Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Тохсунньу » 26 » ИТЭҔЭЛ. Сахаҕа хас биирдии киһи күндү
ИТЭҔЭЛ. Сахаҕа хас биирдии киһи күндү
12:02
Воскресенье, 26 Января 2014 07:36
ИТЭҔЭЛ. Сахаҕа хас биирдии киһи күндү

Саха киһитэ үксэ дойдутуттан тэйэ сылдьан сахатын көрүстэҕинэ, улуустаспакка-хайаспакка, урут сыһыаннара хайдах да буоллун улаханнык үөрэр үгэстээх. Итиниэхэ биир тыллаахпыт, биир сиэри-туому тутуһан улааппыппыт ситим буолара чуолкай.
Маннык түгэҥҥэ биһиги төһө да улуу түүр тыллаахпытын иһин, Аан дойдуга суос-соҕотох, аҕыйах ахсааннаах омук буоларбыт туһунан ордук күүскэ өйдүүбүт.
Итинтэн сиэттэрэн мин маннык диэхпин баҕарабын: кып-кыра алмаас таас аарыма хайатааҕар күндү буолар. Тоҕо? Молекулалара ньыгыллар.
Ол курдук омук эмиэ ахсаанынан буолбакка, дьоно ньыгылынан күүстээх буолар. Итини - ахсааммыт аҕыйаҕа санаабытын баттыа суохтаах - диэн этэбин. Оттон омугу туох ньыгыл оҥороруй? Хантан кини күүс ыларый? Итэҕэлтэн.
Омукка биир ытык өйдөбүллэри (святыни) ылыннарбыт, хас биирдии киһи тутуһар-билинэр сиэрин-туомун (завет – Таҥара аман өһүн) олохтообут Итэҕэл дьону сомоҕолуур, түмэр. Онтон сылтаан дьон бэйэ бэйэтин эрэнсэр, өйөнсөр буолар, биир хааннаахтарын туспа-туора дьон курдук санаабакка, чугас уруу курдук ылынар. Ситинник национальнай хараахтыр хатарыллар-буһар.
 
***
Онтон төрөөбүт сирбитигэр бэйэбит ыккардыбытыгар сыһыаммыт хайдаҕый?
 
Итинтэн сиэттэрэн, саха өс хоһооннорунан сырдатан («эдэртэн эрчимин, кырдьаҕастан сүбэтин», «кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэтин ыл» диэн), олоҕум устата бүөбэйдээн кэлбит санааларбынан үллэстиэхпин баҕарабын:
1. Биһигини биир ньыгыл омук курдук холбуур ситим баар дуо?
2. Биһиги үксүбүт тутуһар сиэрин-туомун олохтообут, мөккүөрэ суох ылыналлар биир Итэҕэллээхпит дуо?
3. Биһиги, сахалар, бу сиргэ туох аналлаах олоробутуй?
4. Биһиги бэйэбит туспутунан ханнык чопчу, хас биирдиибит мөккүөрэ суох ылынар толкуйдаахпытый?
5. Атын омуктарга бэйэбитин билсиһиннэрэ сатыахтаахпыт дуо?
6. Ыалларбытын (атын омуктары) кытары ханнык сиэри тутуһан олоруохтаахпытый?
7. Хайдах былааһынан салаллан олоробутуй? Ол биһиги күннээҕи олохпутугар хайдах дьайарый?
8. Биһиги, сахалар, омук быһыытынан хайдах олохтоохпутуй? Астык дуу эбэтэр кыһалҕалаах дуу?
9. Бэйэбит, кэнчээрибит дьылҕатын туһунан толкуйданыахтаахпыт дуу, суох дуу?
Саха дьонугар, омукпут дьылҕатыгар сыһыаннаах судургу ыйытык дии саныыбын.
 
***
Мин ыйытыкпар биирдэригэр эрэ (сэттискэ, былаас туһунан) чуолкай быһаарыы баар. Былааспыт, хайдах да ааттаммытын иһин, ким да үөһэ олорбутун иһин, айылҕата уларыйбат диэн.
Оттон атын ыйытыктарга чуолкай быһаарыы суох. Онон бииргэ, көмүлүөк иннигэр олорор курдук, быһаарыстахпытына эрэ, ханнык эмэ суолу тобулуохпутун сөп этэ дии саныыбын. Биир киһи эттэ да, сабаас буолбат.
Ол гынан баран, мин тус бэйэм биир толкуйдаахпын: ханнык да киһи, ханнык да омук сир үрдүгэр күннээҕи кыһалҕаннан эрэ салайтаран от-мас курдук олоруо суохтаах.
 
***
Биһиги бүгүн тус бэйэбит, омукпут хас биирдии киһитэ билинэр-ылынар итэҕэллээхпит дуо?
Манна ким эрэ саҥа аллайыа: биһиги итэҕэллээхпит эбээт,  ойууннардаахпыт, сиэрдээхпит-туомнаахпыт! Мин ити сиэри-туому биһигини барыбытын биир ньыгыл омук гына сомоҕолуур Итэҕэл буолуо диэн саарбаҕалыыбын.
Итэҕэл диэн омук бэйэтин ис-иһиттэн төрөөн-үөскээн тахсар санаа-оноо. Ол санаа үөскүүрэ дьиктилээх - киһи эт мэйиитинэн быһаарбат. Хантан эрэ эмискэ, туохтан да булгуруйбат санаалаах, Итэҕэл тарҕанарын, сабыдыалланарын туһугар өлөллөрүн да кэрэйбэт дьон (пророки) омукка баар буолаллар. Олор холобурдара, олохторо, сиэртибэлэнэллэрэ Итэҕэли күүһүрдэр.
Оттон биһиги билигин сымыйаннан, араас-араас Итэҕэли айа сатыыбыт. Тенгрианство! Бу Итэҕэл биһиэхэ хантан кэлэн сыбанна (ааттыырбытыгар да бэйэбит тылбытынан эппэппит)?
Манна миигин православиены айхаллыы, онно тарда сатыыр дии санаамаҥ. Сорохтор, баҕар, этиэхтэрэ – "бэҕэһээ аҕай православнайдарбыт, онон сүрэхтэниини нууччалары кытары бииргэ бырааһынньыктыаҕыҥ диэбитэ, бу туох биир тылы суох киһитэй” диэн буолуон сөп. Ол иһин санаабын чуолкайдыыбын. Мин ону биһигини туораппатыннар диэн эппитим. Биһиги - бэйэбитигэр, кэнчээрибитигэр – кырыктаах улахан өс-саас күүһүрэн үрдүбүтүгэр түспэтин туһугар тугу баҕарар гыныахпытын сөп. Тактика.
 
***
Итэҕэл дьону тоҕо иһитиннэрэрий? Былаастаах буолан. Оттон ханнык баҕарар былаас манньалыыр (наҕараадалыыр) уонна буруйдуур (накаастыыр) эрэ кыахтаах буоллаҕына сабыдыалланар. Итэҕэлбит хайдах манньалыан эбэтэр буруйдуон сөбүй, атыннык эттэххэ, хайдах гынан дьону иһитиннэрэр былаастанар?
Манна холобур. Атын омуктарга итэҕэллэрэ ырай уонна аад туһунан кэпсиир. Үчүгэйдик сиэри-туому тутуһуоҥ - ырайга түбэһиэҥ, хара аньыылах буолуоҥ - аадка абааһылар мэлдьитин ыһаарылаан тахсыахтара.
Саха киһитэ (мин эмиэ) ону итэҕэйэрэ саарбах, ол гынан баран, улуу омуктар (сайдыыга, наукаҕа элбэх кылааты киллэрбит дьон) ити санааны ылыналлар, оннооҕор, холобур, гииминнэригэр «Айыы Тойон Таҥарабыт, Американы харыстаа» диэн ыллыыллар.
Онон итэҕэл ханнык да саарбахтааһына суох ылыныллар суол. Итэҕэйэбит, онон бүтэр.
Биһиги Итэҕэллээх буоллахпытына, ол Итэҕэлбит үксүбүтүн иһитиннэрэр ханнык суостаах дьайыылааҕый (холобур, ырай уонна аад курдук)?
Саха ис-иһиттэн туохтан куттанарый, туохтан дьоллоох курдук сананарый? Саха ыарахан ыарыыттан, соһумар өлүүттэн куттанар. Дьоло – элбэх оҕолонон, халыҥ аймахтанан уһуннук, чэгиэнник олоруу.
Онон саха сирдээҕи кыһалҕаннан олорор киһи. Киниэхэ киһи илэ хараҕынан көрбөтүн мэктиэлиир кураанах дьыала. Оттон биһиэхэ тугу эмэ (Таҥарабыт ыйыытынан сөпкө олордохпутуна) эрэннэрэр Итэҕэллээхпит дуо?
 
***
Саха омугар, ахсааммыт аҕыйаҕын быһыытынан, хас биирдии киһи күндү.
Оттон биһиги бүгүн бары үрүө-тараа сылдьабыт. Тыал (былаас, ким эрэ ордук күүстээх) хайа диэки үрдэ (үүрдэ) да, онно барабыт. Атын, бэйэбитигэр тэҥнээх киһи санаатын билинэрбит-истэрбит, ыараҥнатан көрөрбүт – саараама! Мин эрэ толкуйум сөрү-сөп, онон бүтэр диэбиккэ дылы. Итинник сыһыаммытынан үксүбүт, игирэлэр курдук, бэйэ бэйэбититтэн ханнык да уратыбыт суох: «Быгыалаама, нохоо! Дьонтон ураты буолума!». Кырдьаҕас, нэһиилэ хамсыы сылдьар, утуйа эрэ сытыан баҕалаах оҕонньорго дылы. «Айыкка, куолулаан-мээрилээн бүт! Дьону сылатыма!». Уот-төлөн (пассионарность) суох.
Бүтүн омук туһугар үлэ (сулууспа) баар буолар диэн толкуй суох. Үлэбит аҥардас тойон-хотун эрэ санаатын, ыйыытын-кэрдиитин толорор, онуоха сүүрэр-көтөр аналлаах курдук саныыбыт.
 
***
Ити барыта, мин санаабар, омугу биир ньыгыл ситимниир идеябыт (Итэҕэлбит) мөлтөҕүттэн тахсар. Ол иһин аҕыйах баҕайы ахсааннаах омук эрээри, улууһунан, өҥмүтүнэн-түүбүтүнэн хайдыһан олоробут. Хайдыһыы баарын, ол суол кими да дьиктиргэппэтин мэлдьэспэт инибит? Өйбүт-санаабыт былыр алаас алааһынан арахсан олорбоппутуттан уларыйбатах дии саныыбын.
Ол гынан баран, мин толкуйбунан, сахалар урут хаһан эрэ улуутуйа сылдьыбыт улахан омук бытархайдара буолуохтарын сөп. Тылбытыттан-өспүтүттэн, майгыбытыттан сылыктаан көрдөххө оннук курдук.
 
***
Онтон сиэттэрэн, мин, биһиги сахалар, урут сүдү Итэҕэллээхпит өйбүт-санаабыт түгэҕэр сөҥөн сытар быһыылаах диир санаалаахпын.
 
***
Манна мин биир дьиҥнээх, ол гынан баран, дьикти түгэни кэпсээн ааһыахпын баҕарабын.
1947 сыллаахха Кумран, Масады, Вади-Мурабаат диэн ааттаах сирдэр тастарыгар хайа хаспаҕыттан араб омугун оҕолоро суруктаах тирии лиистэри булан ылбыттара. Ити булумньу биһиги эрабыт буолуо икки үйэ иннинэ еврей, арамей, набатей, грек, латыын, сирия-палестина, араб былыргы тылларынан суруллубут Библия сорҕото, чуолаан эттэххэ, саҕаланыыта диэн буолбута. Булумньу дьиҥнээҕэ саарбаҕа суох. «Свитки Мертвого моря» диэн ааттанар.
Олорго мин сөҕөр биир суолум баар. «Сир Дойду муҥутаан сайдан турдар да, киһи аймах муммут-мунаахсыйбыт кэмигэр Хоту сиртэн кыра омук Улуу Итэҕэли дьоҥҥо аҕалан бэлэхтиэ» диэн ахтыллан ааһар. Таарыччы этэн аһардахха, аатырбыт Нострадамус хоһоонноругар (центурияларыгар) итиннэ маарынныыр билгэ эмиэ баар.
 
***
Итини сахаларга сөрүү сатаан этэр дии санаамаҥ. Мин итэҕэл дьоҥҥо араас эгэлгэлээх суолунан тиийэн кэлэр эбит диэн этиэхпин баҕарабын. Оннооҕор күн бүгүнугэр диэри тыыннаах улуу религияларга биллибэт түгэннэр бааллар эбит. Оччотугар биһиги да урут Улуу Итэҕэллэнэ сылдьыбыппыт диэн сабаҕалаатахпытына, туох да олуоната суох курдук буолан тахсар.
Мантан сиэттэрэн, ыйытык үөскүүр - өскө урут чахчы баар буола сылдьан баран, умнуллубут Итэҕэллээх буоллахпытына, онтубут туоһута, баҕар, күннээҕи олохпутугар ханнык эрэ тэрилгэ, малга-салга аахайыллыбакка сылдьара буолаарай?
Мин, холобур, чороону ылан көрүөхпүн баҕарабын.
Үчүгэйдик быһыытын-таһаатын өйдөөн көрдөххө, толуу хаан Ийэ-дьахтар көрүҥүн санатар курдук. Түбэспиччэ дуу, эбэтэр хайдах дуу? Чороон урут ханнык эрэ Улуу Итэҕэл сиэригэр-туомугар (для ритуалов) туттулла сылдьыбыт аналлаах иһит буолбатаҕа буолуо дуо? Билигин даҕаны, ол килбиэнэ өйбүт-санаабыт түгэҕиттэн өссө да бүтэһиктээхтик сууралла илик буолан, ыһыахтарга-туомҥа туттарбыт буолаарай?
Итини тоҕо этэрий диир буоллаххытына – Аан дойдуну барытын төрөппүт-үөскэппит Сүдү Аан Дархан Күн күбэй Ийэҕэ үҥүү-сүктүү (культ Великой Праматери - Матери всего сущего), Кини күүстээх тапталыгар (нарын-намчы буоллаххына), суостаах кырыгар (буруйдаах буоллаххына) итэҕэйии ханнык да киһи айылҕатыгар туора-тосту суол буолбат диэн санаалаахпын. Онон итинник Итэҕэл үөскүү сылдьыбыта, хос да күөдьүйүөн сөп диэтэхпитинэ,  омун буолуо суоҕа дии саныыбын.
Баҕар, биһиги, сахалар, урукку Итэҕэлбит Ийэҕэ сүгүрүйүү буолаарай? Билбэтим...
Ол гынан баран, ыһыах, үүнүү, кэнчээри, оҕо, Ийэ биир ситимнээх тыллар (парадигма) буолбатахтар дуо?
Мин Итэҕэл туһунан толкуйум итинник.
 
***
Түмүккэ истиҥ (эргиллибэт сиргэ барбыт инники көлүөнэлэрбит хаалларбыт аман өстөрүн – кыра оҕо сылдьан, кистээн саҥаралларын истэр этим – Таҥараны билиммэт сэбиэскэй былаас суостааҕа сүр этэ):
 
"Күн Күбэй Аан Дархан Ийэм барахсан!
 
Көмүскээ, харыстаа, көмөлөс.
Сылаас мичээргин эргит,
Сүрэҕиҥ итиитинэн илгий,
Арылхай сырдыккынан иннибин сырдат,
Мөлтөх бэйэбин араҥаччылаа,
Кэрэ кэнчээрибин бүөбэйдээн илдьэ сырыт.
Көмүскээ, харыстаа, көмөлөс.
Уруй-туску".
 
Валерий МЕКУМЯНОВ,
"Аартык.ру” анаан.
 
Комментарии
#1
Киhи 26.01.2014 08:45
хата биирдэ киhилии суруйбуттар дии, ону-маны лахсыйбакка. Тыллаах буоламмыт омук быhыытынан баарбытын олус сепке ыйбыккыт. Итинэн сиэттэрэн кырдьыга да5аны тойотторбутун иhитиннэриэхпит ин сеп эбит. Кэнники кистэл буолбатах, наhаалаан эрэллэр. Дьон сэнээрэр гына тугу эрэ тобулуохха сеп эбитэ буолуо.


Источник: aartyk.ru
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1407 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 91
Ыалдьыттар (гостей): 91
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024