News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Алтынньы » 13 » КААДЫР барытын быһаарар
КААДЫР барытын быһаарар | 08:39 |
КААДЫР барытын быһаарар
Воскресенье, 12 Октября 2014 16:42
Каадыры иитии, сайыннарыы боппуруоһа уруккуттан аныаха диэри сытыытык турар. Ким каадырдаах – ол быһаарыылаах.
Кэм уларыйар, олох биир сиргэ турбат. Россия судаарыстыбата урут Арҕааҥҥы дойдулары батыһан олоҕун укулаатын ууран испит эбит буоллаҕына, билигин кини “арҕаалыыртан” батынна уонна Илин диэки хайыста. Чуолаан Илин Уһук регионугар туох да баһаам, аан дойдуга атылыыта суох сүдү хабааннаах бырайыактарга үлүгэрдээх үп көрөн үлэтин тигинэччи саҕалаан эрэр. Билигин дойду салалтата, чуолаан, бу региону билэр, олохтоох каадырдарга болҕомтотун хатыыра саарбахтаммат. Дьэ, бу кэми, биһиги республикабыт общественнай, политическай салалтата мүлчү туппакка, кэм ирдэбилин ыҥырыытыгар олорсон, олохтоох каадырдарын салгыы сайыннарарга күүскэ үлэлиэхтээх кэмэ кэллэ.
***
Ханнык баҕарар омук сир үрдүгэр тыыннаах хаалар иһин мөхсөр. Ол “мөхсүү” араас буолар: кимнээх эрэ атын омук суотугар тыыннарын уһаталлар, кимнээх эрэ атыттары кытары бииргэ хаамсан, олох уорҕатыгар хатаастар баҕалаахтар. Тыыннаах хаалыы биир сүрүн сокуона – сомоҕолоһуу. Хайдах да халыҥ ахсааннан, хайдах да таһы быһа үөрэхтэн – сомоҕолоһуута суох омук кэмниэ-кэнэҕэс син биир эстэр. Сомоҕолоһуу күүһүн өйдөөн, II-c аан дойду сэриитин кэнниттэн еврейдэр Израиль судаарыстыбатын тэриммиттэрэ ону да туоһулуур.
Кинилэр 1948 сыллаахха Израиль судаарыстыбатын туталларыгар: “Еврейдэри барыларын биир сиргэ аҕалан олохсутар сорукпут суох, бу биһиги аан дойдуну баһылыыр идеологиябыт үүнэр-сайдар, бары еврей хааннаах түмсэр, сомоҕолоһор идейнэй кииммит, санаа бөҕөргүүр, сааһыланар, тыыммытын уһатар мэҥэ сирбит буолуохтаах”, - диэн эппиттэрэ.
Татарстан бастакы президенэ М.ШАЙМИЕВ татаардарга тугунан да сыаналаммат өҥөтө: кини - Москва уонна Казань татаардарын сомоҕолообута буолар диэн этэллэр. Былыр-былыргыттан хайдыһа сылдьыбыт татаар элитэтэ аныгы кэмҥэ сомоҕолоһон республикаларын хайдахтаах курдук сайыннарбыта – уостан уоска түһэриллэр кэпсээҥҥэ кубулуйда.
Сомоҕолоһуу – тыыннаах хаалыы сүрүн сокуона диэтибит. Омук, бу кыдьымахтаах үйэ дьаҥхатыгар, дайыан сөп өскөтүн кини икки кынаттаах буоллаҕына. Бастакы кыната – духуобунас, өй-санаа күүрээнэ, иккиһэ – экономическай өттүнэн бэйэтин ииттинэр кыаҕа. Судургутук эттэххэ, аччык истэн ырыа тахсыбат, дьадаҥы норуот төһө да духуобунас дии-дии олоҥхолоон туойдар – тойуга уһаабат. Син ол кэриэтэ тиэрэ байан баран өйүҥ-санааҥ чычырбас буоллаҕына – кэнэҕэскиҥ эмиэ кээнчэ буолар (арҕааҥҥы техногеннай сайдыы холобуругар көстөр). Онон духуобунас уонна баай-дуол тэҥҥэ сайыннаҕына эрэ, норуот икки дабыдалынан сапсынан үөһээ уйдаран тахсар кыахтаах.
Сахалар духуобунас өттүнэн, олоҥхобут киһи-аймахха биллэн, оһуохайбыт, ырыабыт-тойукпут, олоҕу анаарыыбыт, суруйааччыларбыт, бөлүһүөктэрбит – баар буолан – биир кынаппыт баар. Оттон баай-харчы өттүнэн, кыах-уох, үп өттүннэн татыммыт. Суох. Онон бу – экономическай кыаҕы биэрэр кынаты үүннэриигэ үлэлэһиэхтээхпит. Ол тугунан ситиһиллэрий? Каадырдарынан!
Саха сайынна, үөрэхтэннэ, төрөөбүт республикатыгар баппат буолла. Биир миэстэни 20-лии сылы быһа кэтээн-манаан үтүрүйсэ-хабырыйса сылдьыахтааҕар атын региоҥҥа, киин куораттарга баран ама кыайан үлэлиэхпит суоҕа этэ дуо? Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна баран үлэлээбэт буолуоҕай. Онно сөптөөх усулуобуйаны тэрийэн, систиэмэлээн, утумнаахтык, быһата – кадровай политиканы олохтуох тустаахпыт. Ити - аныгы кэм ирдэбилэ буолла. Оччоҕо иһинээҕи иирсээммит да намырыа, майгыбыт-сигилибит да алдьаныа суох этэ.
Атын куораттарга олорор сахалар, Саха сириттэн төрүттээх дьон омуктарыттан тутулуга суох бэйэ-бэйэлэригэр тардыһаллара сүрдээх күүстээх. Ордук сааһырбыт уонна саҥа кэлбит дьон итинник ахтылҕаҥҥа ыллараллар. Ханыыга баҕарыы киһиэхэ да, кыылга да хааныгар иҥэ сылдьар. Бу дьону бэйэ-бэйэлэрин кытары булсуһуннардахха, үлэлиир сирдэригэр бэйэлэрин биир дойдулаахтарын эйгэлэрин кэҥэтэллэригэр көмөлөстөххө республика да, кинилэр да интэриэстэрэ сөп түбэһиэх этэ.
***
Москва татаардарын диаспорота туох да күүскэ, биир сомоҕолоохтук үлэлиирэ биллэр. Анал хаһыаттаахтар, сайтаахтар, түмсэр, кэпсэтэн туспа дьиэлээхтэр, улахан боппуруос тирээн кэллэ да саба түһэн быһаарбытынан бараллар.
Москва татаардара, үөс сиргэ үрдүттэн олорор дьон быһыытынан, буола турар экономическэй, политическэй, культурнай событиялары барытын бэйэлэрэ таһаарар хаһыаттарынан, сибээстэринэн дойдуларыгар биллэрэ олороллор. Биир бас үчүгэй, элбэх бас өссө үчүгэй – Татарстан туох-хайдах дьаһаннаҕына кэнэҕэс сүүйэн тахсыахтааҕын бу дьон ырытыһа уонна күүстэрин холбоон быһаара сылдьаллар. Кинилэр биир саамай кыайар-хотор суоллара - КААДЫР боппуруоһа буолар. Туох баар былаас хаттаҕаһыттан саҕалаан, үөрэх кыһаларыгар тиийэ, бизнескэ, спорка, искусствоҕа, култуураҕа, туох баар политическай сүүрээннэргэ, общественнай хамсааһыннарга, (бэл, криминалга!) – барытыгар бэйэлэрин каадырдарын анньан иһэллэр. Ол каадырдарыгар тиһигин быспакка күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар. Кэлин ол дьоно оннуларын булан олохсуйан баран, аргыый аҕайдык бэйэлэрин дьонун үлэлиир салааларыгар тардыталаан таһаартаан иһэллэр. Итинник гынан аҕыйах сыл иһигэр татаардар интэриэстэрин көмүскүүр бүтүн “лобби колонната” үөскээтэ.
***
Татаардар 25 сыл утумнаахтык каадыры иитии уонна аттаран туруоруу политикатынан хоннохтоохтук дьарыктанан кэлбиттэрин түмүгэр, билигин ханна да тиий, ханна да бар – татаара суох тэрилтэ суох. Дьэ, уонна кэлэн кинилэр ама бэйэлэрин куоластарын иһитиннэриэ суохтара дуу?!
Саха сирин олохтооҕо, омугуттан тутулуга суох, Россия киин куораттарыгар, атын регионнарыгар баран үлэлээбит уопуттара балайда. Сахалартан бастакы (уонна соҕотох) ССРС миниистиринэн, буолаары буолан “көй-ыаһах салаатыгар” буолбакка, эттээх-сииннээх министиэристибэ – ыарахан промышленнас, өҥнөөх металл салаатын саха чулуу уола Степан ВАСИЛЬЕВ салайбыта. Хомойуох иһин, баччааҥҥа диэри кини өҥөтө, үөрэтиллэ да, сөптөөх сыанабылы да ыла илик. Дьиҥинэн, сахалар Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар, кыра омук диэтэххэ, киин былааска бастакы да сирэй буолбатар син тахса сатаабыттара: Дора ЖИРКОВА, ини-бии Донскойдар, туспа кэпсээни – Чаҕылхай Максим – Максим АММОСОВ, наука өттүгэр, ракета тутуутугар, доруобуйа харыстабылын ситимигэр кэлин үлэлээбит, үлэлиир да дьон бааллар этэ. Ол гынан баран бу дьон республикаттан улаханнык өйөммөккө да, билиниллибэккэ да соҕотоҕун кэриэтэ үлэлээн-хамсаан ааспыттара.
Кэлиҥҥи историяны ылар эбит буоллахха, үрдүкү киин салалтаҕа тиһэх улахан дуоһунаска Алексей ТОМТОСОВ (2000-2002 сс. РФ Федерация дьыалатыгар, национальнай уонна миграционнай политикатын министиэристибэтигэр солбуйар миниистиринэн) үлэлээбитэ. Билиҥҥи Саха сирин олохтоохторуттан Илья МИХАЛЬЧУК Архангельскай уобалас губернатора буола сылдьыбыта, Константин ИЛЬКОВСКАЙ Забайкалье губернатора, Федор ЛУКОВЦЕВ Забайкалье правительствотын председателин солбуйааччыта, эмиэ итинник дуоһунастаах биир саха уола Дмитрий ЗАХАРОВ Ямало-Ненецкэй АО бэрэстэбиитэлэ буола сылдьар. Итини таһынан, республикаҕа төрөөбүт-үөскээбит Игорь ТРЕСКОВ Москва уобалаһын правительствотыгар баайга-дуолга миниистир бастакы солбуйааччыта, Александр МИГУНОВ миниистир сүбэһитэ буола сылдьаллар.
Республика таһыгар бизнескэ киирсэ сатыыр ини-бии НИКОЛАЕВТАР, Александр АММОСОВ, онтон да атын бэйэлэрэ дьоҕус дьыалалаах предпринимателлэр Москваттан тирэнэн үлэлии-хамсыы сатыыллар. Итиннэ учуонайдары, араас атын эйгэҕэ үлэлиир Саха сириттэн төрүттээх дьону эптэххэ-саптахха, билигин Москваҕа барыта 10-тан тахса тыһыынча киһи олохсуйан олорор. Өскөтүн бу дьону түмтэххэ - республика сайдарыгар хардарыта дьайсыыны тэрийдэххэ төһөлөөх хамсатыылаах күүскэ кубулуйуох этилэрий?!
***
Москва сахаларын түмэр уонна Дьокуускайы кытары сибээстиир санаа урут-уруккуттан баар эрээри, тоҕо эрэ кыаллыбат. Бастатан туран, дьону түмэргэ утумнаах өр сыллаах политиканы ааһан, ону сатыыр, хото тутар каадыр наада. Аны ситэриилээх былаас уорганын – постпредствоны итиннэ быһаччы кыттыһыннарар эмиэ сатамньыта суох, тута араас уорбалааһыннар тахсыахтарын сөп.
Онон бу түмсүү үлэтин общественнай тэрилтэ дьарыктаныахтааҕа. Туох баар землячестволары Москватааҕы биир дойдулаахтар кииннэрэ салайыахтааҕа, үлэтин ыйан-кэрдэн бириэхтээҕэ. Билигин Саха сириттэн төрүттээх дьону түмэр үлэни Людмила ПАВЛОВА салайар. Людмила Васильевна убаастанар киһи, республикатын сайдарын туһугар элбэх көлөһүнүн, сыратын биэрбитэ чахчы, ким да мэлдьэспэт. Ол гынан баран, кэм ирдэбилинэн биир дойдулаахтар түмсүүлэрин үлэтин – КААДЫРЫ иитиигэ уонна үлэҕэ киллэриинэн дьарыктанар кэмҥэ аныгылыы дьаһаллаах, сатабыллаах киһи наада этэ. Билигин землячество кырдьаҕас ветераннары аралдьытыынан эрэ дьарыктанар. Дьиҥинэн, бу ветеран кырдьаҕастар сүбэлэрин, уопуттарын, кыаллар буоллаҕына урукку хаалбыт сибээстэрин сөргүттэрэн, республика каадырдарын үлэҕэ киллэриинэн, бизнестэрин, үлэлэрин тэринэллэригэр туһаныахха баара. (Хата уонча Александр АММОСОВ курдук баай дьонноох буоллубут – ама күүс буолуо суох этэ дуо?!).
Соторутааҕыта “В.Якутии.ру” интернет-хаһыакка Москваҕа “Арчы” дьиэтэ тоҕо суоҕуй диэн ыйытыылаах улахан суруйуу тахсыбыта. Дьокуускайга дацаннар, мечеттэр, араас итэҕэл дьиэлэрэ тутуллаллар, оттон биһиги Москваҕа сахалары түмэр “Арчы” дьиэтэ тэрийиэҕиҥ диэн ыстатыйаҕа этиллэр.
“Арчы” дьиэтэ (эбэтэр атын ааттаах да буоллун) тэриллэр биир интэриэһэ – Москва сахаларын (омугуттан тутулуга суох) түмэн баран кинилэри Дьокуускайы кытары сибээстиэххэ баара. (Москва уонна Казань татаардара түмсүбүттэрэ эбээт, биһиэхэ да сатаатахха тоҕо кыаллыа суоҕай?). “Арчы” дьиэтигэр быыстапка тэрилиннин, сахалыы кухня үлэлээтин, атын да культурнай-сайыннарар үлэ бардын. Ол гынан баран бу чопчу аадырыстаах сир, сүрүн соруга, идиэйэтэ биир буолуохтаах – землячестволары түмүү уонна каадыр боппуруоһунан күүскэ дьарыктаныы.
***
Кытайдар, гражданнара атын сиргэ үлэлии-хамсыы баралларыгар ох курдук оҥортоон, кустук курдук куоһаан ыыталлар. Атын дойдуга, билбэт сирдэригэр, култуураларыгар, сокуоннарыгар – олохсуйа барыы сүүс төгүл уустук. Оттон биһиги, бэйэлээх бэйэбит дойдубутугар, кыайан тахсыбаппыт, үлэ булбаппыт, биир тэпсибит ыырбытын тэбис да, тэбис, ол аайы кыҥкынаа да, кыҥкынаа... Ким эмэ барда да “оо, сордоох баппакка барбыт, сыылкаламмыт” диэн кэнниттэн таас тамныы хаалабыт. Дьиҥинэн, кинилэри алҕыы-алҕыы атаарыахтаахпыт этэ, атын сиргэ баран этэҥҥэ үлэлииригэр, дойдутун кытары ситимин быспатыгар, олохсуйан баран бэйэ дьонун тардан таһаарарыгар, туох эмэ буоллаҕына республикатын интэриэһин туруулаһарга күүс-көмө буоларыгар накаас биэрэн ыытыахтаахпыт этэ.
***
Дьиҥинэн, былыр бэйэ дьонун атын сиргэ тэрийэн ыытарга сахалар уопуттаах этибит эбээт. Бодойбо көмүһүн хостуурга Ньурба кулубата Евсей ИВАНОВ оннооҕор ХIХ үйэҕэ (!) дьонун тэрийтээн ыытара. Кулуба кэлин өлүөр диэри бу ыыппыт дьоно төһө бэркэ оннуларын булбуттарын туоһулаһа, үлэлииллэригэр көмөлөһө олорбута биллэр. Мындыр салайааччы эрдэ барбыт дьон атын дьону батыһаныннаран илдьэ баралларыгар баҕа санаатын этэ-тыына сытан анараа аттаммыта диэн номох баар. Саха промышленноска сыһыннаҕына эрэ уһун соннонорун бу киһи өссө быдан былыр өйдөөтөҕө. Хомойуох иһин, Евсей ИВАНОВ кулуба кэнниттэн саханы промышленноска сыһыарар үлэ утума өр сылларга быста сылдьыбыта. Ол түмүгэ туохха тэппитин көрө-билэ сылдьабыт.
***
Москваҕа, Санкт-Петербурга, атын да куораттарга сахалар (омугуттан тутулуга суох диэн өйдөөҥ) биирдиилээн да билигин бааллар. Департамент нөҥүө үөрэммит устудьуоннары булгуччу төрөөбүт сиргитигэр төннүҥ диэн модьуйууну тохтотуохха баара. Үөрэммит оҕолор бары төннөн кэлэн үлэ булаллара олус уустук. Холобур, быйыл ньиэп-гаас инженерин идэтигэр үөрэммит оҕолор үлэтэ суох сылдьаллар. Губкин аатынан элитнэй үөрэҕи бүтэрбит ыччат биир “Сахатранснефтегаһы” маныыр. Ити төрдүттэн сыыһа. Ол иһин эдэр дьон дьорҕоот соҕуһа Тюмеҥҥэ, Сургутка баран бэйэлэрэ сир баайын хостуур хампаанньаларга кииртэлииллэр. Маладьыастар! Ону били “санныга таптайарынан” эрэ муҥурдаммакка, кинилэри материальнай өттүнэн эмиэ өйүөххэ наада. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлии барбыт ДьГТХА выпускниктарыгар, үс сылга дуогабардаһан, ыйын аайы кыра да буоллар көмө харчы төлөнөрө. Сол курдук, атын сиргэ баран үлэлиир выпускниктарга эмиэ, ыйга көмө көрөр тоҕо сатамматый? Дьиэ-уот ылынан олохсуйалларыгар чэпчэтиилээх ссуда, кредит биэрэр ама кыаллыбатаҕай? Оннооҕор буолуох күн-ый ыһыаҕар харчы кутуллар эбээт, республика каадыра үүнэригэр-сайдарыгар кэччэйэр төрдүттэн сыыһа дии саныыбын. Манна кэлэн үлэтэ суох муна-тэнэ сылдьыахтарынааҕар, атын сиргэ баран бука диэн үлэлээтиннэр-хамсаатыннар, олохторун оҥоһуннуннар, бэйэлэрин холобурдарынан биир дойдулаахтарын ыҥырдыннар. Кэлин бу ыччат олохсуйдаҕына, саха сатаабатаҕа суох, тыыллан-хабыллан тахсыахтара эбээт. Оччотугар республика ханна да буоллун, бэйэтэ бэрэстэбиитэллээх буолуох этэ. Каадыр элбэҕи быһаарарын умнумуоҕуҥ.
Бу кыһын олунньуга уонча оҕо физик-ядерщик идэтин баһылаан Саха сиригэр төннүөхтээх. Бу сэдэх идэлээх оҕолор республикаҕа кэлэн тугу гыналлар? Эмиэ кумааҕы таһааччы, бартыбыал манааччы буолаллар дуо? Тоҕо сатамматый, үөрэммит сирдэригэр хаалаллара, эбэтэр Росатомҥа дуу, атын хампаанньаларга дуу киирэлллэрэ? Итиннэ сололоох, ыйааһыннаах дьон тылбай-өспөй буолаллара кыаллыа суоҕа дуо?
***
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Москваҕа Сахапостпредство Саха сирин судаарыстыбаннаһын бэлиэтээбитэ. Улахан мунньахтыыр саала остуолугар урут Саха сиригэр үлэлээбит ветераннар олорбуттара. Бу 50-чча киһиттэн сахалар 3 эрэ этэ. Нүһэр оҕонньоттор араас сылларга - транспорка, авиацияҕа, наукаҕа, геологияҕа, үрдүкү салалтаҕа, КГБга, онтон да атын оччолорго сахаҕа дэҥҥэ көстөр идэлэргэ үлэлээбит дьон олордохторо. Өскөтүн бу кырдьаҕастар 50-60-70-80 сылларга республика сүрүн бас-көс салааларын тутан олорбут эбит буоллахтарына, аны 20-30 сылынан бу остуолга ким олоруой? Онуоха харда быһыытынан, сибилиҥҥиттэн саҕалаан республика кадровай политикатыгар улахан уларыйыы киллэриэн, хоннохтоох үлэни тэрийиэх тустаах.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Саха |
Views: 1579 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 73 Ыалдьыттар (гостей): 73 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|