News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 16 » Е.А.Борисов бэйэтин быыбартан уһулуннаҕына, саха омукка умнуллубакка хаалыаҕа.
Е.А.Борисов бэйэтин быыбартан уһулуннаҕына, саха омукка умнуллубакка хаалыаҕа. | 15:11 |
Кими талабыт?
11 Август, 2014 в 6:33
«Саха бэйэтин манчаарыларын умнубат эбэтэр кими талабыт?» диэн төбөлөөн «Алтан сэргэ» хаһыакка (21-№, 03.06.2014 c.) Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин салайааччытын ханнык солоҕо таларбытын мунааран суруйбутум.
Испэр, Ил Түмэн дьокутааттара аан дойдуга судаарыстыбаннай тутуллар баһылыктарын туох диэн ааттаналларын билэн, онон сирдэтэн, судаарыстыба Сүрүн сокуонугар суруллубуттары илдьиритэн өйдөөн, СӨ-тин бэрисидьиэнин таларга диэн быыбар күнүн болдьуохтара дии санаабытым. Оо, сордоох, кэнэммэр эбит.
Үгүс саха дьоно уонна сахалыы тылынан тахсар хаһыаттар суруйалларыттан көрдөххө, ил дарханы талабыт диэн санаалара көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Сэрэйдэххэ, өрөспүүбүлүкэбит баһылыгын солото сахалыы ааттанан, сахабыт тылын тилиннэрэбит диэн буолуо. Саха төрүт ийэ тылыгар «ил дархан» диэн сомоҕо тыл баарын булан аахпатаҕым. Ил дархан өйдөбүлүнэн, эйэлээх дьоһун, нүһэр киһи дэнэр баһылыктаныыбыт, кэлин «үрдүкү тойоммут» диэн өйдөбүллэниэ буолуо. Аан дойду дьонун-сэргэтин өйдөбүлүгэр өрөспүүбүлүкэни султаан да, хоруол да, импэрээтэр да салайбат, бэрисидьиэн эбэтэр сүбэ (сэбиэт) бэрэссэдээтэлэ салайар. Ил дархан дууһабытын манньытар эрээри, аатыгар эрэ өрөспүүбүлүкэ тутуллаах тэриллиини салайар соло диэн өйдүөххэ сөбө дуу?
Саха сиригэр олохсуйан олорор норуоттар Саха сирэ бэйэтин салайынар кыахтаах өрөспүүбүлүкэ тутуллаах олорорун атарахтата саныахтарын сатаммат. Олоро, силис-мутук хааллара кэлбэтэх, атын соруктаахтар түбүлээбиттэр арыый атыннык саныыллара саарбахтаммат. Кэлии эрэ дьон буолуо дуо, төрөөбүт төрүт буордаах дьоммут, холобур, уруккута бэрисидьиэммит, атастаспыт солотунан кылгас кэмҥэ салайар кылабаабыт Е.А.Борисов, бэйэни салайынан даххаһыйар туохха нааданый, төбө ыарыытын элбэтэн диэччилэр бааллар уонна саханы сонньуталлар. Кинилэр аҕыйаҕа суохтар. Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын туран биэрии, үчүгэй ыт быраҕан биэрбити сиргэ түһэрбэккэ «лап» гыннаран ыларыныы, тугу дук гыммыттарынан дуоһуйан, килэп-халап көрө олорорго сөбүлэһии тэҥэ.
Бэйэни дьаһаныы СӨ-тин сирэ айылҕаттан бэрдэрбит баайын туһаныллыахтааҕар тиийэн анньыллар. Харам санаа, байар баҕа баһыйан уопсай бас билиилээх судаарыстыбаны суулларан биирдиилээн бас билиигэ көстөхпүт. Ол элбэҕи этэр.
Дьиҥ кырдьыгы эттэххэ, үлэлээн аһыыр киһиэхэ ханнык бас билиилээх судаарыстыбатаҕа олороро син биир курдук. Уопсай баайдаах Сэбиэттэр былаастарыгар, ол баайы норуот дьиҥнээхтик бас билбэтэ, хомуньуустар баартыйалара бэйэтэ билбитинэн дьаһайара. Үлэ оҥоруутугар баай ким бас билиитигэр баара улахан суолтата суох буолуон сөбө, өскө судаарыстыба ыытар бэлиитикэтэ үлэһит киһи туһугар, кини олоҕун туруктуурга хайысхалааҕа буоллар. Ол хайысханы Арассыыйа судаарыстыбата соторунан тутуһуо суох быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыбаны салайыы ситимин, урукку курдук, эмиэ биир баартыйа тутан олорор. Салайар баартыйа — дьоно баайдаахтар холбоһуктара уонна онон бары салайар сололору кинилэр тутан олороллор. Ыытар ис бэлиитикэлэрин тэлимнэтиллибэт кырдьыга, норуоту ыан баайдарын хаҥатыы. Ити сымыйа буолбатах. Сыананы үрдэтии, дьон хармааныгар илиилэрин угар ньымалара буолар. Онтуларын инфляциянан сирэйдэнэн сапталлар.
Үйэ чиэппэрин курдук туох да айдаана суох, эйэлээх олоххо харчыны табаар оҥоһуута уонна эргиирэ сиппэтэ, дойдуну баһылаан олорор баартыйа тумус дьоно салайар хайысхалара кэлтэччи соруктааҕа көстөр. Ол аата, дьон-норуот туһугар буолбакка, бэйэ иннин көрүнүү. Кырдьыгы эттэххэ, соруйан оҥоруу. Дойдуга инфляция итиччэ уһуннук салҕанан барара норуоту халаан баайы хаҥатыныыга сүрүн тирэх. Өскө соруйан оҥоруу буолбатаҕа буоллар, ыраас суобастаахпыт дэнэр дьон, бэрисидьиэн, бырабыыталыстыба тутаах үлэһиттэрэ, дьокутааттар экэниэмикэни туруктуур кыахпыт суох эбит, онон солобутун босхолуубут диэн норуокка этиэ этилэр. Ол суох. Сэрэйии оруннаах курдук.
Тоҕо эмиэ итини түөрдүҥ диэххит. Үөһэ эппиппин өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыары тутан көрдөрөөрү. Анаммыт бэрисидьиэммит талан олордуталаабыт бырабыытылыстыбатын үрдүк сололоох үлэһиттэрин, бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттарын үтүөлээх үлэлэрин түмүгэр өрөспүүбүлүкэбит сайдар тэтимэ уҕараабат диэн дьон өйүгэр-санаатыгар үтэйэн киллэрии барар. Төһө сайынныбыт? Мин саныахпар, үлэһит киһи туһугар сайдыыбыт суох. Ону олох-дьаһах хааччыллыытыгар, уматыктарга, аска-үөлгэ сыана тэллэй курдук үүнэ турара этэр. Чахчы кырдьыгынан сирдэттэххэ, киһи өйүгэр өссө атын көстүү элэҥниир.
«Саханефтегазосбыт» аахсыйалаах тэрилтэ уматыкка сыананы үрдэппитин кылабаа э.б.к.толорооччу Е.А.Борисов тохтоторун туһунан эппитэ. Хайҕыам этэ, өскө уматык сыаната үрдэтиллэрэ тохтотуллубутугар сөп түбэһиннэрэн, атын үрдэтиллибит сыаналары түһэрэн биэрэргэ модьуйбута буоллар. Ол суох. Онон, быыбар иннинээҕи бэйэни көрдөрүнэ сатааһын, күллэринньик оонньуута буолан тахсар. Дьон өйүгэр-санаатыгар бэйэ туһунан үтүө өйдөбүлү киллэрэ сатыыр да буоллахха, ситэри сиэри толорон, кырдьык-хордьук оҥоһуллуохтааҕа. Атын уматыгынан эргинээччи тэрилтэлэр сыананы үрдэппэттэр. Эрдэ атыыласпыт хаһааспыт бүтүөр диэри сыананы уруккутунан хаалларалларын этэллэр.
«Саханефтегазосбыт» мэлдьи уматык атыылаһар Красноярскай кыраайдааҕы собуота, сураҕа, саахалланан, ону чөлүгэр түһэрэр үбү норуоттан ылаары, уматык сыанатын үрдэтиэҕин сэрэйэн, онно бэлэмнэнэн, эбэтэр көмө оҥороору былырыын атыылаһыллыбыт уматык сыанатын үрдэтэн, дьону суйдуур. Көрөргүт курдук, бары тахсар ночооттору, төһө да бас билии сокуонунан да, сиэр быһыытынан да иэдээннэрин бэйэлэрэ дьаһанан туоратыахтаахтарын иһин, норуот хармааныттан саманаллар. Бэйэтин салайынар өрөспүүбүлүкэ эбитэ буоллар, итини бэйэтин иһигэр тохтотуон сөбө. Аҕыйах солкуобай эбии төлөөбүттэригэр дьон быстан барыа суоҕа, хата тустаах хармааныгар сүүһүнэн мөлүйүөнү кутан биэриэхтэрэ диэн өйдөбүлүнэн олоробут. Өрөспүүбүлүкэҕэ, ханнык баҕарар салайыы таһымыгар, ол өйөнөр.
Судаарыстыба экэниэмикэтин эргимтэтин иһинэн олоробут, биир ситимтэн туоруур кыахпыт суох диэн куотуналларын билэбит. Ону, сахаҕа кыаҕа суох кылыйбат диэн этэллэр.
Сирбит баайын төһө кыах тиийэринэн баһан ылан атыылаан, тустаахтар байалларын сайдабыт диирбит. Сайдыы-норуот олоҕо туруктаныыта. Ол баһан ылар барыыстан (нолуок) миллиард да, сүүс тыһыынча да буоллун, судаарыстыбаҕа өлүүлээһин биир тэҥ халыыбынан барар уонна өрөспүүбүлүкэни тумнан ааһар. Сокуону таһаарар дьокутааттар баһыйар ахсааннара баайдаахтары араҥаччылыахтаах дьон үлэтин түмүгэ. Бэйэ эрэ иннин көрүнээһин, киһи өйүн иэдээҥҥэ тиэрдэр алҕаһа. Байбыттары аҥаардастыы байытар сорук ханна тиэрдэрин өйдөөбөт буолуу, ымсыы ытарчатыгар ылларыы, харам санааҕа хамначчыттааһын.
Сиэрдээх салайыы суоҕуттан сыл аайы бүддьүөт харчыта тиийбэт тирии, тарпат тараһа аатыран, үйэлэргэ үбү киллэриэхтээх өлүү аахсыйаларбытын атыылаан, саманан-имэнэн, ыал устун барбакка, олорон кэлбиппитигэр махтаныахтаахпыт курдук кэпсииллэр. Өлүү аахсыйалар бүтэллэрэ чугаһаан, сиргэ биллибэккэ кистэнэ сытар баай төһөтүн чинчийэн билэллэригэр Е.А.Борисов көрдөспүт диэн суруйаллар. Иккиһин талылыннаҕына атыылыам диэн буолуо. Бэрисидьиэнэ суох өрөспүүбүлүкэҕэ аны аахсыйа өлүүлүүллэрэ да саарбах. СӨ-тин итинник тутулукка киллэрэ, төлөрүйбэт хараҕа оҥорторо сылдьан, Е.А.Борисов туох толкуйтан, анаммыт бэрисидьиэн солотуттан аккаастанан баран, кылабаа солотугар быыбарданарга баҕатыйда?
Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрдүттэн эстэрэн, уобалас, кыраай, эбэтэр саха омук уокуруга оҥортороору дуо? Моҥкуруот (банкрот) дэтэн ону да оҥортороро дөбөҥ.
Өскө, сокуон хараҕынан олорорбут буоллар, сокуонунан ылыныллыбыт өрөспүүбүлүкэ сокуоннай тутулун норуоту кыттыһыннарбакка уларыппыттар, бэрисидьиэн, Ил Түмэн дьокутааттара (4 ыҥырык) судаарыстыбаннай бөрөстүүпүнньүктэринэн көрүллэн, холуобунай буруйу оҥорбуттарынан, сууттаныахтаах этилэр.
ПУТЧ туһунан умна илик инигит. Биһиги дьоммут ону аһара түстэхтэрэ. ПУТЧ-тар судаарыстыбаҕа ыксаллаах быһыыны эрэ биллэрдэхтэрэ. Судаарыстыба тутулун уларытар сорук суоҕа. Судаарыстыбаннай тэриллиини уларытарга үлэлэспит уонна үлэлэһэр киһини ким дэнэрэ буолла?
Е.А.Борисов биирдэ СӨ-тин бэрисидьиэнин солотугар анатан үлэлээн көрдүм, саха норуотун кэнэҕэски дьылҕатын туора хаамыталаатым, сөп буолуо диэбэтэ, саха норуотун иннигэр буруйдана санаабата сиэри таһынан. Баҕар, кини уонна кинини өйүүбүт диэччилэр саха омук өрөспүүбүлүкэнэрин туһалааҕынан аахпаттара буолуон сөп. Оттон саха омук Арассыыйа Федерациятын иһигэр бэйэтэ дьаһанан судаарыстыбаннастаах өрөспүүбүлүкэнэн олоруон баҕарар. Референдумунан өрөспүүбүлүкэбититтэн, бэрисидьиэммититтэн аккаастана иликпит. Норуот былааһын тууйан, ким соҕотоҕун дьаһайар?
Е.А.Борисовы өйүүр «Единая Россия» баартыйа киһитэ этиэ, Е.А.Борисовы кылабаанан талар оруннаах диэ уонна тоҕотун быһаарыа. «Кыым» хаһыакка (27- №, 17.07.2014 c.) Сур суруйуутун ааҕыҥ. Кэмэ кэлэ илик буолан, аҕытаассыйаланар киһи ааттамматах.
Бастакытынан. Судаарыстыба баһылыктара биэс сыл устата кинини үчүгэйдик биллилэр диэ. Мин саныахпар. судаарыстыбаны салайыы таһымыгар «Вась, Вась» диэн сыһыаннаһыы суох, суох буолуохтаах. Соло таһымынан, сокуон этэринэн сыһыаннаһыы эрэйиллэр уонна норуокка «таҥаһын көрөн көрсөллөр, өйүн кэриҥинэн атаараллар» эбэтэр нууччалыыта, «по одежде встречают, по уму провожают» диэн өс хоһооно баар.
Иккиһинэн. Кремль өйүүр, эрэнэр киһитэ диэ. Кремль кими, тоҕо өйүүрүн урут суруйан турабын. Онто да суох тоҕото өйдөнөр.
Үсүһүнэн. Ханнык да Арассыыйа эрэгийиэнинээҕэр экэниэмикэбит сайдыыта сүдү уонна сир баайын баһан ылан бэйэлэрин экэниэмикэлэрин сайыннаралларын кэпсиэхтээх. Онтон тииһинэрбит аҕыйах. Судаарыстыба киин бүддьүөтүттэн тобуктаан туран үп көрдөһөбүт.
Төрдүһэ. Ситэри эппэтэҕин эттэххэ, киин быыбардыыр хамыыһыйа биһиги илиибитигэр, түмүгү бэйэ туһатыгар оҥорору сатыыбыт диэн.
Мин саныахпар, Е.А.Борисов орто баайыылаах киһи кэриҥинэн өрөспүүбүлүкэ «сайдарыгар» диэн ааттаан үлэлээн кэллэ. Түмүгэ күлүмүрдээн көстүбэт. Е.А.Борисов бэйэтин быыбартан уһулуннаҕына, саха омукка умнуллубакка хаалыаҕа. Иккиһин талылыннаҕына, өрөспүүбүлүкэни ханна тиэрдиэхтээҕин бэйэтэ бэркэ билэр уонна элбэх сүгэһэрдэнэрэ чахчы. Кыайара саарбах.
Кими баһылыгынан талабыт диэн СӨ-тин олохтоох норуоттарыгар быһаарарга ыарахан ыйытык турар. Дэбигэс эппиэттэммэт. Эппипин быһаарыым, олохтоох диэн манна биһигин ыйаппыт уонна көмүс уҥуоҕун тоҥ буорга кистэтиэхтээх дьону, омугуттан тутулуга суох, этэбин. Саха сирин олохтоох дьоно куоластыырыгар сирдэтэрэ, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын төнүннэрэргэ сүрүн сорук туруорунан үлэлиэхтээх киһини талыы буолуохтаах.
Киин быыбардыыр хамыыһыйа саха тылын сокуонугар уонна бэрисидьиэн солотун ирдэбилигэр олоҕуран, сахалыы оруннаахтык билбэт кэлии омук киһитин быыбарга киллэриэ суохтааҕа булгуччу ирдэниллиэхтээх. Атыннык эргитэн эттэххэ, СӨ-тин баһылыгын быыбарыгар икки судаарыстыбаннай тылы үчүгэйдик билэр, олохтоох киһи киирсиэхтээх. Ити ханнык да сокуону утары барбат, төттөрүтүн олоххо киллэрии.
Е.А.Борисовы өйүүр баартыйа, киһи быраабыгар сигэнэн кими баҕарар киллэртэрэрэ чахчы. Баартыйа туруорбут ирдэбиллэрин эрэ толордун. Ол баартыйа былааһын сүтэрбэт мэктиэтэ уонна Е.А.Борисовы иккиһин талыахтарын баҕарбат сахалыы билбэт омуктар куоластарын, ол хандьыдааттар хайыталларарыгар суоттаныы. Ити улахан өҥө. Өссө сахалыы тыллаах быыбардааччылары хайытан «күлүк» хандьыдааттар туруохтара буолуо.
Туох да диэбит иһин, саха норуотун инники сайдыытын хайысхатын талар кирбии быыбар диир сыыһа буолуон сатаммат. Судаарыстыбаннастаах өрөспүүбүлүкэ эбэтэр уобаластарга тэҥнэммит, суолтатыгар эрэ маҥнай утаа өрөспүүбүлүкэ ааттаах, кэлин эрэгийиэн буолабыт дуу? Икки суолтан биирин талар сүдү суолталаах быыбар.
Саха сайдам уолаттара бэйэлэрин туруорумматтар үһү. Буолуох буолан судаарыстыбаннаһы олохтоохтук, төннүбэттии ыспыттарын кэннэ, эмиэ ыйыгы эрэ толорон ньыкырыһа сылдьаары, аныгыскы быыбарга туруорунаары тохтоон эрдэхтэрэ. Судаарыстыбаннаһы туруулаһыах биир саха саарынын өйөөрү, куолаһы хайытымаары өйдөрүн үлэлэттэхтэрэ диэн санааны күүркэтиниэххэ. Саха саарына диэн мээнэҕэ эппэтим. Билигин салайар соло эргин сылдьааччы атын омук дьонуттан сахалыы үчүгэйдик билэр киһи суох. В.М.Членовтан ураты. КБХ сахалыы билбэт хандьыдааттары быыбарга киллэриэ суоҕа диэн эрэнэ санаан этэбин. Ол омугумсуйуу буолбатах, сокуону тутуһуу.
Сахам Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо, бука бары быыбарга көхтөөхтүк кыттан, судаарыстыбаннастаах өрөспүүбүлүкэ тутулун төнүннэрэргэ туруулаһан үлэлииргэ мэктиэ биэрэр, бэрисидьиэн диэн ааттанары ситиһиэхтээх киһини баһылыгынан талыаҕыҥ.
Ол сахалар өбүгэлэрбит иннигэр ытык иэспит, ону умнумуоҕуҥ!
Уһук УЙБААН
|
Category: Выборы |
Views: 1430 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|