Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Ньурба Маалыкайыгар Ньурбатааҕы ХБК “Ботуобуйатааҕы” туруупкатын туһаҕа таһаарыы тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын дьүүллэһэр аһаҕас истии буолла.
СӨ Ил Дарханын дьаһалтатын, Бырамыысыланнас, Айылҕа харыстабылын министиэристибэлэрин, “АЛРОСА” АХ, “АЛРОСА-Ньурба” ААУо, “Якутнипроалмаас” институт бөдөҥ салайааччылара, үлэһиттэрэ, Ньурба улууһун салалтата, уопсастыбаннас, о.и. Маалыкай, Хатыы, Малдьаҕар олохтоохторо – барыта 170-тан тахса киһи кытынна.
Манна сыһыаннаах бастакы аһаҕас истии Маалыкайга 2010 сыл балаҕан ыйыгар буолбута. Онно “Ботуобуйатааҕы” алмаас туруупкатын туһаҕа таһаарыы бастакы түһүмэҕин барылын ылыммыттара. Билигин 50 м дириҥнээх карьеры тута сылдьаллар. Бу карьер 2015 сылга алмааһы хостуурга бэлэм буолуохтаах.
Үлэ иккис түһүмэҕэ алмаастаах боруоданы чүүччэйиигэ туһуланыахтаах. Сокуон ирдииринэн, бырайыак судаарыстыба эспэртиисэтигэр барыан иннинэ хайаан да уопсастыбаннас дьүүлүгэр тахсыахтаах. Бу сырыыга балайда элбэх этии киирдэ. Холобур, улуус олохтоохторо Накыыҥҥа үлэлиир дьон доруобуйатын, иһэр уонна сир анныттан тахсар уу туругун кэтээн көрүү систиэмэлээхтик, тиһигин быспакка барарын туруорсаллар.
Куоластааһын түмүгэр, киирбит этиилэри учуоттаан туран, үлэ иккис түһүмэҕин барылын (бырайыагын) өйөөтүлэр.
Бу туһунан Ньурба улууһун дьаһалтатыттан иһитиннэрэллэр.