News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Балаҕан ыйа » 6 » Н.М. Парников Саха Сирин 2 уонна 3 ыҥырыылаах мунньаҕын (Ил Түмэн) народнай депутата, техническэй наука кандидата.
Н.М. Парников Саха Сирин 2 уонна 3 ыҥырыылаах мунньаҕын (Ил Түмэн) народнай депутата, техническэй наука кандидата. | 08:23 |
9 №-дээх Речной уокурук быыбардааччылара! Николай Макарович Парниковка куоласпытын биэриэҕиҥ! Н.М. Парников туһунан кылгастык билиһиннэрии.
Николай Макарович Парников 1950 с. балаҕан ыйын 4 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1968-1970 сыллардаахха Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта, 1970 сыл муус устарыгар старшай сержант Николай Парников В.И. Ленин 100 сылыгар анаммыт "За воинскую доблесть” медалынан наҕараадаламмыта. 1971 сыллаахха Томскайдааҕы политехническай институт энергетическэй факультетыгар киирбитэ, ону 1976 сыллаахха бүтэрэн инженер-электрик идэтин ылбыта. 1976-1979сс. – "Якутзолотопроекка” инженер-электрик; 1979-1992 сс. – "Главякутстрой” главнай энергетигэ, управление начальнигын солбуйааччыта; 1992-1993 сс. – Саха Сирин "Минтопэнерго” ведущай инженерэ, главнай специалиһэ; 1993-1994 сс. – Саха республикатын материальнай хааччыйыытын департаменын солбуйааччыта; 1994-1999 сс. – "Якутскэнерго” Хотугулуу-Илин электрическэй филиалын главнай инженерэ; 1999-2001 сс. - "Вилюйская ГЭС-3” генеральнай директора 2001-2013сс. – "Сахаэнерго” ААО генеральнай директора Николай Макарович Парников – Абый, Анаабыр, Булун, Үөһээ-Дьааҥы, Эдьигээн, Кэбээйи, Орто-Халыма, Уус-Алдан, Эбээн-Бытантай бочуоттаах гражданина. Саха Сирин уонна Российскай Федерация үтүөлээх энергетигэ. Н.М. Парников Саха Сирин 2 уонна 3 ыҥырыылаах мунньаҕын (Ил Түмэн) народнай депутата, техническэй наука кандидата. Саха Сирин шахматнай федерациятын 1-вице президенэ.
Билигин Николай Макарович 9 №-дээх Речной уокурукка депутатка кандидат.
Бу уоукурукка 45,33,29,28 уонна 162 кварталлар киирэллэр. Бу кварталларга үксүн энергетиктэр уонна речниктэр олороллор. Манна Өрүс порда, Якутскай ТЭЦ, Сахаэнерго, ЯГЭС уонна "Якутскэнерго” хонтуората курдук улахан тэрилтэлэрэ тураллар.
Николай Макарович төрөөбүт уонна олорор куоратын сайдыытыгар уонна ити үөһээ этиллибит кварталларга анаан бэйэтэ туспа көрүүлээх уонна программалаах, онтон аҕыйаҕы холобур курдук көрдөрөбүт:
1. Туймаада хочотугар дьиэ-уот тутуута олус элбээтэ уонна билиҥҥи градостроительнай политикаҕа итэҕэспитин-быһаҕаспытын туоратар, бэрээдэктиир сыалтан куорат Генпланын түргэнник хаттаан көрүөххэ уонна бигэргэтиэххэ. 2. Тимир суол кэлбитин учуоттаан олох аныгылыы көрүҥнээх сахалыы сиэрдээх 2-с (Спутник) ортотунан 100 тыһ. киһи олорор куората Аллараа Бэстээххэ тутулларын билиҥҥиттэн былаанныахха. Өрүс пордун, нефтебазаны уонна атын да улахан промышленнай объектары онно көһөрүөххэйиҥ. Итинэн ситимнэнэн былааннанар 2 №-дээх ГРЭС Аллараа Бэстээххэ тутуллара сөп. 3. Күөх хонууга 202 уонна 203 микрорайоннары олох өрүс кытыытыгар диэри кэҥэтиэххэ, оҥоруохха. Ити оҥоһуллубут сири-уоту коттеджнай типтээх тэттик учаастактаах, бэйэтэ гаражтаах дьиэлэри тутууга аныаххайыҥ. 4. Массыына элбээбитинэн сибээстээн куорат уулуссаларын, автомагистралларын улаханнык кэнэтиэххэ-оҥоруохха, элбэх автостоянкалары былаанныаххайыҥ. 5. Куорат ыраас буоларын туһугар бары саҥа тутуллар элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэр истэригэр мусоропровод баар буолуохтаах (билиҥҥи курдук бөҕү-саҕы таһырдьа турар баахтарга таһаарбаккын, иһинэн-таһынан тохпоккун), ону анал спецмассыыналар тиэйэн барыахтаахтар. 6. Куораппыт ирбэт тоҥ сирэ алдьамматын-кээһэммэтин инниттэн теплотрассаттан аккаастанар сыалтан саҥа тутуллар уонна өрөмүөннэнэр дьиэлэргэ автономнай теплоэнергия источнига турарын толкуйдуохха.
Убаастабыллаах 9 №-дээх Речной уокурук быыбардааччылара! Николай Макарович Парниковка куоласкытын биэриэххит диэн эрэнэбин.
Маны суруйда Николай Макарович Дьокуускайдааҕы быыбарынай штабын начальнига Владимир Мэндеич Таппыров .
|
Category: Выборы |
Views: 1565 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 36 Ыалдьыттар (гостей): 36 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|