Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 20 » Уаров поднимается«Биһиги, сунтаардар!» эбэтэр “все схвачено”“Егор Афанасьевиһы талбаккабыт атыны таллыбыт да, сразу хоос гына түһэбит...
Уаров поднимается«Биһиги, сунтаардар!» эбэтэр “все схвачено”“Егор Афанасьевиһы талбаккабыт атыны таллыбыт да, сразу хоос гына түһэбит...
09:25

Ыгар аҥаардаах ыйытыктарга халытыылаах хардалар.Тоҥ кулуупка босхо испэктээк. 3 акт: “Сказочник”

Горн Платоновhttp://yktnews.ru/.20 Август, 2014 в 1:33 Сунтаар. Кириэстээх. Е.А.Борисов итэҕэллээх киһитэ А.С.Уаровы кытта көрсүһүү

“Эһиги буоллаҕына, хой баһын туойа сылдьаҕыт”


Көрсүһүү, хаһан да буоларыныы, эриэ-дэхси барыаҕын эриэхэбэй боппуруостарынан эрийэн киирэн бардылар.
Кириэстээх кэллэктиибинэй хаһаайыстыбатын өр кэмҥэ ситиһиилээхтик салайбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үтүөлэрдээх Горн Егорович ПЛАТОНОВ дьон саныыр эрээри саҥарбатын сирэйгэ этэн симитиннэрдэ.
-«Якутуголь» хампаанньа атыыламмытын кэннэ «Мечеллэр» ылан чох сыанатын балтараа төгүл үрдэтэннэр, Алдан уонна Нерюнгри администрацияларыгар бюджеттарыгар ол көрүллүбэтэх буолан тоҥо сыспыттара.
Онтон 2007 сыллаахха Кыһыл Сыыр атыыланан турар. 621 мөлүйүөҥҥэ. Баара-суоҕа. Аҕыйах сыл буолан баран, 72 миллиардка 100 төгүл үрдэтэн атыылыы сатыыллар, бырааттыы Магомедовтар. Бу Саха сиригэр. 2007 сыллаахха Н-80 20 солкуобай этэ. Тута 30 солкуобайга таһаарбыттара. Сыанатын 33 бырыһыан үрдэтэн. Ол сыана үрдээбитин суотугар ылбыт 621 мөлүйүөннэрин төлөөбүт курдук оформи гыммыттара.

Егор Афанасьевич онно правительство бэрэссэдээтэлэ. Хайдах даҕаны ситинник балаһыанньа буолуохтааҕын кини син биир билэр этэ. Н-80 диэн биһиги саамай туһанар бензиммит. Тугу да саҥаны оҥорбокко туран, переоценка оҥорон баран, сүүс төгүл үрдэтэн Саха сиригэр төттөрү ылыҥ дии сылдьаллар.
Быйыл «Якутцемени» атыылаатылар. Баара-суоҕа 400 мөлүйүөҥҥэ. Ол суотугар ити этэр Дьокуускайыҥ уонна Саха сирин тутуутугар цементэни атын хантан да ылар кыаҕыҥ суох. Хас бүк үрдээн, ыараан тахсыаҕа эмиэ биллибэт.
Онон, тугу да атыылаабатах, тугу да билбэтэх курдук туттан, ол АЛРОСА эҥин диэн, айакка, итини этэри тохтотуохха. Дьиҥнээх баар балаһыанньаны дьоҥҥо кэпсиэххэ.

Кыһыл Сыырга сэлээркэ, бензин оҥоһуллар. Онтубут баара-суоҕа 621 мөлүйүөҥҥэ атыыланар. Өссө Ил Түмэн хамыыһыйата бэрэбиэркэлээн булбатаҕа буоллар, ити харчы төлөммөккө буор босхо Магомедовтарга барыахтаах этэ. Итинник балаһыанньа син биир тахса турар.
Үнүрүүн мин Егор Афанасьевич кэлэ сырыттаҕына ыйыппытым. Ол Москубаҕа сылдьан ол боппуруоһу туруорсар эҥин диэн. Президент оттон хамнаһы ылар киһи буоллаҕына, күннээҕи үлэтин кэпсээтиҥ эн бүгүн. Итинник боппуруостары булгуччу кэпсэтиэхтээх уонна быһаарсыахтаах буоллаҕа. Ол гынан баран дьон күннээҕи кыһалҕатын быһаарсарга… Холобур, тыа сирин дьонун хамнаһын. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ 20 тыһыынчаттан ордук хаһан да ылбат. Егор Афанасьевич 2000 сылтан 2014 сылга диэри республиканы салайан кэллэ. Правительство бэрэссэдээтэлэ, иккис киһи. Билигин президент. 40 тыһыынча орто хамнаска хаһан тахсарый диэн үнүрүүн ыйыппыппын, ырааҕынан ыытан кэбистэ.

Манна кочегардар 18 тыһыынчаны ылаллар. Балыыһа үлэһиттэрэ, оскуола техүлэһиттэрэ 12-15 тыһыынчаны эрэ ылаллар. Дьон хамнаһын көрүллүөхтээх. Эһиги буоллаҕына хой баһын туойа сылдьаҕыт. 203-й квартал, 14 этээстээх дьиэ эҥин туһунан ону-маны анекдот курдук кэпсиигит. Күннээҕи дьон кыһалҕатын быһаарар боппуруоска олох да сыһыана суоҕу саҥараҕыт.

Пенсионер иһэ үлүннэҕинэ 13 тыһыынчаны ылар. Үнүрүүн Борисовка эппитим, Москва пенсионердара 11 тыһыынчаны ортотунан ылаллар, 12 тыһыынчаны мээрдэрэ Собянин биэрэ олорор диэн. Саха сиригэр саатар 6 тыһыынчаны үлэлээбэт пенсионердарга биэриэххин, баара-суоҕа 5-7 миллиард ороскуоттанар диэн эппиппин эмиэ букатын олох атыны хой баһын туойан кэбиспитэ. Бу үлүгэрдээх тымныы усулуобуйаҕа хайдах 13 тыһыынчаҕа олоруохха сөбүй диэҥҥэ мин боломуочуйам буолбатах дии сылдьар киһи хайаан президеҥҥэ анньыһарын сөҕөбүн, дьэ… Пенсия мин боломуочуйам буолбатах, Россия киэнэ диир. Дьэ, кытаанах балаһыанньа дии.

Үнүрүүн бэтэрээннэр мунньахтарыгар кэнники Сунтаар улууһун олоҕо-дьаһаҕа дьүүкээрдэ диэн этиллибитэ. Фактически баар дьыала. Биир даҕаны оҥорон таһаарар производство диэн суох! Хаһыакка суруйбуккун аахпыппыт бары. Барыта ол үөһэттэн кэлэр харчыга оҥоһуллар, ону улаханнык аахсан ылбыт дьон курдук туттаҕыт. Ити обычнай хаһан баҕарар оҥоһуллар дьыала. Оттон оҥорон таһааран, дьон дохуоттанан, эбии үбү-харчыны ыларын, ону тэрийээһин тоҕо сатамматый, кыаллыбатый?

Тыа хаһаайыстыбата оройуоҥҥа нуулга түстэ. Социальнай боппуруостар салгыы сайдыбатыннар диэн ким да эппэт. Ол гынан баран сэбиэскэй саҕана улуус иһигэр баар үлүгэрдээх производственнай тэрилтэлэр, нэһилиэктэргэ баар хаһаайыстыбалар, производство, оҥорон таһаарыы Сунтаарга туох баарый? Туох да суох билигин. Уонна Сунтаар оройуона сайынна диэн анекдот курдук кэпсии олороҕут.
Электроотоплениеҕа киирии, биллэн турар, үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Тариба сыл аайы 12-лии, 14-лии бырыһыан эбиллэ турар. Галопом үрдүү турар. Ону билэҕин дуо, эн?

Дьэ, онно Александр Сергеевич тиллэр.

-Хайдах билиэм суоҕай, доҕоор. Улахан тымныыга төлөнөр диэн эттим дии.

-Кыра дьиэҕэ төлөнөр. Гаастаах киһи гарааһын, баанньыгын эҥин сылытар. Саатар гарааспытыгар субсидированнай электро-уоту көрүөххэ диэн хас правительство отчуотун аайы туруорса сатыыбыт. Биһиэхэ туох да суох.
Депутаттар ити курдук боппуруостары быһаарыахтааххыт. Ол балыыһа, оскуола диэн…

-Онто да суох дотация көрөбүт дии.
-Гарааска, баанньыкка көрүллүбэт.
-Барыта биирдэ сатаммат, бюджет харчыта эмиэ кээмэйдээх.
-Дьэ, итинник буолан иһэр.
-Барытын биирдэ биэрэн кэбиһэр кыаҕыҥ суох.
-Туох онно биирдэ биэрээһинэ нааданый?
-Хамнаһы улаатыннар дии тураллар буоллаҕа.
-Ханна улаатыннардыгыт, уон икки тыһыынчаны ыла олордохторуна? (Күлэр).

-Путин «майскай» укааһа баар дии. Бюджет үлэһиттэрин хамнаһын. Пенсия боппуруоһунан Владимир Владимирович Путин, Россия ыраахтааҕыта, бэйэтэ быһаччы дьарыктанар. Квартал аайы индексация оҥоһулла турар. Москуба көмүс куорат, ордук харчыларын биэрбэккэлэр.
-Саха сирэ биэс-алта миллиарды булбат дуо?

-Путин укааһынан хамнаһы эбэргэ ити этэр биэс-алта миллиарды атыттартан туохтааммыт нэһиилэ буллубут. Кэлэр сыл бюджета торумнана сылдьар. Ол онно хамнас иккис төгүлүн улаатыахтаах. Харчыбытын ааҕына сатыы олоробут. Ыллыҥ да быһаарыллар дьыала буолбатах.

Егор Афанасьевиһы эрэ тыыттарбат курдук, тылынан эрдэн Путиҥҥа тиэрдэр.
“Егор Афанасьевиһы талбаккабыт атыны таллыбыт да, сразу хоос гына түһэбит»

Онтон эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ бэркэ биллэр ытык кырдьаҕас, Егор Афанасьевич диэбитинэн ууга-уокка кытары киирэр кыахтаах Михаил Иннокентьевич КОКОЛОВ тылга тииһэр.
-Егор Афанасьевиһы талбаккабыт атыны таллыбыт да, сразу хоос гына түһэбит. Туохпутунан олоруохпутуй? Эрнст үчүгэйдик толкуйдаатаҕына, өссө тиийэн баран устунан кэбиһиэн сөп этэ. Ол этэринэн, икки туур буолуохтаах, мин тахсабын диэн (күлэр, Уаров эмиэ). Туох үлүгэр балысхан дьаһалай бу? Бүлүү федеральнай трассатын солбуйааччы эрэ дириэктэрэ дии. Ханнык эрэ бырабыыталыстыбаҕа олорон тахсара эбитэ буоллар өссө сөп этэ. Кини тоҕо АЛРОСА-тан үүрүллэн хаалла?
Эһиги, ил түмэннэр сыыһа үлэлээҥҥит ыһыллыы-тоҕуллуу таҕыста. Бүтэһик созывыҥ, өссө күүскэ үлэлиэххэ наада.
Ыгар аҥаардаах ыйытыкка халытыылаах харда

Горн Егорович хаһаас ыйытыга хара баһаам быһыылаах.
-Социальнай несправедливость туһунан. Аһара өр үлэлээтибит диэн Ил Түмэн депутаттара 300 тыһыынча пенсиялаахтар диэн сокуон баар дииллэр, ити кырдьык дуу, сымыйа дуу? Пенсияны Саха сиригэр быһаарыллыбат диэн ити эттиҥ… Макиенколаах итинник пенсияны бэйэлэригэр суруммуттар диэн интернеккэ суруйаллар дии.

-Макиенко пенсияҕа тахсыа ыраах, эдэр. Мин үлэлээн бүттүм да тахсыахпар сөп. Пока пенсия ылбаппын.

-Дьон аһара кыһыйар. Депутаттар көннөрү дьон пенсиятынааҕар 26 төгүл үрдүгү бэйэлэригэр суруммуттар диэн.

-Мин этэбин, атын омук дойдуларыгар саамай үрдүкү хамнас саамай кыра хамнастан муҥутаан алта эрэ төгүл үрдүк буолар. Онтон ордук үрдүө суохтаах. Биһиэхэ компаниялары салайар депутаттыы сылдьар дьоннор бааллар. 70 депутаттан 14 киһи бастайааннай төрүккэ үлэлиир дьоннор эрэ хамнастаахтар. Атыттар үлэлиир сирдэригэр ылаллар.

АЛРОСА компания президенэ ыйга 7 мөлүйүөн хамнастаах. «Якутэнерго» 5 мөлүйүөн. Дьэ, ол туһунан саҥарыахха сөп.
Россияҕа уонтан тахса миллиард баайдаах сүүстэн тахса олигарх баар. Кинилэр көлөһүннэрэ тахсан оччо байбыттар үһү дуо, Россия баайын-дуолун буор босхо ыллахтара дии.

Ити тыл эгэлгэтигэр, харда быыһыгар быһаччы ыйытыкка эппиэти эһиги, баҕар, булан ааҕыаххыт буолаарай? Уаров Борисовы эрэ тыыттарымаары Путиҥҥа сигэнэ сатаан баран, “бу Горн этэр суолларыгар буруйдаах” биир Чубайс баарын санатта.

Биир кулууп, биир дьон.
Киһи барыта Горн Егорович курдук улуу тойону утары көрөн туран сытыы ыйытыктарынан ыһыахтаммат. Ол эрээри саҥата суох барытын ыйыста олорор курдук да буолларбыт, чөмчөкөбүт иһигэр араас санаа элэҥниир. Биитэр бигэ санаа ыраах кистэнэр. Хас испэктээк персонажтарын ыастыйаларын аайы халбаҥнаабат буолуохтаах. Кырата уон киһи маннык сугулааннарга баар буолуохтааҕын хааччыйар сорук турарынан дьон кэлэн тымныы кулууп ыскаамыйатын сылытар.

Төһө да барыта биллэри бигэргэтэ, буолуохтаахха суол тэлсэ кэлэр-барар дьон көрөрүгэр саҥата суох сөбүлэһэр курдук көстүбүппүтүн иһин, барытын урна билиэ буоллаҕа.

Испэктээк диэн испэктээк. Син жанр сокуонунан барыта барда. Бу оонньууга диалог сүрүн миэстэни ылла. Оттон авторскай ремарка элбэҕэ, мин драматург быһыытынан сайда иликпин туоһулуура буолуо. Оттон аатын «Сказочник» диэбитим син сөп ини, уонна «Хой баһын туойааччы» диэм дуо?

Итиччэ тыллаах-өстөөх ууттан кураанах тахсар дьону утары көрөн олорон киһи элбэххэ үөрэнэр. Бу сырыыга – куолуга.
Венера ПЕТРОВА
20 Август, 2014
http://uhhan.ru/news/2014-08-17-10346Эрнст Березкинниин көрсүҺүү : “Харчы кыайыыта буолуо суохтаах бу быыбарга» 







Тоҥ кулуупка босхо испэктээк. 3 акт: “Сказочник” (Уаров А.С көрсүһүү)

19 Август, 2014 в 5:21
Уаров поднимается«Биһиги, сунтаардар!» эбэтэр “все схвачено”
Аҕыйах хонугунан атын ааттаах ааҥнаан кэллэ. Аныгы араатардар уһуннук-киэҥник күүттэрбэттэринэн маладьыастар. Үскэ дэммитэ – оруобуна кэриэтэ омук массыыната кулууппут аттыгар кэлэн хорус гына түстэ. Массыынаттан бэркэ билэр киһибит таҕыста. Бэйэ киһитэ диэн кини. Биһиги, сунтаардар, күөн туттар, тумулук туттар дуу тойоммут. «Биһиги, сунтаардар” диэн этии атыттарга олуонатыгар иһиллиэ буолан баран, бу түгэҥҥэ быһаччы сыһыаннаах курдук.
Александр УАРОВЫ биһиги эрэ бэйэргээтэрбитий, өрөспүүбүлүкэ үбүн тыырыыга ыйааһыннаахтара кини буолан, бары да кини диэки үчүгэй-үчүгэйдик көрөллөр ини.
Уларыйбат биир тоҥ кулууп. Атырдьах ыйын иккис аҥаара да, биһиги диэки сайыҥҥылыы куйаас. Оҥоойута суоҕа буоллар тыаттан ордуллуо суох эбит. Кураардар да тэһитэ отон баар диэн разведка биллэрдэ.
Куйаас. Буруо. Кулууп тоҥуттан кэһэйэн, бу куйааска саал былааттаах, сыгыайка сэлиэттээх бэркэ тэринэн кэллим. Босхо испэктээктэн ама матыам дуу. Быыбар быыһы аһан, бэлиитиктэрбит эҥинник мэтириэтирэллэрин көрөн хаалар буоллахпыт.
Биир кулууп. Биир дьон. Уларыйбат уонча киһини кытары Ил Түмэн хонтуруолга кэмитиэтин салайааччыта, бюджет кэмитиэтин салайааччытын бастакы солбуйааччыта Александр Сергеевич Уаров көрсөр. Арыалдьыта – Сунтаардааҕы политехническай лицей дириэктэрэ Олег Константинович СОСИН. Кэлин өйдөөбүтүм, ким кими арыаллыыра, кими арбыыра мээнэҕэ буолбат эбит. Ылбыттаах уонна ылардаах дьон генеральнай спонсордарын өссө төгүл өрө таһаараары илин-кэлин түһэллэр эбит.
Бу көрсүһүү эмиэ да эриэ-дэхси тыллардаах, киһини утуктатар хоһоонноох курдук этэ да, эмиэ иһэ истээх. Бары да билэр суолларбытын хат-хат санатар хайдах эрэ курдук да, истибиттээҕэр суруллубуту ааҕан өйдүүр баҕар ордуктааҕа буолаарай диэн сэмээр эрэнэ саныыбын.
Көрсүһүүлэргэ сылдьан ахан кэлиллибитэ. Ол тухары наар утуктуу олорбут муҥум эбитэ дуу, тугу да иилэн ылан суруйбутум суоҕа. Онтум биир киитэрэстээх эбит. Кэпсэнэр кэтэх кэпсэлин сэрэйэ оонньоотоххо, бэрт интэриэһинэй оонньуу курдук буолан тахсар. Ол гынан баран, мантан салгыы суруйарым кэтэх кэпсэли сэрэйэн тиһии буолбатах. Баары батыһа балыыҥка буолан таҕыста.

Александр Сергеевич көстөр көрүҥнүүн холку киһи. Бүгүҥҥү кэпсээнэ да сунтаардыы унаарытан уаровтыы саҕаланна.
Дьокутаат буолан баран сэттис кэлээһиним диэн тута биллэрдэ. Суот-учуот киһитэ барытын ахсаанынан ааҕара сокуон. Онтон киһибит Сунтаартан төрүттээх дьокутааттары эмиэ ахсааҥҥа таһаарда. Сунтаар улууһугар Сунтаарга сыһыаннааҕы ыатарара оруннаах. Туох тутуу барбытын, барыахтааҕын ааҕан лабыгыратар.

Сунтаар улууһугар тутуу барар ахан. Сорох сыл буолан баран кэллэҕинэ, бииртэн биир эбийиэк дьэндэс гына түспүт буолар. Олох сайдыахтаах, тутуу барыахтаах. Быыбар иннинээҕи арбаныы сүрүн куоһурунан ол буолааччы. Онно мэҥэстээччи үгүс.

-Сунтаартан төрүттээх барыта 10 дьокутаат баар. Билигин Семен Максимович БЕРЕЗИН талылыннаҕына, Ил Түмэҥҥэ уон буолабыт. Элбэх буоламмыт туруорсабыт. Куораттан талыллыбыт дьокутааттартан Акимов Андрей диэн Бүлүүчээнтэн төрүттээх. Бэйэтэ улахан предприниматель, баай киһи. Онон, куорат дьокутаата да буолбутун иһин, сунтаардар боппуруостарыгар сүрдээҕин көмөлөһөр.

Евгения Исаевна эмиэ сүрдээҕин Сунтаар туһугар ыалдьар. Уонна ити Никитин Сунтаартан төрүттээхпин диир. Аны Семен Семенович Иванов диэн киһи аҕам Кириэстээх, онон сунтаардарга эмиэ улахан сыһыаннаахпын диэн быһаччы биһиэхэ көмөлөһөр. Березин билигин талыллыа. Матвей Евсеев баар, биир күүстээх дьокутаат. Эмиэ быһаччы Сунтаар боппуруостарыгар көмөлөһөр.

70-н 10 депутат Сунтаар дьоно диэн элбэх. Ханнык баҕарар боппуруоһу лоббируйдаан, кэмитиэккэ быһаарыылары таһаарыахха сөп. Онон, күүс-көмө буолаллар диэн этиэххэ наада.
Биир дойдулаахтар, биир куомуннаахтар баар буолан, дойдубут силигилии сайыннаҕа. Тоҕус диэн баран, киһибит уот ааныттан эрэллээхтик уон диэтэ эбээт. Этэргэ дылы, «все схвачено»…

-Евгения Исаевна биһиги туспутугар сүрдээҕин кыһаллар. Баалынан кыайан киирбэтэх оҕолору Евгения Исаевна быһаччы бэйэтин резервнэй миэстэлэрин биэрэн, ити оҕолор үөрэххэ киллэртээтибит. Итиэннэ ЯГСХ-ҕа Владимиров Леонид, уонча сыл мин кэмитиэппэр сылдьыбыта, билигин эмиэ баар, эмиэ поддержкалаан, бэйэтин резервнэй миэстэтиттэн уон миэстэни биэрэн, эмиэ кыайан куонкуруска хабыллыбатах оҕолору эмиэ киллэрдибит. Инньэ гынан, быйыл Сунтаар оҕолоро соҕурууҥҥу даҕаны вузтарга баран туттарсан, итиэннэ Дьокуускайга университекка уонна ЯГСХА-ҕа, уонна да атын үрдүк үөрэх заведениеларыгар туттарсаннар, республикаҕа бу кэнники үс сылга Сунтаар маҥнайгы миэстэҕэ сылдьар.

Дьэ, бу бэрт. Улуустаһыы үчүгэй өрүтэ. Бэйэ дьонун өрө таһаарыы, бэйэ дьонун атыттартан ордоруу.
800 мөлүйүөн солкуобай суумалаах лицей дьиэтэ

-Бу – улууска үөрэҕирии систиэмэтэ сайдыбытын туоһулуур. Онно өҥөлөөх киһинэн бу Олег Константинович буолар. Биһиги Олег Константиновичтыын кэпсэтиилээхпит. Егор Афанасьевич поддержкалаан, бюджет харчытынан буолбакка, «Фонд будущих поколений» харчытынан, 800 мөлүйүөн солкуобай суумалаах лицей дьиэтин комплексын туттараары гынабыт. Итини элбэх буолан кыттыһан оҥоруохпут: сороҕун бюджет биэриэ, сороҕун «Фонд будущих поколений» биэриэ, сороҕун «Сургутнефтьегазтан» туруорсуохпут, сороҕун АЛРОСА-тан туруорсар санаалаахпыт. 400-чэкэ оҕо үөрэниэ.
Егор Афанасьевич баар буолан, сунтаардар ити курдук улуу тутууну ыыттарыыһыбыт.

Тыа сирин үлэлээн иитиллээччилэригэр – сыл аҥаардааҕы хамнастарын!

Уаров бу иннинэ Куокунуга сылдьан, кэллэктиибинэй хаһаайыстыбаҕа үлэлиир дьон сыл аҥаара хамнастарын ылбакка олороллорун туһунан истибит.
-Балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри Сунтаарга баарбын. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгын, борокуруору уонна улуус баһылыгын кытта кэпсэтэн, хамнаһы булгуччу бэрдэрэргэ дьаһайсыам. Хамнас уһуннук бэриллибэтэ билигин уголовнай ыстатыйаҕа тиийэ дьүүллэнэр. Ханнык даҕаны онно биричиинэ ылыныллыбат.

Ок-каа, доҕоттоор, быыбар иннинэ хамнастарын логлоччу ылбыт куокунулар ама Уаров этэр дьонун иһин куоластарын биэриэхтэрэ суоҕа дуо? Ылар да кэмнэрэ кэлэр ини. Син хаһан эмэ ылыахтаахтара буолуо. Таах да кэллэктиибинэйдэр уу харчыны Саҥа Дьыл саҕана, ону даҕаны сорҕотун, ылааччылар дииллэрэ.

Бэлэм сыарҕаҕа олорсуу, мөкүттэн да мүөтү айан таһаарыы биир көрүҥэ, дьэ, ити буолар.

“Сунтаар оройуонун курдук суоллаах-иистээх оройуон республикаҕа ханна да суох»
Суол туһунан этиитигэр мин чахчы сөбүлэһэбин. Биһиги курдук бэрт суоллаах улуус суох да ини. Уаров этэринэн биир Толстой диэн сиргэ диэри кутуу суол суох эбит. Уһук нэһилиэккэ Бүлүүчээҥҥэ тиийэ суол быйыл бүтүөхтээх. Уус Алдан Бээрийэтигэр сырыы суох, уазиктар да тиийбэттэр диэни иһиттэҕинэ киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Баҕар, дьокутааттара аҕыйаҕын иһин суоллара мөлтөҕө дуу? Биитэр уаровтара суоҕуттан эбитэ дуу? Сунтаардар дьоллоругар төрөөбүт киһи кини – Уаров Александр Сергеевич.

-Биһиги, сунтаардар, кыра нэксиэ баар буоллаҕына, суол олох куһаҕан диибит. Республикаҕа сылдьыбатах оройуонум диэн суох. Сүүрбэ сыл устатын тухары. Бу Кэбээйи диэн Дьокуускайтан баара-суоҕа 300 км ыраах сытар оройоуҥҥа 12 нэһилиэгэр биир да суол омооно да суох. Дьахтар төрөөрү гыннаҕына «Беларусь» тракторынан киллэрэллэр. Ньурбаны да, Бүлүүнү да, Үөһээ Бүлүүнү да ылан көрүҥ. Оройуон улахан аҥаарыгар суоллара суох. Сүүрбэ сыл эттэһэн Бүлүүчээн суолун эһиил бүтэрэр кыахха кэллибит. Инньэ гынан, Сунтаар улууһугар Толстой эрэ суола хаалар. Онон, Толстойу суоллаатахпытына, Сунтаар оройуонун курдук суоллаах-иистээх оройуон республикаҕа ханна да суох. Ону баҕас эһиэхэ малтаччы этэбин.

Биир эрэ Сунтаар уоттаах-күөстээх

-Биһиги уокка дотация биэрэр буоламмыт, саамай тымныыга эһиги 2200 муҥутаан төлүүгүт. Ааспыт ыйга Үөһээ Бүлүүнэн, Бүлүүнэн сылдьыбытым. Аны икки аҥаар сылынан гааска сыана, судаарыстыбаттан дотация тохтуур буолан, икки-үс төгүл улаатыахтаах диэн аһаҕастык эттим. Всемирнэй Торговай Организацияҕа сылдьарбыт быһыытынан. Дьон гаас сыаната билигин да үрдүк, онтон үрдээтэҕинэ, гаастан аккаастанан маспытыгар төннөбүт дииллэр.
Республикаҕа биир эрэ Сунтаар оройуона маассабайдык уокка киирэ турар. Гаас сыанатын үрдээһинэ биһиэхэ улаханнык дьайыа суоҕа.
Егор Афанасьевич кэлэ сылдьан эппитэ – гааска бириэмэтигэр киириэххит диэн.

Егор Афанасьевич сунтаардарга үтүөтэ-өҥөтө
Егор Афанасьевич ааспыт сырыыга кэлэ сылдьан духуобунай киин акылаатын бастакы сыбаайатын түһэрбитэ. Уонна бэйэтэ этэн турар, икки сыл иһигэр бюджет харчыта буолбатах, внебюджетнайтан, ол аата «Фонд будущих поколений» харчытыттан республикаҕа суох улахан дыбарыаһы туттарыам диэн. Ити тылыттан аккаастаммат. Билигин 5 сентября эмиэ «Фонд будущих поколений» харчытынан тутуллубут Элгээйи оскуолатын открытиетыгар кэлиэхтээх.
Онон, сунтаардарга үтүөтэ-өҥөтө улахан диэн этиэхпин баҕарабын. Инникитин даҕаны. Билигин 12 детсады тутуохпутун наада. Барыта таас детсад. Биир сылга республикаҕа 7 таас детсад тутуллубутуттан 3-һэ Сунтаарга тутулунна. Ити биир сылга республикаҕа 10 таас оскуола тутуллубутуттан 2-тэ биһиэхэ киирбитэ.

Билигин былааҥҥа лицей турар. Уһун Күөл уонна Кэмпэндээйи оскуолаларын былаанныыбыт. Егор Афанасьевич бу кэлиитигэр балыыһа иккис уочаратын уонна Кириэстээх оскуолатын тутуу боппуруоһа эмиэ күөрэйиэ дии саныыбын.
Аны биир улахан боппуруос – эргэ дьиэлэри көтүрэн, олор оннуларыгар саҥа дьиэлэри тутуу. Мин сыыйа-баайа бэйэбиттэн бүтэн, Егор Афанасьевичка киирдим.

Адвокат оруолугар

Егор Афанасьевиһы уонна Штырову «Туймаада» да хаһыакка, Эрнст Березкин да кэлэ сылдьан, итиэннэ ватсабынан даҕаны, интернеккэ даҕаны Саха сирин баайын-дуолун бүтүннүүтүн атыылаата диэн сирэй-харах анньаллар. АЛРОСА да, «Якутуголь» да боппуруостара Ил Түмэҥҥэ көрүллүбүттэрэ. АЛРОСА туһунан сокуону биһиги Ил Түмэҥҥэ ылбыппыт.

Оччолорго Егор Афанасьевич бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, Айсен Николаев үп миниистирэ, мин бюджет кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ этибит. Москубаҕа бааран биир ый кэриҥэ үлэлээбиппит.

Бу үлүгэр напору утары баран, биһиги уураахпытын туппутунан Егор Афанасьевич Путиҥҥа иккитэ киирэн кэпсэппитэ. Ол кэнниттэн бүтэһиктээх туочуканы Владимир Владимирович Путин туруорбута. Ол быһыытынан АЛРОСА сэттэ бырыһыана приватизацияламмыта. Ол даҕаны үрдүнэн Россия бэйэтин өлүүтүттэн сэттэ бырыһыаны приватизациялаабыта. Ол да үрдүнэн «50+1» Россия уонна Саха сирин туһаларыгар хаалбыта. Онон АЛРОСА бүгүн Россияҕа соҕотох государственнай компания буолан хаалла. Ол кэннитэн биһиги хайдах даҕаны баайы-дуолу ыстылар диир кыахпыт суох. Төттөрүтүн Егор Афанасьевич туох баар сыратын ууран, правительство бэрэссэдээтэлинэн Штыров салалтатынан үлэлии сылдьан, онтон бэрисидьиэнинэн үлэлииригэр компаниялар ыһыллыбаттарын туһунан боппуруоһунан последовательно дьарыктанна.

Аны «Якутуголь» компанияны атыылаатылар дииллэр. Ол чааһынай илиигэ «Мечеллэргэ» бэриллиитигэр биһиги бэйэбит долябытын 56 миллиарды ылан хааламмыт республиканскай инвестиционнай компанияны тэрийбиппит. Ити харчы бүтүннүүтэ республикаҕа үлэлиир. Сэттэ бырыһыан приватизация 18,5 миллиард солкуобайтан 2 миллиард онкологическай балыыһаҕа, 2,5 газофикацияҕа, 2 миллиард эргэ дьиэлэртэн саҥа дьиэлэргэ көһөөһүҥҥэ, маны таһынан суоллары оҥорооһуҥҥа уонна социальнай-экномическай объектар тутуллааһыннарыгар бэриллибитэ.

Билигин Егор Афанасьевич ааһа баран, өссө Путиҥҥа туруорса сылдьар Россия долята — сэттэ бырыһыана 18, 5 миллиард солкуобайы Саха сиригэр аҕал диэн. Ол биричиинэтэ биир. Саха сиригэр аварийнай туруктаах дьиэлэр бырыһыаннара 13 бырыһыан. Россия орто көрдөрүүтэ 5 бырыһыан. Путин балаҕан ыйыгар төһө даҕаны улахан ноҕоруускаҕа сырыттар Саха сиригэр кэлэ сылдьабын диэн тылын биэрбитэ. Кэлэрин көһүтэбит. Онон ити боппуруос эмиэ быһаарыллыа дии саныыбын.

Путиҥҥа мэҥэстибит Ил Дархаҥҥа илин-кэлин түһүмүнэ.

“Анньыһар эдэр уолаттар элбэхтэр”

-Аны туран, Березкин Эрнст Борисович диэн кимий? Бу сүрдээх талааннаах киһи. Миэхэ тоҕус сыл минфиҥҥэ миниистиринэн үлэлээбитэ. Тоҕус сыл мин кэмитиэппэр киирэн бюджеты көмүскүүр этэ. Элбэхтик көлөһүнүн таһааран, ыган, элбэххэ үөрэппит уолум. Элбэхтик эрэйдээбиппит. Буһан-хатан тахсыбыта. Ол кэнниттэн АЛРОСА пиэрибэй зама буолбута. Онон, киниэхэ үүнэригэр возможность сүрдээх элбэх киһитэ этэ.
Эдэр киһи олох, лаппа. Арамаан Дьөгүөрэп суруйара кырдьык. Кудрин диэн Арассыыйа саамай аатырбыт финансиһа, экономиһа Эрниһы бэйэтигэр солбуйааччынан ыҥыран турар. Онно биһиги дьоммут ыыппакка хаалбыттара. Дьэ, ити улахан охсуулаах буолла.


Соҕуруу бары министерстволарга, Госдумаҕа киир – барыта чеченнэр, татаардар, башкирдар. Итиннэ итэҕэспитин итэҕэһинэн ааҕыныахха наада. Дьиҥинэн, биһиэхэ кыахтаах уолаттар суох буолбатахтар. Билигин даҕаны элбэхтэр. Айсен Сергеевич бары этабы барытын ааста. Россия президенин адмнистрациятыгар биир улахан департамент салайааччытынан запросто үлэлэтэ ыытар кыахтаахпыт. Иван Слепцов бүгүн Россия тыатын хаһаайыстыбатын министрэ Федоров солбуйааччытынан барар кыахтаах. Итинник дьону харса суох үүннэртиэххэ наада.

Эрнст Борисович да билигин барар кыахтаах. Минфиҥҥэ. Кини президеҥҥэ анньыһар да буоллаҕына, бириэмэтэ арыый эрдэ. Кэлэр президент быыбарыгар анньыһыы күүстээх буолуоҕун билэбит. Уолаттар ол Россияҕа баран үлэлээбэт түбэлтэлэригэр, Айсен Сергеевич, Эрнст Борисович, Матвей Евсеев курдук чаҕылхай уолаттарбыт, дьэ, бэйэ-бэйэлэрин кытары президеҥҥэ киирсиэхтэрэ. Онтон да атыттар көстүөхтэрэ. Максимов диэн баар, Эверстов диэн баар, онтон даҕаны атыттар. Анньыһар эдэр дьоннор элбэхтэр.

“Путин – биһиги ыраахтааҕыбыт»

-Обаматтан Путин рейтинэ 40 бырыһыанынан үрдүк. Путин – биһиги ыраахтааҕыбыт. Онон, хайдах эрэ Путин аан дойду ыраахтааҕытын курдук билигин балаһыанньаҕа олорор. Оннук убаастыыллар.
Путин Америкаҕа бэйэтэ бөө диэтэ. Мин эһиэхэ бас бэринэр кыаҕым суох диэтэ. Тугу этэллэр, син биир утары саҥарар.
«Егор Афанасьевич көрүө дии, ханнык оройуон хайдах куоластаабытын”
Егор Афанасьевич доруобуйата мөлтөөтө дииллэр. Биир күн кини омук дойдутугар баар, биир күн Москубаҕа, биир күн Санкт-Петербурга, биир күн Анаабырга. Москубаҕа ортотунан ыйга биэстэ-алтата сылдьар. Бу сүрдээх ноҕорууска. Мөлтөх доруобйалаах киһи итинник улахан ноҕоруусканы тулуйбат. Ол өттүнэн көрүөххэ наада.
Онон, Егор Афанасьевичка куоластааһыҥҥа биһиги, сунтаардар, улаханнык хайда сатаабакка, үчүгэй бырыһыаны биэриэххэ наада. Тоҕо Путиҥҥа куоластааһын буолла даҕаны чеченнэр 99 бырыһыаны биэрэллэрий? Татаардар 98 бырыһыан. Грознай куорат билигин килэйэн-халайан дьикти. Аан дойдуга суох улахан мечеть туппуттар. Казань – Россия саамай кыраһыабай куората. Париж куорат кытыы өттүн санатар.
Тоҕо ити үлүгэр элбэх омук үрдүк бырыһыаны биэрэрий? Боростуойдук, сахалыы да өйдөөтөххө, Путиҥҥа өйөтөөрү. Хаһан баҕарар киирэннэр харчы көрдүүллэр.
Быыбар бүтүө сотору. Егор Афанасьевич көрүө дии, ханнык оройуон хайдах куоластаабытын. Онно биһиги оройуон намыһах бырыһыаны көрдөрөн, хайдыһа оонньообуппут көстөн кэлиэ дии.
Биһиэхэ, сунтаардарга сүрдээҕин кыһаллар киһи. Биир эрэ холобуру этэбин. 2006 сыллаахха спартакиада эрэ объектара буолбакка, биир сыл иһигэр 20 объект тутуллубута. Мин манна кинилиин барыта уонна кэлэ сырыттым. Икки сылы иннинэ уураахха илии баттаабыта. Спартакиаданы Сунтаарга ыытыахха диэн. Ол иһин икки сыл устата инвестиционнай программаҕа киллэрбиппит. Билигин ити спартакиада ыытыллар оройуоннарыгар алта ый иннинэ эрэ уураах тахсар. Онно тугу успейдаан харчы биэриэххиний. Манна буоллаҕына, Егор Афанасьевич үтүөтүнэн, именно Сунтаар оройуонугар ыалдьан, икки сыл иннинэ илии баттаабыта.
Бэйэм дьонум өйдүөхтэрэ дии саныыбын. Эрнст Борисович бириэмэтэ кэлиэҕэ, билигин арыый эрдэ.

Егор Афанасьевичка туох баар үлэтин-хамнаһын ситэрэригэр возможность биэриэххэ наада. Муоста боппуруоһун Путин кэлэн быһаарыаҕа.
Ити тылтан-өстөн сүрүнэ – Барыыһап хоторо чуолкай, биһиги, сунтаардар, аҕыйах бырыһыаны биэрбэтэхпитинэ, илии соттон халыахпытын сөп диэн курдук дии. Алҕаһыыбын дуу?
Семен Березин уонна теплай туалеттар
Березин Семен Максимович туһунан. Бары бэркэ билэҕит, үһүс созывка сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбитэ. Кини программатын курдук программалаах депутат суох. Ол быһыытынан бары оскуолаларга, детсадтарга теплай туалеттары киллэрээһин уонна медпууннары оҥорооһун. Мепдууннары оҥорооһуну быһаарда. Билигин Сунтаар оройуонугар теплай туалеттар боппуруостарын до конца быһаарыахтаах.
Салгыы «Стерх» хампаанньа кыаҕын, ону Штыров хайҕаабытын кэпсиир.
-Саамай улахан хампаанньа. Россияҕа уон улахан, аан дойду сүүс улахан хампаанньаларын истэригэр киирэр. Истэргэ наһаа үчүгэй.
Онон, улахан кыахтаах тэрилтэ салайааччыта, бэйэбит уолбут биһиэхэ депутат буолааһына туһаттан атыны аҕалбат. Семен Максимовыһы депутат оҥордохпутуна, иккиэн дьоммут-сэргэбит туһугар үлэлиэхпит.
Миэхэ бүтэһик созыв.
Оччотугар Бэриэһин кыайарын кыайар – кыахтаах тэрилтэлээх киһи буоллаҕа. Кини кыайар, теплай туалеттар уонна медпууннар бонус быһыытынан бэриллэллэр. Туалетынан мэҥиэлээн диэбит курдук…

“Егор Афанасьевич президент буоллаҕына элбэх дивиденнэри ылыахпыт дии саныыбын”
Олег Константинович Сосин
:
-Егор Афанасьевич президент буоллаҕына элбэх дивиденнэри ылыахпыт дии саныыбын. Холобур, мин довереннай буолбуппунан сибээстээн, кини президент буоллаҕына, биэс сыл кинини кытта алтыһарга олук уурар курдукпун. Лицей тутуута улахан проблема буолан турар. Дьиэтэ-уота улахана бэрт.
Ханнык улуус, ханнык нэһилиэк хайдах куоластаата, төһө бырыһыаны биэрдэ диэн син биир анализтыы олороллор. Бу быыбарга хайдах эрэ сыыһа быыбардаабат киһи үчүгэй буолуо этэ диэн этиэххэ наада.
Штыровка биһиги аҕыйах бырыһыаны биэрбиппит. Аан маҥнайгы сылларга ол хайдах эрэ охсуулаах курдук этэ.
Салгыы Семен Березин депутат буоллаҕына, оскуолалары медигинэн хааччыйыыга үлэлэһиэ диэн эрэлин этэр.
-Бу саас праймеризка мин киниэхэ эмиэ довереннай этим. Программатын суруйарга көмөлөспүтүм. Депутат буоллаҕына, тем более, улахан кыахтаах тэрилтэни салайар киһи, өссө кыаҕырыа дии саныыбын. Депутат буоллаҕына, улууһугар көмөтө улаатыа дии саныыбын.
Онон, бу икки киһини таллаххытына наадалаах буолуо этэ.
Мин биир бэйэм Олег Сосин патриотыгар саарбахтаабаппын. Бэйэтин туһугар быыбар ахсын арыалдьыт оруолун толорор буоллаҕай, уопсай дьыала, кэлэр кэскил туһугар сылдьар.

Бу туһуттан төрөөбүт улууспуттан депортацияланыам да буоллар, суруйуубун манан быһан кэбиһэр санаам суох. Атын улууска атын хартыына буолуо диэтэххит дуу, биир халыып, биир ньыма.
Бу үлүгэр дивиденнэр, Егор Афанасьевич да Путин үтүөлэрин туһунан кэпсэли салгыы туора сотор ыйытыктар табаарыс, тойон дуу Уаровы маат ыыта сыһаллар. Таах да оччолооҕу истэн кэлбит киһи буолуо.
Ол туһунан арыый кэлин. Тоҕо “Сказочник” аат иҥэрбитим төрүөтэ эмиэ онтон төрөөн тахсар.
Венера ПЕТРОВА (Салгыыта бэчээттэниэ).
 
Category: Выборы | Views: 1535 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 67
Ыалдьыттар (гостей): 67
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024