Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Балаҕан ыйа » 21 » Эҥкилэ суох ыраас, сөрү-сөп быыбар
Эҥкилэ суох ыраас, сөрү-сөп быыбар
07:50

Эҥкилэ суох ыраас, сөрү-сөп быыбар

21 Сентябрь, 2014 в 1:06
Быыс сабыллыан иннинэ үгүһү быктарыа эбиппин да, балаһаҕа батымыа диэн туттуннум.
Бүтүн быыбар хампаанньатын биир – сүрүн, түмүк күнүттэн түгэннэри түүрэ тутан ылан киллэриим.
Мин дьүөгэ кыыспынаан кэтээн көрөр соруктанныбыт. Урут да итинниккэ сылдьыбыт бэйэм бу сырыыга уустуктары көрүстүм.
Бииринэн – быыбар хамыыһыйатын дьоно барыта бэркэ билэр дьонум. Иккиһинэн – тыа сиригэр быыбар кэккэ уратылардаах эбит. Бүтүн кинигэ инструкцияны манна соччо тутуспаттар. Саха сиэринэн, өссө да бэйэ-бэйэлэригэр итэҕэйсэллэр. Онон, сорох хандьыдааттар наблюдателлара кэлэ-бара, киирэ-тахса сылдьаллар. Арай мин акаары киһи курдук, быыс иһигэр кииртэлээн, бэлиэ туруорар уруучукаларын кытары бэрэбиэркэлээтим.
Биир күнүнэн эрдэ УИК бэрэссэдээтэлэ, хаһааҥҥыта эрэ манна нэһилиэк тэлэбиидэнньэтин аһан үлэлэппиттэригэр бииргэ алтыспыт уолум, мин ыраас быыбары ыытар былааннаахпын диэн андаҕайбыта. Оттон атын штаб киһитэ бу быыбарга хаһааҥҥытааҕар да дьаабы дьыалалар буоллулар, ону быктарыам этэ да ааппын ааттыаҥ диэн куттанабын диэн сэрэппитэ. Онон, эмиэ да эрэнэбин, эмиэ да сэрэхпин.
Оттон бэрэссэдээтэлим төттөрүтүн бэйэбиттэн сэрэнэр курдук. Сотору-сотору туох нарушениены, дьэ, буллуҥ диэн туоһулаһар. Ону мин эйигин кыраҕатык маныыбын, «а вдруг» дэтэлиибин.
Олорор да, бэйи, сылаалаах. Соторунан, хата, кыра урнаны кытары ыалларынан барыстым. УИК уолаттара бэрт бэһиэлэйдэр, арааһы бары кэпсээн сэргэхситтилэр.
Биир түгэн. Ыалга көтөн түстүбүт. Дьиэлээх киһи хараҕынан көрбөт, уола таһырдьа тахсан баран сүтэн хаалла. Кэтэһэ сатаан баран, хайа, кимиэхэ куоластыыгын диэн ыйыттыбыт. Киһибит кими да соччо билбэт. Чочумча буолан баран, ээ, били баҕа курдук киһиэхэ биэрэбин, бадарааныгар сырыттын диэтэ. Дьэ, уонна таайа оонньооҥ, хайалара ити кыылга майгынныырын. Бюллетень хаартыската суох ээ…
Оннук кыҥаһа сатаан баран, учаастак хатаныыта оҕо сааһым дьүөгэтэ баарыгар эн УИК чилиэнэ буолбатаххын диэн баастым эҥин. Кэлин, кини аахсан сыыппаралара таҕыста ээ. Барыта сыыппара, математика, миигинньик киһи кыттыһыа суох дьыалата. Бюллетень ааҕыллыбыта бүрүчүөм, хайа эрэ строка хайа эрэ атыны кытары тэҥнэһиэхтээх эбит.
Аны туран, Ил Дархаҥҥа куолас ааҕыыта буолбутугар биир эмиэ дьүөгэм тыыммат да буолан хаалла. Кини эмиэ наблюдатель буолан олоруста ини. Бэриэһиммит наблюдателлара өссө элбэх, сотору-сотору уларытыһаллар.
Били тыыммат буолуубут биричиинэтэ – биир чохчо Бэриэскин, иккис чохчо Барыыһап киэнэ диэннэрэ тэҥнэһэ сыста ээ. Онно мин өрөгөйдүүр уочаратым кэллэ. Биир дойдулаахтарым сүрдээҕин былаас соҥнуур киһитин утара сатаабыттар, тостубатахтар, кэннилэринэн чинэрийбэтэхтэр. Сергеевкэ да биэрэ сатаабыттар.
Ол олорон араас тыл иһилиннэ, эрэпириэссийэлэнэр буоллубут диэн тиэмэҕэ. Манна диэн эттэххэ, Бэриэскин тоҥ кулуупка бэйэтинэн кэлэрин кэлэ сылдьыбыта эрээри, оннук дарбааннаах аҕытаассыйа барбатаҕа да курдук. Биир бэйэбин кимиэхэ да куоластаа да ыххайа да, ааттаһа да барбатахтара. Кимиэхэ охторо биллэр диэн эбитэ дуу?
Ол үрдүнэн дьон баар былааһы утара сатаабыт, санаатын эппит. Биир олохтоох тойон кэлин ватсапка төһөтүн да иһин дэмэкирээтийэ буоллаҕа диэн суруйбута сөп курдук.
Онон, биир быыбар хампаанньатын хара саҕаланыаҕыттан биир сэлиэнньэнэн сирэйдээн көрдөрдүм. Ону эталон гынар киһи, олох эҥкилэ суох ыраас, сөрү-сөп быыбар буолла диэххэ сөп этэ.
Венера ПЕТРОВА, Кириэстээх, Сунтаар
 
Category: Выборы | Views: 1688 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 93
Ыалдьыттар (гостей): 93
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024