News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Бэс ыйа » 30 » Тыа сирэ тыыннаах хааларын туьугар былаас уларыйыан наада
Тыа сирэ тыыннаах хааларын туьугар былаас уларыйыан наада | 22:23 |
биьиги нэьилиэк улахан анара улэтэ суох олорор.
Автор: тыа киьитэ. (80.83.238.52) 21.06.2014 (16:09) http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3272617&f=149
того ити тойоттор улэ миэстэтин таьааран урукку курдук совхозтары тэрийбэттэр, харчы син кестуэ этэ, ол бу ыьыах ыьар, куулэй тэбэллэр дии,сотлру олох эстэр кутталлаахпыт
бултаан балыктаан эбиниэги. - тыа киьитэ.
21.06.2014 (16:18) (195.189.123.205)
барыта бобуулаах, элбэх харчылаах эрэ киьи бултуур балыктыыр буолла. биһиги үлэ суоҕуттан куоракка тутууга үлэлиибит - эмиэ тыа киһитэ
21.06.2014 (16:24) (82.145.223.14)
маска сылдьан баран былырыынтан отделкаҕа киирдибит. биьиги хоту. - тыа киьитэ
21.06.2014 (18:40) (80.83.239.105)
куоракка киирэр кыах суох. ити - 1
21.06.2014 (18:43) (217.118.64.37)
Минсельхоз харчы бо5отун уоран сиэтилэр дии, тыа хаьаайыстыбатын сайдыытыгар барыахтаах харчыны. Дьаабы тойоттор.
Борисов угроза нации - Гектор
21.06.2014 (19:49) (66.249.81.103)
Тыа сирэ тыыннаах хааларын туьугар былаас уларыйыан наада. - тыа кырдьа5аьа
21.06.2014 (20:23) (85.26.241.32)
Бары бараан курдук глава эппитинэн суурумэҥ.кинини улэ5иттэн устуохтара диэн сылдьаахтыыр.дэриэбинэ барыта эстэр суолга киирэн эрэр...
..........................
22.06.2014 (09:02) (82.145.222.134)
буолбатах баар беге буоллага Хоту оройуоннарга кырдьык ыарахан. да син- биир тугк эрэ толкуйдуохха сеп харчы суох сиригэр кврдьык ол эн козац уутун ,оцорбут бэрэскигин или ким дьиэтин тупсаран ремоннаппат , онно-манна баран халткралыахха сеп или ити Анабары Алмазка эцин улэлээн харчыланыахха .Центр оройуон дьоно ол чааьыгар учугэйдэр куораттан чугас болан киирэн улэлииллэр испэттэр-аьаабаттар. Ол иьин улэни булан улэлииллэр мин одноклассник уолаттарым/билигин сааьырбыт дьон/ оннук улэлээбиттэрэ ыраатта Уже ууту-хайагаьы барытын билэллэр кыьын-саас туох улэ баарын билэн кэпсэтии ыытан халлаан сылыйда да улэлии бараллар.Бары кыагырдылар учугэйдик олороллор наьаа байбаталлар да, главнайа бэйэлэрин керунэр, ас-тацас баар болла да сеп буоллага .Хоту наьаа иьэллэр быьыылаах 500-600 меьееххе арыгы ылан иьэр диэн дьаабы дии
биир икки аргыьыттаахпыт. - тыа киьитэ
22.06.2014 (10:21) (80.83.239.78)
оннуктар нэьилиэк аайы бааллар ини, бэйэ дьыалатын тэрийэргэ харчы, тэрээьин наада, соготох кыага суох киьиэхэ кыаттарбат, былыргылыы совхозпар улэлии сылдьыбытым кене, аны ого диэбиттэр, ого улэлии уерэниэхтээх босхо буоллун, билин ого най барда тугу да сатаабат, от оттуо ду, саьаан туруоруо ду, бу ого улааттагына хайдах буолуой,
биир икки аргыьыттаахпыт. - тыа киьитэ
22.06.2014 (16:24) (82.145.221.132)
бу манна улахан анаара тыа сирин оло5ун дьаhа5ын сурах эрэ хоту истээччилэр билэр ба5айытык туттан суруйаллар эбит, билигин баар былаас тыа сиригэр оло5у соруйан уустугурдан олохтоо5у уос сиргэ коhорго куhэйэр политикатын куускэ ыытан эрэр, бырыhыан быhыытынан тыа сирэ сааhыран пенсионер саастаах эрэ отто баhыйан эрэр, эдэр улэни кыайар сытыы-хотуу отто улэ-уорэх сырсан уос сири булан сорох отто ускул тэскил сылдьар, быстах холтуураларга, сезоннай улэлэргэ тубэhэн айахтарын булунар, сорохторо сатаммакка бичтар дэнэр госудаарыстыба дьин ыытар политикатын тыыннаах туоhуларын кэккэтин ханаталлар, арай биир-икки дьоллоох стабильнай хамнастаах улэни булан улэлээн-хамнаан сылдьаллар. Билигин тыа сиригэр бюджет эрэ тэрилтэтин улэhиттэрэ стабильнай со5ус олохтоохтор, олор угус анаардара ор улэлээбит сааhырбыт дьон, итилэри да сылтан сыл аайы сарбыйан иhэллэр, идэтийбит основной тыа хаhаайыстыбатын бородууксуйатын онорон таhаарааччы суо5ун кэриэтэ, биир эмэ баара энин араас лизингэлэр, кредиттэр, арендалар, нолуоктар, иэстэр толооhуннэриттэн онуйбэттэр, государство кинилэртэн бородууксуйаларын кулуу гынар сыана5а атыылаhар, саатар сыана араастаhыытын (закупочнай уонна продажнай) онорооччуга буолбакка посредникка(атыылааччыга уонна переработка) биэрэр.
Тыа хаhаайыстыбатыттан ураты онорон таhаарааччы бары бэйэлэрин бородууксуйаларын барытын себестоимость+прибыль+резервный капитал учуоттаан батарар эбит буолла5ына т/х бородууксуйата себестоимость ус гыммыт биирэ эрэ сабар онто да анаара посреднигар хаалар.
Дьэ итини ити уhээ суоттааччылар аахпакка эрэ чабылана5ыт, тыа сирин олохтоо5ун сурэ5э суо5унан аа5а5ыт, эт, уут, о5уруот аhа, килиэп биир эмэ солкуобай урдээтэ5инэ хаhыытаhа туhэр бэйэ5ит то5о эрэ уот, уматык ыараата5ына буолуохтаах курдук саната суох ылына5ыт. Былаас итинник ыар услуобуйаны олохтоон баран аны сири аукцион через хаhыытыыр хаччылаах эрэ ыларын курдук онордо.
Дьэ уонна тыа олохтоо5ун ынах сылгы а5ыйааhыныгар буруйдаан, т/х бородууксуйата перевозной буолуутун кутурээн. Билинни былааска олохтоох киhи буолбакка, туох да бырааба суох, тугу да былаастан ирдээбэт кэлии киhи сиргэ улэлиирэ тула выгоднай, ол туоhута гастарбаайдар. Ол туhуттан саха аргыhыт, сурэ5э суох, энин араас менталитеты сыhыаралларын эhиги акаары курдук хатылыыгыт, итэ5эйэн бэйэ5итигэр ылына5ыт.
Онон бу мантан антах единэйдэри утаран куоластыахтаахпыт!
билинни - 321
22.06.2014 (17:11) (185.26.180.110)
былааьы биир республика иьигэр уларытан,н,ын тугу туьана5ын? Президент, Госдума быыбарыгар ханна сылдьыбыккыный? То5о ол кэмнэ бу курдук куолулаабатаххыный? Билигин кэлэн федеральнай былааска хайа оппозиционер Ил Дарханы атын да тойону ханнык Путин, ханнык эгэ федеральнай чунуобунньук керсуьэн тылын биэриэй? Хомойуох иьин кытаанах кииннэммит дойдуга олоробут, дьиннээх (реальнай) оло5унан олоруохха наада. Кураанах куолуттан, сонумсахтанан, атын эрэ буоллун диэн быьаарыныы сыыьа буолуон сеп. Дьеру тахсаммыт баай туспа республика5а олоробут дии2 кыырдахпытына да, син биир туох да уларыйбат- Россия5а олоробут!
321 - erjigen
22.06.2014 (18:44) (82.145.222.169)
.
Эн үчүгэйдик олороргор туох мэһэй баар? - Миисэ
22.06.2014 (21:05) (217.118.79.26)
Туох да5аны хааччах суох. Таһаххар дьаакыр баайбатах буоллахтарына хамсаа ээ.
таьаххар дьаакыр - туорт булуу тыата
22.06.2014 (22:52) (185.26.180.115)
тыа киьитэ эппиэттэьэн коруом. тыага чахчы улэлиэххэ соп куустээх уот суох биьиэхэ тайга диэн пило
рама ыллылар туорт ыал
оссо кредит онтукпут
анардас конулэ .уоппут
кыайбат бобулаах айдаан
бого биир ыал саамай
мургуннара холбоото
улэлэттэгинэ лаампабыт
сутэн хаалан баран кэлэр
маат бого араардага
ДИИ харчы оностон
буттулэр кредиттэригэр
дьаакырданнылар
биричиинэтэ дэриэбинэгэ
уот молтого ус сыл
буолла туруорсубуппут
пилорамаланан буттубут
ньимиликээннэр
суол тыа киьитин пробле
мата агыйах ыал такси
лыыр сайын самыыр
кыьын тибии суурбэ
сыл оноьуллубатах
суол биир ИККИ сылынан
массыына быраьаай ус
сылга бэриллибит
кредит таьаххар дьаакыр
Чэпчэтиилээх кредит
хокуоска АТБ бырыьыан
махре биэрэр атыттар
биэрбэттэр дэриэбинэгэ
саха ыала 45000 солкуобай
орто хамнаьа суох эбии
огото элбэх банк кытаанак
программа диэн онно
улахан байанайдаах киьи
тиксэр
коммерсия дэриэбинэ
иьигэр хайдах да эргит
харчы суох магазин аспыт
киьи эмиэ кредит ылар
уьаатагына биир сыл
буолуо иэс ыьан баран
ыархан банкрот таьагар
дьаакыр
элбэх суоьу оттонор ходуьа
дулга ходуьа
ууга тимирдэ
умнуллубут мелиорция
оссо айылга содула
таьаххар дьаакыр оссо
аахтахха элбэх дьаакыр
тыа киьитигэр куустээх
уот учугэй хааччыстыба
лаах суол чэпчэтиилээх
сиэрдээх кредит уонна
куох толон чиэьинэй комо
программалар оссо
сир оноьуута хомойуох
иьин ити биьиги сууруубу
туттэн туруорсуубутут
тан тутулуга суох
кыаллара буоллар тыа
да дьоно улэ хамнас
тэриниэ этилэр таьахпыт
дьаакыра чэпчиэ этэ
хомойуох иьин мин дэриэбинэм
чахчыта атыттарга
эмиэ баар биьиги да
уулусабытыгар кун
тыгыага оннуга чуоккай
улуустарга - т
22.06.2014 (22:26) (46.48.159.20)
тойоторгут кэлэн сылдьан биир ньыгыл партиятын талбатаххытына харчы биэриэхпит суо5а суолгутун оцоруохпут суо5а дии сылдьаллар.
дьаакыр уеьэ дьаакыр кэтэрдэллэр.миэстэ5иттэн хоннуон эрэ кэрэх - arbur
22.06.2014 (23:08) (82.145.220.100)
былаас уларыйда5ына таьах дьаакыра селлер ини
Эрдьигэн - туорт булуу тыата
22.06.2014 (23:29) (185.26.180.115)
Эрдьигэн кырдьыгы
суруйбут барыта оннуга
чуоккай тыа буолла
да сурэгэ суох куолуьут
куолуну да сатыыра
куолулуура буолуо
баары
Салалталар сыл аайы
кураанагы отчуот куолу
буолаллар ньыгыллар
да араастаахтар билинни
лэри утарар элбэх
оннуга чуоккай
т - erjigen
23.06.2014 (01:12) (82.145.222.218)
этэрин хомойуох иhин отой баар суол, ити ньыгыллар норуоту акаарыннан аа5ан, собулээн туттар ньымалара, илэ бэйэм быыбар кэмнэригэр элбэхтэ истибит тылларым, то есть открыто покупают твой голос за деньги, которых сами же присваивают под видом строительство дорог, которые в первую очередь необходим им. А вопрос заключается в том, что зачем они это делают? А ответ банально прост, они неуверены в том, что мы изберём именно их, поэтому им нужен каждый голос за них, или твой отказ участвовать в выборах. Ол иhин мин куолаhым тугу да быhаарбат диэн ойдобулу эйиэхэ инэрэ сатыыллар, ити эмиэ ньыгыллар биир албастара, бэйэм путин бутэhик быыбарыгар истибитим, путины агитациалыы сатыы сылдьар тойотторго, баар олох кырдьыктарынан сырай харах анньыбыппар, тугу да утары санараллара суох буолан, биhиги сахалар куоласпыт тугу да быhаарбат, утардахпытына республика5а кэлэр хаччыбыт аччыа, онон ба5арбатарбыт да куоластыа5ын диэн куотуммуттара. Мин санаабар саха сиригэр баhылыкпыт атын партия киhитэ буолла5ына, ол партия кэлэр быыбардарга ситиспитин сутэримээри, республика5а тугу эрэ оноро сатыах этэ. Хас биирдии партия, ааспыт быыбардары анализтаан, бу регионна примерно бачча куолаhы ылабыт диэн расчеттаналлар. Ньыгыллар саха сиригэр, ньыланса тойотторбут "утуолэригэр", куолас улахан анаарын ылабыт диэн аhара эрэллээхтэр, онон тугу да дуоннаа5ы оноро сатаабаттар, коннору тойотторбутун бас-баттах ыыталаан кээhэллэр, ылан да корун салалта, ил тумэн барыта ньыгылларынан тобус толору, олор бары кремльга соптоох куолаhынан хааччыйабыт диэн мэктиэлииллэр. Ол иhин биhиги хайдах да таhымнаах быыбарга ньыгыллары утарыах тустаахпыт!
Тыа сирин куорат супту уулаата - МП
23.06.2014 (01:02) (5.45.192.74)
Холобур, нэһилиек 1000 киҺилээх, онтон бюджета быҺа холоон 5-6 млн. буолуо уут харчыта суох. Манна куоракка бюджет эйгэтигэр 200 улэҺиттээх тэрилтэ бюджета 100 млн. буолар примерно, сорохторо. 10000 тыҺыынча иҺинэн киҺилээх нэҺилиэк биир баҺылыктаах уонна биир солбуйааччылаах. Онтон куоракка сорох бюджеттэн убулэнэр 100 улэҺиттээх тэрилтэ директора 4 солбуйааччылаах. Солбуйааччытын хамнаҺа 100 -кэ тыҺыынча. Маннык тэрилтэ элбэх. Уксэ бары биир аймах кормушкалара буолар. нэhилиэк баҺылыга дьаҺайар харчыта суох. Бу система уларыйбата5а ыраатта, уларыйбата да буолуо.
бүджеты онтон эрдэ оҥоруллар буотах да? - К-2 Ссылка на блог
23.06.2014 (10:27) (84.237.108.254)
ол харчы тиийбэтэ Главаа5ыт мөлтөҕүттэн тахсара буолуо ди.
к-2 - erjigen
24.06.2014 (04:00) (82.145.222.35)
бюджет эрдэ оноhуллубутун иhин, нэhилиэккэ тыырыллан бэриллибит суумма эрэ иhинэн сылдьаллар, онно да ороскуотун ыстатыйалара уже хааччахтанан сылдьар. Оннук этээс этээhинэн тахсан барыта москва тыырбыт ороскуота буолар, онон бюджет хаччытыгар глава молто5о куустээ5э билбэт, билсиитэ коссуутэ эрэ быhаарыан соп, холобура атын нэhилиэктэн сарбыйан киниэхэ эбэн биэриэхтэрин соп
билсиитэ суох буолла5ына мөлтөх буотах да? - К-2 Ссылка на блог
24.06.2014 (09:16) (84.237.108.254)
к-2 - erjigen
24.06.2014 (15:56) (82.145.222.95)
ити тус туhунан ойдобуллэр, билсиилээх-коссуулээх диэн эн миэхэ мин эйиэхэ диэн принцыптаах салайааччы, кини соруга судургу-хармаан эрэ ханаттар, молтох диэн ыйыы-кэрдии эрэ кууhунэн саната суох дьаhал эрэ толороору олорор салайааччы, онтон куустээх диэн бэйэтэ туhунан ойдоох санаалаах, олоххо кимтэн да тутулуга суох туhунан коруулээх, инициативалаах, дьону ко5улээччи салайааччы, хомойуох иhин бутэhик ыйыллар салайааччы суо5ун кэриэтэ, баар буоллахтарына да койго сылдьаллар, абааhы коруллэллэр
улэ суох - сэнээрээччи
23.06.2014 (21:14) (217.118.64.62)
Тыа сиригэр улэ кырдьык булбаккын.Уерэхтээх эрэ етте учу:утал ,воспитатель,врач эрэ улэтэ кестер.Уерэххэ кыайан киирбэккэ, олохторун эрдэ оностон ыал буолбут етте улэтэ суох угус ыарахаттары керсен кэтэх хаьаайыстыба тутан нэьиилэ айа5ынэрэ ииттинэн олороохтуур.Саатар дьаьалта еттуттэн хас биирдии ыалтан саатар биирдии киьи улэлээх буолуутугар ирдэбил, улэ барбат.Кинилэр бэйэлэрэ истэрэ тот буолла да, онно кыьал5а кыччыгый.Депутааттарбыт быыбарданар эрэ кэмнэригэр быгыахтаан баран, ууга тааьы бырахпыттыы сутэн хаалаллар, ол кэннэ эн кинилэри харчыга да кербеккун.Дьэ ол биирдэ кэлэр сырыыларыгар ханна учугэй тэрилтэ баарын керен баран бутэллэр.Депутат диэн онтон норуот кыьал5атын, ханна туох итэ5эс, кыайтарбат баарын ону самсыы тутар киьи буолуохтаах этэ буолла5а.
Тыа сирэ - Тыаскай
23.06.2014 (07:59) (213.129.63.5)
Ил тумэн депутаттара бэйэлэригэр 300 т. ыйга хамнас оностуннулар, госслужащайдар икки пенсиялаахтар (40+20), бюджет тэрилтэтин салайааччыта улэьитин хамнаьыттан 20 тогул улахан буолуохтаах диэн правительство тариф быьан республикага киирбит хаччыны барытын бэйэлэрэ сии олороллор. Итинник сокуон даже Россияга суох, Саха Сирэ законунан коррупцияны онорбут республика.
Ол депутааттыы тахсарга кэмигэр эмиэ элбэхтик үлэлээбитэ буолуо ди - К-2 Ссылка на блог
23.06.2014 (10:31) (84.237.108.254)
киһи бастаан бэйэтин аатыгар элбэхтик үлэлиэхтээх http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3272617&f=149
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1509 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 21 Ыалдьыттар (гостей): 21 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|