуга суох парламены талыахпытын наада. Улахан тэрилтэлэр салайааччылара, үөһэттэн баай хостуур тэрилтэлэртэн « тутулуктаах, кинилэр тустарыгар кыһаллар» депутааттары, баһылыктары талымыахпытын наада. Норуот интэриэһигэр туруулаһар, баһылыктары, депутааттары талыахтаахпыт
«Единэй Россияҕа » киирэр билиҥҥи былаас, дойду баайын атыылааһынынан, олигархтар интэриэстэрин көрүүннэн дьарыктанан кэллэ.
 . РФ Конституциятын 9 ыст. 1 ч. этиллэр: «Земля и другие природные ресурсы используются и охраняются в Российской Федерации как основа жизни и деятельности народов, проживающих на соответствующей территории».

 Оттон биһиги туохтаахпытый?
 Уххан:    Итиҥҥэ мин холобур аҕалабын:

 Николаев кэмигэр «барытын бэйэбитигэр» диэн этэ, сокуоммут бэйэбит туһугар үлэлиирэ.Штыров кэмигэр «барытын бэйэбититтэн» диэн буолбута.
 Сокуоммутун Россия туһатыгар көннөрүү барда. «Эдиинэйдэр» диэн партия былааска кэлбитэ.
Бастатан туран конституциябыт РФ конститутциятыгар сөп түбэһиннэрии диэн ааттаан көннөрүлүннэ.
Иккиһинэн сувереннай республика быһыытынан түһэрсибит федеративнай дуогабардарбыт тохтоотулар.
Үсүһүнэн РФ уонна СР икки ардыларыгар боломуочуйалары үллэстиигэ түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр уларыйдылар. Барыта Россия киэнинэн буоллулар.
 122-с уонна 131-с федеративнай сокуоннары ылыыннан СР бэйэтэ быһаарар, дьаһайар кыахтарын сүтэрдэ. Былаас, дьаһайыы, ыйаах, уураах барыта Москваттан кииннэннэ, сүрүннэннэ. Түмүгэр губерния бырааба бырааптанныбыт. Алларааттан ол аата биһиги республикабытыттан тахсар инициатива үөһэттэн быһаччы тохтотуллар механизма оҥоһулунна.
 
Россияҕа сиртэн хостонор баайы хонтуруоллааһын федерацияҕа көһөр. Маны хостооччулар, туһанааччылар - олигархтар структуралара буолар. Кинилэр ситэриилээх былааһы ылан олороллор. Сокуон оҥорор норуот былааһыгар үгүс депутааттардаммыттара.
 Сокуоннары көннөрөн, көннөттөрөн баран, аны сирбитин, сирбит баайын, сир баайын дьаһайыыны барытын бэйэлэрин илиилэригэр ылбыттара.. Билигин олохтоох былаастан, нэһилиэнньэттэн эн сиргэр кэлэн сир баайын хостуулларыгар, лицензия ылалларыгар көҥүл да көрдөөбөт буоллулар. Ол-бу компенсация, төлөбүр да көрүллүбэт.
 Конкурс тохтоон аукциону Роснедра бэйэтэ ыытар. АЛРОСА-Ньурбаны тэрийэллэригэр лицензия иһин 10% акцияны улуус олохтоохторугар диэн ылбыттарын курдук, ол билигин суох буолла. Олохтоохтор сиртэн хостонор баайга бырааптара сүттэ.
 Билигин Саха сирин баайын атыылааһын, үллэстии бүтэн эрэр. Ханна илдьэн, хайдах атыылыыллара быһаарыллан, ону таһарга тимир суол, нефть, гаас турбата, уоту атыылыырга электролиния тардыыта саҕаланна. Ону мегапроектар диэн ааттаатылар.
 Сири ким бас билэр, ол хаһаайын
 Государство буоларга төрдө сиргэ сытар. Сирдээх буолуохтааххын. Бас билэр сирэ суох государсво, суверенитет диэн суох.
2000 с. дылы Ельцин-Николаев саҕана сирбит барыта биһиэнэ этэ. Сир баайа эмиэ, сороҕо стратегическай диэн өртө РФ кытта биир бас билии этэ. Сир баайын хостооһуҥҥа, дьаһайыыга «икки күлүүс» диэн, ол аата иккиэн кыттыһан, сүбэлэһэн, сөбүлэһэн быһаарыыбыт баара. Президеммит хостоммут алмаас 20% бэйэтэ атыылыыр бырааптааҕа. АЛРОСА акциятын улахан өттө биһиэхэ этэ.
 Онон республикабыт саламтата республика туһатыгар туга баҕарар оҥотторор кыахтааҕа. Улуустарга 8% Алроса акцията, Алмазы Анабара 46% акцията, АЛРОСА-Ньурба -10%, көмүс, чох, нефть, гаас, тимир суол о.д.а сиртэн хостонор баайдар аакцияларын үгүс өртүн республикабыт бэйэтин илиитигэр тутан олорбута.
 Бу балаһыанньа биһиги сувернитеппыт экономическай төрдө этэ. Күн бүгүн бу барыта атыыланна, республика сиртэн хостонор баайыгар, ону атыылаһан ылан хостуур улахан, кыра хампаанньаларга бэйэтин услуобуйатын этэр, дьаһайар, дьарыйар да кыаҕын сүтэрдэ.
 РФ бары сирин 2006 с. кадастрынан сыанатын 23,6 трлн солк. диэн быспыттара.(манна сир баайа ахсааҥҥа киирбэт)
 
СР 3 мөл. 103 тыһ. кв. км сирбит услуобунай кадаастрынан сыанатын 4,2 трлн. солк. диэн быспыттара.
 Маны таһынан «саппаас сирдэр» диэннэр бааллар олор сыаналара биллибэт.
 2001 с. биһиги сиргэ уонна сир баайыгар сыһыаммытын тосту уларытар Федеральнай сокуоннар ылыллаллар. Уонна Москваттан ананан кэлбит прокурордар ыйыыларынан СР сокуоннарын РФ сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрии ыыттыллар.
 Айдааннаах, хас сүүстэ көннөһүллэр «закон о недрах», «Сир», «Ойуур», «Уу» кодекстарын саҥа варианнара, «Сири туһаныы» саҥа редакцията, «Сири бас билиини тыырыы» уо.д.а сокуоннар тахсыбыттара. Бу сокуоннарга элбэх көннөрүүлэр киллэрилиннилэр.
 Ил Түмэн депутаттара манна үлэлээтилэр, өссө да киирсиэхтэрэ. Бу республика тыын боппуруостара быһаарыллар кэмигэр ким кимэ, туох туга ырылхайдык көһүннэ.
 Ил Түмэҥҥэ икки аҥыы хайдыһыы үөскээтэ. Партиятыттан тутулуга суох. Судургутук быһаардахха, саха сирин төрүт олохтоохторун туһатыгар, сокуону, баайы, быраабы хааллара сатааччылар (олох аҕыйах) уонна промышленнай капиталтан, былаастан, эдинэй партияттан тутулуктаах барытын биэрэ, атыылыы сатааччылар (баһыйар үгүс) диэҥҥэ.
 АЛРОСА , олигархтар тэриллиилээх сируктуралара республиканы барытын бас билэн, ыйыстан бүтэрэн эрэллэр. Ситэриилээх былаас, эдиинэй партия киниэхэ үлэлиир, норуот былааһын Ил Түмэни бу сырыыга өссө эбии баһыйар үксүн ыларга күүскэ туруннулар.
           Бүгүҥҥү туругунан саха сирин 99,8% киин бас билиитигэр барда диэн этиэххэ сөп. Ол аата саха сирэ государственностаах диирбит кураанах тыл буолан таҕыста.
 
          Биһиэхэ «поселениелар» - бөһүөлэктэрбит турар сирдэрэ уонна «селхозугодия» - оттууур, мэччирэҥ сирдэрбит эрэ уруккутааҕар өссө сарбыллан хааллылар. Онтубут барыта 637,2 тыһ га эрэ буолар. (уруккута бу анал сирдэр иэннэрэ 308 352,3 тыһ.га этэ) Ол аата сирбититтэн 0,2 % эрэ! Ол сирбит кадастрынан сыаната 8,4 эрэ млрд.солк. буолар.
 Атыылаан кэбиспит «Якутуголь» диэн тэрилтэбит 2006 с. выручката 15,43 млрд.солк этэ. Тэҥнээн көрүҥ, тэрилтэ сыл аҥаардааҕы чоҕун сыаната. Сарбыллыбыт сирдэргэ туох баара буолуой, сир баайа буоллаҕа
        Хаалбыт 0,2 % сирбит биһиэхэ саамай күндү баайбыт буолла. Атына барыта РФ эрэ бас билиитэ диэн. Онно иккиэн кыттыһан дьаһайыы, бас билии, «икки күлүүс» эҥин диэннэр тохтообуттара..
 
        Биһиги республикабыт саламтата дьаһайар сирэ суох хаалан 2006 с. бэс ыйыгар муниципальнай сирдэри дьаһайыыга кыттаары анал ыйаах таһааран киин куорат сирдэрин дьаһайар быраабы бэйэтигэр сурунар. Онто 103 тыһ. га эрэ сир. Кини маны 4,3 трлн. солк. сыаналыыр. Ол аата урукку саха сирин барытын кадастрынан сыанатыгар тэҥнэһэр. Куоракка сир сыаната күн-түүн үрдээбитинэн барар, өссө да 3-5 төгүл үрдүүрэ күүтүллэр.
        Татарстан, Башкортостан курдуктар сирдэрин 18% уонна 12%-рын хаалларыммыттара. Кинилэр сирдэрин арендалаан, атыылаан сылга 10-ча млрд.солк бюджеттарыгар киллэринэллэр (Онтон олохтоох бюджеттарыгар 3-гыммыт 1-рэ киирбит). Биһиэнэ сылга 100- чэ эрэ мөл. солк. Хайдах бэйэлэрин турууласпыттара мантан көстөр. Сир актива барда.
 Нолуогунан байбыт дойду РФ суох.
         Сир баайын хостооһунтан нолуок ылан сахалар байыаххыт дииллэр.
Эдинэйдэр Госдумаҕа 2017 с. дылы Илин Сибииргэ сир баайын хостооччулары нолуоктан босхолообуттара. Неби хостооһун нолуогуттан республика НДПИ 5% эрэ ылар кыахтаах. Хостуур тэрилтэлэр «Сургутнефтегаз» курдуктар атын сиргэ регистрациялаахтар. Билиҥҥи нолуок кодексыгар гаас хостооһунуттан НДПИ регионнар тугу да ылбаттар диэн сурулла сылдьар.  Атын республикалар экономическай активтарын биһиги курдук маассабайдык атыылаабаттар. Ордук киллэрбит дохуоттарын государствоҕа иэстэрин кыччатарга ыыталлар.
 Татарстан, Башкорстан РФ -ҕа донор буола олороллор. Кинилэр нефтэрин, сиртэн хостонор баайдарыгар федеративнай дуогабарынан аахса олороллор. Оннооҕор омуктарын аатын пааспарга киллэрэргэ дуогабарынан илии баттаабыттара.
        Саҥа ГЭС-тэри 2015 с. тутан бүтэриэхпит диэбитэрин кэтэһэбит, кинилэртэн дохуот киириэ ыраах.
         Уран хостооһуна 2018 с. толору бородууксуйа биэриэхтээх. НДПИ ураҥҥа -- 8%. Син харчы киириэн сөп. Маны стратегическай категорияҕа киллэрдэхтэринэ нолуоктан эмиэ матабыт. Онон республика баайын барытын ыһан-тоҕон, атыылаан баран нолуогунан байыахпыт диэһин албын.
            Көстөрүн курдук, республика бюджеты оҥорор бөдөҥ тэрилтэлэрин, сирин сүтэрдэ. Бюджет таһынан киирэр харчыны үксүн федерация дьаһайар. Сирбит баайын бас билэр, хостуур, хоро таһан атыылыыр улахан да кыра да корпорациялар саха сирин баһылаатылар. Респуликаҕа сылга 50- ча тыһ. киһи үлэ көрдөөн кэлэр буолла. Биһиги инникибит кинилэр ыытар политикаларыттан быһаччы тутулуктанна.
 Республика сүрүн активын атыылаан баран кинилэртэн, (АЛРОСА курдук монстрдартан) тутулуктанныбыт. Биһиги Олигархтар, АЛРОСА бас билэр подсобнай хаһаайыстыбатыгар кубулуйдубут. Республика бэйэтин сиригэр, сиртэн хостонор баайыгар бэйэтэ политика ыытар кыаҕын сүтэрэн эрэр.. Республика экономикатын төрдүн сүтэрдэ. Сырьевой холуонньаҕа, губернияҕа кубулуйда!
Россияттан ыытыллыбыт неоколониальнай политика түмүгэ итинник.
 

Василий Горохов:
 - "Единэй Россия" кризиһэ буолла.
 Бу быыбарга админресурсаны да, фальцификацияны да туһанан 40 % -ны ылара саарбах. Кинилэр түһүүлэрэ  - тыллара дьыалаттан арахсыыта, олох уйгутун таһыма үрдээбэтэҕэ, республика экономическай төрдүн атыылаан, бюджет кырыымчыгар тийэрдиилэрэ буолар..
 Уларыйбат чилиэннэрдээх «Единэйдэр» былааһы кимиэхэ да туран биэриэхтэрин баҕарбаттар.
 Дойдулаах киһи мин дэниитигэр, ылыллыбыт ситиһиилэри ыһыктыбат буолууга, кэтэх бас билиилээх промышленность дьаһалыгар киирэн эрэрбитин быһааран биэриигэ үлэ барыахтаах. Манна тыл, итэҕэл ,төрүт култуура, тыа сири олоҕо, баайтан тииһинии уонна ону дьаһайсыы боппуруоһа кэхтэр суолга киирэн эрэрин аһаҕастык быһаарыахха.
 Россия бэйэтин субьектарын бырааптарын ,, төттөрү хомуйар,, кэмигэр сөп түбэстэ. Манна кистии - саба атыыланыы, ылыммыт эрэннэриилэртэн аккаастаныы, сөп түбэһэ сатааһын политиката аһаҕастык барбыта. Николаев кыайтарыыта, Штыров кэлиитэ – СР бэйэтэ государстволаах , көҥүл буола сатааһыныгар кыайтарыыны , былааска баайдар, сиртэн хостонор баайбытыгар ымсыырааччылар кэлиилэрин кэрэһилээбитэ. Саха сирин баайын үллэстии дьиҥнээхтик саҕаламмыта.
 Сир баайын олохтоохтор бэйэлэрэ эрэ хостоон туһаҕа таһаарар кыахтара суох. Ол иһин урукку  президеммит Николаев айылҕаны туһаныыга ситиспит рентатын төттөрү ситиһиэхпитин наада.. Сиртэн хостонор баайы туһаныы бырааптарын саха сирин олохтоохторугар төнүннэриэхтээхпит.
 Оччоҕо эрэ  кэлэр көлүөнэ сир баайын хостооһунтан тыыннаах харчыны оҥорон туһаныахтара.
 
 Биһиэхэ ЗАО "Сарылах-Сурьма"  уонна ОАО "Звезда" продукциятын 70-80:% Англия уонна Америка диэкки атыылыы олорбуттара.; 2007 с бүтүүтэ Виргинскэй арыыларга регистрациялаах Россия "ГеоПроМайнинг лтд" диэн фирматыгар атыылаан кэбиспиттэрэ. « Саха нефтегааһы» эмиэ ити арыыга регистрациялаах биир киһи бас билиитигэр атыылаабыттар.
 Дьэ манны  хайдах миэстэтигэр регистрациялаан элбэх нолуогу ылары ситиһэбит?
 Элбэх көмүс хостонор, ону дьиҥнээҕин көрдөрбөттөр нолуоктан куоттарыы элбэх.
 Салгыы маннык бардаҕына, бэйэни дьаһаныы урукку автаномия бырааптарыгар төттөрү түһэрэ көстөн турар суол буолла. Бу төттөрү түһүүгэ көннөрү уобалас, губерния, Россия биир сырьевой придатога буолабыт дуо?
 
Уххан:
 Сахалар тустарыгар биир да ситиһии оҥоһуллубата. Саха өтөрүнэн хайдыспатаҕын курдук хайдыста. Саха туһугар үлэлиир биир да толуктаах хамсааһын хаалбата. Киин партияларга сөп түбэһэ сатыыр түмсүүлэр элбээтилэр.
Ити курдук барытын таҥнары тутан баран, ,,саха боппуруоһун,, сымнатарга тыа хаһаайыстыбатыгар уруккутааҕар элбэх үбү көрөн сахалар санааларын бэйэлэрин күннээҕи кыһалҕаларын тупсарыыга туһулаата. Элбэх үп көрүллүбүтэ онтон кырата эмэтэ аадырыһыгар тийдэҕинэ онуоха маныаха дылы ,,үчүгэй олох кэллэ,, диэн албын санаа тыа дьонун саататыахтаах.

 Василий Горохов:
 Тыа хаһаайыстыбатын  урукку ситимэ, оҥкула, баллыра сүнньүнэн уруккуннан хаалла, ол аата , төһө да харчыны кут, улахан уларыйыы тахсыбата сэрэйиллэр
 Тыа сирин сайыннарыыга  Республика бюджетын 15% тийэ ыыттахха эрэ туох эмэ тахсыан сөп. Итинтэн үгүс өттүн быһаччы тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыга; сүөһүнү, сылгыны, табаны, атын дьиэ кыылын көрөөччүгэ,  балыксыкка, булчукка, оҕуруот, сир аһын үүннэрээччигэ, бородууксуйаны оҥорон таһаарар производстваны тэрийээччигэ Минсельхоз араас посредниктарын араас ГУП тарын, МУП-тарын нөҥүө буолбакка.муниципальнай тэриллиилэр нөҥүө быһа бэриллиэхтээх.
 Анал государство тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйытын тутар закуп фондаларын тэрийиллиэхтээх. Кииннэммит юридичэскэй көмө оҥоһуллуохтаах.

 Уххан:
 Василий Горохов  «Уһук хоту дойду олохтооҕо буолабын!» - диэн туспа үрдүк достоинстволаах уонна үрдүк культуралаах киһи.
 Кини улаханнык опытырбыт салайааччы. Кини билиитин-көрүүтүн саҕахтара кэҥээн, салайар үлэҕэ ньыматыйыыта сайдан истэҕэ дии.             
  Ол да иһин нэһилиэгин уонна кини улууһун олохтоохторун эрэмньитин ылан баһылыкка, ааһа баран Ил –Түмэҥҥэ кандидатын туруордахтара.
  Кини  киһилии  майгытынан  биир  санаалаахтарын  бэйэтин  тула  үмүрү  тардан,  киэҥ  далааһыннаахтык,  дириҥ  толкуйдаахтык,  ырааҕы  өтө көрөн  үлэлиир  тэрийэр  дьоҕурдаах  салайааччы буолуоҕун өйдөөтөхтөрө.
 
Василий Алексеевич ситиспит ситиһиитинэн  уоскуйбат,  бииртэн биир  суолу  көрдөөн, сайдыыны салгыы  илдьэ  турар  ис  туруктаах  киһи.
 Кини тыһыынча киһи  дьылҕатын  бэйэтин илиитигэр  ылан, тоҥмуту ириэрэр,  аччыктаабыты  аһатар, ыарыһаҕы  эмтэтэр,  баҕалааҕы  үөрэттэрэр, үлэһити  үлэнэн, дьиэтэ  суоҕу дьиэнэн  хааччыйар, биир  тылынан  киһи  тыыннаах  буолар усулуобуйатын  барытын тупсарар  сүҥкэн  эбээһинэһи  бэйэтигэр ылынар.
 Улууһугар инники былаана үгүс,  итэҕэл сүктэрдэххитинэ, хайаан да санаабыт санаатын, былааннаабыт былаанын тиһэҕэр тиэрдиэ диэн эрэнэбит. 
 Төһө да дойду олоҕо сатарыйбытын иһин, үүннүүр-тэһиинниир аналлаах тэрилтэлэр күүстэрэ элбээн иһэр. Ону сатаан туһаайан, олохтоохтор араас араҥаларыгар тустаах үлэни ыытарга, идэлээх салайааччы быһыытынан, үлэни биллэ күүһүрдэрэ эрэйиллэр. Ол, кини аныгы кэрдиис үлэтин мүччүрүйбэт соруга буоларын ирдэһиэх кэриҥнээхпит
 Бу  уулууска эмиэ уһук хоту, кырыы сирдэр кыһалҕалара барыта толору баар. Кырыы, уһук сирдэр кыһалҕалара диэн туспа анаан дьарыктаныахха наада диир.
 Былааска норуоттан тахсыбыт, дойдутун, республикатын,  дьиҥ норуот, төрүт олохтоохтор иһин туруулаһар Василий Горохов курдук талыы дьон тахсыан наада.
 



S:

http://uhhan.ru/publ/44-1-0-254

АЛЛАХ НАД ЯКУТИЕЙ - 4 (продолжение)

Сын генерала

Справедливости ради надо сказать, что не все основные коммерческие партнеры В.Штырова кавказцы.
Есть и другие.
Вот интересная история с продажей якутской сурьмы.
27 февраля 2008 года Республика Саха (Якутия) по распоряжению В.Штырова продала ОАО «Сарылах-Сурьма».
Схема была такой:
- ОАО «Сарылах-Сурьма» 29 июня 2005 года, по поручению В.Штырова, выступила перед Министерством финансов Республики Саха (Якутия) поручителем за ОАО «Индигирзолото», которое свои обязательства не выполнила, поэтому на ОАО «Сарылах-Сурьма» легла обязанность по возврату 200 килограммов чистого аффинированного золота,
- для выполнения своих обязательств по этому поручительству ОАО «Сарылах-Сурьма» получила, также по поручению В.Штырова, 12 марта 2007 года кредит в АКБ «Алмазэргиэнбанк» на сумму 55 миллионов рублей (срок погашения кредита – 27 февраля 2010 года),
- также ОАО «Сарылах-Сурьма», по рекомендации В.Штырова, 23 апреля 2007 года получила кредит в ЗАО КБ «ФИА-банк» (Самарская область) на сумму 70 миллионов рублей (срок погашения – 30 апреля 2011 года),
- затем В.Штыров принял решение продать ОАО «Сарылах-Сурьма», условием конкурса стало досрочное погашение обязательств ОАО «Сарылах-Сурьма» перед Министерством финансов Республики Саха (Якутия), АКБ «Алмазэргиэнбанк», ЗАО КБ «ФИА-банк».
ОАО «Сарылах-Сурьма» имеет квоты на экспорт 8,5 тысяч тонн сурьмянистого концентрата, 180,1 килограмма золота.
Перед продажей ОАО «Сарылах-Сурьма» в ее состав было включено ООО «Звезда» (владеет лицензией на золотосурьмяное месторождение Сентачан с запасами около 100 тысяч тонн сурьмы, содержание металла в руде около 25%, уставный капитал ООО «Звезда» составлял 274 миллиона рублей).
Фактическим покупателем ОАО «Сарылах-Сурьма» стала финансовая группа «Промышленные инвесторы», принадлежащая С.Поваренкину. Утверждается, что финансовая группа «Промышленные инвесторы» и ЗАО КБ «ФИА-банк» являются тесно связанными партнерами, что предполагает наличие явного сговора по приобретению ОАО «Сарылах-Сурьма» именно финансовой группой «Промышленные инвесторы».
Как считают финансовые аналитики, цель группы «Промышленные инвесторы», которая позиционирует себя как пятая в СНГ золотодобывающая компания, – консолидация под личным контролем С.Поваренкина и под управлением компании «GeoProMining» золотодобывающих и горнометаллургических активов в России, Армении, Грузии и других постсоветских государствах, для последующей продажи третьим инвесторам через частное размещение или IPO.
Активным деловым партнером С.Поваренкина является один молодой человек, сын одного крупного федерального силовика. Именно через этого молодого человека С.Поваренкин устраивает личные встречи В.Штырова с этим силовиком, в ходе которых обсуждался, например, вопрос об аресте тогдашнего мэра г. Якутска (ныне – губернатора Архангельской области) И.Михальчука.
С.Поваренкин является председателем Совета директоров финансовой группы «Промышленные инспекторы», а президентом является бывший федеральный министр топлива и энергетики С.Генералов, который с участием Ю.Шафраника (бывший федеральный министр топлива и энергетики, ныне – председатель Совета Союза нефтегазопромышленников России) и О.Сосковца (бывший первый заместитель Председателя Правительства РФ, ныне – Председатель Ассоциации финансово-промышленных групп) приобрел контроль над ОАО «Якутскгеофизика».
В активе ОАО «Якутскгеофизика» насчитывается несколько десятков перспективных участков нефти, природного газа и газоконденсата, в т.ч. в Олекминском, Мирнинском, Сунтарском районах «Бирюкский», «Станахский», «Верхневилючанский» и «Сунтарский» нефтегазоносные участки, подготовленные к промышленной разработке.
В начале 2006 года АК «АЛРОСА» приобрела 75,0002% акций ОАО «Якутскгеофизика» у НК «ЮКОС». Впоследствии АК «АЛРОСА» тихо продала эти акции аффилированным структурам С.Генералова.
Эта сделка по передаче ОАО «Якутскгеофизика» под контроль С.Генералова была одобрена В.Штыровым при активном посредничестве С.Поваренкина.

Эта сделка по передаче ОАО «Якутскгеофизика» под контроль С.Генералова была одобрена В.Штыровым при активном посредничестве С.Поваренкина.
Как видим, чтобы обезопасить себя и сохранить свой пост Президента Республики Саха (Якутия), В.Штыров готов отдать многое.
И это – только один из множества примеров реализации В.Штыровым различных схем. Мы эту историю привели только для иллюстрации того факта, что В.Штыров старается заручиться поддержкой крупных федеральных силовиков, поскольку понимает шаткость своего положения.

Category: Выборы | Views: 1535 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 38
Ыалдьыттар (гостей): 38
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024