Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Тохсунньу » 29 » манна үрдүк хороох бэргэhэлээх ахсыhынан турар киhи, «это сак Схунха» диэн нууччалыы суолталаммыт суруктааҕа буолар.
манна үрдүк хороох бэргэhэлээх ахсыhынан турар киhи, «это сак Схунха» диэн нууччалыы суолталаммыт суруктааҕа буолар.
21:56
түүрдэр  тустарынан  Лю  Мао  Цзай  диэн  кытай историгын  үлэтин  ниэмэстии  тылбаастаммытын  ирдэhэн  буллубут
Уста  туора  уйабыт  биллэр  билиилэрин  таhаарарга, тарҕатарга кыахтаахтар кыттыhың, көхтөөхтөр көмөлөһүҥ.


       Оруобуна  балтараа  тыhыынча сыллааҕыта Ирээн (Иран)  дойдутун ыраахтааҕыта Дарий 1 хотугулуу илин ыаллыы сытар аҕыс саарыстыбаларын самнаран кыайбыта хоппута,кыаҕырбыта.Ол  үөрүүтүн  -көтүүтүн, үйэлэр  тухары  ис  туоhу (источник)  буоллун  диэн Бехустун  хайатын хапчаанын  сирэйигэр  суорба  тааска  суордаран  үйэтитэр  мэңэни  оңотторбута. Манна  бэйэтин кытта  сабырыйтарбыт  аҕыс  саарыстыбалар  ыраахтааҕылара  кэлгиллэн  тураллара  суоруллан, чочуллан  ойууламмыттара. Кырдьык  биhиги  кэммитигэр  диэри эрэ буолбакка, кэлэр  үйэлэри кытта  кэрэhэлиэхтэрэ. Биhиэхэҕэ  сыhыаннааҕа  диэн  манна  үрдүк  хороох  бэргэhэлээх ахсыhынан  турар киhи, «это сак Схунха» диэн нууччалыы  суолталаммыт  суруктааҕа  буолар. Ол аата «үс кут саха» диэбит  буоллахтара  диэн  сабаҕалыыбын.  Аны  уонча,  сүүрбэччэ сылынан   маны   ырыңалаhар,  ыйдаңардыhар   ыччаттарбыт   ситэн – хотон  сириэдийэн   тахсыахтарыгар эрэнэбин!

       Аны, илиибит  иhигэр  баар  буолбут  илиңңи  түүрдэр  тустарынан  Лю  Мао  Цзай  диэн  кытай историгын  үлэтин  ниэмэстии  тылбаастаммытын  ирдэhэн  буллубут.  Бу  сүдү  үлэни  кытай омугун  тылыттан  тылбаастаан  481 сирэйдээх  уонна  831 сирэйдээх  икки  кинигэнэн  1958 с.  арай ниэмэстэр  эрэ  таhаарбыттара.  Ол  иhин  сэбиэскэй  даҕаны,  арассыыйа  даҕаны  түүрдэри үөрэтэр  учуонайдара  маны  билбэтэхтэрэ,  көрбөтөхтөрө, истибэтэхтэрэ  даҕаны,онон сырдаппатахтара.  Билигин ниэмэстии  тылтан  сахалыы  саңардыан  баҕалаахтары  түмэммит, кинигэлэри  түhүмэхтэринэн,  эбэтэр  сирэйдэринэн  үллэстэммит  тылбааhы  түргэтэтиэхпитин, дьоңңо-сэргэҕэ  тиэрдиэхпитин  сөп.      

      Баҕалаахтары  кытта  «Кистэлэң  күүс»  сурунаал   эрэдьиэсчиттэрин   нөңүө  булуохпутун, билсиэхпитин, үлэлэhиэхпитин  сананабыт,   электроннай аадырыhа:  redaktor8@mail.ru                                                                             

      Ааспыты  үhүйээн буола илигинэ сырдаттахха маннык: П.А.Ойуунускай аатынан саха академическай драмтеатырыгар бэйэтин саңа испиэхтээҕин бэлэмниир үгүс түбүгэр сылдьар Лена Ивановна Гриммы кытта көрсөргө Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэhитэ,драмтеатр артыыската М.Г.Осипова муус устар 12 күнүгэр күнүс 12 аңарга бириэмэ болдьоппута. Күтүөппүт   Гернот  Гримм: бу үлэни билиэхтэрин сөптөөх  учуонай доҕоттордоохпут уонна сайын уоппускабытыгар дойдубутугар дьарыктаныахпыт -диэн эрэннэрбиттэрин уонна толорбуттарын түмүгүттэн астынабыт,үөрэбит.

       £ссө төгүл кыыспытыгар Лена Ивановнаҕа, күтүөппүтүгэр Гренот  Гриммнарга,кинилэргэ көмөлөспүт  үтүө доҕотторугар,дьонноругар –сэргэлэригэр, дьиэ кэргэттэригэр , бүгүңңү сахалар  ааттарыттан   сирдээҕи олохпут  муңутуур тапталынан уонна ытыктабылынан билинэн  туран сүгүрүйэбит  уонна  махтанабыт!

       Академическай тылбааhын таhаардаллар диэн омук тылын кафедратын үлэhиттэригэр Лена Ивановна бэйэтэ тиэрдибитэ.   Аны, тылбаастан тылбааhы  буолбакка  ис  туоhутуттан  быhалыы                                        сахалыы  саңардааччылар көстөөйөллөр, үүнэн - сайдан  тахсаайаллар  диэн  баҕа  бүччүм       санаалаахпыт.              

 

                                    Айыы  Сиэн.


--
группа АЙЫЛГЫ
Category: Тюрки | Views: 1943 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 83
Ыалдьыттар (гостей): 83
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024