News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 18 » тус бэйэм, халтайга хаамыы, суохха сырыы, ону ааһан, дьон күлүүтүгэр киирии дии саныыбын. Харчылаах хааһахтаах дьон үптэрин үлүбүөй ыспат бу
тус бэйэм, халтайга хаамыы, суохха сырыы, ону ааһан, дьон күлүүтүгэр киирии дии саныыбын. Харчылаах хааһахтаах дьон үптэрин үлүбүөй ыспат бу | 08:04 |
Халтайга хаамыы, суохха сырсыы
18 Август, 2014 в 1:45
Е.А.Борисов бэрисидьиэннии олорон бэйэтигэр чугас сылдьарга, өрөспүүбүлүкэни салайсарга ыҥыран үлэлэтэр дьонун арыаллатан сылын аайы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уһун кэмҥэ харчы угар барыыстаах буолуохтааҕын билиһиннэрэ диэн ааттаан дойдулары кэрийэр үгэстэммитэ.
Санаттахха, 2010 сыллаахха сэтинньи ыйга Японияҕа, 2011 с. муус устар ыйга Кореяҕа, 2012 с. кулун тутар ыйга Канадаҕа, быйыл ОАР (Холбоһуктаах Арабскай Эмираттар) киин куораттарыгар Дубайга баран кэлбиттэрэ.
Иһитиннэрэллэрин курдук, чахчы кэпсэтиини ыыта барар буоллахтарына, тус бэйэм, халтайга хаамыы, суохха сырыы, ону ааһан, дьон күлүүтүгэр киирии дии саныыбын. Харчылаах хааһахтаах дьон үптэрин үлүбүөй ыспат буолуохтаахтар. Төһө харчыны туох тускуллаах барылга уган, хас сылынан, ол харчылара төннөрө саҕаланарын, онтон барыыһы төһө кэмҥэ киллэрэ туруоҕун, түмүгэр төһө баайдарын хаҥатыахтарын, ол сиргэ төһө сабыдыаллаах буолуохтарын биир бытархайга тиийэ суоттаан көрөн баран, харчылаах халаабыстарын айаҕын сэгэтэ түһэллэрэ чахчы. Онтон атын буолуон сатаммат. Биирдиилээн бас билиигэ олоҕурар хапытаал былааһын булгуччулаах сокуона оннук.
Толкуйдаан көрүҥ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттаах тэриллиилээхпит эрээри, тугу бас билэн бэйэбит, кимтэн да ыйыппакка, көрдөспөккө дьаһайар кыахтаахпытый? Сир баайын хостоон туһаҕа таһаарар аахсыйалаах хампаанньаларга өлүү аахсыйалаахпытын, сылы этэҥҥэ туораары атыылаан абыранныбыт дэһэбит. Өлүүгэ киирсэн, тугу эмэ быһаарсар кыахпытын туран биэрбиппит. Оннооҕор салайар дьоҕурдара үрдүк таһымнаах салайааччылары булан туруорар кыаҕа суохпутуттан, сылын аайы миллиардка чугастаһар барыыһы киллэрэ олоруохтаах, алмаас тааһы хостуур, бас билэр аахсыйалаах «Нижнеленское» диэн хампаанньабытын босхо кэриэтэ атыылаабыппыт. «АЛРОСА» АХ бас биллэҕинэ элбэх алмаас тааһы хостоон таһаарылаахтык үлэлээн, элбэх барыыһы киллэриэхтээх үһү. Харчы туһугар сиргэ бэлэм сытары кэмэ-кээмэйэ суох баһан ылан атыылаан, барыыс бөҕөнү киллэриниэхтэрин сөп. Онтон ким байар? Саха тыатын сирин олохтоохторо дуо? Барыыстан тииһиниэхтээх аахсыйабытын тарҕаппыппыт, өссө да босхону үрдүнэн, «Сахацемент» курдук, түҥэтиэхпит турдаҕа, үөһэттэн этиэхтэрэ, эбэтэр ким туһаныахтаах сипсийиэ кэрэх. Үөһэттэн диэн, киһи аймах сүгүрүйэр куйаар күүстэрин кыттыһыннарбакка, байыан баҕалаах, судаарыстыбаны салайсар дьон бөлөҕүн эттим. Оннооҕор «АЛРОСА» АХ алмаас таас сиргэ ханан, төһө кистэнэ сытарын бэйэтэ чинчийэр сурахтаах. Сүрүн ньии! Хоспоххор төһө астааххын билбэт турукка киирии көнөтүнэн холобура. Аанньанан ыал хоспоҕун күлүүһүн тылын ааһан иһээччигэ туттарбат ини.
Айылҕа анаан бэрсибит баайдаах сирдэрбитин бас билбэппит. Сүрүн сокуоммутугар өрөспүүбүлүкэ сирэ кэлимсэтин туһунан туох диэн сурулла сылдьарый? Сүрүн сокуоммут оҕону саататар домох, остуоруйа курдук. Ол түмүгэр сир баайын кимиэхэ хостотору быһаарарга СӨ-тэ кыттыспат, эмиэ үөһэттэн быһа дьаһайа олороллор. Итэҕэйбэт буоллаххытына «Туймаада» хаһыат 198 нүөмэригэр (10.04.2014 c.) тахсыбыт Иван Бурцев «Томтор Таас барда …» диэн суруйуутун ааҕаарыҥ. «Тоҕо сүрэй!» — диэн саҥа аллайаргар эрэ тиийэҕин.
Ити курдук, СӨ-тэ тугу да быһаарар кыаҕа суох олорон, ити мэлдьэһиллибэт чахчы ини, атын судаарыстыбалар харчы угалларын ситиһэ, ону сорук оҥостон, турунан үлэлии сатыыр. Баҕар, сылтах, солоҕо олорор эрдэххэ сиргэ-дойдуга сылдьымахтаан хаалыахха диэн буолуо. Ама сайдыылаах судаарыстыбалар Арассыыйа ыытар ис бэлиитикэтин, СӨ-тэ тугу да бэйэтигэр куос ылан быһаарар кыаҕа суоҕун билбэттэрэ буолуо дуо? Сымыйанан иһитиннэрэ олордор олохтоох нэһилиэнньэтээҕэр, биһигиннээҕэр, ордук билэллэр ини. Истэригэр күлэ-күлэ сиэри тутуһан, кэпсэтии остуолугар олороллор буолуохтаахтар. Чахчы сайдыыга диэн ааттаан харчы уктахтарына даҕаны, ол харчыларын хайдах өҕүтэн ылалларын оруннаан баран ыһыктар сиэрдээх дьоннор. Итини этэн баран, бу сыл муус устар ый 18 күнүнээҕи (69 н.) «Якутия» хаһыакка «О пользе «маниловщины» диэн Иван Сергин бэлэмнээбит суруйуутугар тохоон ааспат буолуохха сатаммат. Дьокуускай куоракка 100 киһини хоннорор ыалдьыттарга дьиэни (гостиница) уонна эмиэ 100 эмтииргэ өҥө кыра дьиэлэрин (фельдшерско-акушерские пункты) тутан биэриэхтэрин сөбүн кэпсэппиттэр. Харчылаах дьон тутумуна. Киһи мунаарара, хайдах харчыларын төнүннэрэбит уонна хайдах барыыс киллэринэллэрэ. Ыалдьыттар дьиэлэрин хонооччулар харчыларынан уйунуохха, баҕар, син. Оттон чахчы тыа сирин аҕыйах нэһилиэнньэлээх дэриэбинэлэригэр тутуллуохтаах эмтииргэ кыра дьиэлэр (ФАП) тутууларыгар угуллубут үбү хайдах төнүннэрэбит, харчы угуллубут соругун толорор барыыһы хайдах киллэрэбит? Дьоммутун харчыга эмтээн эбэтэр бүддьүөттэн сылын аайы үп быһа анньан барыыс оҥорорбут дуу?
Алмааска наадыйбат сайдыылаах судаарыстыба аҕыйах буолуо. Арааптар Саха сириттэн хостонор күндү таастан тиксиэхтэрин баҕараллара киһини итэҕэтэр. Тааспытын хостооччу биһиги баҕабыт хоту барыа биллибэт. Өлүү аахсыйабытыгар күндү таас кыырпахтарынан өлүүлүөхтэрэ биллибэт. Баҕарбатаҕыҥ да иһин «Нижнеленское» хампаанньаны санаан кэлэҕин.
Мин бэйэм билиим иһинэн санаабын суруйдум. Ааҕааччы бэйэҥ толкуйдаа, федеральнай сыһыаннаһыы билиҥҥи кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар тас дойдулар үп угалларын ситиһэ сатааһын баҕа санаа дуу, силигилии сайдар айан аартыгын аана дуу?
Уһук УЙБААН
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1219 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 99 Ыалдьыттар (гостей): 99 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|