News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Балаҕан ыйа » 28 » Триумф: «хамелеон» хараҕынан
Триумф: «хамелеон» хараҕынан | 10:13 |
Триумф: «хамелеон» хараҕынан
27 Сентябрь, 2014 в 15:12Быыбар диэн тиэмэни сабар тэрээһиҥҥэ өтөн киирэр сорук турда.
Муҥур тойоммут солотун сокуонунан тутар тэрээһинигэр бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн ыҥырыылаах ыалдьыттар анаан-минээн кэллилэр. Быыбар күн утарыта лааҕырга да буолларбыт биир тоҥ кулуупка олорбут кыыһым долгуйар ахан – түүппүлэ дуу, соппуоска дуу, былааччыйа дуу, көстүүм дуу? Фуршет, банкет? Онуоха көстүүм да сөп гыныа, үс тыһыынча киһини аматын да иһин аһаппаттар ини диэн хоруйдаатым. Бэйэм триконан да бардахпына көҥүл диэн күллэрдим.
Итинник бэлиэ күннэргэ ыҥырык тутан улахан чиэскэ тиксибиттэр ох курдук оҥостон, ыбылы киэргэнэн саха тэҥэ суох сананан кэлэллэр. Ол аҕыйах мүнүүтэ фойеҕа көстө түһүөҥ, дьон быыһыгар олорон ытыс таһыныаҥ. Ол туһугар оҥостон да диэн. Кырдьыгынан эттэххэ, мин биир да итинник тэрээһиҥҥэ тиһэҕэр диэри тулуйан олоро илик эбиппин. Маҥнайгы Ил Дархан солотун тутар сугулааныгар тулуйан олордохпуна, хара тураах маҥхайыа ини. Таах да саатар аатырдар «Триумфтарын» көрүллүө. Бэлэм сылтах.
Туох баар дьокутааттар, кыра-улахан тойоттор-хотуттар, биллэр, биллэ да илик дьон бары мустар. Талыллыбыттартан талыллыбыттар «Сэттис халлаан» эрэстэрээҥҥэ чулуулар чалбараҥнарыгар сылдьыахтара үһү.
Ол – сарсын. Бүгүн атын түбүк. Онон, трико дуу, аматын да иһин былааччыйа дуу? Триумф диэ. Чахчы бу – триумф дуо?
Оттон трико да былааччыйа туһунан эбэн этэр буоллахха, маҥнайгы дипломмун ыла барарбар… пижаманан тахсыбыттааҕым.
Былааччыйа кэппитим иһин дуу, ыҥырык суругу көрүмүнэ да иһирдьэ киллэрдилэр. Уулуссаттан курдук булан илдьэ кэлбит киһибин эмиэ. Дьүөгэ кыыһым (тоҥ кулууптааҕы буолбатах) арыый хойут арбалеты да саратан аҕалбыппыт буоллар кыһаллыа суох эбиттэр диэтэҕэ үһү. Металлоискатель биир кэм чыһыырар – ким да кымаардаан көрбөт.
Мин ыҥырыкпар «С» сектор диэн этэ, уулуссаттан киһим киэнэ атын. Ону ыспыт-ыспыт диэтибит, хантан сылдьаҕыт диэн ыйыппыттарыгар фракцияттан-фракцияттан диэтибит – «зарезервировано» диэҥҥэ олортулар. Хата, оруобуна ортотуттан көрөр дьоннор буоллубут. Эрдэ кэлэн ини.
Ил Дархан инньэ кыра тойон эрдэҕинэ эн улахан тойон буолсугун диэн билгэлэппит киһитин ыҥырбыта арыый инники олорор. Эн утары үлэлээн баран ыҥырыллыбыккын дуу диэбитигэр күлэн эрэ кэбистим. Аһара да үлэлээбэтэрбин, таах олоруохтааҕар тарбаатаҕым ини диэн куотунуохха.
Биир суруналыыс Ил Дарханы уруйдуугун дуу диэн ватсаптаабытыгар – мин диэн хамелеон буоллаҕым диэн хардардым. Инньэ чааһы быһа төлөпүөнүнэн эрэ саатыыр дьаабыта.
Икки буолуута бу дьоһуннаах спортивнай комплекс олорор олбоҕун тилэри киһи олорботоҕун да үрдүнэн тэрээһин саҕаланна.
Конституционнай Суутунан Ким-Кимэн Егор Афанасьевич Борисов Маҥнайгы Ил Дархан буолбутун кэрэһилээтэ. Ил Дархан бар дьон иннигэр күүһүн харыстаммакка дойдутун туһугар үлэлиэх буолан андаҕайда.
Уруй-айхал, өрөгөй барыта бүгүн киниэхэ ананна. Ол эрэ кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнэ буолара ахтылынна.
Судаарыстыбаннай сугулааҥҥа соһуччу киирэн олорон элэҥэс санаан ылбыт санааларбыттан биирдэһэ – буолуохтаах буоллаҕа. Бу барытын кэтэҕэр улахан оҕуруктаах өй үлэтэ биллэр. Оннооҕор утары дьон ууллан хааллылар. Бу тухары атыны туойа сылдьыбыттар кимнээҕэр кини диэки буола оҕустулар. Бары биир буолуохха. Онтон туора турумуохха.
Кинини кириитикэлии сатаан баран сүбэһит буолбут Михаил Эверстов виптэри кытта олорон иһэн, анал олбохторго олорор атын виптэргэ холбосто. Дьон маҥнайгы бэрисидьиэн Михаил Николаевы ордук айхаллаан көрүстэ. Штыровка да ытыс таһына сатаатылар. Юлия Песковская кытара кыыһар былааччыйата, уордьаннаах-мэтээллээх үгүс ытык кырдьаҕастар, Галина Данчиковаҕа Хотугу сулус уордьаны туттарыы, улуу Зоя Корниловаҕа өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕун аатын иҥэрии уонна массыына бэлэхтээһин барыта биир сценарий иһинэн буолла.
Уулуссаттан кэлсибит аргыһым соторунан хал буолла. Саатар олбохторбут өр олорорго анала суохтар. Чугаспытыгар утуйа олорбут дьону уоран хаартыскаҕа түһэрэ сатаан саатаатыбыт.
Ил Дархан биир этиитин истэн өрө көтө түстүм. «Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир да суруналыыс саҥатын саба туппаппыт, санааларын сайа этэллэригэр кыах биэрэбит», — диэбитэ сүрэҕим-быарым ортотунан киирэн, букатын ууллан, бу тухары кириитикэлээн кирдиэхтэппиппин туура мэлдьэһэргэ бардым.
Улаҕалаах өйдөөх улуу киһи кини эбит ээ дии сыстым.
Мантан киэһэтэ өссө интэриэһинэй этэ да, ол туһунан суруйбаппын. Мин аны кими да утарбаппын…
Венера ПЕТРОВА
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1518 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 76 Ыалдьыттар (гостей): 76 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|