News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Муус устар » 28 » макрорегион сайдыытын көҕүлүүр туһугар федеральнай таһымҥа, бастатан туран, кэлим быһаарыылар ылыллыах тустаахтар”, -- диэн бэлиэтээтэ Алекс
макрорегион сайдыытын көҕүлүүр туһугар федеральнай таһымҥа, бастатан туран, кэлим быһаарыылар ылыллыах тустаахтар”, -- диэн бэлиэтээтэ Алекс | 12:42 |
Александр Жирков РФ cокуону оҥорооччуларын cэбиэтин мунньаҕар тыл эттэ
28 апреля, 09:55
ИА SakhaLife
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) Бэрэссэдээтэлэ Александр ЖИРКОВ Санкт-Петербурга Таврическай дыбарыаска 2014 сыл муус устар 25 күнүгэр Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕын Российскай Федерация Сокуону оҥорооччуларын Сэбиэтин мунньаҕар тыл эттэ.
Федеральнай Мунньах Федерация Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Валентина МАТВИЕНКО уонна Судаарыстыбаннай Дуума Бэрэссэдээтэлэ Сергей НАРЫШКИН салайан ыыппыт мунньахтарыгар Российскай Федерация Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, регионнар былаастарын сокуону оҥорор уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Сэбиэккэ бюджеттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылар проблемалара, Российскай Федерация правовой, политическай, экономическай, социальнай, финансовай тиһиктэригэр Крым Республиката уонна Севастополь табыгастаахтык алтыһыыларын сокуонунан хааччыйыы дьаһаллара, бюджеттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылар көдьүүстэрин үрдэтии суоллара, Федеральнай мунньахха Президент Анал этиитин олоххо киллэрии хаамыыта уонна оҕолор интэриэстэрин туһугар ыытыллар үлэ Национальнай стратегията дьүүллэһилиннилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Российскай Федерация Президенэ 2013 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Федеральнай мунньахха Анал этиитин судаарыстыбаннай былаас сокуону оҥорор (бэрэстэбиитэллээх) уорганнара олоххо киллэриилэрин дьүүллэһиигэ тыл эттэ.
Саха сирин парламенын спикерэ тыл этиитин саҕалыырыгар Российскай Федерация Президенэ Владимир Владимирович ПУТИН 2013 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕар Анал этиитигэр Сибиири уонна Дальнай Востогу өрө тардыыны бүтүн XXI үйэ сүрүн национальнай соругунан бэлиэтээбитин санатта.
Биллэрин курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ бөдөҥ бизнестэн саҕалаан экономическай үүнүү туочукаларын быһаарыыга тиийэ, Дальнай Востогу өйөөһүҥҥэ араас санаалар этиллэллэр, сокуоннар, чопчу механизмнар оҥоһуллаллар. Дальнай Восток уонна Байкал регионун сокуону оҥорооччулара макрорегион сайдыытын өйүүр сокуоннары ылыныы дьаһалларын бэлэмнээһини көхтөөхтүк ыыта сылдьаллара бэлиэтэннэ. Ол курдук, Ил Түмэн көҕүлээһининэн Дьокуускай куоракка 2014 сыл муус устар 3-4 күннэригэр улахан суолталаах хас да тэрээһиннэр: “Дальнай Восток уонна Забайкалье” Парламеннар ассоциацияларын уопсай мунньаҕа итиэннэ “Дальнай Восток уонна Байкал регионун сирдэрин-уоттарын көдьүүстээхтик сайыннарыы боппуруостарын сокуонунан сүрүннээһин” тематыгар регионнар икки ардыларынааҕы “төгүрүк остуол”, Дальнай Восток уонна Байкал регионун сайдыытын боппуруостарыгар Российскай Федерация сокуоннарын тупсарыыга этиилэри бэлэмниир Федерация Сэбиэтин үлэлиир бөлөҕүн мунньаҕа ыытыллыбыттара.
Дакылааччыт макрорегион субъектарын бэрэстэбиитэллэрэ Россия билигин туттулла сылдьар сокуоннара бүтүн Дальнай Восток уонна Байкал регионун сүүнэ сирин-уотун тэтимнээх сайдыытын толору хааччыйар кыахтара суоҕун бэлиэтээбиттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Миэстэтигэр баар кыах эмиэ кыра, онон сири-уоту сайыннарыыга политическай быһаарыы, толкуйдаммыт государственнай өйөбүл эрэйиллэр. “Макрорегион сокуону оҥорооччулара ылыммыт сүрүн түмүктэрэ -- макрорегион сайдыытын көҕүлүүр туһугар федеральнай таһымҥа, бастатан туран, кэлим быһаарыылар ылыллыах тустаахтар”, -- диэн бэлиэтээтэ Александр Жирков.
Саха сирин парламенын спикерэ Россия Президенэ туруорбут стратегическай соруктарын олоххо киллэрии үлэтин билигин саҕалыыр наадатыгар тохтоото. “Ити үлэҕэ хара бастакыттан төрүт быһыытынан: бастатан туран – толкуйдаммыт уонна кэскиллээх тосхоллор, иккиһинэн – сокуоннар үчүгэйдик оҥоһуллубут дьоһун, кэлим тиһиктэрэ уонна ити тиһиктэргэ тирэҕирэр, тосхоллору олоххо киллэриигэ көдьүүстээх, атын нуормалыыр правовой актар, ууруллуохтаахтар”, -- диэтэ Александр Жирков. Итиэннэ дакылааччыт Дальнай Восток уонна Байкал регионун социальнай-экономическай сайдыытын судаарыстыбаннай тосхоло бүгүҥҥү күҥҥэ үбүлээһинин кээмэйинэн да, олоххо киллэрэр дьаһалларынан да, сайдыы табыгастаах ньымата буолбатаҕын ыйда.
“Российскай Федерация бары регионнарыгар үлэни саҕалыырга биир тэҥ усулуобуйалары көрөр эбэтэр биэрэр нуормалыыр правовой актар тиһиктэригэр бүтүн Дальнай Восток уонна Байкал макрорегиона бэйэтин уратыларынан тэҥэ суох усулуобуйаҕа олорор: айылҕа, климат, география, демография уо.д.а. курдук, ыллыҥ да быһааран кэбиһэр кыаллыбат усулуобуйаларыгар. Макрорегион сайдыытын тэҥ эбэтэр урутаан иһэр усулуобуйаларын тэрийиигэ ити тэҥэ суох буолууну сымнатар эбэтэр туоратар миэрэлэр тиһиктэрэ эрэйиллэллэр”, -- диэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ биһиги олорор макрорегиоммут уратыларын булгуччу учуоттуур наадатыгар тохтоото. Сокуон барылын миэстэтигэр дириҥник ырытыы, дьүүллэһии суоҕа итиэннэ регионнар уратылара ситэ учуоттаммата үлэлии турар сокуоннарга улахан уларытыылары киллэриигэ тиэрдэрэ ыйылынна.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ балайда үчүгэйдик оҥоһуллубут, макрорегиону сайыннарыыга төрүт буолар кыахтаах сокуон барылынан В.А.Штыров салайааччылаах Федерация Сэбиэтин үлэлиир бөлөҕө оҥоро сылдьар “Дальнай Восток уонна Байкал регионун тэтимнээх сайдыытын ураты усулуобуйаларын туһунан” барыл буолуон сөп. Регионнар бэйэлэрэ маны оҥорууга кырата суох кылааттарын киллэрдилэр. Сокуон барыла Дальнай Восток уонна Байкал регионнарыгар общественнай дьүүллэһиини ааста, ол иһигэр биһиэхэ, Дьокуускайга, улахан биһирэбили ылла. Уопсайынан, сокуон барылыгар үлэлээһин көрдөрбүтүнэн, Федеральнай Мунньах итиэннэ Российскай Федерация субъектарын сокуону оҥорооччуларын күүстэрин түмүүлэрэ федеральнай сокуону тупсарыыга биллэр-көстөр кылааты киллэриэн сөп. Онон федеральнай сокуоннар барылларыгар бииргэ үлэлээһин саҥа көрүҥэ үөскээн таҕыста”, -- диэн эттэ Александр Жирков.
РФ Дальнай Восток сайдыытыгар министерствотын иһигэр оҥоһулла сылдьар урутаан сайдыы сирдэрин туһунан атын федеральнай сокуон барылыгар тус санаатын этэригэр, Ил Түмэн спикерэ сайдыы сорох эрэ өттүн көрөр чааһынай сокуон барылын быһыытынан сыаналаата. Дакылааччыт бэлиэтээбитинэн, ити барыл Дальнай Восток уонна Байкал регионун сайдыытын Тосхолун сокуон өттүнэн хааччыйар биир кэлим дьаһал быһыытынан итиэннэ бу макрорегион сүҥкэн сирин-уотун тэтимнээх сайдыытыгар киэҥ усулуобуйалары тэрийии туспа механизмын быһыытынан көрүллэрэ сөбө суох. «Бу барыл Федерация Сэбиэтин сокуонун барылын сорох балаһыанньаларын чопчулуур, балачча күүһүрдэр чааһын быһыытынан ылыллыан сөп”, -- диэтэ Александр Жирков.
Ил Түмэн спикерин санаатынан, урутаан сайдыы сирдэрин туһунан сокуон барылын ылыныы сокуону оҥорооччулар саҥа, арыый да дириҥ уонна утумнаах сокуону ылыналларыгар тиэрдиэҕэ. “Сайдыы аҕыйах туочукаларынан макрорегион экономикатын өрө тардар кыаллыа суоҕа, эрдэлээн дуу, хойутаан дуу, саҥа, балайда кэлим сокуону ылыныы эрэйиллиэҕэ. Российскай Федерация Президенэ Дальнай Восток уонна Байкал регионун өрө тардар чопчу соругу туруорда, бириэмэни ыыппакка, сайдыы бигэ төрүтүн билигин ууруоҕуҥ”, -- диэн Александр Жирков тыл этиитин түмүктээтэ.
Бу боппуруоһу дьүүллэһиигэ Российскай Федерация юстицияҕа министрэ Александр КОНОВАЛОВ, Россия тутууга уонна олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыбатын министрин солбуйааччы – статс-секретарь Александр ПЛУТНИК, Хотугу Осетия Республикатын – Алания парламенын Бэрэссэдээтэлэ Алексей МАЧНЕВ, Владимирскай уобалас Сокуону оҥорор Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ, Сокуону оҥорооччулар Сэбиэттэрин информационнай политикаҕа, информационнай технологияларга уонна инвестицияларга Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир КИСЕЛЕВ кытыннылар.
Дьүүллэһиллэр боппуруоска Сокуону оҥорооччулар Сэбиэттэрэ ылыммыт быһаарыытыгар Россия Президенэ 2013 сыл ахсынньы 12 күнүгэр РФ Федеральнай Мунньаҕар Анал этиитин олоххо киллэриини сокуон өттүнэн хааччыйыы улахан суолталааҕын ыйда. Итинэн сибээстээн, Анал этиини олоххо киллэриигэ туһуламмыт федеральнай сокуоннары уонна сокуон барылларыгар көннөрүүлэри киллэриини бэлэмнээһиҥҥэ Федерация Сэбиэтэ уонна Судаарыстыбаннай Дуума гражданскай общество институттарын кытта бииргэ үлэлииллэригэр сүбэлэннэ. Федерация субъектарын судаарыстыбаннай былааһын Сокуону оҥорор (бэрэстэбиитэллээх) уорганнарыгар правовой актарга уонна олору федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэриигэ уларытыылары кэмигэр киллэрэн иһэллэригэр этилиннэ. Ону таһынан Анал этиини олоххо киллэриини сокуон өттүнэн хааччыйыы уопутун түмэн сааһылыырыгар, Российскай Федерация субъектарыгар тарҕатарыгар, онуоха Крым Республикатыгар уонна федеральнай суолталаах Севастополь куоракка ураты болҕомтону ууралларыгар Сокуону оҥорооччулар Сэбиэттэрин хамыыһыйаларыгар сорудах бэрилиннэ.
Источник:
Ил Түмэн пресс-сулууспата.
|
Category: Право, закон |
Views: 1204 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 103 Ыалдьыттар (гостей): 103 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|