Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Тохсунньу » 14 » Хампаанньа хаһаайына киирэр барыһы барытын ылар, оттон судаарыстыбаҕа нолуок төлүүр. Биллэн турар, барыс кээмэйэ нолуоктан улахана биллэр
Хампаанньа хаһаайына киирэр барыһы барытын ылар, оттон судаарыстыбаҕа нолуок төлүүр. Биллэн турар, барыс кээмэйэ нолуоктан улахана биллэр
11:04
 2013 сыл. Кыра ситиһиилэр — кыайыы кэрчиктэрэ...

14.01.2014 10:01 | Автор: Виталий Сур |2013 сыл олус чэпчэкитэ суох ааста. Ол курдук, бэйэҕит билэҕит, сыл Тиксии бөһүөлэгэ дөйө „тоҥуутуттан" саҕаламмыта, салгыы сай устата нэмийэ-нэмийэ хатыланар халаан уутунан доҕуһуолланна. Быыбар саҥа сокуонунан сэбилэммит балаҕан ыйдааҕы быыбар туох да улахан айдаана-куйдаана суох ааста уонна, холобур, Ил Түмэҥҥэ, чахчы да, саҥа дьону сиэтэн таһаарда.
„АЛРОСА" атыыта
Арааппардыахха айылаах бастыҥ ситиһии диэн „АЛРОСА" хампаанньа аахсыйаларын аан дойду ырыынагар атыылааһын ааҕыллар.
Сахалыы санаан көрдөххө, хайдаҕый? Хампаанньа хаһаайына киирэр барыһы барытын ылар, оттон судаарыстыбаҕа нолуок төлүүр. Биллэн турар, барыс кээмэйэ нолуоктан улахана биллэр. Ол эбэтэр хампаанньаны судаарыстыба бэйэтинэн бас билэрэ быдан барыстаах. Ол эрэн дьыала оччо судургу буолбатах. Холобур, судаарыстыба ол-бу социальнай хайысхаҕа ороскуота элбэҕэ бэрт буолан, хампаанньа сайдыытыгар үбү ботуччу угара ыарахан, онуоха эбии инвестордар, чуолаан, кыраныысса таһынааҕылар, судаарыстыба хампаанньатын кытта үлэлииртэн туттуналлар – судаарыстыбаннай хампаанньа „дьэҥкирэ" суох диэн буолар.

Оттон атын өттүттэн көрдөххө, инвестор диэн кимий? Кини тоҕо ханнык эрэ хампаанньа сайдыытыгар бэйэлээх бэйэтин үбүн угарый? Биллэн турар, барыс ылаары. Ол барыһы кини ханнык балаһыанньаҕа туохтан да элбэхтик ылыаҕай? Биллэн турар, барыстаах хампаанньа аахсыйатын элбэх бырыһыанын бас билэр буоллаҕына.

Даҕатан эттэххэ, РФ Бырабыыталыстыбатын приватизацияҕа былаанын бастакы барылынан „АЛРОСА" хампаанньа аахсыйалара 100% атыыланыахтаахтар диэн этэ. Дьэ, бу манна сытар өрөспүүбүлүкэ салалтатын, ол иһигэр Аҕа баһылыкпыт Егор Борисов дьоһуннаах өҥөлөрө: тыын хампаанньа хайаан да атыыланар балаһыанньата үөскээбит буоллаҕына, ону бары өттүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ барыстаахтык уонна төһө сатанарынан хампаанньаттан букатыннаахтык „ытыс соттубат" курдук атыылыахха наада.

Дьэ, бу чэпчэкитэ суох сыал-сорук туоларын туһугар сыл устата элбэх үлэ барда, арыыс таһымҥа кэпсэтии ыытылынна уонна ол түмүктээх буолла. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн, „АЛРОСА" аахсыйаларын хонтуруоллуур бакыата судаарыстыба бас билиитигэр хаалла: 25-тии бырыһыан аахсыйалары, онно эбии икки аахсыйаны Саха Өрөспүбүлүкэтин уонна Арассыыйа бырабыыталыстыбалара тутан хааллылар.

Бу – сүрүн кыайыы. Оттон атыыттан киирбит үп төһөнүй уонна ханна-туохха ороскуоттаныай диир буоллахха, маннык.

„Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа" (РИК) ААУо аннынан тэриллибит „РИК Плюс" ААУо дьаһалыгар 17 млрд 644,5 тыһ. солкуобай киирдэ – нолуоктары уонна ол-бу хомуурдары төлөөбүт кэннэ.

Мантан хаарбах уонна саахалланар кутталлаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ 6,4 млрд солкуобай барыа. Манна туһуламмыт биэс сыллаах бырыгыраамаҕа бу сууматтан ураты атын суолунан киирэр үп, ол иһигэр федеральнай киинтэн кэлэр харчы үлэлиэ.

Социальнай инфраструктура сайдыытыгар – 5,1 млрд солкуобай кэриҥэ үп. Мантан 2,25 млрд солк. үп Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология киинин тутуутугар ананыа. Итини таһынан 2,6 млрд солкуобай 21 үөрэх тэрилтэтин тутууга туһуланыа. Оскуолалар, гимназиялар, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей, оҕо саадтара.

Гаастааһыҥҥа — 4 млрд солкуобай. Хомунаалынай ситими сайыннарыыга 1,5 млрд солкуобайтан ордук үп.

Итини таһынан үп барар үүтэ-хайаҕаһа кэмэ суох. СӨ Уопсастыбаннай киинин тутууга 217 мөл. үп барар диэн былаанныыллар. Ону таһынан үп хамсаабакка сытыа суохтаах сиэринэн, үп-харчы эргииригэр угуллуохтаах, онон дохуот киллэриэхтээх.

Бу үп сырыытын чопчу хонтуруоллуохха наада. Онуоха дьон-сэргэ кыттыһарын туһугар Уопсастыба сэбиэтэ диэн тэриллибит.

 

Кэм-кэрдии кимиитэ

Билэргит курдук, 2012 сыллаахха Орто Халыма уу халааныгар былдьата сылдьыбыта, барыта 500 мөл солк. кээмэйдээх хоромньу тахсыбыта. Быйылгы сыл ону туоратар үлэ түмүгүн таһаарыыттан саҕаламмыта, кэлэр сыл даҕаны халаан боппуруоһуттан саҕаланара буолуо диэн баар.

Өр-өтөр буолбакка, Тиксии бөһүөлэгэ тоҥон, биир аймалҕан тахсыбыта. Олунньу 17 күнүгэр бэрэсидьиэн Егор Борисов Тиксиигэ бэйэтинэн тиийэр, көрөр-истэр, дьон-сэргэ Уопсастыбаннай сэбиэт тэринэригэр, саахалы туоратар үлэни хонтуруоллааһыны бэйэтин илиитигэр ыларыгар этии киллэрэр. Итинтэн ыла дьон урут туораттан кэтии сылдьан сэмэлиири, суланары тохтотор, тэринэр, тэрээһиннэнэр, ханна кыаллар түгэннэргэ күүс-көмө буолан, уопсай үлэҕэ кыттыһан барар. Бу ааспыт сылга салалта дьоҥҥо сахпыт биир саамай чаҕылхай „кыыма" буолар.

Бу – умнулла сыспыт үгэс. Аныгы үйэҕэ туох барыта, уопсай дьыала суоҕун кэриэтэ, „ити эн дьыалаҥ", „бу мин тус кыһалҕам" диэн матыыптанар. Дьон-сэргэ биирдиилээн бытанарын (атомизация), киһи киһиэхэ атас-доҕор буолбакка, „конкурент", атыннык эттэххэ, күөн көрсөөччү, күн сырдыгын былдьаһааччы буоларын соҥнуур үйэҕэ бу — гражданскай уопсастыбаны тутуу  дьиҥнээх холобура буолар. Бу кэнниттэн маннык тэрээһин Нерюнгри куоракка, Уус Ньара бөһүөлэгэр дьон-сэргэ олохтоох салайыныы уорганнарын кытта кыттыһан, ханнык баҕарар уустук боппуруостары быһаарар кыахтааҕын көрдөрдө.

Егор Борисов ыам ыйыгар РФ Бэрэсидьиэнин аннынан үлэлиир Национальнай бырайыактары уонна демографияҕа бэлиитикэни олоххо киллэрии сэбиэтин мунньаҕар сылдьар. Бу Рязань уобалаһын Тюшево сэлиэнньэтигэр буолан ааспыт мунньахха Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев Уһук Хотугу оройуоннар дьоҕус эмтиир тэрилтэлэрин сабыталыыр сатамматын туһунан Егор Борисов этиитин өйүүр.

Ааспыт сайын халаан уонна балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи быыбарга бэлэмнэнии „бэчээтинэн" бэлиэтэннэ.

Егор Борисов сааскы уонна 2012-2013 сыллардааҕы сайыҥҥы халааннар таһаарбыт хоромньулара 3 млрд солкуобайтан тахсыбытын туһунан эппитэ. Бэс ыйынааҕы хоромньу 1,5 млрд солкуобай буолбутун туһунан суруйан тураллар.

Өссө биир дьоһуннаах сонун — быыбар саҥа сокуона. Кэрэхсэбиллээх уонна кэскиллээх сокуон диэххэ наада. Манна биир сүрүн түгэн баартыйа испииһэгинэн талыллар дьокутааттар, син эмиэ биир мандааттаах уокуруктан дьокутааттар курдук, чопчу быыбардыыр уокурукка сыһыарыллыбыттара буолар. Чопчу уокуруктан тураллар, чопчу уокуруктан дьокутаат буолаллар. Урукку курдук, баартыйа испииһэгинэн үлүбүөй талыы суох.

Биллэн турар, маны „Биир ньыгыл Арассыыйаттан" ураты атын баартыйалар соччо сөпсөөбөтөхтөрө, хас уокурук аайы дьоһун-мааны хандьыдааты туруорары ыарырҕаппыттара. Ол аата, кэскиллээх сокуон буоллаҕа — кэскилгэ үлэлиир, инникитин саныыр баартыйа дойду, өрөспүүбүлүкэ бары муннугун хаба сатыахтаах. Куорат чэрчитинэн, „уһун остуол тулатынан" эрэ дьоннордоох баартыйа Ил Түмэҥҥэ талыллан да туох абыраллаах буолуой? Ол эбэтэр, баартыйалар силистэрин-мутуктарын кэҥэттэхтэринэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ лаппа чугаһаатахтарына эрэ „биир ньыгыллары" кыайар кыахтаахтар. Таах кыҥкыйдааһынтан туһа тахсыбат.

От ыйын 2 күнүгэр Депутатскай таһыгар "Полярные авиалинии” хампаанньа бас билэр МИ-8Т вертолет сууллан аата суох алдьархай тахсыбыта. Бу аалга барыта 25 киһи олорсон испитэ — 14 улахан киһи, 8 — обургу оҕо, 3 — кыһыл оҕо. Балартан 3 экипаж чилиэнэ уонна 12 саастаах уол оҕо эрэ тыыннаах хаалбыттара. Суорума суолламмыт дьон ортотугар Ил Түмэн дьокутаата Александр Морозкин уонна "Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа” (РИК) салайааччыта Виктор Ефимов бааллар.

От ыйын 28 күнүгэр Русскай Устье сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 375 сыллаах үбүлүөйэ буолан ааста. Манна ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан Аҕа баһылык Егор Борисов, Новгород уобалаһын күбүрүнээтэрин солбуйааччыта Александр Смирнов, РФ Бэрэсидьиэнин сүбэһитэ Владимир Толстой, Лев Толстой аатынан "Ясная Поляна” тумэн-заповедник дириэктэрэ Екатерина Толстая уо.д.а. кыттыылаах халыҥ дэлэгээссийэ кэлэ сырытта.

Манна саҥалыы оҥоһуулаах, толору автоматизациялаах дизель-электростанция үлэҕэ киирдэ, балыгы тоҥорууга уонна астааһыҥҥа дьоҕус собуоттары тутан үлэлэтии туһунан олохтоох балыксыттары кытта барыллаан кэпсэтии барда.

Ол эрээри сыл биир саамай улахан үбүлүөйүнэн Арассыыйа Төрүт сокуонун 20 сыла буолуохтаах этэ. Ол эрээри, дьиктитэ баар, маны ким да улаханнык суолталаабат, бырааһынньык быһыытынан билиммэт курдук. Бука, сөпкө этэллэр быһыылаах — бу Арассыыйа Төрүт сокуона буолбатах, бу "тымныы сэриигэ” кыайбыт Арҕааҥҥы дойдулар соҥнообут "туһах” сокуоннара.

 

Төрүт Сокуон төрдө

Билигин Украинаҕа буола турар араллааны АХШ баһылыктаах арҕаа дойдулар өрүкүйэн туран өйүүллэр. Оттон ааспыты санаатахха, Борис Ельцин 1993 сыллаахха бүтүн норуотунан талыллыбыт Үрдүкү Сэбиэти тааҥкаларынан ытыалаан үрүө-тараа үүртэлээбитин бэркэ диэн биһирииллэр этэ, бадаҕа.

Салгыы кинилэр бу кур холуочук киһиэхэ Төрүт сокуону суруйан биэрбиттэрин туһунан этэллэр даҕаны, ону мэлдьэһии баар.

Соторутааҕыта Арассыыйаҕа АХШ Сайдыы норуоттар икки ардыларынааҕы ааҕыныстыбатын саптылар (Агентство США по международному развитию — USAID). Бу "дэмэкирээтийэни сайыннарыыга” үлэлиир ааҕыныстыба саайтаах, ол саайдыгар "USAID в России» диэн балаһалаах. Онно ааспыты түөһэн суруйаллар эбит. Онно маннык диэн баар: «USAID-funded Rule of Law implementers helped draft the Russian Constitution, Part I of the Russian Civil Code, and the Russian Tax Code».

Ону тылбаастаатахха, маннык диэн тахсар эбит: «USAID финансировал соблюдение законности при работе исполнителей, участвовавших в разработке Конституции РФ, части I из Гражданского кодекса Российской Федерации, а также Налогового кодекса Российской Федерации».

Ол эбэтэр Арассыыйа Төрүт сокуонун оҥорооччулар АХШ ааҕыныстыбатын харчытыгар үлэлээбит буолан тахсаллар. Оттон биллэрин курдук, "ким харчы төлүүр, ол кыыһы үҥкүүлэтэр” үгэһэ баар эбээт. Бу да сырыыга онтон атын буолбут үһү дуо?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Федеральнай мунньахха быйылгы Илдьитигэр Төрүт сокуон өлүктүйбүт улуу үөдэн буолбатах, киһи быраабын араҥаччылыыр иккис ыстатыйаттан ураты түгэннэрэ төһө баҕарар уларыйыахтарын сөп диэбитин өйдөөн кэбиһиҥ.

 


Таһаарыылаах тас бэлиитикэ

Арассыыйа 2013 сылы тас бэлиитикэҕэ улахан ситиһиилэрдээх түмүктээтэ. Ол курдук, мистер Сноуден нөҥүө Пентагон, ЦРУ, Госдеп сэкириэттэригэр кыттыһар чиэстэннэ. Аны туран, Сирия судаарыстыбатын сирэйэ-хараҕа суох урусхаллааһыны тохтоппутун санаан көрүҥ. Билигин Украина "евромайдааныгар” туохха да тэҥнэммэт ситиһиилэннэ, буолаары буолан, Арассыыйа дипломатията көмүскэнэр эрэ буолбакка, мантан инньэ кимэн киирии бэлиитикэтин тутуһууну саҕалаата диэн буолар.

Биллэн турар, ааспыт сүүрбэттэн тахса сыл устата утарсыы диэни көрбөккө аҥаардастыы айбардаабыт "арҕааҥҥы дойдулар” кыйыттыы бөҕөнү кыйытталлар. Оттон Арассыыйа Украинаҕа авиа- уонна суудуна оҥоруутугар дуогабар бөҕөнү баттаста, "Искандер” ракеталары Европа "муннун анныгар” аҕалан туруортаата. Санаан көрүҥ, өскөтүн НАТО Арассыыйаны Украинаттан ытыалыыр түгэнигэр бу ракеталары хайдах да гынан "хабар” кыах суох буолуо этэ. Онон Арассыыйа саба түһүүттэн көмүскэнэр кыахтанна диэххэ сөп. Холобур, АХШ Ирантан (бу дойду суоһуур ракеталара суоҕа билиннэ) дьаарханнаҕа буолан, Европаҕа туруорар ПРО ситимэ биһиги утарсыы түгэнигэр ытыалыыр ракеталарбытын саҥа көтөн истэхтэринэ самнары баттыырга аналлаах эбээт.

Онон тас бэлиитикэҕэ, салгыы үп-харчы ситимигэр көөчөөн көрө саҕаланара буолуо. Билэн-көрөн иһиэхпит.

                                                                                                              Суолласта, сурукка тистэ — СУР.
Category: Экономика и СЭР | Views: 1242 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 91
Ыалдьыттар (гостей): 91
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024