News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Бэс ыйа » 27 » Дьон кыһыйан-абаран тыаҕа биирдиилээн ыаллар сүөһүлэрин имири эһэн эрэллэрин туһунан этэллэр. Эдэр дьоммут үксүлэрэ куоттулар, үүт, эт сыана
Дьон кыһыйан-абаран тыаҕа биирдиилээн ыаллар сүөһүлэрин имири эһэн эрэллэрин туһунан этэллэр. Эдэр дьоммут үксүлэрэ куоттулар, үүт, эт сыана | 22:44 |
«Иэс сотуллубатаҕына, биэс-алта сылынан тыаҕа киһи ордуо суоҕа»
27 Июнь, 2014 в 13:52
Бэс ыйын 27 күнүгэр Ил Түмэн аччыгый мунньахтыыр саалатыгар тыа хаһаайыстыбатын тыын боппуруостарыгар аналлаах «төгүрүк остуол» буолан ааста.
Мунньаҕы СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын КПРФ уонна «Справедливай Россия» фракциялара тэрийэн ыыттылар. “Төгүрүк остуолга” тыа хаһаайыстыбатын уонна продовольственнай политикаҕа министиэристибэ тутаах үлэһиттэрэ, Ил Түмэн дьокутааттара, «Туймаада-Лизинг», ФАПК «Туймаада», СӨ АПК тэрилтэрин салайааччылара, улуустартан бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар.
Кэпсэтиини Ил Түмэн дьокутаата, Ил Түмэн солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Петр АММОСОВ иилээн-саҕалаан ыытта.
Сүөһү көрүүтүнэн дьарыктанар тэрилтэлэр материальнай-техническэй баазаларын туругун туһунан СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар уонна продовольственнай политикаҕа миниистири солбуйааччы Анастасия АФАНАСЬЕВА ымпыктаан, бэрт ылыннарыылаах дакылааты оҥордо.
Кини кэнниттэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Тумул» ТХПК салайааччыта Таисия ДЕСЯТКИНА бэйэтин тэрилтэтинэн сирэйдээн бүтүн сүөһүнү иитиитинэн дьарыгырар салаа кыһалҕаларын туһунан кэпсээтэ.
Мунньаҕы батыһа суруйуум саҕаланыыта мэлдьи буоларыныы дэхси, биири лэбэйдиирдии таҕыста. Мунньах аата мунньах, ууга суруйбут кэриэтэ тыл бөҕө этиллэр да, олохпут оннуттан уларыйбыта көстүбэт. Оттон бу сырыыга ыҥырыллыбыт ыалдьыттар ууну омурдубуттуу бу Ил Түмэн килэйбит саалатыгар олорбокколор, тыл кыбытан, онтон улам тэбиэһирэн, букатын уоттаах-төлөннөөх тыллары эттилэр-тыыннылар. Чахчы да тыа дьоно муҥур уһуктарыгар тиийэннэр итинник айдааран эрдэхтэрэ.
Ол гынан баран тыа дьонун ыарахан ыйытыктара салгыҥҥа ыйанан хааллылар. Тоҕо? Ыйытыылар, этиилэр бырабыыталыстыба үлэһиттэригэр, тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр туһуланаллар этэ. Соҕотох миниистири солбуйааччы Анастасия Афанасьева нууччалыы-сахалыы хоруйдаһан балаһыанньаттан син тахсыталаата. Оттон бырабыыталыстыбаттан Петр АЛЕКСЕЕВ ыҥырыллыбыт үһү да, биллибэт биричиинэнэн кэлбэтэх диэн буолла. Хомуньуус Губарев икки фракция холбоһон бу сүдү суолталаах кэпсэтиини тэрийбиттэрин улахаҥҥа уурбат тойоттору хомуруйан ылла.
«Справедливай Россия» фракциятыттан салайааччылара Юрий ГРИГОРЬЕВ, норуот дьокутааттара Марфа ФИЛИППОВА, Жанна ЕГОРОВА, Василий ТИМОФЕЕВ, Михаил ГАБЫШЕВ Афанасьеваны тургутан көрөрдүү ыйытык бөҕөтүн биэрдилэр. Буолумуна, кинилэр саҕа бу дьылы быһа үүт, дотация дьыалатыгар сүүрбүт-көппүт депутаттар суохтар ини. Кинилэр кэннилэригэр тыа үлэһит дьоно баар буоллахтара. Дьокутааттартан ирдииллэр, ол дьон былаас уорганнарыгар накаас биэрбиттэрин тиэрдэллэр. Сокуон айыахтара, ону олоххо киллэрэр дьонунан толоруулаах былаас үлэһиттэрэ этэ буоллаҕа. Онтубут сирэйдэрин көрдөрөллөрө баҕалаах курдук. Таах да тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ кэллиэгийэҕэ сылдьар үһү.
Улуус мунньаҕын дьокутааттара эмиэ тыл этэн баар кыһалҕалары дьон истиитигэр таһаардылар. Нууччалыы саҥаран испиттэрэ да, кэлиҥҥинэн уу сахалыы быһаарсан бардылар.
Боротокуол быһыытынан нууччалыы ньылыбыратыы киһи өйүгэр тугу да хаалларбат курдук. Ол оннугар биирдиилээн дьон ойон туран саҥаран бардаҕына, киһи һык гынар.
Дьон кыһыйан-абаран тыаҕа биирдиилээн ыаллар сүөһүлэрин имири эһэн эрэллэрин туһунан этэллэр. Эдэр дьоммут үксүлэрэ куоттулар, үүт, эт сыаната олох түһэн хаалла, ыччаты үлэҕэ иитии букатын мөлтөөтө диэн үҥсэргээтилэр.
Саҥа олоххо киирбит «эт сокуонун» утарааччы элбэх. Бэйэлээх бэйэҥ сүөһүгүн көстөөх сиргэ баар бойняҕа тыыннаахтыы туттаран харчыланыы диэн бу тугуй? Оттон саха киһитигэр идэһэ сиир диэн туһунан үөрүү этэ буоллаҕа. Иһиттэн эҥин маттаҕыҥ ол. Арай, бэйэлэрэ кэлэн тыыннаах ыйааһынынан тутан тиэйэн илдьэллэрэ буоллар өссө син этэ диэччилэр бааллар.
Дьон төхтүрүйэн кэлэ-кэлэ тыа хаһаайыстыбатын сирэй миниистирэ суоҕуттан иҥиннэ. Саха дьонун дьылҕатын ити министиэристибэ быһаарар диэн бэлиэтээтилэр.
-Маҥнайгы бэрисидьиэммит Ньукулаайап бэйэтинэн сарсыарда биэскэ хотону кэрийэр үгэстээҕэ, — диэн аҕыннылар.
Оттон биһиги тойотторбут бырабыыталыстыба отчуотугар эрэ бар дьоҥҥо баалларын биллэрэллэр диэн буолла.
-Хайдах буолабыт биһиги?! Тоҕо биһиги нэһилиэккэ баар дьон ресурсатын үлэҕэ-хамнаска тардыбаппытый? Мин алдьархайын дьиктиргиибин… Элбэҕи этиэххэ сөп этэ да.
Ил Түмэн дьокутаата Михаил ГАБЫШЕВ:
-Бүгүн дьон бу этэрэ барыта оруннаах. Элбэх программа үлэлиир курдук да, дьон олоҕун-дьаһаҕын туругар, ыал остуолугар көстүүтэ күнтэн түүн, кырдьык, ыараан иһэр. Ол иһин бары болҕомто ууран үлэлиэхпитин наада. Холобура, бу биһиэхэ Арассыыйа Дьоруойа баар буолла. Михаил Готовцев бэйэтэ этэринэн, ынахтан үс-түөрт туонна үүтү ыахха сөп. Кини бастыҥ уопутун нэһилиэктэринэн, хас биирдии ыалынан тарҕатар наада. Онно туох үлэ баран эрэрий? – диэн эмиэ Анастасия Афанасьеваттан ыйытар.
Онуоха биирэ дьоруойу хайдах чиэстээбиттэрин кэпсээн биэрдэ. Чопчу үлэ бастыҥ уопутун дьоҥҥо тиэрдии суоллара ахтыллыбатылар.
-Программа бөҕө тыа сиригэр үлэлиир. Ол гынан баран дьиҥҥэ кэлэн улахан хамсааһын тахсыбата. Дьоҥҥо үлэлиир усулуобуйаны тэрийэр наада. Уонча сыллааҕыта ылбыт иэспин төлүү олоробун. Онтон ордон үлэ миэстэтин таһаарыахха диэтэххэ саарбах. Барыта маҥан баттаахтаах дьон тыа хаһаайыстыбатыгар хааллыбыт. Эдэр өттө кэлбэт. Хаамтахпытына эрэ харчы булуохпут диэн үгэргиир оҕо элбээтэ.
Икки көлүөнэни тыа сириттэн сүтэрдибит, үлэлээбэт оҥордубут. Кистэл буолбатах, бырабыыталыстыба отчуотугар бары бюджетниктар кэлэннэр куоластаан биэһи туруораллар. Алта баара эбитэ буоллар, алтаны да туруоруо этилэр. Биһиги сүбэлэһэн баран, тыа хаһаайыстыбатыгар диэн туһунан сыананы биэриэххэ диэн этэ сылдьыбыппыт даҕаны, бу этиибит олоххо киирбэтэҕэ.
Иэстэн-күүстэн хайдах эрэ гынан босхолоотоххутуна эрэ үлэлиир кыахтаахпыт. Бу иэһи босхолооботоххутуна, биэс-алта сылынан тыа сиригэр киһи да хаалыа суоҕа. Саха дьонун ынах уонна сылгы дьон оҥортообута дии-дии түөскүтүн тоҥсунаҕыт. Хас мунньах аайы барыта оннук буолан таҕыста. Онтугут, мин көрөрбөр, төттөрү буолуох курдук. Өскөтө биһиги хамнастаахпыт эбитэ буоллар, иэс хабалатыттан тахсарбыт эбитэ буоллар, хайдах үлэлээбэт буолуохпутуй. Үлэлиэ этибит.
Муниципальнай тэриллиилэргэ боломуочуйа биэрбиттэрэ. Управлениелар баһылыктарга эрэ отчуоттуур курдук үлэлииллэр. Агрооскуолаларга хамнастарын отут бырыһыанынан эбэр эбиккит дии. Тоҕо биһиги дьоммутугар эппэккитий? Ыанньыксыттарга. Үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубата.
Ол иннинэ саҥа хотон туһунан кэпсэтии да барыа суохтаах. Бастакы уочараппыт тутуллан, ол харчыта төнүннэҕинэ, оччоҕо эрэ атыҥҥа сананыахха баар этэ. Билигин комплекс оҥоро-оҥоро хаттаан дьоннору иэскэ киллэрдэххитинэ, хайдах буоларбыт эбитэ буолла.
Икки баартыйа бу мунньаҕы оҥорбуккутугар махтанабыт. Бу кэпсэтии хайаан да хардалаах буолуохтаах. Күн сарсын да буолбатар, боппуруостар быһаарыллан, иэстэрбит төлөнүөхтэрин наада. Оччоҕо эрэ биһиги дьону хамнастаан үлэлэтэр кыахтаахпыт.
-Тугу гынаары улахан хотоннору туттара сатыыгыт, өскөтүн үүт сыаната түһэ, дьон сүөһүтүн эһэ турар буоллаҕына. Маҥнай үүт уонна эт сыанатын үрдэтиҥ. Эһиги дьоҥҥо чопчу көмөлөһүҥ! Тыа сирин үлэлээн иитиллээччитин хамнаһын үрдэтиҥ! Ол-бу подачка курдук көмө биэрэн баран, көмөлөспүт саҕа сананаҕыт.
-Кэбээйи үрдүнэн «Мукучу» диэн соҕотох кооператив сүүстэн тахса ыанар ыанахтаах этэ. Билигин уонча эрэ ынахтаах хаалла. Туох бааллара барыта өлөн-быстан, эстэн бүттэ. Сылгылара барыта өлөн-сүтэн бүттүлэр. Чааһынай дьон эмиэ сүөһүлэрин маассабайдык эһэллэр.
Алексей ЯКОВЛЕВ, Бүлүү оройуонун сэбиэтин дьокутаата:
-Иитэн-аһатан олорор дьоммут – тыа сирин дьоно. Хамнас үрдүөн наада. Биһиги тоҕо наар атаҕастанабытый? Сирбитин-уоппутун алдьатан бүтэрдилэр. Биһиги үрдүкү саламтабыт тоҕо наһаа албыннарый? Мин кэлбит-барбыт тойоҥҥо боппуруос биэрдэҕим аайы наар уҕарытан иһэллэр. Үөрэтиэхпит диэн иһэллэр. Биир сыл, биэс сыл, уон сыл үөрэтэллэр да, бүппэт.
Бачча мустубучча кэлэр кэнчээри ыччаппыт доруобуйатын туһунан толкуйдуохха. Эти, үүтү аанньа сиэбэккэ олорор ыаллар оҕолорун доруобуйата туох аанньа буолуой?
Сирбититтэн баайы хостуур буоллахтарына, харчы төлөөтүннэр. Наар ылаллар да, биир эмэ кэлтэгэй кэппиэйкэни биэрэр тэрилтэни көрбөккүн.
-Ыччат тыа хаһаайыстыбата диэни куттана истэр. Тыаҕа үлэ суох, хамнас кыра, дьиэ-уот суох диэн кини билэр. Тыа дьонун дискримнацията барар! Ким 47 тыһыынчаны хамнаһыгар аахсар, ким олох да мөлүйүөнү ылар. Оттон тыа сиригэр10 тыһыынчаны да аахсаргыт сөп дииллэр. Ити ханна батар быһыыный?!
Бу былааска ньыла түспэккэ, кириитикэлиэххэ наада!
Ил Түмэн дьокутаата Георгий АРТЕМЬЕВ:
-Бэрисидьиэн сомоҕолоһуу туһунан этэр. Ханнааҕы сомоҕолоһуугутун этэҕит, өскө икки баартыйа дьон туһа диэн бу мунньахтыы олорор, оттон былаастаахтартан ким да суох.
Эмиэ дьокутаат Михаил Габышев:
-615 мөлүйүөннээх тутууга иэс судаарыстыба өттүттэн төлөнүөн наада дии саныыбын. Судаарыстыба тыа дьонун диэки сирэйинэн хайыһыахтаах уонна дьиҥнээхтик көмөлһүөхтээх. Хайаан даҕаны үүт сыанатын үрдэтиэхтээхпит. Саатар 36 солкуобайга таһаарыахтаахпыт. Ол туһугар туруулаһа, туруорса, этэ-тыына сылдьабыт.
Бэрт кэпсэтии таҕыста. Дьиҥ олоххо итинтэн сорҕото да олоххо киирдэр ханнык диэн сэмээр кэтэһэр буоллахпыт.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1457 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 117 Ыалдьыттар (гостей): 117 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|