Main » 2014»Алтынньы»14 » Глушко Дмитрий Евгеньевич масштаабынан да, урукку үлэлээбит “уопутунан” да ырааҕынан сөп түбэспэт, аны этикатын ылан эргитэлээн көрүҥ!?
Глушко Дмитрий Евгеньевич масштаабынан да, урукку үлэлээбит “уопутунан” да ырааҕынан сөп түбэспэт, аны этикатын ылан эргитэлээн көрүҥ!?
17:03
Ытыктабыллаах Егор Афанасьевич!!! Глушко Дмитрий Евгеньевич масштаабынан да, урукку үлэлээбит “уопутунан” да ырааҕынан сөп түбэспэт, аны этикатын ылан эргитэлээн көрүҥ!?
Егор Афанасьевич, бу ааспыт балаҕан ыйынааҕы быыбардарга ыраастык, ырааҕынан кыайталааҥҥын сүргэбитин көтөхтүн.
Бу күннэргэ правительство саҥа састаабын талан анаталыыр кэмигэр далааһыннаах үлэ бара турарын истэбит уонна билэбит.
Республика Ил Дархана норуотун мнениятын истиэҕэ диэммин, эн сыралаах үлэҕэр туһалаах уонна республикабытыгар наадалаах буолаарай диэн санаанан салайтаран суруйан эрэбин.
Мин эдэр эрдэхпиттэн тус олохпун барытын профессиональнай үөрэхтээһин систематыгар анаабыт киһи буоларым быһыытынан, бу система салайааччыта ким буолара биһигини ветераннары барыбытын долгутар. Республика көрдөрөр иһитиннэрэр эйгэтэ кэпсииринэн Д.Е. Глушко министр профессионального образования, подготовки и расстановки кадров РС(Я) буолан эрэр диэн аахтыбыт (Аартык.ру уонна ИГ В Якутии.ру). Бу кандидатураны кытта биһиги сөбүлэспэппитин уонна улаханнык утарсарбытын аһаҕастык этэбит. Ити далааһыннаах үлэлээх дуоһунаска Глушко Дмитрий Евгеньевич масштаабынан да, урукку үлэлээбит “уопутунан” да ырааҕынан сөп түбэспэт, аны этикатын ылан эргитэлээн көрүҥ!? Үөрэх систематын, педагогиканы, методикалары, возрастной психологияны билбэт киһи салайар кыаҕа суох!