News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 18 » Егор Афанасьевич син үлэлээн кэллэ, үлэлии сатыыр курдук буолан баран, ити үлэтэ олох эффективноһа суох.
Егор Афанасьевич син үлэлээн кэллэ, үлэлии сатыыр курдук буолан баран, ити үлэтэ олох эффективноһа суох. | 07:59 |
Ынах сүөһүнү мусуойга эрэ көрөргө тиийиэхпит
18 Август, 2014 в 1:49
Тыа хаһаайыстыбатыгар 52 сыл үлэлээн баран биэнсийэҕэ тахсаммын бэйэм хаһаайыстыбабын тутан олоробун. Онон дьарыктаахпын эрээри…
Күннэтэ көстө турар кыһалҕаларбыт күн ахсын элбээн иһэр курдуктар. Ордук санаам оонньуура диэн баар, тыа хаһаайыстыбата кэнники сылларга олох өрүттүбэт курдук таҥнары бара турар. Дьаһал ылабыт дииллэр буолан баран, дьыалатыгар кэлэн ким да онон дьарыктаммат.
Үүт туттарыллар сыаната киилэтэ 17 cолкуобай буолбута уон үс сыл буолла. Бу тухары биир да солкуобайынан эбиллибэтэ. Ол түмүгэр дьон туох даҕаны материальнай интэриэстэрэ суох буоланнар, сүөһүлэрин харса суох кыччата тураллар.
Сүөһүнү билигин саастаах өттө эрэ көрөр. Кинилэр кыайбат буолан уонна интэриэстэрэ сүтэн эһэргэ күһэллэллэр. Оннук салҕанан барыаҕа.
Бу маннык балаһыанньа салгыы бара турар буоллаҕына, аны аҕыйах сылынан биһиги төрүт үгэспит сүтэн, ынах сүөһүнү мусуойга эрэ көрөргө тиийиэхпит. Ити сүүрбэччэ сылынан буолуо диэн биир бэйэм сабаҕалыыбын.
Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр ылыллар дьаһаллары мин кэскилэ суох курдук көрөбүн. 200-400 миэстэлээх хотоннору тута тураллар. Ыт баһа быстар сыаналаах Австрияттан, Калмыкияттан, Алтайтан ынах сүөһүнү тиэйэн аҕаланнар манна биһиэхэ олохтоон эрэллэр. Өссө мин, бэтэринээр киһи быһыытынан, куттанарым диэн онтон ыарыыны аҕалыахтарын сөп.
1952 сыллаахха брусселлез диэн ыарыыны итинник кэлии сүөһүлэр аҕалбыттара. Ону биһиги 40-н тахса сыл устата сыралаахтык охсуһаммыт суох гыммыппыт. Мин тус бэйэм онно үлэлэспитим. Билигин оннук ыарыы турар түбэлтэтигэр, кыайан үтүөрдэллэригэр саарбахтыыбын. Билигин биһиги курдук бэйэлэрин харыстаммакка үлэлиир бэтэринээрдэр аҕыйах буолуохтара дии саныыбын.
Тыа сиригэр үлэ-хамнас суох буолла. Киэһэ да сиир килиэптэрэ суох буолбут дьон эмиэ баар. Сүөһү тута сатааччы суох. Киһи бөҕө иэскэ киирдэ, кирэдьиит хабалатыгар ылларда. Оҕолоро, сиэннэрэ кытары төлүүр курдук.
Саамай кыра хамнаһы тыа сиригэр аахсаллар. Быһаччы тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьар дьоммут муҥутаан 10-12 тыһыынча хамнастаах. Биэнсийэ кээмэйэ эмиэ кыра. Биһиги, сэрии иннигэр-кэннигэр төрөөбүт көлүөнэ дьон, аҥаардас атаҕастабылга түбэстибит. Кыра коэффициенынан таҕыстахпыт дии. Онтуҥ үрдээбэт.
Сирбит баайа бүтүннүүтэ атыыланна. Өссө ол атыыланан үпкэ-харчыга турбута буоллар киһи саҥарыа суох этэ. Биир-биэс харчыта суох курдук бэрилиннэ. Оннооҕор «Якутцемены» атыылаатылар. Билигин үлүгэрдээх тутуу барар, суол оҥоһуллар. Биһиги дорожнайдарбыт цемени туоннатын 15 тыһыынчаҕа ыллылар, былырыын 12 тыһыынча этэ. Соннук сыаналарын үрдэтэ туруохтара. Чааһынай дьоннор буоллахтара.
Маннык олохпут салгыы барара табыллыбат курдук көрөбүн. Ил түмэннэр олус мөлтөхтүк үлэлииллэр. Норуот туһатыгар диэн дуоннаах сокуону ылымматтар. Бэйэлэрин интэриэстэрин эрэ туруулаһаллар, үрдүк хамнастарын, биэнсийэлэрин оҥостоллор.
Билигин 200-н тахса тыһыынча хамнастаах киһи хайдах баҕарар олорор буоллаҕа дии. Оттон тыа дьонугар наһаа куһаҕан бириэмэ кэллэ. Мин Ил Түмэҥҥэ чахчы норуот аатыттан үлэлиир дьокутааттар баар буолуохтаахтар диибин.
Оттон Ил Дархаҥҥа даҕатан эттэххэ. Егор Афанасьевич син үлэлээн кэллэ, үлэлии сатыыр курдук буолан баран, ити үлэтэ олох эффективноһа суох. Финансовай тирэҕэ букатын мөлтөх. Холобур, быйыл бюджекка 14 милийээр дефициттээх киирэн олоробут. Онтон 26 милийээр буолла. Ол аата 40 милийээр солкуобай бу сыл бүтүүтүгэр кэлэр сыл бюджетыгар киирэрбитигэр биһиги иэстээх олоруохпут. Биричиинэтэ – бюджекка нолуок киирбэт, барыта таска тахса турар буоллаҕа. АЛРОСА кытта бараары турар.
Владимир ПЕТРОВ, ветеринарнай сулууспа уонна үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1207 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 88 Ыалдьыттар (гостей): 88 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|