БЫЫБАР ИННИНЭЭҔИ ПРОГРАММА
Э.Б.Березкин
Ытыктабыллаах быыбардааччылар!
Бу программа нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэргэ дьон-сэргэ баҕа санаатын учуоттаан оҥоһулунна. Ураты болҕомтону хас биирдии Саха сирин олохтооҕо олоҕун уйгута тупсарыгар уурдубут.
Быыбар хампаанньатын кэмигэр киирэр этиилэртэн көрөн, программаҕа эбиилэри киллэриэхпит.
Республикабыт Россия государствотын сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрэрин, аата-суола барҕарарын туһугар биир өйүнэн-санаанан түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабын.
Урукку үтүөлэри умнубакка туран, инникибитин түстүөҕүҥ!
ГОСУДАРСТВЕННАЙ САЛАЙЫЫ
Россия Федерациятын субъегын Баһылыгын быһыытынан Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕа (Ил Түмэн) сокуону туохтан да тутулуга суох ылынар уонна хонтуруоллуур уорган буоларын ситиһиэҕим.
Аныгыскы VI ыҥырыылаах Мунньах састаабыгар “сыбаайба генераллара”, ситэриилээх былаастан тутулуктаах бюджет тэрилтэлэрин салайааччылара суох буолуохтара, Ил Түмэҥҥэ тус үлэлэриттэн босхоломмут дьиҥ-чахчы норуот депутаттара үлэлиэхтэрэ.
Ол кэнниттэн бэйэни салайыныы тэрийэр-үбүлүүр төрүөтүн күүһүрдэр үлэни сир-сир аайы баар уратылары учуоттаан ыытыахпыт.
Быыбар кэмигэр бары политическай партияларга, кандидаттарга тэҥ усулуобуйаны тэрийии – бу былаас уорганнарын үлэтин сүрүн принцибэ буолуоҕа.
***
Ситэриилээх былаас үлэтигэр уларытыыны киллэриигэ сүрүн болҕомтону министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр үлэлэрэ көдьүүстээх буолалларыгар, государственнай, муниципальнай сулууспалаахтар эппиэтинэстэрэ үрдүүрүгэр ууруллуоҕа.
Саха Республикатын государственнай былааһын уорганнарын кэмпэтиэнсийэтигэр киирбэт биэдэмэстибэлэри сарбыйыы уонна бөдөҥсүтүү суотугар, ситэриилээх былаас государственнай уорганнарын ахсаана 49-тан 38-ка диэри аҕыйыаҕа. СР Бырабыыталыстыбатын иһинэн 8-10 үлэһиттээх кыра биэдэмэстибэлэр суох буолуохтара.
СР Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыларын ахсаана 9-тан 4-кэ диэри сарбыллыаҕа.
Ситэриилээх былаас уорганнарын үлэһиттэрэ бэйэлэрин салааларын туругун ырытан, мөкү өрүттэри туоратар уонна ону инникитин тумнар сыалтан туһааннаах тэрилтэлэрин кытары быһаччы үлэни ыытыахтаахтар, государственнай программалар олоххо киириилэрин, туруоруллубут сорук туоларын хонтуруоллуохтара. Үлэ бириэмэтигэр араас концепцияны, программаны, хос программаны, “суол каартатын”, стратегиялары оҥорууну уонна туһата суох, көрү-нары тэрийэр командировкалары тохтотуохпут.
Үлэһит хамнаһын кээмэйэ үлэ дуогабарыгар ыйыллыбытынан, кини тус бэйэтэ туохха эппиэттиириттэн тутулуктаах буолуоҕа. Государственнай уонна муниципальнай сулууспалаахтар хамнастарын 30%-на государственнай программа көрдөрүүтүттэн тутулуктаах буолуоҕа. Оттон государственнай программалар олоххо киирэр кыахтаах эрэ буолбакка, онно үп хантан киирэрэ сөптөөхтүк аттарыллыбыт буолуохтаах.
Государственнай уонна муниципальнай үлэһиттэр политическай партиялар салайар уорганнарыгар киирэллэрин тохтотуохха.
ЭКОНОМИКА УОННА ПРОМЫШЛЕННОСТЬ
“Баай республикаҕа олоробут” диэн кэрэгэй, оруна суох өйдөбүлтэн тэйэн, айылҕа баайын туһаныыттан нолуокка киирэр дохуот суотугар республика уонна муниципалитеттар бюджеттарын улаатыннарыахпыт.
Государство актыыбын ыһары-тоҕору тохтотон, хостонор баайдаах сирдэри туһанар тэрилтэлэр устааптаах капиталларыгар Саха Республиката кыттыһарын ситиһиэм. Маныаха Россия Уһук Илин регионугар сир баайын хостооһуҥҥа уонна төрүт үгэстээх олохтоох нэһилиэнньэ сирин-уотун туһаныыга нолуоктааһыны уларытарга, айылҕабыт сатарыйыытын учуоттаан, государственнай былаас федеральнай уорганнарын кытары уопсай тылы буларга үлэлэһиэм.
Республика сиригэр-уотугар үлэлиир бөдөҥ тэрилтэлэр юридическэй сирэй быһыытынан Саха сиригэр регистрацияланаллара уонна переработканы тэрийэллэрэ булгуччу ирдэниэҕэ.
Министиэристибэлэр уонна биэдэмэстибэлэр хостонор баайдаах сирдэри баһылааһыҥҥа баахтанан үлэни аҕыйатан, олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ кытыннарар соруктаныахтара.
Көмүс хостооһунугар күүстээх үлэ барыаҕа, орто уонна аҕыйах көмүс баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарар сыалтан, инвестицияны киллэрэргэ көмө оҥоһуллуоҕа.
Федеральнай государственнай программалар чэрчилэринэн Арктика улуустарыгар улахан болҕомто ууруохпут уонна «Саха Республикатыгар Арктика улуустарын сайыннарыы» государственнай программаны ылынан, олохтооохтор төрүт салааларын өйүөхпүт.
Россия уонна тас дойду специалистарын кытыннаран, «Саха Республикатыгар экологическай куттал суох буолуута» диэн государственнай программаны бэлэмнээн бигэргэтиэхпит.
***
Олохтоох промышленноһы сайыннарыы боппуруоһа кэнники сылларга баараҕай бырайыактар, предпринимательствоны сайыннарыы тустарынан кэпсэтии күлүктэригэр түстэ.
Билигин Саха сиригэр ойуур промышленноһын сайыннарыы - биир улахан кэскиллээх салаа. Республика бырабыыталыстыбата бу салааны биир кэлим сайыннарар хайысханы сөргүтүө. Холобура, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус-Майа уо.д.а. улуустарга дьыалабыай маһы промышленнай сыалга бэлэмниэхпит, хоту уонна Арктика улуустарыгар модульнай дьиэлэри тутан, тиэйэн, таҥан биэриэхпит.
Олохтоох промышленноска үлэлиир тэрилтэлэргэ методическай көмөнү оҥоруохпут. Үлэ миэстэтин хааччыйарга, нэһилиэнньэни урбаанынан дьарыктанарга көҕүлүүргэ туһаайыллыбыт государство, муниципалитет өттүттэн биир кэлим өйөбүл баар буолуоҕа.
2014-2015 сс. урбааны сайыннарарга киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыаҕа. Дьоҕус урбааны сайыннарыыга, үлэ миэстэтин таһаарыыга - туттуллубакка турар государственнай уонна муниципальнай дьиэни, баайы-дуолу, сири өр кэмнээх арендаҕа урбаанньыттар сайаапкаларынан биэриини тэрийиэхпит.
Кэлиҥҥи кэмҥэ сир нолуога уонна аренда төлөбүрэ сиэрэ суох үрдүүрэ урбаан сайдыытын харгыстыыр, итини сааһылыыр сорук туруорунабын.
***
Бюджет суотугар сылга 15 000 кв. м итэҕэһэ суох олорор дьиэ тутуллар буолуоҕа. Бу дьиэлэр муниципальнай тэрилтэлэргэ тыырыллан, социальнай харысхала суох ыалларга уонна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит (дьиэлэрэ умайбыт, хаарбах дьиэлээх) дьоҥҥо куортамҥа бэриллиэҕэ. Маныаха куортам төлөбүрүн кээмэйин Саха Республикатын Бырабыыталыстыбата быһаарыаҕа.
ОДьКХ сайдыытын госпрограмматын бигэргэтиэхпит, сүрүн сыаллара: 2025 с. диэри сыллата ититии ситимин сүтүгүн 5% аччатыы, бюджет эйгэтин объектарыгар уонна дьиэ фондатыгар энергия ороскуотун 20% намтатыы.
Ханнык баҕарар объект энергетика өттүнэн көдьүүстээх буоларыгар государственнай хонтуруол тутааччыларга бырайыактааһын кэмигэр аныгы ирдэбиллэри туруоруоҕа.
Республика салалтата эппиэтинэһи Дьокуускай куорат былааһыгар сүктэрбэккэ эрэ, 3 сыл иһигэр киин куоракка уунан хааччыйар тутууну быһаарыаҕа, киин куорат олохтоохторо ыраас ууну иһиэхтэрэ.
«Саха Республикатын нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһын уонна гаас хаһаайыстыбаларыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы» государственнай программа чэрчитинэн кэлэр 5 сыл иһигэр Чурапчы, Уус-Алдан, Горнай, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустара гааһынан хааччыллыахтара. Маны тэҥэ программаҕа Амма, Таатта, Сунтаар улуустарын, Ленскэй оройуонун тэйиччи сытар нэһилиэктэрин гааһынан локальнай (турбата суох) хааччыйыы барыла киириэҕэ.
“Сила Сибири” гаас турбатын бары кыаҕын нэһилиэнньэни гааһынан хааччыйыыга туһаныахпыт.
ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТА
Государственнай бюджекка көрүллүбүт үп-харчы улахан аҥаара субсидия быһыытынан хас биирдии тыа хаһаайыстыбатынүлэһитигэр чопчу уу харчынан бэриллиэҕэ. Маныаха араас «тиксиһиннэрээччи» тэрилтэ суох буолуоҕа.
2015 сылга үүккэ субсидия кээмэйэ гөрүүчэй сыаната үрдээһинин уонна кэмигэр индексацияламмакка хаалан испитин ситиһиннэрэр сыалтан, 45 солкуобайга диэри улаатыаҕа.
Тыа сирин өйүүр государственнай программаларга бары хайысхаҕа субсидия кээмэйэ 5 сыл инниттэн олохтонуоҕа уонна бу кэм устата кыччыа суоҕа.
Сиргэ үлэлээн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны көҕүлүүр сыалтан, республика бюджетыгар сири атыылаһарга анаан сыллата 150 млн солкуобайы көрүллүөҕэ уонна ол сирдэр кэнэҕэскитин сэлиэнньэ таһымнаах муниципальнай тэриллиилэр бас билиилэригэр бэриллиэхтэрэ.
Таба иитиитигэр государственнай өйөбүл үлэтэ күүһүрдүллүөҕэ уонна нуормаламмыт төрүтэ бэрээдэктэниэҕэ. Сүрүн сорук – табаһыт хамнаһын үрдэтии.
Балык хаһаайыстыбатын бары кыаҕын толорутук туһаныахпыт. Маныаха сайыҥҥы балыктааһын саҕаланар болдьоҕо кэмигэр биллиэҕэ, туттарыллыбыт балык иһин төлөһүү бэрээдэгэ олохтонуоҕа, соҕотуопкаламмыт балыгы тиэйии-таһыы тиһигин быспат курдук тэриллиэҕэ.
БЮДЖЕТ ПОЛИТИКАТА
Улахан иэстээх уонна үрдүк дефициттээх республика бюджетын көдьүүстээхтик туһаныы - Саха Республикатын ситэриилээх былааһын уорганнарын үлэлэрин сүрүн соруга.
Былаас туохха барытыгар бэйэтинэн холобур буолуохтаах: бюджет суотугар баай-талым көрсүһүүлэри тэрийии, сыаналаах бэлэҕи атыылаһыы, кыраныысса таһынааҕы көдьүүһэ суох командировкалар хааччахтаныахтара; сөптөөх суол усулуобуйата баар нэһилиэнньэлээх пууннарга (бастатан туран, Дьокуускай куоракка) государственнай уонна муниципальнай былаас уорганнара кыра кыамталаах массыынанан сылдьыахтара. Ити бюджет суотугар ыарахан сыаналаах массыынаны атыылаһыыга уонна олору туһаныыга ороскуоту аччатарын таһынан, салгыны киртитэр уонна суолу алдьатар дьайыыта намтыыр. Үрдүк кыамталаах техниканы ыраах командировкаларга эрэ айанныырга, ол иһигэр аренда быһыытынан, туһанар курдук дьаһаныахпыт; Дьокуускай куоракка былаас уорганнара баһылаан олорор дьиэлэрин-уоттарын көдьүүстээхтик туһаныахпыт. Маныаха дьиэ-уот кээмэйин аҕыйатары таһынан, куорат кииниттэн көһөр түгэн баар буолуо.
Государственнай уонна муниципальнай атыылаһыыны кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык былаанныахпыт.
Государственнай программалар төһө көдьүүстээхтэрин, харчы сөптөөхтүк ороскуоттанарын быһаарарга Ил Түмэн уонна общественнай дьүүллэһиилэр түмүктэрин туһаныахпыт.
Аныгы технологиялар көмөлөрүнэн, кумааҕыта суох докумуон эргиирин олохтуохпут, командировкаҕа барыы-кэлии төлөбүрүн аҕыйатан, үлэ тэтимин үрдэтиэхпит.
ТРАНСПОРТ
Саҥа технологиялары туһанан, сылга 100 км итэҕэһэ суох уһуннаах республика уонна муниципальнай суолталаах суолу тутар уонна өрөмүөннүүр соруктаахпын.
Үрдүк хаачыстыбалаах суол ситимин сайыннарарга Нерюнгри, Алдан, Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарыгар, Дьокуускай куоракка, уо.д.а. улуустарга аныгы технологиянан суолу тутар, өрөмүөннүүр техниканы атыылаһыахпыт.
«Хас биирдии нэһилиэккэ – сөмөлүөтү» диэн программа чэрчитинэн аччыгый авиацияны сайыннарыахпыт. Маныаха республика салалтата чэпчэки мотуордаах авиация техническэй базатын, үөрэх кииннэрин тэрийиигэ көмөлөһүөҕэ, Арктика улуустарыгар техниканы атыылаһыыга сорох чааһыгар субсидия оҥоруоҕа.
Уу транспорын тэрилтэлэрэ Саха сирин өрүстэринэн таһаҕаһы кэмигэр тиэйэллэрин туһугар чопчу былааны оҥоруохпут. Уу транспорын туруга техническэй ирдэбилгэ эппиэттииригэр, өрүстэр үөстэрин дириҥэтиигэ өйөбүл оҥоруохпут.
ЫЧЧАТ ПОЛИТИКАТА
Хас биирдии министиэристибэ уонна биэдэмистибэ анал үөрэҕи ыла сылдьар устудьуон производственнай практикатын барыытыгар уонна эдэр специалиһы үлэнэн хааччыйыыга усулуобуйа тэрийэригэр сорудах ылыаҕа. Туһааннаах государственнай уонна муниципальнай биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр салайааччыларын үлэлэрин биир сүрүн соругунан эдэр специалист талан ылбыт идэтинэн үлэлиирин ситиһии буолуоҕа.
Идэҕэ туһаайыы үлэтигэр бары таһымҥа: оскуолаҕа, анал начаалынай, орто уонна үрдүк үөрэхтэргэ биир тиһилик олохтонуохтаах. Маныаха сүрүн сорук – эдэр специалистар салгыы талан ылбыт идэлэринэн үлэлииллэрин ситиһии.
Ыччат хамсааһыннарын государственнай өйөбүл политическай хайысхаларыттан тутулуктаммакка, уопсастыбаҕа төһө көдьүүстээхтэрин нэһилиэнньэ киэҥ эйгэтин быһаарыытынан грант быһыытынан тиксиэ.
Студеннар тутар этэрээттэрин үлэтин салгыы сайыннарыахпыт, ол иһигэр «Ыччат тутуута» бырайыак сокуон өттүнэн төрүттэрин чопчулаан, олоххо киллэриэхпит.
ҮӨРЭХ
Үөрэх эйгэтигэр кэнники сылларга үгүс үтүө уларыйыы барда: хамнас үрдээтэ, саҥа оскуолалар, уһуйааннар үлэҕэ киирэллэр. Ол эрээри оҕону сүрүн дьиссипилиинэлэргэ (математика, физика, химия, нуучча тыла, литературата) бэлэмнээһин билигин да ситэтэ суох. Нуучча, саха тылларын билии таһыма намтаабыта ити предметтэри үөрэтии чааһа аҕыйаабытыттан тутулуктанна.
Саха Республикатын Үөрэҕин министиэристибэтэ, федеральнай стандартары учуоттаан туран, национальнай оскуолаларга төрөөбүт тылы үөрэтии төһө наадалааҕыттан көрөн, үөрэх былаанын бэрээдэктиэҕэ. Төрөөбүт тылы үөрэтии нэдиэлэҕэ 3 чаастан итэҕэһэ суох буолуоҕа.
Дьокуускай куоракка кэлэр 2-3 сылга 3-тэн аҕыйаҕа суох сахалыы тылынан үөрэтэр оскуола тутуллуутун быһаарыахпыт.
Республикаҕа социальнай-экономическай балаһыанньаны учуоттаан туран, анал алын, орто, үрдүк үөрэх кыһаларын преподавателлэрин бэлэмнээһини үлэ ырыынагын ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэриэхпит.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-гар, ДьТХА-гар, итилэр филиалларыгар уонна да атын үрдүк үөрэх кыһаларыгар специалистар идэлэрин таһымын үрдэтиигэ усулуобуйа тэрийиэхпит, материальнай-техническэй базаны, инфраструктураны сайыннарыыга көмөлөһүөхпүт, студеннар, научнай-педагогическай уонна да атын үлэһиттэр социальнай көмүскэллээх буолалларын хааччыйыахпыт.
НАУКА
Саха Республикатын Наукатын Академиятын, федеральнай научнай академическай тэрилтэлэр, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, ДьТХА бары кыахтарын туһанан наука бөдөҥ бырайыактарыгар, республика государственнай сакааһын бигэргэтэн туран, көдьүүстээх көмөнү оҥоруохпут.
Сотору кэминэн саҕаланыахтаах «Саха сирэ – саҥа сайдыы региона» диэн Уһук Хоту усулуобуйатыгар киһи олоҕун кыһалҕаларыгар уонна кэскилигэр туһуламмыт Россия Наукатын Академиятын научнай чинчийиитигэр тэрийэр үлэҕэ уонна үбүлээһиҥҥэ туһааннаах өйөбүлү оҥоруохпут.
Республика бюджетын ороскуоттаах чааһын 0,5%-тан итэҕэһэ суох кээмэйин науканы өйөөһүҥҥэ аныахпыт.
ДОРУОБУЙА ХАРЫСТАБЫЛА
Россия Федерациятыгар доруобуйа харыстабылын салаата «биир ханааллаах» үбүлээһиҥҥэ көһүүтүн өйүөм.
Медицина тэрилтэлэрин салайыы систиэмэтигэр уларыйыы барыаҕа. Үчүгэй эмчит хайаан да үчүгэй салайааччы диир кыах суох, онно туспа дьоҕур, анал бэлэмнээһин наада. Доруобуйа харыстабылын салаатыгар билигин үп-харчы да өттүгэр, хаһаайыстыбаҕа да быһаарсар эҥкилэ суох үчүгэй салайааччылары бэлэмнииргэ болҕомтобутун ууруохпут.
Медицина тэрилтэлэрин техническэй базаларын хаҥатыахпыт, үрдүк квалификациялаах специалистарынан хааччыйыахпыт. Олохтоох специалистар дойду бастыҥ тэрилтэлэригэр баран стажировкаланалларыгар усулуобуйа тэрийиэхпит уонна Россия киин регионнарыттан үрдүк таһымнаах специалистары хантараагынан аҕалан үлэлэтиэхпит.
Онкология киинин тутууну түргэтэтиэхпит уонна онно анаан үлэһиттэри эрдэттэн бэлэмниэхпит.
СОЦИАЛЬНАЙ ЭЙГЭ
Баар ситиһиилэргэ олоҕуран, олохтоммут сүрүн хайысхалары тутуһан ыытыллар социальнай политика көдьүүһүн үрдэтиэхпит.
Дьон үлэлиир кыаҕын толору туһанар сыалтан идэни баһылааһыны уонна каадыры хаттаан бэлэмнээһини үлэ ырыынагын ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн тэрийиэхпит.
Бюджет атын салааларга ороскуотун аччатыы суотугар, пенсияҕа эбии төлөбүрү улаатыннарыахпыт. «Сэрии кэмин оҕолорун» социальнай өйөбүллэрин «тыыл бэтэрээннэрин» таһымыгар тэҥниэхпит.
Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо төрөөтөҕүнэ уонна оҕону көрүүгэ төлөнөр социальнай пособие кээмэйин биллэрдик улаатыннарыахпыт. Маныаха төлөбүр кээмэйин чопчу быһаарыахпыт уонна субсидиялааһын систиэмэтин судургутутуохпут.
Социальнай харысхала суох дьон, ордук инбэлииттэр, үлэлээх буолууларын хааччыйыыга Саха Республикатын «Социальнай харысхалга наадыйааччыларга үлэ миэстэтин тэрийии» диэн саҥа сокуону ылыныахпыт.
КУЛЬТУРА
Дьон культура тэрилтэлэригэр хааччаҕа суох сылдьыытын тэрийии - культура салаатын сүрүн соруга. Үөрэх программатыгар музейдарга, театрдарга сылдьар эбии чааһы киллэрии, театр коллективтара оройуоннарга былааннаахтык гостуруоллуу баралларын тэрийии, республика иһигэр да, таһыгар да музей экспонаттарынан хардарыта атастаһыы, быыстапкалары тэрийии үлэтэ барыаҕа.
Нэһилиэнньэ баҕатын учуоттаан туран, библиотека фондаларын хаҥатыыга үлэни күүһүрдүөхпүт.
2015 сыл I кыбаарталыгар демография балаһыанньатыттан көрөн уонна баар объектары учуоттаан туран, нэһилиэнньэлээх пууннарга культура, спорт холбоһуктаах кииннэрин тутуу 10 сыллаах былаанын оҥоруохпут.
Дьон өйүн-санаатын таһыма үрдүүрүгэр, сиэр-майгы чөл туруктаах буоларыгар культура, искусство тэрилтэлэрин, айар союзтар оруолларын үрдэтиэхпит.
МААССАБАЙ ИНФОРМАЦИЯ СИРИЭСТИБЭЛЭРЭ
Маассабай информация сириэстибэлэрэ икки сүрүн төрүккэ олоҕуран үлэлиэхтэрэ – государственнай былаас уорганнарын үлэлэрин сырдатыыга, нэһилиэнньэҕэ кырдьыктаах иһитиннэриини кэмигэр тириэрдиигэ. Маныаха нэһилиэнньэ баһыйар өттүн хабар, бас билиитин көрүҥүттэн тутулуга суох телевидение, радио, бэчээт тэрилтэлэрэ куонкурус түмүгүнэн үбүлэниэхтэрэ.
Бюджеты, баайы-дуолу көдьүүһэ суохтук туһаныыны, коррупцияны утары охсуһарга государственнай былаас «төрдүс былаас» көмөтүн туһаныаҕа. Чунуобунньук ханнык баҕарар маассабай информация сириэстибэтин нөҥүө кинини эбэтэр кини салайар биэдэмистибэтин коррупцияҕа буруйдуур туһунан иһитиннэриигэ 5 күн иһигэр аһаҕас хоруйу биэрбэт түгэнигэр, дуоһунаһыттан уһуллуоҕа.
СПОРТ
Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев киллэрбит «Чөл олох» концепцията салгыы сайдарыгар нэһилиэнньэни спордунан дьарыктаныыга көҕүлээһин саҥа көрүҥнэрин киллэриэхпит.
Государственнай уонна муниципальнай былаас уорганнара бюджеттан эрэ үбүлэнэр тэрилтэлэргэ буолбакка, чааһынай спортивнай кулууптарга эмиэ өйөбүлү оҥоруохтара.
Спортивнай тутуулар дьон түөлбэлээн олорор сирдэрин учуоттаан тэриллиэхтэрэ.
Республика бары таһымнаах салайааччылара дьоҥҥо холобур буолалларын курдук, государственнай былаас уорганнарыгар уонна тэрилтэлэригэр спордунан дьарыктанар үлэһиттэри харчынан көҕүлээһин олохтонуоҕа. Маныаха анаан үлэ төлөбүрүн фондатын көҕүлүүр чааһыттан 5%-ҥа тиийэ кээмэйдээх үп көрүллүөҕэ.
ЫКСАЛЛААХ БЫҺЫЫНЫ-МАЙГЫНЫ УТАРЫ ОХСУҺУУ
Айылҕа араас иэдээннэрин содулугар үөскүүр кыһалҕалары туоратыыга олохтоохтук ылсан үлэлиэхпит. Кэнники кэмҥэ сирбит-уоппут сайын аайы ойуур баһаарыттан эмсэҕэлиирэ, сааскы халаан уутун ааһан, сайыҥҥы ардах уутуттан кытары ууга барара элбээтэ; өрүстэр уолан таһаҕаһы тиэрдиигэ ыарахаттар үөскүүллэр; кыс ортото киинтэн ититиллэр дьиэлэргэ саахал тахсар. Бу түмүгэр республика экономикатыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, экологияҕа улахан хоромньу тахсар, дьон баайын-дуолун сүтэрэр, доруобуйата эмсэҕэлиир.
Республика салалтата бииртэн-биир тахса турар, сыл иһигэр кыайан төлөнө охсубат хоромньуну ааҕартан соло булбат. Бу үөһэ ааттаммыт кыһалҕалары быһаарыыга бастатан туран научнай, бырайыактыыр инситуттары кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиэхпит. 2015 сыл саҕаланыытыгар Илин Эҥээр улуустарыгар ууну сүүрдүүгэ бырайыак барылыгар сакаас биэриэхпит; «Амма» республикатааҕы суолу тутуу бырайыак барылын оҥоруу саҕаланыа; хотугу улуустарга таһаҕаһы тиэйиини систиэмэлээхтик тэрийиигэ бары хайысханы хабар (табаары атыылаһыы, оттугу тиэйии, уу түгэҕин дириҥэтии, кыһыҥҥы өрүс суолун тутуу уо.д.а.) бырайыак оҥоһуллуоҕа.
|