News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 3 » таатталар ууга баралларыгар чуолаан Чурапчыга баар 60 быһыт буруйдаах диэн этэллэр.
таатталар ууга баралларыгар чуолаан Чурапчыга баар 60 быһыт буруйдаах диэн этэллэр. | 09:26 |
Чурапчы быһытыттан сылтаан таатталар сылын аайы ууга бараллар
Понедельник, 14 Июля 2014 01:29Эбэ уҥуор сытар Чурапчы уонна Таатта улууһугар хас да нэһилиэк ууга барда, барар кутталлаах. Туохтан сылтаан сылга иккитэ Ытык Күөл ууга барарын ырытыы интернеккэ элбэх.
Ким эрэ таатталар ууга баралларыгар чуолаан Чурапчыга баар 60 быһыт буруйдаах диэн этэллэр.
- Сылын аайы айдаара сатыыбыт да, анарааҥҥылар аахайбаттар, хата быйыл бэйэлэрэ ууга баран дьэ быһыттара алдьатыылааҕын өйдөөтүлэр. Алдьархай бэйэлэригэр тирээн кэлбитигэр биирдэ таатталар кыһалҕаларын өйдөөтүлэр. Дьэ, хата Одьулуун ууга баран, бу сырыыга ууга барбыт талах курдаахтар элбэх соҕус харчыны куттаран ылаллар ини. Былырыын биир төбөҕө 7 тыһыынча солкуобайы бэрт эрэйинэн биэрбиттэрэ. Аны ол испииһэктиир кэмнэригэр дьиэлэригэр суох дьон ол харчыттан да маппыта. Таһаараа ыалбыт дьахтар ортотугар диэри уу ылбыт дьиэтигэр "олорботоҕун иһин" 7 тыһыынчатыттан маппыта. Аны Өкүлүүннээх дьиэлэрин докумуона оҥоһуллубатах буолан эмиэ ылбатахтара. Бииктэрдээх буоллаҕына оҕолорун пропискалаабатах буолан эмиэ эмээхсиннээх оҕонньорго эрэ биэрбиттэрэ. Дьэ дьаабы...
- Балаьыанньа байыаннай
Кунду табаарыстар бугун сарсыарда
Чурапчыттан бэл куьаган сонун кэлэн
барыбытын аймаата. Сепке этэгит сыл ахсын
мэлдьи сурэх бааьа буолбут, Чурапчы улахан
быьыта алдьанна. Бу быьыт 1995 сыллаахха
тутуллан улэгэ киирбит, управление мелиорации
бас билиитигэр турар, ремонт улэлэрэ бу
сыллар усталарыгар ыытыллыбатах. Сири
Холлогос барыта 6.388 мелуйуен куб ууну тутар
кыахтаага, ону ааспыт ардахтар уулара,
кэккэлэьэ сытар куеллэр
таьымнааьыннарыттан сылтаан ойогоьунан
уутун куоттарда. Беелуун туун Хадаар
баьылыга уонна олохтоохтор буолан, барыта 30
киьи суббуотунньуктаан буелуу сатаан баран
кыайбатылар, ууга былдьана сыстылар. Бугун
сарсыарда Одьулуунна ыытыллыбыт
оперативнай штаб мунньагын уураагынан
Одьулуун быьытын аьаннар уу Таатта урэгинэн
кэлиитин икки ана гына хайытан ыытарга
быьаарыы ылылынна. Бу тумугэр Одьулуун
сэлиэнньэтигэр балай да дьиэлэри уу ылар
буолла. Чурапчылар Мындагаайыга барар суолу
алдьатаары гыммыттарын боптулар уонна
Хатылы быьытын урдэтэн иьэр ууну Аана
аьааьыгар уонна Чурапчы куелугэр киллэрэн
кууьун еьулэр сыаллаах ыытыллыахтара.
Таатта улууьун салалтата уонна нэьилиэктэр
баьылыктарын этиилэрэ Чурапчыга ейенне.
Улуустарбыт баьылыктара Соров уонна
Ноговицын субэлэьэн биир тылга кэллилэр
кэнэгэскитин Сири Холлогос быьытын челугурэр
туьэрэр улэлэри ыытыыны бопсорго. Санатар
эбит буоллахха Сири Холлогос куелэ
балыктааьынна уонна кустааьынна туьаныллан
турарыттан, уонна Таатта урэх сунньугэр
олорор нэьилиэнньэлээх пууннарга улахан
кутталы уескэтэринэн. Чурапчы уонна Таатта
салалталара бииргэ улэлээьиннэринэн Чурапчы
быьыттара ууларын былырыын куьун уонна
быйыл саас эрдэттэн ыыта турбуттара, ол эрэн
ардахтаах, угут дьыл буолан балаьыанньа
манныкка тиийдэ. Правительство
бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий
Скрыбыкин, МЧС салайааччыта Александр
Горкун, республика прокурорун солбуйааччы
Борис Самойленко быьаарыыларынан ыксал
уескуур тубэлтэтигэр федеральнай айан суолун
алдьатыы кенуллэннэ. Ууну аара алаастарга,
куеллэргэ киллэрэн бытаардыы, кууьун еьулуу
улэлэрэ ыытыллыахтара. Кунду олохтоохтор
бары билэрбит курдук Тааттабыт уонна да
атын урэхтэрбит толору туралларынан
Чурапчыттан кэлэр уу элбэх буолуон сеп. Онон
бука бары малы салы ере тардарга, сэрэхтээх
буоларга ынырабыт. Буолар буолла, быйыл
буолбатагына эьиил, эьиил буолбатагына онтон
антах онон билигин бу уескээбит
балаьыанньаттан бары бииргэ эйэ дэмнээхтик
бэйэ бэйэгэ ейенсен, бары кыаллары онорон
туоруохтаахпыт. Бу куннэргэ уу хас хонугунан
кэлэрин таайа олорбокко бары уустуктарга
бэлэм буоларга ынырабыт.
Ытык куел 99%ууга барар туруктаах уьу, одьулуун, чакыр 80%ууга барбыттар. Ардах беге кыьалгабыт эбиллэ турар
***
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода |
Views: 1498 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 108 Ыалдьыттар (гостей): 108 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|
Комментарии
Барыыьап пиарщиктара барыыьап баар буолан абыраата дииллэр да ол абыраатын эридьиэстээн иьитиннэрин эрэ диэтэххэ ууну омурдан кэбиьэллэр. Таатталар кэпсээн эрэ Барыыьаптан тугу туьанныгыт?