Василий ВИНОКУРОВ, СР Үрдүкү Сэбиэтин 12-с ыҥырыылаах депутата, экономическай наука кандидата, Өймөкөөн, Эбээн-Бытантай, Анаабыр улуустарын бочуоттаах гражданина, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Хотугу Форум” уонна РАЕН академига:
- Олоҕу олорбут, син элбэх уоту-хаары ортотунан ааспыт киһи быһыытынан бэйэбин билинэн туран, Эрнст Борисович Березкины өйүүрбүн биллэрэбин.
Бастатан туран, өс хоһооно баар - “человека встречают по одежке, а провожают по уму” диэн. Россия таһымыгар Сахабыт сирин ааттатар киһи талылларынан сибээстээн, Березкины ити ирдэбилгэ толору эппиэттиир киһинэн ааҕабын. Көстөр дьүһүнүнэн сахаҕа биир толуу киһи буолар. Маны таһынан, кини саҥатын истибит дьон Эрнст Борисович бэйэтин санаатын тиэрдэринэн бэртээхэй араатарын билинэллэр. Кини Россия губернатордарын ортотугар тэҥҥэ сылдьар киһилээхпит эбит дии саныыр толору кыахтаахпыт.
Иккиһинэн, биһиги президеннэрбит баһылаабыт идэлэрин ылан көрүөххэ. Бастакы президеммит М.Е. Николаев политик быһыытынан хомсомуол обкуомун, горкомун эппиэттээх үлэһитинэн, сэкиритээринэн үлэлээн уһаарыллыбыта. Ол уопута Саха сирин инники сайдыытыгар олук буолбута.
Иккис президеммит идэтинэн тутааччы, дьэ ол иһин кини кэмигэр тутуу күүскэ сайдыбыта уонна билиҥҥи тутулла турар объектар сүрүннээн ууруллубуттара.
Үһүс президеммит инженер-механик. Онон кини, биллэн турар, технология киириитигэр үлэлэстэ уонна онно балайда кылаатын киллэрдэ.
Хас биирдии кэм кэрдииһэ бэйэтэ уратылаах, ирдэбиллэрдээх. Билигин төрдүс баһылыкпыт экономист, финансист буолара наада. Аныгы олох ирдэбилинэн, атын государстволар салайааччылара үксүлэрэ экономика боппуруоһун муҥутуурдук баһылаабыт дьон. Эрнст Борисович финансист үөрэхтээҕэ бу боппуруоска кини атыттары кытта кэпсэтиитигэр улахан көмөлөөх буоларыгар саарбахтаабаппын.
Үсүһүнэн, Березкин Эрнст Борисович төрөппүт аҕата Муома, Өймөкөөн оройуоннарын быыһыгар үөскээбит киһи, эбэтэр промышленность сайдыбыт оройуонугар. Ийэтэ саха норуотун өйүн-санаатын баһылааһыҥҥа улахан кылааты киллэрбит Сунтаар улууһугар төрөөбүтэ. Оттон Березкин бэйэтэ төрөөбүт сирэ - биһиги государствобытын олохтоспут Максим Кирович Аммосов төрөөбүт улууһа буолар. Оҕо сааһа онно ааспыта. Үлэлээбит уонна үрдүк таһымнаах специалист быһыытынан улааппыт сирэ - Дьокуускай куорат. Оттон кэргэнэ Чурапчы. Дьэ маннык киһи биһиги курдук улуустаһар дьоҥҥо сомоҕолуур күүс буолуон сөп.
Төрдүһүнэн, Эрнст Борисович “Якутгазпром”, АЛРОСА курдук тэрилтэлэргэ генеральнай директоры солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын иһиттэн билсиитэ инники үлэтигэр олук буолуоҕа.
Бэсиһинэн, эдэр киһи билиҥҥи үйэҕэ ханнык да партията суох Ил Түмэҥҥэ икки төгүллээн талыллыбыта, сокуону таһаарар былаас ис туругун билэр. Онон кини Ил Дархан буоллаҕына, былаас бу салаатын кытта үлэлээһинигэр ити уопута улахан күүс-көмө буолара чуолкай.
43 сааһыгар киһи номнуо сиппит-хоппут буолар. Дьон өй-санаа өттүнэн сайдыытын тэтимэ араас буолар. Эрнст Борисович отуччатыттан саҕалаан үп миниистиринэн, онтон правительство председателин солбуйааччытынан, АЛРОСА курдук улахан промышленнай тэрилтэҕэ тиийэн президент солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Онон республикаҕа, Россияҕа даҕаны, тарбахха баттанар улахан специалист, республика салайааччыта буоларга бэлэм.
Сахам сирин олохтоохторо! Бу мин санааларбар олоҕуран, ол-бу тылга-өскө итэҕэйбэккэ, үүммүт үйэҕэ саамай сөптөөх кандидатынан Эрнст Борисович Березкин буоларын билинэн, киниэхэ куоластыыргытыгар ыҥырабын!
Иван БУРЦЕВ, эколог:
- Е.А. Борисов быыбарга кыайдаҕына, Федерация Сэбиэтигэр В. Штыровы уонна А. Дудниковы сенатор оҥорор былаана мунчаардар. Тоҕо диэтэххэ, бу икки киһи республика, саха дьонун дьылҕатыгар хайдах курдук куһаҕаннык дьайбыттара биллэр. Маны мин республикаттан хоро таһыы, хоруупсуйа, тыа сирин эстиитэ салҕанарын мэктиэлээһин курдук ылынабын.
Е.А. Борисов республика салалтатыгар өр сыллаах үлэтигэр “чопчу маннык үтүөнү оҥордо” диэн иилэн ылар суоҕун кэриэтэ. Республика олоҕор суоһарыылаах дьайыылар (хоруупсуйа, бэрээдэги кэһии, тыа сирин олоҕо, экология, дьон доруобуйата сатарыйыыта, о.д.а.) кинини улаханнык долгуппат курдуктар. Наһаа өр үлэлээн, Москва ыар сорудаҕын толорууга илистэн манныкка тиийдэ дуо? Баҕар, буолуо. Кини өр сыллаах үлэтэ республика олоҕун таһыма төһө үрдээбитинэн сыаналаныахтаах. Дьон-сэргэ билинэринэн, наар таҥнары түһүү, баайа, кэскилэ суох хаалыы...
Тус олоҕор, эргимтэтигэр быһыы-майгы, хорруупсуйаҕа кыттыһыы хайдаҕый? Манна биллибэтэ үгүс. Балары сүүс бырыһыан билбэт буоллахпытына, киниэхэ куоластыыр да бырааппыт суох.
Ол иһин мин Э.Б. Березкиҥҥа куоласпын биэрээри уонна дьону итиннэ кытыннараары киниэхэ итэҕэллээх сирэй буоллум. Кини киэҥ билиилээх, салайар үлэҕэ олох эдэр сааһыттан сыстыбыт, уопутурбут, күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар. Тус олоҕор дьиэк суох, аһаҕас, барыта курдаттыы көстө сылдьар. Ол да буоллар, анал хамнас ылар дьон кини үрдүгэр хара күлү кута сатыахтарын билэбин. Бар дьонум ону итэҕэйимэҥ диэн ыҥырабын. Хайа муҥун дойдубутугар саҥа тыын киирэр, саҥалыы дьаһанар, кэлэр көлүөнэҕэ чөл туруктаах айылҕаны хаалларарга үлэлиир, бэйэ бодотун тардынар кэм кэллэ. Ол кэм кэлэрин түргэтэтэрбит бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах.
“Е.А. Борисовы Москва өйүүр, барыта быһаарыллан бүппүтэ” диэччилэри итэҕэйимэҥ. Бэйэбит быһаарыаҕыҥ! Баһыйар үгүс куолаһы Березкиҥҥа биэрэн кэбистэхпитинэ, подделкалаан да туһаныахтара суоҕа, Москва да ылыммакка ханна барыай? Ити буолуо этэ Саха сирин бары олохтоох дьонун кыайыыта диэн.
Бар дьонум! Куруутун албыҥҥа киирэн сылайбыт урукку салалтаны уруйдаамыаҕыҥ, саҥа солбугу булуоҕуҥ, кэлэр кэскилбитин саныаҕыҥ! Россия Украинаны, Европаны, Американы кытта иирсээнин түмүгэр инники олохпут ыарыыра чуолкай. Бу уустук кэмҥэ олох саҥалыы көрүүлээх салалта уонна Ил Түмэн наадата тирээтэ. Эрнст Борисович Березкины көрүҥ-истиҥ, үөрэтиҥ, сыаналааҥ уонна киниэхэ куоластааҥ!
Галина НИМАЕВА, Дьокуускай олохтооҕо, ООО «Чороон-даймонд» үлэһитэ:
- Мин санаабар, республика былааһа биир улахан стратегическай сыыһата – биир баартыйа баһыйыыта. Бука бары «Биир ньыгыл Арассыыйа» чилиэннэрэ – президеммит, депутаттарбыт үгүстэрэ, правительство чилиэннэрэ. Ол түмүгэр хаһан да ханнык да түгэҥҥэ мөккүһүү тахсыбат. «Истина рождается в споре» диэн өйдөбүл умнулунна.
Оттон ити биир сүрүн политическай мөлтөх өрүппүт буолар эбээт. Бэйэбит республикабыт интэриэһин сатаан көмүскээбэппит, дьоммут-сэргэбит кыһалҕатын болҕомтоҕо ылбаппыт, куруук киин былааска «ээҕи» кытта ресурсабытын туран биэрэбит. Ким да ону кыайан уодьуганнаабат.
Былааска эдэрдэр, хорсуннар кэлиэхтээхтэр дии саныыбын. Онон Эрнст Березкины өйүүбүн.
Александр Винокуров, урбаанньыт:
- Эрнст Березкин олоххо көрүүлэрин, идеяларын, этиилэрин биһириибин. Эдэр, эрчимнээх, саҥалыы көрүүлээх салайааччылар кэмнэрэ кэллэ дии саныыбын. Наһаа олорон хааллыбыт, атын национальнай регионнар балысханнык сайдар, үүнэр буоллахтарына (холобура, Татарстан), биһиэхэ барыта аа-дьуо, хойутаан, кыра-кыралаан, уопсайынан, үлэ тэтимэ уота-күөһэ суохтук барар.
Үп-харчы тыырыллыыта барыта сир аннынан барар, аймахтаһыы, улуустаһыы элбэҕи быһаарар буолла. Чурапчылар эрэ айахтарыттан күөх от үүнэр курдук. Березкин былааска кэллэҕинэ, намнары итинник өрө тутуо суоҕа дии саныыбын.
Любовь Березкина: Эркин курдук эрэнэр эрим Эрнст
20.08.2014
Эрнст Борисович Березкин олоҕун аргыһа Любовь Георгиевна бэйэтэ туспа ааттаах-суоллаах киһи – кини СР үбүн миниистирин I солбуйааччыта. Эрнст Борисович киэн тутта кэпсииринэн, Россия биир бастыҥ финансиһа, үрдүк таһымнаах идэлээх, республика биир тутаах үлэһитэ. Оттон бэйэтэ этэринэн, кини, бастатан туран, эрэллээх кэргэн, үс уол оҕо ийэтэ.
Аҕа кыыһа
- Биһиги икки бииргэ төрөөбүт кыргыттарбыт. Аҕам ананан Тиксиигэ үлэлии сылдьар кэмигэр мин төрөөбүтүм, онтон 9 саастаахпар Дьокуускайга көспүппүт, оҕо сааспыт Сайсарыга ааспыта. Ийэлээх аҕабыт кур бокуойа суох үлэлиир этилэр, моойбутугар күлүүспүтүн иилиммитинэн таһырдьа оонньуурбутун өйдүүбүн. Ол эрээри биһиги балтыбынаан көрүүтэ-харайыыта суох сылдьабыт дии санаммат этибит - дьоммут тапталы, болҕомтону толору биэрбиттэрэ. Өрөбүллэрин биһиэхэ эрэ аныыллара, үлэлэрин быыһыгар эбиэккэ наар кэлэллэрэ. Наар ыттаах буолааччыбыт, оннооҕор кус иитэ сылдьыбыппыт. Аҕам олус холку, үтүө киһи этэ, биһигини, кыргыттарын, тэҥҥэ илдьэ сылдьааччы, оннооҕор булка-балыкка сылдьыһааччыбыт, саа ыраастаһарбытын өйдүүбүн. Толору хааччыллыыта суох мас дьиэҕэ олорбут буолан, дьиэ тас үлэтигэр эмиэ бииргэ сылдьааччыбыт – уу таһыыта, мас мастааһын, хаар күрдьүүтэ...
Мин кэлин санаан көрдөхпүнэ, кэргэним Эрнст аҕабар олус майгынныыр эбит – арааһа, бэйэм да билбэппинэн, аҕам курдук киһини сүрэҕим сөбүлээбит.
“Служебнай арамаан”
- Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрбитим, “бухучет” идэлээхпин. 1988 сылтан үп министерствотыгар үлэлиибин. Эрнст Борисович 1998 с. үп миниистирин солбуйааччытынан анаммыта. Биһиги, “кырдьаҕас үлэһиттэр”, бастаан сэрэхэчийбиппит – эдэрэ бэрт этэ уонна үп эйгэтин киһитэ буолбатах – “Якутгазпромтан” кэлбитэ. Санаабытыгар, туора курдук. Көрөөт да таптаабытым диэбэппин.
Бииргэ үлэлэһэн барбыппыт. Саҥа салайааччыбыт билиитэ киэҥэ, үлэни тэрийэр дьоҕура, сыалы-соругу чопчу туруорара, мунньаҕы салайан ыытара, үлэһиттэригэр ирдэбилэ – барыта лоп-бааччы, “оруобуна маннык буолуохтаах” диэбит курдук. Коллектив кинини ылыммыта, олус ытыктыыллар, билигин да суохтууллар.
Ити курдук, биһиги ыал – “служебнай арамаан” түмүгэ буолар.
Дьоллоох дьахтарбын
- Мин олоҕум аргыһа – нууччалыы эттэххэ, идеальнай кэргэн. Эрнст сатаабата суох. Эр киһи үлэтин барытын кыайар – уһанар, уот тардар, дьиэ тутар кыахтаах. Оҕуруот үлэтин ымпыгын-чымпыгын барытын билэр, оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстаҕаһа биллэр. Киниэнэ барыта уурбут-туппут курдук. Иһит-муоста-таҥас сууйууну дьахтар эбээһинэһэ диэн араарбат, маҕаһыыҥҥа сылдьан ас атыылаһары ыарырҕаппат. Киниэхэ барыта чэпчэкитик, холкутук сатанар.
Эрнст айылҕаттан дэгиттэр дьоҕурдаах киһи. Олус үчүгэйдик уруһуйдуур – худуоһунньук курдук. Аны туран олус үчүгэй кэпсээнньит – оҕолор кыраларыттан аҕалара кэллэ да “остуоруйата кэпсээ” дии тоһуйааччылар, билигин да онтуларын илдьэ сылдьаллар.
Кэргэним өйүнэн-санаатынан аҕа саастаах киһи курдук. Оҕо эрдэҕиттэн оннук дииллэр – дьоһуннаах, дуоспуруннаах. Быстах быһаарыммат, хас хардыытын барытын толкуйдаан оҥорор.
Кэргэним биир үтүө өрүтэ – үлэтинэн-хамнаһынан хайдах да уустук күнү аһардар, дьиэтигэр хаһан да онтун “соһон” кэлбэт. “Аҕабыт кыыһырбыт” диэн өйдөбүл биһиэхэ суох.
Уон биэс сыл бииргэ олордубут – онтубут биир күн курдук ааһа охсубут эбит. Кини миэхэ күннэтэ интэриэһинэй, сонун. Кинини көрсүөм иннинэ кыһалҕаларбын бэйэм быһаарына сылдьыбыт киһи буоллаҕым, оттон Эрнстиин көрсүөхпүттэн эрэллээх эркиннээхпин.
Сөпкө быһаарынна
- Эрнст республика баһылыгар киирсэргэ быһаарыммытын истэн баран, бастакы санаам – ол аата аҕабыт бокуойа суох буолар эбит диэн. Ол эрээри онно туорайдаһар кыаҕым суох: аҕабыт быһаарбытынан, кини туох дииринэн олоробут.
Мин билэбин – кини кыайар үлэтэ, дуоһунаһа. Таһыма үрдүк, билиитэ киэҥ, былааннара олоххо киирэр кыахтаахтар, көрүүлэрэ аныгылыы уонна норуот туһугар. Наар дьоҥҥо кыһаллар – дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонугар, норуотугар.
Мин кини туһугар олус холкубун: олох хайдах да өрүтүнэн хайыстын, көхсүн да көрдөрдүн – Эрнст сөптөөх толкуйу тобулуо уонна кыһалҕаттан тахсыа. Эппиэтинэс ылынна – ол аата тиһэҕэр тиэрдиэ.
Туйах хатарааччылар
- Кыыстаныахпын наһаа баҕарар этим (мичээрдиир), ону айылҕа бэйэтэ быһааран, оҕолорбут үһүөн уолаттар. Улахаммыт үлэһит киһи, кыралар 14, 11 саастаахтар. Онон миэхэ эргиччи эр киһи – мин дурдам-хаххам, араҥаччым. Харыстыыллар, бүөбэйдииллэр.
Эрнст уолаттарын тэҥҥэ илдьэ сылдьар. Оҕолор тыа олоҕуттан тэйбэтиннэр диэн даачалаахпыт. Эппиэтинэстээх буоллуннар, тугу хайдах гыннахха хайдах үүнэрин ымпыгын-чымпыгын биллиннэр диэн оҕуруоттаахпыт. Дьиҥэ, атыылаһар судургу буоллаҕа.
Биһиги иккиэн да иллэҥэ суох үлэлээх дьоммут, ол эрээри төрөппүт мунньаҕар солбуһан наар сылдьабыт. Оҕолорбут тугунан тыыналларын билэбит.
Алеша художественнай лицейи быйыл туйгуннук бүтэрдэ. Аҕатынаан “Дарк” спортивнай кулуупка дьарыктанар. Иккиэн олус майгыннаһаллар, дьон бары “оруобуна копиркалаан ылбыккыт” дэһэллэр, тутталлара-хапталлара, саҥараллара барыта үүт-үкчү. Аны бэйэтин баҕатынан музыкальнайга дьарыктанар - тубаҕа оонньуур.
Кыра уолбут Вова бэйэм курдук. Билигин оҕо сааһыттан тахса илик, бэйэтин суолун тобулар кэмэ - иннигэр.
Үс көлүөнэ бииргэ
- Мин ийэм биһигини кытта олорор. Күтүөтүнээн иллээхтэр аҕай. Арыт бэйэлэрэ куомуннаһан, мин билбэппинэн тугу эрэ кэпсэтэн быһаарбыт буолааччылар. Биһиги иккиэн өйдүүбүт – ийэбит биһиэхэ төһүү күүс-көмө.
Хайа баҕарар ыал үтүө үгэстэрдээх буолар. Мин улааппыт дьиэ кэргэним уонна Березкиннар – биһиги дьолбутугар, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар ыал. Барыта оҕо сайдыытын туһугар. Бары да кинигэ сирэйдээх дьоммут. Уларсыһа, былдьаһа сылдьан ааҕабыт.
Бары бииргэ театрга сылдьар үгэстээхпит. Театр үлэһиттэрэ биһигини көрөн билэллэр, үөрэ көрсөллөр. Биир үтүө үгэспит – хайаан да киэһээҥҥи аһылыкпытыгар бары баар буолуохтаахпыт, хойутуур буоллахпытына кэтэсиһэбит.
Үлэбиттэн уурайыахпын сөп
- Миигин билбэт дьон “бу үп миниистирин солбуйааччы дьахтар - карьерист” дии саныахтарын сөп. Эбэтэр, онно-манна истэн-ааҕан аһарарбынан, “кэргэнэ дуоһунаска тиксэрбит” дииллэр.
Мин, дьиҥэ, бастатан туран, ыал ийэтэбин, дьиэ кэргэним туһугар олоробун. Үлэбин хаачыстыбалаахтык толоробун, лидер буолбатахпын – толорооччу киһибин. Дуоһунас – мин дьулуһуум буолбатах, үлэбинэн көрөн, сыаналаан анаатахтара. Наада буоллаҕына, уурайыахпын сөп. Солбуллубат үлэһит суох дииллэр, уурайдыҥ да умнуллаҕын – ити суруллубатах сокуон. Систиэмэ мин барбыппыттан тугу да сүтэрбэт, кэмсиммэт, хомойбот – арай мин коллективпын суохтуом. Олус иллээхтик үлэлиибит.
Кэргэним наар салайар үлэҕэ сырытта, сылдьыа да турдаҕа, оттон мин наар иллэҥэ суохпун. Таҥаһын бэйэтэ өтүүктэнэр, сарсыарда эрдэ турар буоллаҕына, остуол тардар. Ол эрээри ити буолуохтааҕын курдук, арай иһигэр сэмээр кэтэһэрэ буолуо дуу?.. Үлэбиттэн уурайдахпына, чугас дьонум үөрэллэр эрэ.
Доҕоттор
- Мин да, Эрнст да доҕотторбут – уруккуттан алтыһар чугас дьоммут. Дуоһунас улааттаҕына атас-доҕор эмиэ уларыйар, “улаатар” диэччилэр. Биһиэхэ оннук буолбатах. Бары оскуола, студент саҕаттан алтыспыт дьоммут. Эрнстэн ким да дуоһунас-хамнас ирдэспэтэҕэ-көрдөспөтөҕө, оттон олоҕун уустук кэмнэригэр – туоратыллан үлэтэ суох хаалбытыгар – биир да доҕоро тэйбэтэҕэ, бары күүс-көмө, сүбэ, өйөбүл буолбуттара.
Ити кэргэним киһи быһыытынан үтүө өрүтүн эмиэ көрдөрөр дии саныыбын. “Наадалаах”, “туһалаах” диэн алтыспат, ис эйгэтигэр сөп түбэһэр дьоннуун табаарыстаһар.
Оттон мин саамай чугас доҕорум – мин кэргэним, киниттэн кистиирим суох. Оннооҕор электроннай почтабыт уопсай. Бу – мин күннээҕи, күн сиринээҕи дьолум.
Лидер Якутии должен быть сильным и здоровым!
http://youtu.be/5tkZ9o-K3Tw
https://www.youtube.com/watch?feature=player_embedded&v=5tkZ9o-K3Tw