News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 20 » 1 л үүт субсидията 45 солкуобай буолуоҕа
1 л үүт субсидията 45 солкуобай буолуоҕа | 12:40 |
КӨРСҮҺҮҮЛЭР, КЭПСЭТИИЛЭР, НАКААСТАР
20.08.2014. Э.Б.Березкин.Сунтаар, Ньурба, Үөһээ-Бүлүү, Бүлүү:
1 л үүт субсидията 45 солкуобай буолуоҕа
Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү нэһилиэктэригэр сылдьан кэллибит. Тыа сирин дьонун-сэргэтин кытары ирэ-тоҕо кэпсэттибит. Үүт тутар пууннарга сырыттыбыт. Онно көрдөххө, 6-7 эрэ ыал үүт туттарар.
Сорох нэһилиэктэргэ “даача эрэ курдук буоллубут, үксэ кырдьаҕастар хааллыбыт, сиэннэрбит кэлэн сайылаан эрэ бараллар” дэһэллэр. 55-тэн 70-гар диэри саастаах дьон сүөһү көрөллөр. 35-тэн 55 сааһыгар диэри саастаах ыалга 10-тан 1-гэр эрэ сүөһүлээхтэр. Онтон эдэр дьон сүөһүгэ олох сыстыбат буолбут. Дьиҥинэн, маннык көстүү аҥаардас бүтэһик 4-5 эрэ сыл устата барбата. Билиҥҥэ диэри дьон уһуннук тулуйа сатаатаҕа дии. Үүт харчытынан дьон аһаары, таҥнаары син сүөһүлэрин уһуннук эспэккэ кэлбиттэрэ. Онтон билигин тыа сирэ сайдыбакка, эстии суолугар үктэммитин билэн, манна олохсуйар кэскилэ суох диэн ыччаппыт куоракка талаһар буолбута кистэлэҥ буолбатах.
Бүгүн саастаах дьон сүөһү иитэригэр кыаҕа, доруобуйата тиийбэт буолан эрэр. Маннык кэхтииттэн тахсыы төрүөтэ Эрнст Березкин бу баар диэн этэр.
- 2002 с. үп миниистиринэн үлэлии сылдьан үүккэ субсидия бэрээдэгин бэйэм айан, ымпыгар-чымпыгар тиийэ ааҕан үлэҕэ киллэрбитим. Мин киллэрэр саҥа сүүрээммин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ күүскэ утарсыбыта. Улахан киирсии түмүгэр, модьуйуу күүһүнэн бюджеккэ көрүллүбүт тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах харчы аҥаара уу харчынан дьоҥҥо тиийиэхтээх диэн быһаарыы ылыныллыбыта. Биир лиитэрэ үүккэ кэтэх хаһаайыстыбаларга 11 солкуобайы, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга 13 солкуобай кээмэйдээх субсидия быһан биэрбиппит. 2002, 2003, 2004 сс. ылан көрдөххө, дьон санаата көтөҕүллүбүтэ, дьоҥҥо уу харчы тиийэр буолбута. Быһаттыы, казначейскай систиэмэнэн. Онтон бырабыыталыстыбаттан 2004 с. барбытым кэннэ ити олохтоммут бэрээдэги өйөөбөккөлөр, билиҥҥээҥҥэ диэри сөптөөх индексация ыыппакка кэллилэр. Быйыл үүт сыаната индексацияланан 14 солк. эрэ кээмэйдээх. Оттон оттук, бензин сыаната күн-түүн ыарыы турар. Маннык балаһыанньа 10 сыл устата уларыйбатаҕын көрдөрөр.
Бүгүн тыа хаһаайыстыбатыгар 8,5 млрд солк. көрүллүбүт буоллаҕына, тыа дьонугар 1,5 млрд солк. эрэ үүт субсидиятынан тиийэр. Атына Дьокуускай куоракка сөҥөн хаалар, саҥа офиска, кэрэ көстүүлээх кабинекка, сыаналаах джипка, чунуобунньук үрдүк хамнаһыгар кубулуйар. Ол аата дэриэбинэҕэ харчы тиийбэт. Бюджет үлэһиттэрин - учуутал, биир биэлсэр, баһылык хамнаһа уонна пенсионердар харчылара эрэ баар. Бүттэ. Киһи илиитинэн-атаҕынан үлэлээн кыайан харчы оҥорор кыаҕа суох. Диҥинэн сылын аайы ыытыллар бырабыыталыстыба отчуоттарыгар, быыбар кэмигэр тыа дьоно этии бөҕөтүн киллэрэллэр. Ону былаас кулгааҕын таһынан аһарар. Быыбар хампаанньатын кэмигэр кураанах эрэннэрии бөҕөтө буолар – куолас биэрдэххитинэ детсад, оскуола, кулууп тутуохпут, өрөмүөннүөхпүт диэн балыйаллар. Дьиҥинэн, эн төһө да оскуоланы, спортзалы туттаххына, дьон төрөөбүт нэһилиэгэр олорон, үлэлээн ботуччу хамнастанар кыаҕа суох буоллаҕына, харчы баар сиригэр куоракка куотуохтара. Бу диҥнээх кэхтии суола. Тыа хаһаайыстыбатын хайаан да өрө көтөҕөргө күүспүтүн түмүөхтээхпит. Дьон куоракка таласпакка, улуустарга, нэһилиэктэргэ олороллорун, сайдалларын туһугар үлэлиэхтээхпит.
Мин программабар араас эксперименнэри эҥин киллэрбэтим.
Бастаан биир боппуруоһу быһаарыахпыт – үүт харчытын субсидиятын улаатыннарыыны. Аҕа баһылык дуоһунаһыгар талыллар түбэлтэбэр эһиилгиттэн былаан быһыытынан 1 л үүт субсидията 45 солк. буолуохтаах. Онно эбии заготовитель 10 солк. эбэр буоллаҕына, туттарар киһи үүтүн сыаната 55 солкуобай буолар. Боростуойдук суоттаан көрүөххэ. Биир ыанар ынах сылга 1000 л үүтү биэрдэҕинэ, 55 000 солк. аахсар буолар. Тыа олохтооҕо уон ынахтаах буоллаҕына - 550 000 солк. өлөрөр. Оттон 200 000 солк. ол-бу ороскуокка бардаҕына, син биир 350 000 солк. ыраас барыс тахсан кэлэр.
Эдэр сүөһү ньирэй бородууксуйа биэриэр диэри хаһаайыныгар босхо иитиллэр. Манна эмиэ судаарыстыбаттан көмө көрүллүөҕэ. Ону таһынан эт бородууксуйатыгар, табаҕа, бултааһыҥҥа, балыктааһыҥҥа уо.д.а. тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр субсидия сөптөөх таһымҥа тахсыаҕа.
Тыа сирин сайдарыгар сөптөөх суол бу буолар.
Андрей Петров
|
Category: Эрнст Березкин |
Views: 1476 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 73 Ыалдьыттар (гостей): 73 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|