Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Балаҕан ыйа » 5 » Дьэһиэй сахалара – Красноярскай кыраай Эбэҥки национальнай оройуонугар олорор дьон. Үксүлэрэ – Дьэһиэй күөл кытылыгар, сорохторо Туру (нуучч
Дьэһиэй сахалара – Красноярскай кыраай Эбэҥки национальнай оройуонугар олорор дьон. Үксүлэрэ – Дьэһиэй күөл кытылыгар, сорохторо Туру (нуучч
22:44
http://www.kyym.ru/index.php/news/10068-2013-09-03-03-44-54
 Дьэһиэй сахатын кэпсээнэ
03.09.2013 13:42 | Автор: Альберт Капрынов |
 Соторутааҕыта "Кыым” "хаппарыгар” "Тас сахалар” диэн матырыйаалы таһаарбыппыт. Дьэһиэй, Үт, Лаамы (Охуоскай), Магадаан, Амыр сахаларын туһунан этэ.
Дьэһиэйдэр, көр-күлүү курдук эттэххэ, бэрт өһүргэс дьон эбиттэр. Матырыйаал тахсаатын кытта Саха сиригэр кэлэн бардылар. Нэдиэлэ кэриҥэ буоллулар.
Куорат эргиннээҕилэр, баҕар, билэргит буолуо, Ньукулай Оһоҕостоох диэни. Урут, 1980-с сыллардаахха, Жатай балыыһатыгар быраастыы сылдьыбыт киһи. 1953 сыллаах төрүөх. Кини улахан уолун Дьокуускайга үөрэххэ аҕалбыт. Ону түбэһэн кэпсэттим.
Эрдэтинэ этиэм этэ, Николай Данилович бэрт сэмэй, аҕыйах саҥалаах киһи эбит. Онон кэпсэтии эмиэ ол сиэринэн эрээри, аймахтарбыт Дьэһиэй сахаларын олохторун-дьаһахтарын туһунан балай эмэ үтүө да, мөкү да сонуну кэпсиир.
Суругу сүнньүн уларыппакка эрэ Оһоҕостоох саҥатын хайдах баарынан тиһэ сатаатым.

Дьэһиэй сахалара – Красноярскай кыраай Эбэҥки национальнай оройуонугар олорор дьон. Үксүлэрэ – Дьэһиэй күөл кытылыгар, сорохторо Туру (нууччалыы Тура) диэн оройуон киинигэр олороллор. Былыр Бүлүү уокуругар киирэллэрэ. Сүрүн дьарыктара кыыл табаны бултааһын, балык. Саха литэрэтиирэлии тылыттан арыый атыннык саҥараллар. Сэбиэскэй саҕана саха учууталлара, быраастара анаан баран үлэлииллэр этэ. Атын тас сахалардааҕар сахаларын тылын ордук чөл тутан олорор бөлөх.

 

-- Николай Данилович, Дьэһиэйгэ Саха сириттэн көһөн тиийбитиҥ дуу, антах төрөөбүтүҥ дуу?

-- Дьэһиэй – төрөөбүт дойдум.

-- Төһө киһи олороруй?

-- 660-ча киһи олорор. Кэлэ-бара сылдьаллар.

-- Ханна кэлэллэр-бараллар?

-- Тураанан эҥин. Онон төрүкү олорооччута 660. Турааҕа элбэх киһи олорор.

-- Хас киһиний?

-- Элбэх. 200-тэн тахса.

-- Оттон 2010 сыллааҕы биэрэпиһи көрдөххө, Красноярскай кыраайга балтараа тыһыынча кэриҥэ киһи олорор диэн ээ.

-- Сымыйа буоллаҕа дии. Тураалыын холбоотоххо, тыһыынча буолара буо (буолуо, буоллаҕа – А.К.).

-- 660 киһиттэн ыччата хаһый?

-- Элбэхтэр. Үксэ эдэр. Ол гынан үлэ суох. Булт. Бултууллар эрэ.

-- Үлэ суох буоллаҕына, ыччат киин сиргэ бара сатыыра буолуо?

-- Бара сатыыллар буо. Кыах эҥин суох. Үөрэммэтэхтэрэ сорох дьоннор. Оттон үөрэҕэ суох хайдах барыай? Барбат.

Үөрэтэн баран манна аҕала сатыыбыт, оҕолору. Манна үчүгэй көмө баар. Бырабыыталыстыба да, университет да тойотторо көмөлөһөллөр. Тыа хаһаайыстыбатын академията көмөлөһөр.

-- Тугунан көмөлөһөллөрүй?

-- Куонкуруһа суох ыллалларын кэриэтэ.

-- Оттон билигин туох да диэбит иһин, үөрэххэ СКЭ эрэ түмүгүнэн ылаллар эбээт.

-- Бааллара сиппэт да буоллар ылаллар. Киллэрэллэр. Үөрэтэ сатыыллар.

-- Дьокуускайга бүтэһигин хаһан сылдьыбыккыный?

-- 1980 сыллаахха. Биэс сыл кураҥа (кэриҥэ) манна үлэлээбитим. Жатайга анестезиолог этим.

-- Тоҕо төннүбүккүнүй?

-- Дьоннорбор наада этэ онно. Ыалдьар этилэр.

-- Ыалгын?

-- Ыалбын. Икки уоллаахпын. Улаханым бүтэрдэ. Манна юриска киирдэ.

-- Оттон тоҕо антах туттарсыбатыгыт?

-- Ылбаттар биһигини.

-- Тоҕо, доҕоор?

-- Ыарахан буоллаҕа дии. Тойоттор бэйэлэрин оҕолорун ыла сатыыллар. Оттон манна көмөлөһөллөр. Биһиги дьаһалтабыт Саха сирин кытта сөбүлэһиилээх эҥин буо. Үөрэххэ эҥин диэн.

-- Дьэһиэйдэр тылгыс-өскүт туруга хайдаҕый?

-- Бэйэбитин кытта сахалыы кэпсэтэбит. Ханна даҕаны Дьэһиэй киһитэ Дьэһиэй киһитин көрүстэ да сахалыы кэпсэтэр буо. Бака (бука) барытын сахалыы.

-- Оттон ыччаккыт?

-- Бары сахалыы. Чэ, биир эмэ оҕо баара буо. Биһиэхэ нууччалар кэлэннэр сахалыы үөрэнэн кэбиһэллэр. Начаас. Нууччалар олохтоно кэлээччилэр. Биирдэ эмэ. Аҕыйахтар.

-- Киһи ахсаана эбиллэр дуо?

-- Элбэх киһи барар буо. Ол иһин кэмин көрдөрөр. Аҕыйыа буоллаҕа дии билигин. Син биир. Сорох дьоммут, эдэрдэр, кэргэнэ да суохтар. Кырдьыахтарыгар диэри сылдьыахтара буо. Элбэх оҕо оннук баар. Кыргыттар да, уолаттар да.

-- Уопсайынан, демография хайдаҕый?

-- Оттон ол ыарахан буо. ¤угас-һугас (чугас-чугас) уруу дьоннор кэргэн буолсубаттар буо. Онон кырдьыахтара буо.

-- Быраас киһи билэр буоллаҕыҥ, оҕо төрөөһүнэ киһи өлүүтүгэр тэҥнээтэххэ хайдаҕый?

-- Олус буолбат. Тэҥ-тэҥ соҕус. Билигин өссө аҕыйах буолуо буо. Аҕыйаан иһиэхтэрэ. Бары аймахтар. Ол иһин оҕолорбутун бэттэх аҕалтыы сатыыбыт.

Хаан булкуһуута улахан боппуруос. Ону тойоннорбут ким даҕаны кыһаммат. Кэпсээн эҥин саҥарааччыбыт ээ. Ол биһиги эрэ кыһалҕабыт буолбатах. Эбэҥкилэр эҥин оннук буо. Судаарыстыбаннай кыһалҕа оҥоруохха наада. Бары аҕыйах ахсааннаах хоту омуктарга барыларыгар баар кыһалҕа. Онно сүүһүнэн килэмиэтиргэ ким да суох. Хоту көмө наада дии-дии тойоннор... Харсы (харчы) анаабыттара ол тиийэр дуу, суох дуу. Сииллэр харсыны. Бүттэр онон. Атыннык көмө наада.

Мин биирдэ "Ньыгыл Арассыыйа” тойонугар кыраайга сылдьыбытым ээ. Эппиэт суох. "Орун” диэн баар. Хотугу төрүт олохтоох омуктар ассоциациялара. Онно өйдөөх уолаттар бааллар. Олор арыгыны эҥин тохтотуохха диэн үлэлии сылдьаллар. Ол эмиэ улахан кыһалҕа. Элбэк киһи иһэр. Эдэр киһилэр эмиэ. Оттон аныгы бириэмэҕэ иһэр буоллуҥ да – кэскилиҥ суох.

-- Ол аата иһэр киһи элбэх дуо?

-- Бааллар этэ. Сорох дьон арыгы эрэ. Атын наадата суох. Деградация.

-- Хаан булкуһуута тахсыбатын туһугар атын омугу кытта ыал буолуу хайдаҕый?

-- Суох. Хантан булуой? Киһи таба буолбатах. Хантан да чугастан аҕалбаккын. Аны Красноярскайга эҥин барар кыах эмиэ суох. Манна кэлэн оҕолор үөрэннэхтэринэ, баҕар, туох эмэ буолуохтара. Манна эрэ үчүгэйдик кэлэллэр үөрэххэ. Кыраайга эҥин олус буолбат. Дьиэ эҥин суох.

-- Оттон оскуола, уһуйаан боппуруоһа хайдаҕый?

-- Уһуйаан баар. Оскуола тутулла турар. Үчүгэй оскуола тутуохпут диэбиттэрэ.

-- Билигин ханна үөрэнэ олороҕутуй?

-- Билигин ханна түбэһиэх. Хонтуоранан, богуоннарынан, араас дьиэлэринэн. Быстах кэмҥэ диэн.

-- Оскуолаҕыт хас оҕолооҕуй?

-- 130-140 баар буолуо. Оҕолор эҥин үөрэниэхтэрин наада. Өйдөөбөттөр буо. Роды тыллары (арааһа, төрөөбүт тылларын – А.К.) үөрэппэттэр. Соччо кыһаллыбаттар. Сорохтор. Сорохтор үөрэтэ сатыыллар.

-- Үөрэниэхтэрин баҕарбаттар диигин дуу?

-- Оҕолор оннуктар буо. Сорохтор. Билбэттэр. Үөрэҕэ суох хайдых (хайдах) да барбаккын буо. Ким өйдөтөн бириэй оҕоҕо, үөрэммэтиҥ да киһи буолбаккын диэн.

-- Үөрэммэккэ ол тугу гыналларый?

-- Тыаҕа сылдьыахтарын баҕараллар. Ол тыаҕа өйдөөбөттөр буо, биэс уон кыраадыска тоҥо сылдьыаххын.

-- Оттон оскуола тутуутун бырайыага эҥин баар дуо?

-- Баар барыта. Сыбаайа баар.

-- Тоҕо кыайтарбакка турар дииллэрий?

-- Кыраай боппуруоһа ол. Тутуохпут 14 сыллаахха диэбиттэрэ.

-- Оттон уһуйааҥҥыт хайдаҕый?

-- Уһуйаан үчүгэй. Сабыс-саҥа.

-- Хаһан тутуллубутай?

-- Сотору буолла. Палтараа-икки сыл буолла.

-- Хас оҕо сылдьарый?

-- 70 оҕо быһыылаах.

-- Элбэх эбит дии. Ол аата, демография да куһаҕана суох курдук эбит.

-- Инньэ диэххэ аҕыйаан иһэр буо. Манан бүтэр буо. Онтон кэргэнэ суох буолуохтара дьоннор. Атын эрэ сиргэ баран булуннахтарына. Улахан кыһалҕа.

-- Оттон саха тылын үөрэтэллэр дуу?

-- Баар этэ оскуолаҕа.

-- Хас чааһый?

-- Икки чаас буолара буо. Биир кылааска. Бу диэн билбэппин ээ. Баар. Алын кылаастарга. Улахан кылаастарга суох быһыылаах дии. Алтыстан суох быһыылаах. Омук тыла эҥин буолар.

-- Оттон үөрэх кинигэтэ?

-- Биэрэллэр буо. Мантан эҥин элбэх аҕалбыттара. Баар.

-- Оскуоланы сылга ортотунан хас оҕо бүтэрэрий?

-- Быйыл уон оҕо бүтэрдэ быһыылаах дии. Уон биир дуу.

-- Бары үөрэххэ бараллар дуо?

-- Син бара сатыыллар. Сорохтор. Орто үөрэххэ буо.

-- Быйыл хас оҕо үөрэххэ киирдэ?

-- Манна икки оҕо киирдэ дии. Университекка икки оҕо. Оттон хореография манна киирдэ биир оҕо. Уонна Арассыыйа устун орто үөрэхтэргэ киирэттээтилэр.

-- Антах үлэ боппуруоһа хайдаҕый?

-- Үлэ суох буо. Булт эрэ буо. Бултуугун-балыктыыгын. Бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлииллэр. Атын суох буо.

-- Орто хамнас төһө быһыылааҕый?

-- Билбэппин. Син элбэх быһыылаах. Учииталлар эҥин хамнастара элбэх буолар быһыылаах. Мин аахпаппын ким хаһы ыларын.

-- Эн соҕотох бырааскын дуу? Балыыһа эҥин хайдаҕый?

-- Оннук. Балыыһа үчүгэй. Стационара суох буо. "Семейная медицина” диэн курдук.

-- Сылдьааччы элбэх?

-- Бары сылдьаллар.

-- Оттон төрүүр эҥин дьахтар ханна барарый?

-- Турааҕа. Оройуон балыыһатыгар.

-- Дэҥҥэ-оһолго түбэспит, ыарахан дьахтар кииҥҥэ хайдах барарый?

-- Эрдэтинэ ыытабыт буо. Билиэт төлүүллэр. Оройуон төлүүр.

-- Сөмөлүөт дуу, бөртөлүөт дуу?

-- Бөртөлүөт сылдьар.

-- Хаста сылдьарый?

-- Нэдиэлэҕэ биирдэ.

-- Онтулара төһөнүй?

-- Ким билэр, доҕоор. Сэттэ тыһычча быһыылаах дии. Биир уһуга. Сөп сыана буо. Дьон барыта сылдьааччы. Олох нэдиэлэҕэ миэстэ суох буолааччы. Элбэх киһи көтөр. Сайын Дьэһиэй аҥаара Красноярскайга диэри кэлэр буо.

-- Ол кыһалҕаттан дуу, наадалаах буолан оччо сылдьаллар дуу?

-- Сынньана кэлэллэр. Куорат көрө. Оҕолоругар көрдөрө.

-- Эһигиттэн Тура төһө ырааҕый?

-- Түөртүс (түөрт сүүс) килэмиэтир, көнөтүнэн. Сынньана бараллар буо. Чэ, муораҕа эҥин барыахтара.

-- Оттон эн, быраас киһи, балыыһаҥ эминэн-томунан хааччыллыыта хайдаҕый?

-- Үчүгэй буо. Кыһалҕа баар гынан баран, биэрэллэр буо.

-- Санэриэйсэ сылдьар?

-- Кэлэр. Тута. Халлаан хайдах буоллун кэлэр.

-- Кулууп?

-- Кулууп диэн баар оттон. Дьиэ. Оччугуй дьиэ. Кулуупка анамматах. Эрэпэтииссийэ, тансыбаанньа оҥороллор оҕолор.

-- Хас үлэһиттээҕий?

-- Түөртэрэ буолуо.

-- Тэрээһин элбэх?

-- Буолар этэ. Ансаамбыл баар. Барытыгар сылдьар. Бырааһынньыкка Турааҕа, кыраайга да сылдьааччылар.

-- Сибээскит хайдаҕый?

-- Сибээс баар ээ. Ол гынан баран мөлтөх. Баар-суох. Суотабай суох. Кыһалҕалаах. Сыаната ыарахан. Ол иһин киллэрбэттэр.

-- Үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолор эргиллэн кэлэллэр дуо?

-- Кэлэн буо. Хайдах барыахтарай.

-- Атын сиргэ олохсуйа хаалбаттар дуо?

-- Ээ, бааллар буо. Сорохтор. Бааллар этэ.

-- Быыбарынан эҥин дьокутааттар-хандьыдааттар сылдьаллар дуу?

-- Суох.

-- Оттон, уопсайынан, тойон-хотун кэлэн барар дуо?

-- Суох. Бэйэбит бэйэбитигэр. Биирдэ эмэ таах көрө кэлэллэр буо. Таарыйа балыктана эҥин бараллар. Үксүтэ балыктана бараары кэлэллэр буо.

-- Маҕаһыыҥҥыт үчүгэйдик үлэлиир?

-- Үлэлиир.

-- Аһа-үөлэ баар?

-- Баар-баар. Дьоннор бэйэлэрэ сылдьаллар. Аҕалыналлар эҥин. Массыыналаахтар.

-- Массыына кыһын сылдьара буолуо?

-- Суол турда да бараллар. Красноярскайтан аҕалыналлар. Курусобуой массыыналаах диэн элбэх.

-- Биирдиилээн урбаанньыттар бааллар дуо?

-- Баар ээ, биир дьахтар. Оттон сорохтор бэйэлэрэ аҕалыналлар буо, куораттан. Туох наадатын барытын. Дьиэ туттар матырыйаал буоллун, туох буоллун.

-- Саҥа дьиэ тутталлар дуо?

-- Эбиллэр. Оҥостоллор. Буруус. Кыраайтан аҕалаллар.

-- Тиэхиньикэ төһө элбэҕий?

-- Чааһынайдар эрэ үксэтэ. Тыраахтардар-массыыналар. Син элбэх киһиэхэ баар. Бураан баар. Атын наадата да суох.

-- Бука, элбэх киһи бултуура буолуо?

-- Оттон бары буо.

-- Харчылаһаллар?

-- Ылан буоллаҕа. Түүлээх, эт. Сүрүннээн, эт буо.

-- Эттэрин ханна туттаралларый?

-- Арааһынай буо. Ким ылбыт киһиэхэ. Красноярскайга да туттараллар. Эккэ наадыйар киһи элбэх буо.

-- Оттон кыыл үчүгэйдик ааһар дуо? Кэлиҥҥи сылларга суола-ииһэ уларыйда дииллэр дии.

-- Ааһар. Аастаҕына, ханна да буоллун, ситэн ылаллар булчуттар. Харсы наада буо. Оҕолорун аһатыахха наада. Син биир бараллар. Төһө да ыраах буоллун. Иккиүс (икки сүүс) да килэмиэтир буоллун. Булаллар.

-- Уматык боппуруоһа хайдаҕый?

-- Ыарахан ээ. Сайын сыаналанар. Аҕыйах буо. Аҕыйаҕы аҕалаллар. Улахан боппуруос.

-- Сапыраапка баар дуу?

-- Баар этэ. Уматык суол туруор диэри сиппэт буолааччы. тиэхиньикэ туран хаалар.

-- Полиция учаскыабайа баар?

-- Баар. Үлэлиир.

-- Бэрээдэги кэһии хайдаҕый?

-- Үчүгэй бэрээдэк. Бары билсэбит.

-- Николай Данилович, кэпсээниҥ иһин махтал. Этэҥҥэ буол.

 

А.Капрынов.
Category: Саха | Views: 1960 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 96
Ыалдьыттар (гостей): 96
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024