News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Муус устар » 11 » Дьааҥы сис хайатыгар хараллыбыт түҥ былыргы ааллар
Дьааҥы сис хайатыгар хараллыбыт түҥ былыргы ааллар
08:34
Ной Ковчега биһиги Сахабыт Сиригэр хайдах баар буолбутай? Кырдьык биитэр үһүйээн.
Автор: С.И.Евсеева (46.48.226.64) 09.04.2014 (07:19)
“Ной ковчега” ханнык кытылга тиксибитэй?
27/03/2014Print Friendly. Дьоһун саас
Биитэр, Дьааҥы сис хайатыгар хараллыбыт түҥ былыргы ааллар…
Аҕыйах сыллааҕыта түүр норуоттарын историятын үөрэппит кумык чинчийээччитэ Мурад Аджи “Куда приплыл ковчег Ноя?” диэн бэлиэтээһинин олус кэрэхсии аахпытым. Итиэннэ, эрдэ христианствоны уонна исламы эрэ кытта ситимнээх дии саныыр “Ной ковчегын” туһунан номоҕу өссө киэҥник, дириҥник ылыныахха сөбүн өйдөөбүтүм. Дьиҥэ, бу Ной туһунан номоҕу, бэл диэтэр, Кавказ хайаларыттан кый ыраах сытар Саха сирин кытта ситимниэххэ син эбит…
Ол курдук, 2011 сылтан ыла Саха сирин сис хайаларын халтаҥ арҕастарыгар ытта сылдьыбыт дьон, дэҥнэтэн, таастыйбыт түҥ былыргы уу аалларын – болуоттар сэмнэхтэрин көрөллөрүн туһунан иститэлиир буолбутум. Хаһыс да маннык сэһэн кэннэ, бу хайалар үрдүк арҕастарыгар харалла сытар түҥ былыргы таастыйбыт ааллар уонна “Ной ковчегын” туһунан номох икки ардыларыгар туох эрэ ситим баарын туһунан санаа күлүм гыммыта.
Эбээн-Бытантайга …
Аан бастаан 2011 сыллаахха Эбээн-Бытантайтан сылдьар ХИФУ саха тылын уонна культуратын факультетын устудьуона Оксана Стручкова ити улуус Кустуур нэһилиэгин хайаларыгар түҥ былыргы мас ааллар баалларын туһунан кэпсээбитэ. Чопчуласпыппар төрөөбүт дойдутун кырдьаҕастара кэпсээбиттэриттэн бэлиэтэммит: “Саккырыырга үрдүк хайа чыпчаалыгар өссө биир дьикти – борохуот аал баар үһү. Ону экспедиция дьоно көрө тахсаары үлтү түһэн өлүтэлээбиттэр. Оннук иччилээх хайа үһү…” – диэн сэһэнин биэрбитэ.
Кэлин бу дьикти “борохуот аал” туһунан Эбээн-Бытантайтан төрүттээх кыраайы үөрэтээччи Андрей Константиновтан сураспыппар манныгы кэпсээбитэ:
— Аал Кустуур нэһилиэгэр, Уһуктаах уонна Маҥан Таастар икки ардыларыгар, Хомурахсыт диэн сиргэ баар. Ити таастартан саҕаланар Ааллаах диэн үрэх аата маны кытта быһаччы ситимнээх. Бу сир бөһүөлэктэн Саккырыыр диэки барыыга икки көс курдук.
Таас үрдүгэр тахса сылдьыбыт дьон үөһэ аал – болуот сэмнэҕэ сытар диэн ааттыыллар. Сурастахха, тиит мастан оҥоһуллубут бадахтаах. Тула өттүгэр ханан да мас-от, уу суох сиригэр хайдах да киһи сүгэн таһаарбат. Аалы элбэх киһи көрдүбүт диирэ. Кылааһынан бохуоттуу сылдьан кытта көрөллөр эбит. Бу көрбүт дьон үксэ сааһыран, өлөн бүтэн эрэллэр. Ол эрээри, билигин да бааллар.
Бу кэпсээни истэн, көрбүт дьонтон ыйдаран баран тахсыбакка хаалбытым. Миэхэ ити эҥэр сирдэринэн бултуур ыырдаах Иван Федорович Горохов-Кучана уонна кини быраата Николай Федорович Горохов-Нэтээги Ньукулай кэпсээбиттэрэ. Кучана илэ көрбүт этэ. Кини 1990-с сылларга 80-тан тахсан баран өлбүтэ. Хайа үрдүгэр аал сытарын туһунан номох биһиги диэки көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит…
Дьааҥыга…
Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай ыкса ыаллыы сытар улуустар. Өссө уруккута биир оройуон эбит. Аны биир Дьааҥы сис хайатын миинэн сыталлар. 2012 сыл ахсынньытыгар, Дьааҥы улууһун дьаһалтатын ыҥырыытынан, Россиятааҕы История сылын түмүктүүр тэрээһиннэргэ кыттыбытым. Ол сылдьан хайа үрдүгэр сытар түҥ былыргы ааллар тустарынан сураспытым. Аан бастаан, Адыаччы нэһилиэгин баһылыга, историк идэлээх Михаил Осипов, сыыспат буоллахпына Сергей Прудецкай диэн киһи, Дьааҥы уонна Муома улуустарын ыпсыыларыгар баар хайаларга “былыргы болуоту” көрбүтүн туһунан кэпсээбитэ.
Табалаах нэһилиэгэр сырыттахпына, кинигэ коллекционера Владимир Рожин көмөтүнэн, телефон нөҥүө, хайа арҕаһыгар сытар түҥ былыргы аалы илэ хараҕынан көрбүт киһини кытта кэпсэтэр дьол тосхойбута. Кини – Егор Кривошапкин диэн, 1976 сыллаах төрүөх эбээн уола, өрүү тыаҕа, хайаҕа сылдьар табаһыт. Бэрт сэмэй куоластаах киһи ыйытыыларбар ордугу-хоһу саҥарбакка хоруйдаан испитэ:
— Болуот Табалаах бөһүөлэгиттэн 20-чэ көс кэриҥнээх сиргэ баар. Хайа үрдүгэр сытар. Үрдүк сиргэ. Улахан курдук көстөрө. Дэлби эмэҕирбит этэ. Устата 5-6 миэтэрэ баара буолуо. Туоратын билбэтим. Бултуу сылдьан хайа үрдүгэр көрбүппүт. Биир араҥа мас. Тоһоҕоломмутун дуу, баайыллыбытын дуу билбэтим. Эмэҕирбит, сир саба үүммүт этэ. Маһа бөдөҥ – дүлүҥнэр эргимтэлэрэ 50 сантиметртан тахсар. Маһа тиит диэн көрбүтүм.
Дьиҥинэн, дьон итиннэ болуот баарын уруккуттан билэллэр. Болуот буолара чопчу көстөр. Сирин чопчу билэбин. Сир харатыгар сирдээн көрдөрүөх этим. Биэс-алта сыллааҕыта күһүн көрбүтүм. Билигин да баара буолуо. Ханна барбыт үһү. Чугаһынан күөл, үрэх суох. Өрүс баһыгар таас үрдүгэр сытар. Аан таас. Аттыгар от-мас суох.
Сири-дойдуну билбэт киһи Дьааҥы улууһугар икки сиргэ былыргы аал сэмнэҕэ баар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Ол эрээри, Табалаахха олорор Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ Елизавета Мигалкина сабаҕалыырынан, бу Прудецкай да, Кривошапкин да биир аалы кэпсиир буолуохтарын сөп.
Өймөкөөҥҥө…
Доҕотторбор Саха сиригэр баар “Ной ковчегын” туһунан кэпсээбиппэр географиябын өссө кэҥэппиттэрэ. Кинилэртэн ыйдаран, Өймөкөөн I Бороҕон нэһилиэгин олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильева “Полюс Холода – Оймякон и его неразгаданные тайны” диэн кинигэтин булан көрбүтүм. Онно “Плоты на горах” диэн ыстатыйа баар эбит.
Автор Өймөкөөҥҥө хайалар үрдүлэригэр сытар түҥ былыргы ааллар тустарынан үһүйээннэр киэҥник тарҕаммыттарын бэлиэтиир. Итиэннэ, бу үһүйээннэр оруннаахтарын кэрэһилиир үс түгэни аҕалар. Ол курдук, Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо, СР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Афанасий Гермогенов-Гас суруйарынан, 1959 сыллаахха төрдүө буолан, Тарыҥ Үрэх бөһүөлэгэр төннөн иһэн, Туруук Таас хайа үрдүгэр сытар мас болуокка кэтиллэ түспүттэр. Онно Гермогеновы кытта Михаил, Василий Кондаковтар, Прокопий Кривошапкин бааллар эбит. Ахтыыга түҥ былыргы аал туһунан: “Плот состоял из четырёх брёвен. Толщина брёвен больше охвата, длина 3,5-4 метра, обвязка плота сделана из прутьев толщиной запястье взрослого мужчины. Отверстия и сами шпунты, соединяющие брёвна сделаны очень искусно, острым орудием труда. Поблизости, и вообще на этой горе не было и не могло быть брёвен такой толщины”, – диэн олус сиһилии суруллубута кэрэхсэбиллээх. Кинигэҕэ бу аал 300-400 миэтэрэ үрдүккэ сытар дэммит.
Аны Өймөкөөн киинэ Уус-Ньара диэки баар 1500-1700 миэтэрэ үрдүктээх Эбир хайаҕа эмиэ аал сытарын туһунан Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Ульяна Алексеевна Громова бигэргэтэр эбит. Бу аал Муньул диэн сиргэ, 10-с ыстаада күһүҥҥү көһөр ыырыгар сытарын туһунан киниэхэ убайа Иннокентий Алексеевич Громов кэпсээбит. Оттон Куттах диэн оҕонньор хайа арҕаһыгар сытар былыргы аалы көрбүтүн уонна ол сири ыйыан баҕарарын туһунан этэрэ үһү эрээри, кэмигэр ким да ону болҕомтоҕо ылбатах…
Чаҕылхай чахчы
Өскөтүн билиҥҥи Саха сирин намтал сирэ уу анныгар сыппыт эбит буоллаҕына, таас хайалар арҕастарыгар сытар түҥ былыргы ааллар хантан кэллилэр диэн ыйытар оруннаах. Бу ыйытыыга хардарардыы, экстремал-айанньыт Егор Макаров экспедициятын кыттыылааҕа, киинэ оператора Юрий Бережнев: “Уонча сыллааҕыта Өймөкөөн улууһугар сылдьан, биир таас үрэххэ, чугаһынан мас-от суох хайыр таас сиригэр, мас чөҥөчөктөрүн булбуппут. Бу чөҥөчөктөр таастыйбыт этилэрэ. Онтон аҕыйах тооромоһу ылан Дьокуускайга аҕалбыппытын Егор Макаров экспертизаҕа туттарбыта”, – диэн кэпсиир.
Туомтуу тардыы
Түҥ былыргы ааллар – киһи аймах бүттүүнүн таһымыгар киирсэр улахан историческай суолталаах реликвиялар. Тоҕо диэтэххэ, бу таастыйбыт мас ааллар номоххо уонна наукаҕа киирбит сир улуу мотуогун кытта ыкса ситимнээхтэр. Ол курдук, улуу мотуок, наука ыйарынан, муус буһук үйэтин эбэтэр, биһиги эрабыт 15-10 тыһыынча сылын кэнниттэн буолбут. Онон Дьааҥы сис хайатыгар көстөр былыргы ааллар мамоннары кытта саастыы да буолуохтарын сөп.
Библияҕа, Кораҥҥа ахтыллар улуу мотуок кэнниттэн Ной аала ханна тиксибитин тула учуонайдар икки ардыларыгар мөккүөр баар эбит. Аны бу “ковчег” сэмнэҕэ ханна хараллан сытара уонна ону ким көрбүтэ эмиэ туһунан остуоруйалаах. Ол эбэтэр, билиҥҥи уустук геополитическай быһыыга-майгыга киһи аймах ытык сирин уонна реликвиятын боппуруоһа, история таһымын нөҥүөлээн, идеологияҕа кубулуйбута кистэл буолбатах.
Гаврил АНДРОСОВ.Ответить
Онтон биһиги, - С.И.Евсеева
09.04.2014 (07:23) (46.48.226.64)
өйбүтүгэр Ной ковчега Арарат хайаларыгар буолбуттар дииллэрэ,эмиэ үһүйээн дуо?
Биирдэ киһи хаалбатах диэн:-) - С.И.Евсеева
09.04.2014 (08:01) (46.48.226.64)
Ной сделал всё так, как повелел ему Бог. По окончании строительства сказал Бог Ною войти в ковчег свой с сыновьями своими и женой, и с жёнами сынов своих, и ввести также в ковчег из всех животных по паре, чтобы они остались в живых. И взять себе всякой пищи, какая необходима себе и для животных. После чего ковчег был затворён Богом.
Через семь дней (во второй месяц, в семнадцатый [27] день) излился дождь на землю, и продолжалось на земле наводнение сорок дней и сорок ночей, и умножилась вода, и подняла ковчег, и он возвысился над землёю и плавал по поверхности вод. «И усилилась вода на земле чрезвычайно, так что покрылись все высокие горы, какие есть под всем небом» (Быт. 7:19) И лишилось жизни всякое существо, которое было на поверхности земли, остался только Ной и что было с ним в ковчеге.
Вода же усиливалась на земле сто пятьдесят дней после чего стала убывать. «И остановился ковчег в седьмом месяце, в семнадцатый день месяца, на горах Араратских. Вода постоянно убывала до десятого месяца; в первый день десятого месяца показались верхи гор.»
Ханнык ба5арар Үрдук хайа ,киһи дэбигис тахсан көрбөт хайатын аттынаа5а - ^0^кытыыСаха
09.04.2014 (11:18) (82.145.208.145)
Ити үһүйээни көнөтүнэн да, ханарытан да өйдүөххэ сөп. - Кэбуки
09.04.2014 (11:33) (94.245.147.150)
каждой твари по паре уонна ону аһатар астара буоллаҕына аарыма аал буоллаҕа - Кэбуки
09.04.2014 (11:45) (94.245.147.150)
Ханнык ба5арар Үрдук хайа ,киһи дэбигис тахсан көрбөт хайатын аттынаа5ы сирдэргэ - ^0^кытыыСаха
09.04.2014 (12:14) (82.145.208.145)
итинник үһүйээн,омугуттан тутулуга суох тар5аммыт быһыылаах.Сүнньүнэн былыргыттан Ной туһунан Бибилийэ үһүйээнин итинник сиргэ холбоон көрүү уонна тус кэпсээнньит бэйэтин оҥорон көрөн эбиитигэр оло5урбуттар дии саныыбын.Ордук ити Саха сирин холобуругар көстөр.Бу суруйуулартан сиэттэрдэххэ,Саха сиригэр хас да сиргэ итинник болуоттар "бааллара" саба5аланар.
Мин хайалаах сирдэри кэрийэ сылдьан кырата үс сиргэ, итинник бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһар кэпсээннэри,олохтоох кырдьа5астартан истэн турардааххпын.Бу куорумҥ олорооччулартан ылан көрдөххө, ити кэпсээннэри арыый сөпкө со5ус тойоннуохпун сөптөөх киһи мин буоларым буолуо дии сананабын.
Ити кэпсэнэр,Табалаахтан 20 көстөөх,Дьааҥы Муома ыпсыытыгар баар, Куутунньа хайата итиннэ чугаһынан суох,өрө хоройон тахсыбыт со5отох хайа5а 1981 сыллаахха сылдьыбытым.Онно кырдьа5ас табаһыт Жирков о5онньор оҥостон олорон итиниэхэ маарынҥыыр кэпсээнин истибитим.Ити хайа 2 килэмиэтиртэн ордук үрдүктээх, киһи соччо көлдьүргээн тахса сатаабат туруору,үрдэ хапта5ай,булкаан курдук буолан баран хараатара суох хайа төбөтүгэр чубуку кыылы халампааһынан таба көрөммүн,булчут хааным батарбакка тахса сылдьыбытым.Үрдэ үс-түөрт сүүс миэтэрэ эргимтэлээх көнө сиргэ,биир тэҥ кээмэйдээх, бала5ан са5а сымара таастар толору тар5ана сыталлара.Олор быыстарынан хаама сылдьан таас
дьиэлэрдээх былыргы куорат курдугу саныыгын. Кырдьык да5аны таастыйан хаалбыт Капхаас аулун курдук этэ.Ол гынан баран чубукуларбын көрдөөн бары үүтү-хайа5аһы барытын көрбүтүм да,ити кэпсэнэр аалы көрбөтө5үм.
Хайаттан түһэн баран о5онньорбор кэпсээбиппэр;" миэхэ дьон аал баар диэбиттэрэ"- диэн кулук-халык туттубута.
Бытантай "Ааллаа5а" олох кыра ,икки көс усталаах үрэх. Айан суолун быһа сытар буолан, уута кэлэн турда5ына биирдэ эмит аал охсунан туораабыттара буолуо,ол иһин "Ааллаах" дэннэ ини. Баһыгар ханнык да улахан хайа суох.
Өймөкөөн диэки сылдьыбата5ым да буоллар,онно да5аны үрдүк хайаны аллараттан өрө хантайан олорон кэпсээннэрэ киирэр кырдьа5астар ханна барыахтарай дии саныыбын.
Булбут экспонаттар Датировка ханнык үйө буолара буолуо? - -
10.04.2014 (10:23) (46.48.161.65)
кытыы муннун аннын эрэ к8р8р эбит -диэ... - ^0^кытыыСаха
10.04.2014 (14:48) (82.145.208.194)
Саха барахсан мутугунан быра5ар муҥур уйэтигэр,кырбыйдыы кыырайар кылгас оло5ор холоотоххо сир Ийэ дойдубут тыһыынчаннан тыырыллыбыт,үйэлэргэ уллэһиллибит киһи-аймах сайдыытын сирдээ5и оло5ун устата, сурукка киирбитэ,кэпсээҥҥэ кээһиллибитэ кыырай ыраах да буолла5а.
Ол да буоллар бу мин олорбут олохпор,остуоруйа5а охсуллубут,үһүйээҥҥэ үктэммит са5а сананан,ол былыт буолбут быдан ыраах сылларга,күүгэн буолбут күтүр ыраах кэмнэргэ кэпсэммит кэпсээн кырдьыгын көрөөрү,буолбутун билээри эт атахпынан үктэнэн,уу харахпынан одуулаан остуоруйа очуоһун кэрийэн,уһүйээн хайатын хааман, үрдүгэр уктэнэн туран,ончу суо5у оҥорон көрөн олоҥхолообуттарын,букатын суо5у була сатаан ботугураабыттарын,кэпсээн эрэ киэргэлэ буолбутун бэйэм билбитим. Ол очуос үрдүттэн,муннум анныгар да буоллар,"чыырк" гына силлээбитим,барылыччы сыыҥтаабытым.
Онтон эн миигин төһө да сиилэтэргин," сыыртан 5-6 миэтирэ урдуктээх томторго" тахсыбытыҥ дуу,суо5а дуу?
Category: Дьикти. О невероятном |
Views: 2035 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 110
Ыалдьыттар (гостей): 110
Кыттааччылар (пользователей): 0