Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Тохсунньу » 14 » Билигин олус уустук бааллаах систиэмэ диэни киллэрэ сатыы сылдьаллар
Билигин олус уустук бааллаах систиэмэ диэни киллэрэ сатыы сылдьаллар
19:12
 Биэнсийэ туһунан
14.01.2014 15:08 | Автор: Кыым |
Кэнники сүүрбэ сыл устата дойдубут экэниэмикэтэ сатаан сааһыламматаҕын түмүгэр, киһи күннээҕи аһыгар-таҥаһыгар тиийэр биэнсийэ тиһигэ эмиэ кыайан оҥоһуллубата. Ол иһин, биэнсийэ билиҥҥэ диэри тиһигин быспат "реформаҕа” сылдьар аатырар. Саха сиригэр 200-чэкэ тыһ. биэнсийэлээх киһи баар. Оттон бу Арассыыйаҕа саҥа биллэриллибит биэнсийэ реформата биһиги биэнсийэлээхтэрбит олохторун тупсараары буолбакка, РФ Биэнсийэтин фондата триллионтан ордук суумалаах иэскэ киирбитин ыпсарар, сааһылыыр соруктаах оҥоһулла сылдьар дии саныыбын.
Бу билиҥҥи төлөнө сылдьар биэнсийэбит харчыта 2002 с. Зурабов реформатын саҕана тыырыллыбытын санатабын. Ол хайдах этэй? Оччолорго хомуньуустар фракциялара Госдуумаҕа олус табыгастаах сокуон барылын киллэрэ сатаабыта кыайан ааспатаҕа. Сэрэйиллэрин да курдук, куолаһынан ааспатаҕа. Атыннык эттэхэ, бу курдук куһаҕаннык түмүктэниэхтээх сокуон барылын соруйан билэ-билэ киллэрбиттэрэ. Ол түмүгэ дьэ көһүннэ. Биллэрин курдук, киһи эрэ барыта аахсыбыт хамнаһыттан 22 %-на биэнсийэ фондатыгар киирэ турар. Бу 22 %-тан 6 %-на судаарыстыбаттан тутулуга суох биэнсийэ фондаларыгар бара турар. Идиэйэ быһыытынан, ол 6 % биэнсийэ харчыта барыта бүгүҥҥү экэниэмикэҕэ угуллан иһиэхтээх, бу харчыны укпут киһи кэлин бэйэтэ ону биэнсийэ быһыытынан ылыахтаах диэн этэ. Билигин ол тиһик барыта кыаллыбат аатыран, "мунньулла сылдьыбыт” харчыбытын ханнык эрэ бааҥҥа уга охсон өрүһүйэр кыһалҕа тирээн кэллэ. Быһата, кыайан мунньуллубатах, элбээбэтэх, сүтэр кутталга киирбит.

Билигин олус уустук бааллаах систиэмэ диэни киллэрэ сатыы сылдьаллар. Ону судургутук быһаардахха, өскөтүн үлэһит хамнаһа биир сылга 568 тыһ. солк. тэҥнэһэр буоллаҕына --  киниэхэ быһа 10 баал ааҕыллар. Оттон үлэһит ыйга 5205 солк. намыһах хамнаһы аахсыбыт буоллаҕына – кини 1 баалы ылар. Бу дьон биэнсийэҕэ тахсалларыгар, үлэлээбит сылларын ол ылбыт баалларыгар төгүллүүллэр. Бу курдук тиһик киирдэҕинэ, билигин тыа сиригэр олорор, түптээх үлэтэ-хамнаһа суох дьоммут букатын да быстарар кутталлаахтар. Кинилэр уонна биир ыйга мөлүйүөнүнэн хамнастаах дьон биэнсийэлэрэ төһөлүү буоларын бэйэҕит да суоттаан көрүҥ. Ити кэнниттэн ким "барыбыт тэҥ бырааппытын Төрүт Сокуон мэктиэлиир” диэн ким этиэй?

Ити табыллыбатах биэнсийэ реформалара бары дойдубут кэнники 20-чэ сыл устата оҥорон таһаарар производствота букатыннаахтык эситибитин кытта быһаччы ситимнээхтэр. Бу билиҥҥи да реформаны оннук дьылҕа күүтэр.

Билигин боростуой дьон төлөөбүт нолуогун суотугар, үрдүк сололоох чунуобунньуктар бэйэлэрин кэлин кырдьан баран олорор сылаас-сымнаҕас олохторун хааччыналлар. Үрдүк хамнаска, сылаас дьиэҕэ үлэлээбит, толору судаарыстыба хааччыллыытыгар олорбут чунуобунньук биэнсийэтэ ыйга 50-200 тыһ. солк. тиийэ халбаҥныан сөп, оттон үйэлээх сааһын тухары өрөбүлэ суох хотоҥҥо үлэлээбит тыа сирин олохтооҕун биэнсийэтэ 7-15 тыһ. иһинэн халбаҥныыр.

Мин тус бэйэм санаабар, биэнсийэ төлөбүрэ ити курдук улахан ардайдааһына-араастаһыыта суох буолуохтаах. Киһи барыта үлэлиэхтээх. Өскөтүн үлэ киниискэтигэр туох да тохтобула суох үлэ ыстааһа баар эрэ буоллаҕына, чыыныттан-хааныттан тутулуга суох, дьон барыта араа-бараа биэнсийэни аахсыахтаах.

                                                                                          Петр Аммосов, Ил Түмэн дьокутаата.
Category: Социалка, пенсия, жилье | Views: 1347 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024