Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 22 » Быыбар түмүгүн Кириэмил быһаарбыта ырааппыт ҮҺҮ - Егор Борисов кыайара чуолкай ҮҺҮ. Онон биһиги куоласпыт тугу да быһаарбат үһү...үһүүү
Быыбар түмүгүн Кириэмил быһаарбыта ырааппыт ҮҺҮ - Егор Борисов кыайара чуолкай ҮҺҮ. Онон биһиги куоласпыт тугу да быһаарбат үһү...үһүүү
19:32

Үһүйээннэри үрэйэн, сурахтары сыҕайан...

22.08.2014
Кэнники кэмҥэ, чуолаан интернет ситимигэр, Эрнст Березкин туһунан сурах-садьык тарҕанар буолла. Ааптара биллибэт “айымньылар” киһиттэн киһиэхэ бэриллэн, аара өссө эбии “тупсан”, үһүйээҥҥэ-номоххо кубулуйар үгэстэннилэр. Ол аайы сорох-сорох өс киирбэхтэр “ноо” дэһэ түһэллэр. Дьиҥэ, толкуйдуур, анаарар ааҕааччы билэр - “хара пиар” сиэртибэтинэн мөлтөх кандидат буолбат. Бу – кини кыахтааҕын билинэн самнара сатааһын туоһута.

Эрнст Березкин атын кандидаттар кинини утары араас политическай түөкэйдээһиннэри, мөкү ньымалары туһаналларын истэ-билэ сылдьар эрээри, иирсээҥҥэ-аахсыыга охтубакка, быыбар хампаанньатын чиэһинэйдик уонна аһаҕастык ыытар. Ол иһин норуоту “долгутар” сорох сурахха-садьыкка аһаҕас хоруйдары биэрэбит.
 
Бастакы “үһү”
Эрнст Березкин “муниципальнай сиитэни” ааһар туһуттан бэйэтин төрөөбүт Намын икки нэһилиэгин (Салбаҥ, Көбөкөн) депутаттарын аатыттан сымыйа илии баттааһыннары хомуйбут ҮҺҮ. Ону атын кандидат Максимов билэн-көрөн, суукка биэрбит. Онон Березкин Ил Дархан быыбарыгар кыттар кыаҕыттан матар ҮҺҮ.
Дьиҥэ: Кырдьык, билиҥҥи кэмҥэ Максимов Эрнст Березкины СР Үрдүкү суутугар үҥсэн, быыбартан уһултара сатыы сылдьар. Төрүөтэ – ити нэһилиэктэр администрацияларын үлэһиттэрэ нотариус болмуочуйатын толорон депутаттар Березкин кандидатуратын туһатыгар илии баттааһыннарын бигэргэппиттэрэ буолар. Максимов көрүүтүнэн, ити нэһилиэктэр администрацияларын үлэһиттэрэ Аргунова С.П. уонна Жиркова Н.А. нотариус боломуочуйатын толорор бырааптара суох. 
Дьиҥэ, бу ааттаммыт специалистар бэйэлэрин нэһилиэктэрин администрацияларын анал дьаһалыгар олоҕуран нэһилиэнньэҕэ нотариус өҥөтүн толоро олороллор. Н.А. Жиркова – 2013 c. тохсунньутуттан, С.А. Аргунова - 2013 c. олунньутуттан. Ол туһунан кинилэр Үрдүкү суут аатыгар сайабылыанньаларыгар быһаараллар. Маны таһынан Салбаҥ уонна Көбөкөн депутаттара (холбоон 8 киһи) кырдьык Эрнст Березкин туһатыгар илиилэрин баттаабыттарын бигэргэтэллэрин туһунан сайабылыанньа баар. Онон Максимов үҥсүүтэ оруна суох. 
Үҥсээччи Максимов сууту кыайар түгэнигэр, ол аата бу кэм устата нотариус бигэргэтиитин ылбыт бар дьон докумуоннара эмиэ сымыйанан ааҕыллалларыгар тиийэллэр.
Ил Дархан быыбарыгар кандидат Максимов бэйэтин кыайыытын туһугар агитация үлэтин ыыппакка, Березкины быыбартан уһултарар сыалы сырса сылдьар. Манна даҕатан эттэххэ, Максимов бэйэтэ Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа үрдүк үөрэх дипломун туттарбыта сымыйа буолара биллибитэ. Үрдүк үөрэҕэ суох эрээри, сымыйа диплом копиятын туттаран сокуону кэспит.
Эрнст Березкин депутаттар илии баттааһыннарын хомуйуутугар сокуону кэһии суоҕун билэр, онон бу суут – дьиҥ кыахтаах кандидат болҕомтотун кырдьыгы дакаастааһыҥҥа ууран, быыбарданар агитация үлэтигэр бириэмэтэ-кыаҕа хааччахтанарыгар туһуламмыта саарбахтаммат.           
 
Иккис “үһү”
Быыбар түмүгүн Кириэмил быһаарбыта ырааппыт ҮҺҮ - Егор Борисов кыайара чуолкай. Онон биһиги куоласпыт тугу да быһаарбат.
Дьиҥэ: Быыбар – бу норуот талыыта. РФ Президенин администрацията быыбар ыытыллар регионнарыгар баһылык эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччулар “адмресурсаны” туһаналларын боппута. Ону ааһан, быыбар хаамыытын кэтээн көрөр Кириэмил анал аудитордара быыбар ыытыллар регионнарын хонтуруоллууллар. Билигин Егор Борисов СР президенин быстах кэмҥэ толорооччу быһыытынан күннээҕи үлэтэ маассабай информация сириэстибэлэригэр тиһигин быспакка сырдатыллар. Онон нэһилиэнньэҕэ “биир эрэ кандидаттаахпыт, киһи талара суох” диэн өйдөбүл үөскүөн сөп. Березкины дьон билэр, оттон атын кандидаттар бааллар дуу, суохтар дуу дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, бэйэлэрин туһунан нэһилиэнньэҕэ билсиһиннэрэргэ тэҥэ суох усулуобуйалаахтар.
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр быыбар түмүгэ хас биирдии киһиттэн тутулуктаах. Ханнык баҕарар үрдүк таһымнаах регион баһылыга Кириэмили кытта уопсай тылы булан үлэлэһэр кыахтаах. Оттон Кириэмил интэриэһэ – сайдыылаах регионнар, сайдыылаах Россия.
 
Үһүс “үһү”
Эрнст Березкин эппиэттээх сирэйэ Александр Захаров икки кыыһы кытта Дьокуускай куорат Ленин болуоссатыгар кэлэн, “андаатыр, бар, андаатыр, өл!” диэн хаһыытыы-хаһыытыы, андаатыр өлүгүн Бырабыыталыстыба бастакы нүөмэрдээх дьиэтин айаҕар бырахпыттар ҮҺҮ.  
Дьиҥэ: Маннык түбэлтэ буолбатаҕа. Итинник быһыы-майгы тахсыбыта буоллар, общественнай бэрээдэги кэһээччилэри административнай эппиэккэ номнуо тардыах этилэр. Александр Захаров:
- Билигин Эрнст Березкины баһааҕырдар туһуттан хайдах да буолуохтарын билбэттэр. Кини бэйэтин репутацията эҥкилэ суоҕунан сибээстээн, хайдах да хатыһар-олуйсар кыахтара суох. Ол иһин кинилиин үлэлэһэр дьоҥҥо “ыттыы” саба түстүлэр, чуолаан миэхэ. Мин общественнай үлэнэн дьарыктаммытым үс сыл буолла, Норуот хонтуруолун комитета диэн регистрациялаах общественнай-быраабы көмүскүүр тэрилтэлээхпин. Комитеппыт үлэтин сыала-соруга – тиийиммэт-түгэммэт, кыаммат, ыарыһах дьон кыһалҕаларыгар тойоттор кымаардаан да көрбөт түгэннэригэр кинилэр интэриэстэрин көмүскээһин. Мин кинилэр тустарыгар туруорсабын, ирдэһэбин, онон тойотторго “хабарҕаҕа турдум”. Мин ааппын алдьата сатааһын төрүөтэ ити.
Билигин Эрнст Березкины уонна миигин утарааччылар сиэри таһынан аһара бардылар. Ити андаатыр темата диэн өссө кыра. Билигин Интернеккэ “мин кэргэним” туһунан видеоны укпуттар. Дьахтар сирэйэ каадырга көстүбэт. Кини массыынаҕа киирэр, биир киһи илиититтэн 20 тыһ. солкуобайы ылар – “кэпсэтии быһыытынан” диэн буолар. Ол кэннэ “мин кэргэним” ааттаах дьахтар кэпсиир: “Дьиҥэ, мин бэйэм эппин атыыланар дьахтарбын, Захаров миигинниин интернет нөҥүө билсэн өҥөбүнэн туһанааччы. Кэлин холбоспуппут. Политиканан дьарыктаныаҕыттан иһэр буолбута, миэхэ харчы биэрбэт”... Салгыы кэпсиир наадата суох. Хаһыат ааҕааччыларыгар туһаайан этэбин: кэлии политтехнологтар кирдээх ньымаларын угаайыытыгар киирэн биэримэҥ. Сымыйаны-кырдьыгы араара үөрэниҥ уонна куоласкытын толкуйдаан биэриҥ.
 
Төрдүс “үһү”
Эрнст Березкин Егор Борисовтыын иккиэн казиноҕа сүүйсүүлээх оонньуулары оонньууллар ҮҺҮ.
Дьиҥэ: Эрнст Березкин этэринэн, кини авантюрист буолбатах, онон казиноҕа оонньообот. “Туохха барытыгар олохтоохтук толкуйдаан, ырытан-ырыҥалаан баран биирдэ быһаарыы ылынабын. Хайа баҕарар түгэҥҥэ түмүгэ хайдах буолуон оҥорон көрөбүн. Оонньуу диир буоллахха, арай саахыматтыырбын сөбүлүүбүн. Билигин да табаарыстарбын кытары оонньуубун. Соторутааҕыта саахымат тумара хонуутугар элбэхтэ киирсибит биир атаһым, Россия пенсионнай фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Леонид Дмитриевич Еремеев бу күн сириттэн туораата... Кинилиин биир киэһэ устата 10-12 партияны оонньуур этибит”.
 
Бэһис “үһү”
Эрнст Березкин Егор Борисовтыын атастыылар. Билигин Березкин “спойлер” быһыытынан быыбарга кыттар, дьиҥэ, бэйэлэрин ыккардыгар кэпсэтиитэ номнуо барбыт ҮҺҮ.  
Дьиҥэ: Эрнст Березкин: “Биһиги правительствоҕа бииргэ үлэлээбиппит, чугастык билсэр этибит. Ол эрээри үлэ боппуруоһугар мин син биир бэйэм санаабын этэрим, ол да иһин правительствоттан утаарылыннаҕым буолуо. Кэлин депутат буолан баран Ил Түмэн мунньахтарыгар даҕаны, тус көрсүһүүлэргэ даҕаны сөпсөспөт түгэннэрбэр санаабын этээччибин. Өскөтүн туох эрэ алҕастан, сыыһа быһаарыыттан республика экономиката эмсэҕэлиир, дьон олоҕун уйгута кэхтэр буоллаҕына, ону көрөн турбаппын. Туохтан да толлубакка, кими да харыһыйбакка, мин ол туһунан аһаҕастык этиэх тустаахпын. Спойлер буолбатахпын”.  
 
Алтыс “үһү”
Эрнст Березкин штабыгар биир санаата суох дьон бары бэйэлэрин тус көрүүлэринэн сиэттэрэн үлэлии олороллор, иирсэллэр. Агитатордарга эрэннэрбит 50 тыһыынча солкуобайдарын төлөөбөттөр ҮҺҮ.
Дьиҥэ: Штаб үлэтэ былаан быһыытынан барар. Республика уонна Дьокуускай куорат штабтарын салайааччылара, быыбар хампаанньатын салайааччыта үөскүүр боппуруостары утары уопсай сүбэнэн быһаарсаллар. Куораттарга, улуус кииннэригэр, нэһилиэктэргэ штабтар бигэргэтиллибит смета чэрчитинэн хамнастанан үлэлии олороллор. Бу ааттаммыт харчы кээмэйэ – үлүннэрии. Эрнст Березкин штабтарыгар харчы эрэ туһугар буолбакка, дьиҥ баҕаларынан кыайыы туһугар үлэлииллэр.  
 
Сэттис “үһү”
Эрнст Березкин кэргэнэ омугунан бурят ҮҺҮ – Любовь Березкина үп миниистирин Жондоров бастакы солбуйааччытынан анаммыта да мээнэҕэ буолбатах. Бурят омук түмсүүтэ Саха сиригэр олус күүстээх.
Дьиҥэ: Любовь Березкина омугунан саха – Тиксиигэ төрөөбүтэ, Дьокуускайга улааппыта. Кини үлэтин-хамнаһын туһунан 8-с балаһаҕа аах. 
 
Category: Эрнст Березкин | Views: 2068 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024