Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Тохсунньу » 13 » Сылгы үөрэ күн тахсыытын сарсыарда аайы көрсөр. Бары күн тахсар туһаайыытын диэки хайыһан тураллар. Күн иитэ көтөҕүллэрин кытта атыыр биэлэр
Сылгы үөрэ күн тахсыытын сарсыарда аайы көрсөр. Бары күн тахсар туһаайыытын диэки хайыһан тураллар. Күн иитэ көтөҕүллэрин кытта атыыр биэлэр
17:48
 Күн Дьөһөгөй оҕото –Айыы дьонун төрдө
13.01.2014 14:25 | Автор: Кыым |
Улуутуйар Улуу Тойон Орто дойдуга үс саханы үөскэтээри маҥан биэни түһэрбит. Ол аата Таҥара бастаан аты айбыт. Халыма сахаларын кэпсээннэринэн, Үрүҥ Айыы Тойон киһини уонна аты тэҥҥэ айбыт. Онон сылгы – Айыы дьонун төрдө.
Сылгы үөрэ күн тахсыытын сарсыарда аайы көрсөр. Бары күн тахсар туһаайыытын диэки хайыһан тураллар. Күн иитэ көтөҕүллэрин кытта атыыр биэлэр, кулунчуктар тэҥҥэ кистииллэр, төбөлөрүн тоҥхолдьуталлар. Сылгы саха курдук, Күн таҥаралаах. Онон Күн Дьөһөгөй Айыы диэн саха таҥаратын биир сүрүн Айыытын ааттыыбыт.
Дьөһөгөйгө сүгүрүйүү
Дьөһөгөйгө сүгүрүйүү Алтаай эпохатыттан салгыы хуун, былыргы түүр, орто түүр эпохаларыгар быстыбакка сайдан бу күҥҥэ диэри сахалар итэҕэллэрэ буолар. Ол эбэтэр Күн Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү уон икки тыһыынча сыл анараа өттүгэр үөскээбит.

Ытык сылгы – «Үөһээҥҥи айыылар билсиилэрэ»

Номоххо кэпсэнэринэн, саха ааттаах баайдара Үрдүк айыыларга махтанан олохторун устата үс төгүл төхтүрүйэн туран сылгы үөрүттэн биирдии биэни арааран, атыырдаах үөр гына холбоон кый ыраах үүрэллэрэ. Ханнык айыыга анаммытынан кыйданар сылгылар өҥнөрө чопчу биир буолара. Ол курдук, Улуу Тойоҥҥо 27 хатар маҥаас сылгыны үтүрүйэллэрэ. Хатар маҥаас уон аҕыс биэни, тоҕус атыыры үс уолан киһи хаан кугас акка олорон хатыҥ ураҕаһынан олорор түөлбэлэриттэн үс көс арҕаа үүрэллэрэ. Онуоха икки биэ уонна биир атыыр кутуругар туоһу эрийэн баайан уматаллара, ол аата "үлтү үүрэннэр” кыйдаатахтара.

Үөһээҥҥилэргэ анаммыт ытык сылгыга икки атахтаах чугаһаабата, оҕо-дьахтар ырааҕынан тумнара. Ытык сылгы сиэлэ-кутуруга намылыйан, бэйэтэ талбытынан көҥүл босхо сылдьара, кэлин кырдьан өллөҕүнэ, кырамтатын уҥуоҕун тириитигэр саас-сааһынан дьаарыстыы ууран баран араҥас охсоллоро.

Кый үүрүү сиэрэ-туома ситтэҕинэ, алгыһа табылыннаҕына, ытык сылгы "Үөһээҥҥи айыылар билсиилэрэ” аатыран, киһитин-сүөһүтүн араҥаччылыы, баайы-дуолу үксэтэ-хаҥата сылдьар ыйаахтанара.

Аттаах көмүү -- сылгыны таҥара туттуу

Сылгыны таҥара туттан сүгүрүйүү биир көрүҥүнэн өлбүтү кытта бииргэ ”миинэр миҥэтин, көлүнэр көлөтүн” сылгыны көмүү буолар. Аттаах көмүү скиф кэминээҕи археология пааматынньыктарыгар үгүстүк көстөр.

Археология хаһыыларыгар көстөрүнэн, сахалар иккилии, түөртүү аты иччилэрин уҥуоҕуттан арҕаалыы 12-24 км тэйиччи, арҕаа диэки бастаан, ойоҕоһунан көмөллөр эбит.

Былыр өлбүт киһини тиһэх суолугар атааралларыгар анараа дойдуга аттанар миинэр миҥэтэ диэн, хоолдьуга аты өлөрөллөрө. Хоолдьуганы үс-түөрт буолан охторон, түөһүн анньыынан дьөлө түһэн үөс тымырын быһаллара. Тириитин алдьаппакка, иҥиирдээбэккэ, уҥуох-уҥуоҕунан сытыы быһаҕынан бысталаан астыыллара. Ити былыргы үгэс "садаҕа быһыы” диэн ааттанара.

Саха көмүүлэригэр ат тэрилэ үгүстүк көстөр. Нуучча кэлиэн иннинээҕи кэмҥэ сорох өлбүтү ыҥыыр сыттыктаан тэрийэллэрэ. Ити – Киин Азия көс биистэригэр да киэҥник тэнийбит түҥ былыргы үгэс.

Төрүт итэҕэлбит


Билигин даҕаны, XXI үйэҕэ, Саха сирин сорох улууһун ойдом нэһилиэктэригэр киһи өллөҕүнэ, сылгыны өлөрөллөр. "Эттээн, тириитин туорай маска тэнитэ уураллар, оттон төбөтүн, туйаҕын маска ыйаан кэбиһэллэр”, -- диэн, Ярославскай аатынан түмэл үлэһитэ, археолог В.В. Попов бэлиэтиир (холобур, Үөһээ Дьааҥы Чөрүмчэ нэһилиэгэр, Орто Халымаҕа Өлөөкө Күөлгэ, Мэҥэ Хаҥаласка).

Сылгыны идэһэҕэ туттуу сиэрэ-туома


Сылгыны идэһэҕэ туттуу туспа сиэрдээҕэ-туомнааҕа. Холобур, идэһэ гынарга үөһүн тардан өлөрүү диэни "Сылгы айыыта оннук айбыта” дииллэр. Икки сэргэ икки ардыгар түөрт атаҕын ууннары тардан баран, иһин хайытан, илиилэрин уган сиһин үөһүн быһа тардан өлөрөн, үргүлдьү хаанын баһан баран, дьэ, тириитин сүлэн, эттииллэрэ үһү. Кэлин сылгыны сүнньүн быһаҕынан анньан өлөрөр буолбуттара.

Билигин сылгыны баайан туран, сүгэнэн сүүскэ охсон өлөрөбүт дииллэр. Хараҕын таҥаһынан баайан баран, охсоллор, көрөр буоллаҕына, хайаан да хамсаан биэрэн, чэчэгэйгэ сырбаттарар.

Кэнникинэн өссө судургутутан, дал иһигэр туоһапканан кулгааҕын аннынан ытан өлөрүү баар буола сылдьыбыта. Итинник өлөрүү Дьөһөгөй Айыыга улахан буруйу оҥоруу курдук көстүөн сөп. Ол курдук, баҕар, түбэлтэлэрэ да буолуо, ол аньыы тута да кэлэр сэтэ-сэлээнэ баар.

 

Олоҥхо бухатыырын ата

Саха олоҥхотугар ат—Айыы бухатыырын миинэр миҥэтэ, көлүнэр көлөтө, көтөр кыната эрэ буолбакка, ону кытта эрэллээх доҕоро, үтүө сүбэһитэ. Сыспай сиэллээх Айыы боотурун албан аатын толорон биэрэр. Үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан бухатыыр, кыргыһыыга миинэр кыһыл буулур аттаах Кыыс Ньургун бухатыыр, дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан дьураатыгар тура төрөөбүт Дьулусхан субуйа сүүрүк дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур.

Олоҥхо бухатыырдара Дьылҕа Тойонтон ааттаах-суоллаах толору сэптээх-сэбиргэллээх, симэммит-киэргэммит, сыһыйбыт миҥэ аты үөһэттэн үтүмэхтэтэн ылаллар.

 
Саха сирин дьаралыга

Былыргы үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Эллэй Боотур Өлүөнэни таҥнары устарыгар үрүҥ ат күлүгэ уу аннынан сирдьит буолан испитэ үһү. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай дьаралыга – былааҕы күөрэччи туппут аттаах киһи—өбүгэлэрбит Өлүөнэ очуостарын сымара тааһыгар түҥ былыр түһэрэн хаалларбыт ойуулара. Бухатыыр киһи үрдүк мэҥэ халлааҥҥа үс дойдунан туох да моһолтон иҥнибэккэ, кынаттаах атынан дохсуннук көтүтэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит аллаах ата эмиэ үрдүккэ, сырдыкка дьулуһар.

Сэргэ туһунан

Биһиги, сахалар, түҥ былыргыттан төрүттээх, сылгы иитэр дьарыктаах, Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйэр ытык итэҕэллээх саамай хотугу омукпут. Ол биир туоһута -- Илин Сибииртэн саҕалаан, Өлөөн, Халыма туундаратыгар тиийэ сиэр-туом быһыытынан сэргэни туруорар утум, ытыгылыыр үйэлээх үгэс тэнийбитэ.

 

Ат тэрилэ


Саха миинэр миҥэҕэ киһилии-доҕордуу сыһыаннаһара ат тэрилин киэргэтэриттэн көстөр. Аты баайар сэргэни туруоруу, киэргэтии анал сиэрдээх-туомнаах. Ону араастаан симээһини Үөһээ айыылартан сиэтиллэн мындыр уустар, иистэнньэҥнэр ситэрэллэр. Урууга кийиит, күтүөт миинэр аттарын тус-туһунан киэргэтии, тэһиин тутааччылары анаан-минээн таҥыннарыы сиэрэ-туома толоруллар.

«Күн Дьөһөгөй оҕото» ("Бичик”, 2002 с.)

«Күн Дьөһөгөй оҕото» («Бичик»2011 с.) «Ритуальные комплексы с конем в Якутии» (XV-XX вв.) (В.В. Попов, Р.И. Бравина) кинигэлэртэн ылылынна.

Нина Герасимова бэлэмнээтэ
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1719 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024