Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Муус устар » 18 » «духовность» диэн тылбыт тылбааһын сахалыы суолтата «кут-сүр туруга» диэн тылбаастанан тахсар.
«духовность» диэн тылбыт тылбааһын сахалыы суолтата «кут-сүр туруга» диэн тылбаастанан тахсар.
07:49
Духуобунас диэни хайдах тылбаастыахха сөбүй?
(Аржаков Н.Н. – Боло Уус
)
  2012  сыл республикабыт аҕа баһылыгын дьаһалынан духуобунас сыла диэн биллэриллэн онно аналлаах үгүс элбэх тэрээһиннэр ыытыллан, ол аайы саха куттаах  кулгааҕар нэһиилэ батан киирэр духуобунас диэн тыл иһилиннэ ини иһиллибэтэ ини. Бырабыытылстыбабыт иһинэн Саха Республикатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга диэн министерстволаахпыт, духуобунас киинэ диэн тэрээһиннээхпит. Сахалыы хаһыаттарбыт эмиэ тылбаастаабакка духуобунас диэн нуучча тылын бэйэтинэн бэчээттии олороллор. Оннооҕор күннээҕи олохпутугар туттар аныгы үйэҕэ киирбит араас нуучча уонна омук тылларын сахатыта сатыыр «Кыым» хаһыат бу тылга «атаҕын тоһутан» эмиэ бэйэтинэн «духуобунас» диэн суруйа олорор. Биир өттүттэн көрдөххө бу биир тылы кыайан тылбаастыах айылаах күүс баар курдук институт үөһээ институт, ученай үөһээ ученай, суруйааччы үөһээ суруйааччы. Нэдиэлэ аайы НКИ хампаанньа биэриитигэр кэлэр «Саха санаата» диэн Наталья Михалева (Сайа) үс биэрии тухары «духуобунас»  диэни хайдах тылбаастыахха сөбүй диэн тылга-өскө инники күөҥҥэ сылдьар ученайдарбытыттан  ыйытыыгар сөптөөх толору хоруйу ылбатаҕын иһин бэйэм санаабын суруйарга сананным.
Интернеткэ «Дьоһун саастаахтар» кэпсэтэр сирдэригэр духуобунас диэн тылы тылбаастаан холоно сылдьыбыттар. Онтон сорҕолоро манныктар:
  • Духовность кут-сүр өйдөбүлэ. - Ньургун. Биир тылынан сахалыы быһаарыы баарын билбэппин.
    Сиэр, сиэр-майгы чугас курдук.

  •  духовность - Катя"Ис-кута сайдыылаах, толору" диэн хайда5ый
  •  Дух, душа - Кут - meic 
  • Духовность - Кут-сүр. Духовность народа саха- саха норуотун кута-сүрэ.
     Никон этэрэ ордук сөп курдук. Бэйэм санаабын кытта дьүөрэлии – Alaya
  • буолан дуу))))) Ол эрэн Сүргэ уонна Сүр диэн биир буолбатах буоллахтара. Сүргэ диэн эмоция, чувство, внутренний настрой
  • Цитата:

    Повышение духовности = Сүргэни көтөҕүү.
  •  «Кыым» хаһыат «Саха бахсыта» диэн сурналыыс Л.Ф.Федорова  Лазарь Афанасьевы (Тэриһи) кытта 2011 сыл балаҕан ыйын 27 кунунээҕи кэпсэтиититтэн быһа тардан аҕаллахха
    Л.Федорова: Лазарь Андреевич, духубунас диэн эн өйдүүргүнэн сахалыы тугуй?
    Л.Афанасьев-Тэрис:  Нууччалыы дух диэн сахалыы тыынДобрый дух сахалыы үчүгэй тыын. Кини Айыы таҥараттан түhэр сырдык күүс. Злой дух сахалыы куhаҕан тыын.  Бу үөр,  хараҥа күүс. Ити итэҕэл өйдөбүллэрэ.  Духуобунас диэн өйдөбүл итинтэн тахсар, ол аата кини үчүгэй да, куhаҕан да өрүттээх.
                Чэ ити курдук духовность диэн тылы сахалыы кыайан тылбаастаабакка буккуллан олоробут.  Онно бу тылбыт нуучалыыта туох диэн өйдөбүллээх эбитий?
     
    «Духовность свойство души
    , состоящее в преобладании духовных, нравственных и интеллектуальных интересов над материальными..»  диэн быһаарар «Толковый словарь Ожегова» 1949 сылга С.И. Ожегов, Н.Ю. Шведова таһаарбыт словардара. «Толковый словарь русского языка Кузнецова» диэн тылдьытка духовность диэни « Духовная, интеллектуальная природа, внутренняя, нравственная сущность человека (противополагаемая его физической, телесной сущности)» диэн аҕыахха сөп. Онтон «Энциклопедия эпистемологии и философии науки» диэн кинигэҕэ «Духовность - такой высший уровень развития и саморегуляции зрелой личности, на котором основными мотивационно-смысловыми регуляторами ее жизнедеятельности становятся высшие человеческие ценности, находящиеся между собой в неиерархических взаимоотношениях»
     
                Бу быһаарыылартан туох диэн түмүгү оҥоруохха сөбүй?
  • Мин санаабар духуобунас диэн тылы сахалыы тылбааһа  «киһи ис дууһата сайдыытын» көрдөрөр буолуохтаах.  Эдуард Пекарьскай сахалыы тылдьытын ылан көрдөххө саха «кут» диэн тылын нууччалыыта «душа» диэн тылбаастыыр, онтон сахалыы  «сүр» диэни «жизнь» диэн тылбаастаабыт.
  • Оччотугар бу икки тыллары  «кут-сүр» диэн бииргэ туттар түгэммитигэр «живая душа» эбэтэр тыыннаах киһи дууһата диэн суолталанан тахсар, уонна Тэрис «тыын» диэбитэ эмиэ да оруннаах курдук. Онтон кут-сүр сайдыытын ханнык тылынан хоһуйуохха сөбүй?
  •  Мин санаабар «турук» диэн тылбытын туттуохпутун сөп. Бу тыл суолтатын Эдуард Пекарьскай тылдьытын арыйан көрдөххө «стойкость, непоколебимость, надежность» диэн эрэ өрүтүн арыйбыт. Интернетка нууччалыы-сахалыы тылбаасчыт «турук» диэни нууччалыыта «состояние» диэн көрдөрөр.
  • Холобур «состояние здоровья» - доруобуйа туруга. Былыр ойууттар, удаҕаннар, олонхону да толорооччулар, онтон  билиҥҥи кэмҥэ көрбүөччулэр, сорох арай үлэһиттэр даҕаны бэйэлэрин көрүүлэниилэрин уонна толорууларын ханнык эрэ турукка тиийэн туран оҥороллор. Ол иһин турукка кирии диэн өйдөбүл биһиги билиҥҥи күннээҕи туттар тылбытыгар олохсуйан турар.
  •  Оччотугар «духовность» диэн тылбыт тылбааһын сахалыы суолтата «кут-сүр туруга» диэн тылбаастанан тахсар. 
  • Бу тылбааһы туһаннахха кулгаахпытыгар батан киирбэт «Духуобунас академията», «Саха сирин Култуураҕа уонна духуобунаска министерствота» диэн ааттар сахалыы «Кут-сүр туругун академията», «Саха сирин Культуураҕа уонна кутун-сүрун туругун  министерствота» диэн тылбаастаналлар.
     
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1817 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024