Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Тохсунньу » 7 » Томтор Таас сөҕүмэр баайын атыылаан эрэллэрэ билиннэ,Е.Борисов итилэри сырдаппат, кистиир.
Томтор Таас сөҕүмэр баайын атыылаан эрэллэрэ билиннэ,Е.Борисов итилэри сырдаппат, кистиир.
09:19
МИНИИСТИР СЫМЫЙАЛЫЫРА СИН ДУО?
Бу наһаа барбыт дьоҥҥо – республика президенигэр уонна миниистиргэ сорох сокуоннар ыстатыйаларын санатар тоҕоостоох.
Вторник, 07 Января 2014 00:45
Швеция демократия биир саамай сайдыбыт дойдутунан биллэр. Ол да иһин буоллаҕа, общественнай экологтар, «күөхтэр» партиялара дэнээччилэр буойуута- хаайыыта суох айылҕаларын чөл хааллараары мэлдьи орооһоллор, дойдуларын көмүскэһэллэр. Билигин Швеция саҕа чөл айылҕалаах, харыстанар сирдээх-уоттаах дойду суоҕун этэллэр.
 Александр Никитин  биһиги атомщиктарбыт хоту муорабыт хоонньугар, Норвегия чугаһыгар, ядернай тобохтору кистээн сыталларын арыйбытын иһин 13 төгүл сууттана сылдьыбыта, иэдээннээх эккирэтиигэ түбэспитэ. Олортон нэһиилэ быыһаммыта уонна билигин «БЕЛЛОНА» диэн экологическай быраабы көмүскүүр тэрилтэни олохтоон, ону салайа сылдьар. Дьэ бу айылҕаны дьаарай көмүскээччи киһи Швецияҕа бара сылдьан сөҕөн-махтайан кэлбит түбэлтэлээх. Швеция курдук демократиялаах уонна энчини көрбөт, утарылаһар-туруорсар дьаарай общественник-экологтардаах дойдуга атын дойдулар ядернай тобохторун аҕалан ыраастыылларыттан соһуйбут. Ыраҥалаан билбитэ төрүөтэ олус судургу эбит: бэйэ-бэйэни итэҕэйии, сымыйалаабат-албыннаабат буолуу курдук үтүө быһыы-майгы манна олохсуйбут. Швеция үрдүкү салалтата дьонун-норуотун албыннаабата, кистии, саба сатаабата  икки өттүттэн итэҕэйсэр, уорбалаһыы суох буолуутугар тиэрдибит. «Үрдүкү салалта ядернай тобоҕу аҕалан сири-дойдуну сүһүрдүбэккэ эрэ ыраастыырга  ылыммыт буоллаҕына биһиги итэҕэйэбит», - дииллэр эбит ол дьаарай экологтар.  
            Оттон биһиэхэ бэйэ-бэйэҕэ сыһыан хайдаҕын бары билэ-көрө олоробут. Ити барыта үөһэ салалта сокуону тутуспатыттан, үксүн сымыйа суолу таларыттан тахсар. Итиннэ төһө баҕарар холобуру аҕалыахха сөп. Урукку Сойууска, Арассыыйаҕа эбэтэр биһиги Сахабыт сиригэр оччоттон баччаҕа диэри биир хартыына хатылана турар.  Ыраата барбакка аҕыннахха «Кратон-3» ядернай эһии саахаллаабытын атомщиктар обком бастакы сэкирэтээригэр Г.Чиряевка суругунан биллэрбит  докумуоннара баар. Ол үрдүнэн кини саатар Марха сүнньүн олохтоохторугар эппэтэх, дьон сүһүрбүт өрүс уутун иһэ, балыгын бултуу, сүөһү, тайах этин, сирин аһын сии олорбуттар. Г.Чиряев атомщиктар биллэриилэрин тутаат, анал үөрэҕэ суох киһи быһыытынан, учуонайдарыттан хайаан да ыйыппыт буолуон, ону учуонайдара уоскуппут, улахаҥҥа уурбатах буолуохтарын эмиэ сөп. Туох билиэ баарай.
            Ити урукку холобуру аҕаллым. Сахабыт сиригэр уста сылдьар, тулалыыр эйгэҕэ олус сэрэхтээх, атомнай станциялары  аҕалар туһунан правительство уурааҕа тахсыбыт аатырбыта хас да сыл буолла. Ол төһөтө туолла дуу, суох дуу? Ити туһунан дьиҥнээҕин олохтоох нэһилиэнньэ төһө билэрий?  ИС-ТА  ньиэп турбатын тардыыга былаас хайдах быһыыламмытын көрө-истэ олорбуппут. Роскосмос ракета тобоҕун быраҕаары сир көрдөөбүтүн былааспыт өйөөбүтүн икки сыл буолан эрэ баран биллибит. Томтор Таас сөҕүмэр баайын атыылаан эрэллэрэ билиннэ, арай онно баар уранын харайар, тулалыыр эйгэтин харыстыыр, дьону сэрэтэр үлэлэр төһө ыытыллалларын нэһилиэнньэ билбэт. Медведев Саха сиригэр анаабыт президенэ Е.Борисов итилэри сырдаппат, кистиир. Оттон Е.Борисов ханна эрэ тиийэн лиэнтэ быһа кырыйбытын, ыһыаҕы, оонньууну-көрү тэрийэрин тустарынан  араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ, хаһыакка толору буолар.
            «Кристалл» уонна «Кратон-3» саахаллаабыт ядернай эһиилэр тустарынан киһи салҕыан курдук элбэхтэ сурулунна.  «Кристалл» эһииттэн «Удачнай» карьерга радионуклид киирэрэ дакаастаммыта уонча сыл буолла, кэлиҥҥи чинчийиилэр радионуклидтар сир аннынааҕы шахталарыгар кытта киирэллэрин булбуттара. Итилэр тустарынан аһаҕас отчуот, дакылаат бөҕөтө суруллубута. Саамай кэлиҥҥи үөрэтиилэр көрдөрөллөрүнэн радионуклид тарҕаныыта өссө кэҥээбит курдук. О туһунан маннык суруйбуттарын ааҕабыт:
            - Наличие во всех 26 пробах подземных вод, отобранных из сети наблюдательных гидрогеологических скважин, карьера трубки «Удачная»  и полигонов захоронения дренажных вод радионуклидов трития и стронция-90 свидетельствует о миграции радионуклидов с подземными водами из зоны МПЯВ «Кристалл» в оборотных водах Обогатителтной фабрики №12.
            Саамай кэнники чинчийиилэр «Кратон-3» эһии сиригэр улахан уларыйыы тахсыбатын көрдөрөллөр, ону маннык суруйбуттарыттан билэбит, итэҕэйэбит:
            -На обследованной территории в зоне воздействия МПЯВ «Кратон-3» мощность экспозиционной дозы (МЭД) гамма-излучения на поверхности почвы изменяется от 5 до 270 мкР/ч и в 1,2 – 25 раза превышают уровень естественного радиационного фона (5–13 мкР/ч).
            - В целом, обнаруженные уровни загрязнения в радиоактивном следе изученных радионуклидов (цезий-137, стронций-90, плутоний-239,240) в почвах превышают их уровни глобальных выпадений на данной территории до 1000 раз.
            - Результаты исследования образцов разных видов растений (лиственница, ива, осока, курильский чай, дриада, арктоус красноплодный, мхи и лишайники) показали, что содержание цезия-137, стронция-90, плутония-239,240 и плутония-238 в надземной массе растений варьирует в широких пределах, составляя 0,03-27296 Бк/кг воздушно-сухой массы и показывает значительное загрязнение растительного покрова в зоне воздействия  аварийного МПЯВ, которое от 5 до 5000 раз превышает фоновый уровень.
            Радиологические исследования показали, что в настоящее время на радиоактивном следе МПЯВ «Кратон-3» идет общее снижение содержания радионуклидов вследствие естественного распада радионуклидов, но в целом сохраняется неблагоприятная радиологическая обстановка.
    
            Бу дааннайдары Айылҕа харыстабылын министеррствота сыл ахсын таһаарар дакылаатыттан ыллым. Дакылаакка үксүгэр тарда соҕус, сымнатан суруйаллара эмиэ биллэр. Манна «идет общее снижение содержания радионуклидов вследствие естественного распада…» диэн цезий-137 уонна стронций-90  бу кэмҥэ аҥаардара суох буолбутун туһунан этиллэр. Оттон ол хаалбыт «аӨаар» икки төгүл аччыырын өссө 30 сыл кэтэһиэхпит, онтон өссө 30 сыл, онтон өссө… Плутоний-239 аӨаара хааларын 12 000 сыл устата «кэтэһиэхпит» туһунан хата санаппатахтар. Кэнники чинчийиилэр ядернай эһиилэр саахаллаабыт сирдэригэр билигин да радиация бохсулла илигин, «өлбүт» тыа хараллыбатаҕын, сири чөлүгэр түһэрии кыаллыбатаҕын толору туоһулууллар.   
Олох соторутааҕыта, ааспыт сыл ахсынньы 28 күнүгэр «Якутия» хаһыакка Айылҕа харыстабылын миниистирэ В.Григорьев интервьюта бэчээттэммитэ. Онно үгүс-элбэх кыайыыны-хотууну ааҕа олорон бииргэ иҥнэ түспүтүм. Саахал буолбут ядернай эһиилэр сирдэрин чөлүгэр түһэрии оҥоһуллубутун, минитерство онно кэтээн көрөр үлэ ыытарын, ол сиргэ радиация суох буолбутун туһунан кэпсээбит. «Министерством постоянно проводится мониторинг, сейчас можно заключить, что никакой радиации там нет»  диэн тыллары этэртэн Владимир Афанасьевич туттумматах… Бу ууну сурутууну хайдах өйдүөххэ сөбүй? Өйдөөбөттөн тахсар дуо? Эбэтэр эппиэтинэс суоҕуттан, Марха кытылыгар олорор дьон дьылҕатын туохха да уурбаттан, аанньа ахтыбаттан дуу?                              
Бу наһаа барбыт дьоҥҥо – республика президенигэр уонна миниистиргэ сорох сокуоннар ыстатыйаларын санатар тоҕоостоох.
 
РФ Конституциятыттан:

 
Ст. 41. п.3. Сокрытие должностными лицами фактов и обстоятельств, создающих угрозу для жизни и здоровья людей, влечет за собой ответственность в соответствии с федеральным законом.
Ст.42. Каждый имеет право на благоприятную окружающую среду, достоверную информацию о ее состоянии и на возмещение ущерба, причиненного его здоровью или имуществу экологическим правонарушением.
   
             Нэһилиэнньэ радиациаттан куттала суох буолуутун       
            Федеральнай Сокуонуттан:
 
            Ст. 22. Право граждан на радиационную безопасность.
Граждане Российской Федерации, иностранные граждане и лица без гражданства, проживающие на территории Российской Федерации, имеют право на радиационную безопасность.
            Ст. 23. Право граждан и общественных объединений на получение информации.
            Граждане и общественные объединения имеют право на получение объективной информации…
Ст. 28. п.1. Лица, виновные в невыполнении или  в нарушении требований к обеспечению радиационной безопасности, несут административную, гражданско-правовую и уголовную ответственность в соответствии с законодательством
Российской Федерации.
 
            Хайа муҥун, сымыйалаан бүтүөххэ, дьон олоҕун саныахха баар этэ. Бу кэнниттэн миниистир уһун-киэҥ интервьютугар эппитэ барыта кырдьык буоларын киһи саарбахтыыр. Оннооҕор «мурун анныгар» -  куораппытыгар бэс чагданы кэрдии, бөҕү-сыыһы күөллэргэ кутуу, уулар кытыыларыгар харыстанар зоналар тутуһуллубаттара баар чахчы уонна  бу куһаҕан үгэскэ кубулуйбута ыраатта. Маны ким да хонтуруолга ылан көрбөт-истибэт курдук. 2000 үлэһиттээх, халыҥ армиялаах министерствоҕа олус элбэх үп көрүллэрэ, үлэһиттэрэ сөптөөх хамнаһы аахсаллара биллэр. Ону толуйуохха баара.
  ***
        Иван БУРЦЕВ.   
     


Источник: aartyk.ru
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1579 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 85
Ыалдьыттар (гостей): 85
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024