News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Алтынньы » 31 » Наумовка кыраамыка оҕотун уонна чаһы бэлэхтээбиттэр...
Наумовка кыраамыка оҕотун уонна чаһы бэлэхтээбиттэр...
19:57
Наумовка кыраамыка оҕотун уонна чаһы бэлэхтээбиттэр...
Автор: Ньукулай (85.26.241.124) 28.10.2014 (16:15) 1954 http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3436486&f=149
Кыбартыыра эмиэ биэрбэтэхтэр! Сир саарын эргийэ сүүрдэҕинэ табыллыыһык быһылаах, оччоҕо баҕар ыһыктыахтара эбитэ дуу. Бүөтүр эрэйдээх төһө эрэ хомойдо.
Правительстволар буолар-буолбат улэhиттэригэр - tkktq
28.10.2014 (17:23) (188.244.185.100)
буор босхо (безвозмездно) квартира биэрэллэр.Онтон бу 1 группалаах инвалидка по зрению сокуонунан да5аны квартира бэриллиэхтээх буолбатах дуо?
чиновниктар бэйэ бэйэлэригэр - мин
28.10.2014 (17:28) (185.26.180.104)
кыһыл кемус чаһыынан бырахсаллар.Дьаабы тойотордоох республика.
инвалид киьи - оннук
28.10.2014 (17:32) (82.145.222.127)
Суурбэтэр да ылыахтаах этэ буоллага квартира. Саарбах тойоттордоохпут дьэ. Киьи хомойор.
Чаьы да араастаах,квартирагыттан да сыаналаах чаьылар бааллар. - энсиэли
28.10.2014 (17:34) (82.145.221.0)
Бөтүрүүс эрэйдээҕи(((Дьиикэйдэр! - Дьабай
28.10.2014 (18:08) (82.145.222.216)
1хостоох кыбартыыра баҕалаах!!!
Инвалидтарга квартира федеральнай сокуонунан бэриллэр - Чаархаан
28.10.2014 (18:26) (80.83.239.38)
Онон Саха Сирин правительствота онно наадыйбат:-)
ыллык - һөдүөт
28.10.2014 (18:46) (82.145.221.140)
Ээ па ол Ноуумаппыт кыбартыыра эрэ иһин сатыы саллаҥнаабыт эбит дуу. Ол кинини бырабыыталыстыба тэрийэн ыыппатаҕа буолуо дии. Бэйэтэ көрүлээн, биллэ-көстө сатаан сырыттаҕа. Хас киһи төбөтүгэр туох көтөн түстэҕин аайы кыбартыыра биэрэн истэхтэринэ киһи бары сатыы аан дойдуну эргийэбит диэн араас моһолго түбэһэн ол быыһааһыныгар үп бөҕөтө ороскуоттаныа дии. Аны илиилэринэн хааман бара сатыахтара.
. - Быйанг
29.10.2014 (00:21) (217.150.7.21)
Инвалидтарга уочаратынан квартира хаччытын биэрэ тураллар буолбат дуо¿...
пахай. Оннук буолбатах Сахабыт Сиригэр. - Биллэрчэй
30.10.2014 (09:47) (217.118.64.58)
Дархаммыт инбэлииттэри албыннаан сокуон таһааран турар. Маннааҕы инбэлииттэргэ дьиэ биэрбэттэр, ол оннугар социальнай дьиэ биэрэллэр. Инбэлиит өллөҕүнэ кэргэнин, оҕолорун таһырдта быраҕаттыыллар. Дьэ сүрдээх быһыы буолбатах дуо? Бу инбэлииттэр туох буруйдаах үһүлэр ыалдьар дьон. Дарханы бэйэтин оннук дьиэҕэ укпут киһи баар ээ. Тотон ыалдьар дьону аһыммат.
Гуляев соччо сэнээрбэтэх - Тускун
28.10.2014 (21:32) (91.185.252.14)
көрүҥнээх хортуон грамота,чаьыы биэрэн турар.Улахан эбит,диэбиттии туттубут.
"ыллык - һөдүөт" - онтон эн тугу саллаҥнааццын кыайдын-хоттун - tkktq
28.10.2014 (22:06) (188.244.185.100)
хара5ынан 1 группалаах инвалиды кулуу-элэк гына оцосто5ун.
инвалидтара маннык куустээз санаалаах буоллагына - саханы ааттаттага
28.10.2014 (22:20) (80.83.238.101)
Дьэ саха доруобай дьоно кыах беге буолуо диэтэхтэрэ керсубут дьон
. - Быйанг
29.10.2014 (00:20) (217.150.7.21)
Бэйэтин баҕатынан сүүрэ сылдьар буолбатах дуо?
Чыһы кыһыл көмүс, мээнэ буолбатах.
Арай дьоннор бары, тыран кэлэн баран сүүрэ бардынын? Барыларын квартиранан хаччыйылыахтаах дуо?
Онноогор буолуо дьон дьиэлэнэр....Онноогор буолуо харчы. .... - Туос
29.10.2014 (01:42) (80.83.238.13)
Иччэ айылаах спорду куустээх санааны пропагандалыы бутун дойдуга инник дьоннордоох Саха сирэ диэн кердере сылдьар киьиэхэ 1хостоох квартира биэриэ да этилэр.Ол кыаллыьат буоллагына саатар син сыанатын 3/1телуур жил.сертификат игин.Дьэ булан этэгит ээ дьон барыта сууруе диэн.Инник суурэр доруобай да киьи суох быьылаах.Ыллын да суурбэккин ээ.Аны ити сылдьан онно манна тубэьэр эмиэ куттал баар ээ бу улугэр ол бу араас быьыы майгы буола турдагына.Кини ессе бастакы эрэ сууруутэ буотах бу.Сэриигэ охтубут буойуттарга ол сагана улэлээн аччыктаан кыайыыны турууласпыт дьоммутун санаан ол дьону уйэтитэ сылдьар киьибитин наьаа ол бу араас диэмэн.Кини квартира аайы суурэ сылдьыбат киьи кини олого инник спорт олох патриота.
. - Быйанг
29.10.2014 (02:18) (217.150.7.21)
Санаатын да куоратан куоракка дылы, дойдуттан дойдуга дылы сүүрэр спорт буолбатах. Спорт диэн - куоталаһыы, күрэхтэһии.
Оҕонньор кытаанах санаатын көрдөрбүтүн дьоҥҥо сырдаппыттар, бээйэлэх биэрбиттэр. Онтон орудугу тугу гыныахтарай?
Хата итинник сүүрэ сылдьан онно манна тюбэһэн хаалыа этэ диэн суруйбуккун сөп диэтим. Тутан ылан баран псих больницаҕа уган кэһиэхтэрин син этэ, буолбатах дуо? Бу туохсанааттан киһи ылла да куораттан куоратка дылы, дойдуттан дойдуга дылы сүүрэ онньуу сылдьарый диэн.
Сүүрют, чиэстээбиттэр. Хаһыаттарга, ТВ программаларыгар көрдөрбүттэр, бүттэҕэ дии.
. - Быйанг
29.10.2014 (03:47) (217.150.7.21)
Чиэстэбиттэр аҕай буолбат дуо, оҕоннору - грамота, кыһыл көмүс чаһыы бэлэхтээбиттэр, тв көрдөрбюттэр, хаһыакка таһаарбыттар.
Хайдаҕын да иһин бэйэтэ эт өйүнэн толкуйдаан герой-куораттары кэрийэ сүүрбүтэ, Кыайыы 70 сылыгар - Тайгер
29.10.2014 (04:13) (85.26.241.56)
анаабыта сүдү дьыала буолар Быйаҥ. РФ атын субьектарыттан оннук оҥоро иликтэр. Оҥороллоро да биллибэт. Биир квартира сыыһын хайдах эмэ булан биэриэ инилэр дии санаабаккын дуо? Оччоҕо буолуо этэ, Саха Сирин салалтата спорду өйүүр эбит диэн. Уонна ити инвалидтары дьиэннэн хааччыйыы программатынан УОЧАРАККА, УЧУОККА ТУРАР буолуохтаах. Ол хас сылынан кэлиэ, тиийиэ биллибэт. Ону Ил дарханыҥ бу киһи уочарата хайаста, билиҥ диэн биир эмэ топпут чунуобунньукка дьаһал биэрдэҕинэ, онтон, ураты, уһулуччу кыайыытын иһин, улуу Кыайыы 70-сылынан Саха Сирин, Саха омугу РФ-ка өссө төгүл аатырта онон анал ыйааҕынан, дьиэннэн хааччыйыыта мөлтөҕүнэн уочаратын быһа биэрэргэ!
Оччоҕо ким, тугу утары саҥарыай? Уочаракка да турааччылар, инвалидтар да, бүтүн Саха Сирин олохтоохторо ити ыйааҕын ытыс таһына көрсүөх этилэр...
[Сообщение редактировалось]
Ол оннугар маннык буола сылдьаллар, Уххан сайтыттан аҕаллым: - Тайгер
29.10.2014 (04:20) (85.26.241.56)
00:17 Иногда стабильность в органах управления применяется для сокрытия коррупционных правонарушений.
Иногда стабильность в органах управления применяется
для сокрытия коррупционных правонарушений.
Зам. Прокурора города Якутска Шапран Ю.М. Постановлением от 19 сентября 2014 года отменила Постановление следователя Эверстова К.К. об отказе в возбуждении уголовного дела. В ходе реализации Распоряжения от 24 февраля 2005 года №184-р, подписанного Егором Борисовым скрытно проданы 403 государственные квартиры через некоммерческое учреждение, не обладающего правом собственника ГУ «Служба государственного заказчика при Правительстве РС(Я)». 711 квартир, финансирование которых в рамках ЦФП «Жилище 2002-2010 года» произведено за счет государственного бюджета 2005 года просто исчезло, тогда как ветераны труда, инвалиды труда и войны, состоящие на учете с 60-х годов прошлого столетия не могут защитить свои жилищные права.
Участник войны в Чеченской Республике и других конфликтах 1996 года Сергей Степанов награжденный медалью «За отвагу», инвалид военной травмы с 2003 года сотрудник милиции Афанасий Бахсыров не могут решить свои жилищные права. Как видите из прилагаемого документа не помогло ему даже ходатайство МВД Республики Саха (Якутия). Государственные чиновники их поставили на учет под №6146.
Не найдя защиты своих прав инвалиды военной травмы и ветеран войны обратились в общественную организацию «Ситим» по РС(Я).
Всего за годы реализации ЦФП «Жилище 2002-2010 годы» в Республике Саха (Якутия) из федерального и республиканского бюджета на строительство жилья выделено более 21 миллиарда рублей, многие дома, построенные за счет государственных бюджетных средств не были поставлены на баланс органов государственной власти и органов муниципальной власти в установленном законом порядке и потому стали предметами антисоциальных сделок Егора Борисова и его команды.
Все эти безобразия с антисоциальными сделками с государственным жильем, нарушающие права инвалидов и ветеранов, спокойно созерцал заместитель Председателя Правительства Республики Саха (Якутия) Александр Власов, курирующий вопросы социальной сферы, являющийся председателем Правительственной комиссии по распределению государственного жилищного фонда, жилищных сертификатов и субсидий.
Наверное, как нужный человек для обеспечения стабильного развития республики теперь он будет назначен Председателем ЦИК Республики Саха (Якутия) вместо Кривошапкина А.Д.
Иногда стабильность в органах управления применяется для сокрытия коррупционных правонарушений.
. - Быйанг
29.10.2014 (05:08) (217.150.7.21)
Оннук, учаратын сыҕарытан баран, дьиэ сумматын счетыгар киллэрэн кээстэхтэринэ дьиэ талан бирдэхтэринэ сатаныа этэ. Дьиэ учаратыгар сурулла сылдьар инвалидтар утарлыспатра чуолкай. Оттон учаракка суруттарбакка да сылдьар буолла5ына саҥа учаракка киллэрэн баран аныахтарын син этэ.
Оннук?
Ол гынан баран, олох тиийиммэт, күүскэ ыалдьар, дьитэ суох сатанымаары гыммыт, быккаа оҕолордоох инвалид буолан хаалбыт дьоннорго дьиэ ордук наада быһыылаах. Ивалидтар эмиэ, үксүлэр эмискэ инвалид буолан хаалбыт дьоннор буоллаҕа дии.. Эмискэ дьоннорун сатаан иитэр кыаҕа суох буолан хаалбыт инвалидтар элбэхтэрэ буолуо.
Наумов мин куораттан куоракка дылы сүүрэ сырытым, онон кыаммат инвалиттааҕар дьиэ миэхэ наада диэбэтэ ини.
Уопсайынан кини дьиэ туһугар сүүрбэтэ ини.
Эрдэттэн пари туруорбута буоллар - баччаны сүүрэн кэлэбин, ситистэхпинэ миэхэ дьиэ бирэҕит - диэн.
Оннук?
hодуоткэ - Саха
29.10.2014 (06:22) (94.245.131.185)
..оо тылым диэн санарагын, Саха диэн аат эйиэхэ торообут кумаагыгар эрэ баар бадахтаах..Буотур онорбутун 100/1 саатар онор ээ догор, кини олорбут ологун аас.. бу эйигин кордоххо арыт этиэхпин багарабын барыыhап бэйэтэ олорор дуу эбэтэр кинилэр биэрэр астарыттан тииhэн аhаан сылдьар киhи дуу диэх курдук.. Киhи да кыбыстар тылым диэн санара олороргуттан. Саха буол! Аhыныгас ан буол! Кулуу элэк гыныма сарсын туох буолуон туох эйиэхэ эргиллэн кэлиэн билбэккэ олорон
..hодуоткэ - Саха
29.10.2014 (06:23) (94.245.131.185)
..аhыныгас!
Дьоннору кыбартыырнай боппуруос буорту кыммыт:-) - Чаархаан
29.10.2014 (07:12) (80.83.239.82)
Чэ оччоҕуна Ленаны бастакы мууһунан туораабыт киһиэхэ эмиэ кыбартыыра биэрдинэр, куораты сатыы түүн хааман туораабыкка эмиэ, паромунан бу күннэргэ туораабыттарга эмиэ кыбартыыра, дьоһун саас форумҥа саамай элбэҕи суруйар киһиэхэ эмиэ кыбартыыра...
Ыйга учаастак биэрбэппит да?:-) - Чаархаан
29.10.2014 (07:13) (80.83.239.82)
Бэйэтин иннигэр сүүрдэҕэ эбээт - Чаархаан
29.10.2014 (07:14) (80.83.239.82)
Ким кинини күһэйбитэй?
уоскуйуҥ, эһиги дьолгутугар кыбартыыра биэрбэтилэр.чаһыыннан муҥурданнылар((( - -айисена.
29.10.2014 (07:36) (217.118.64.55)
Петр Наумов күүстээх санаатыгар, сүдү кыаҕыгар сүгүрүйэбин. Сороҕу инбэлииккин (тьфу3) диэтэхтэринэ суорҕаҥҥа сууланан баран сытынан кэбиһэр кыахтаахпыт. Манна монитор эрэ нөҥүө хорсуммут, хоодуоппут. Ыаллыы дэриэбинэҕэ сатыы баран кэл диэтэхтэринэ кыбартыыра биэрэргит буоллар иҥсэбитигэр ылсан көрүөм этэ диэхпит. Баҕар тиийиэхпит, төннөн кэлэрбит саарбах.
Петр Наумовка дьолу-соргуну, доруобуйаны, суолгар эрэллээх, үтүө санаалаах, аһыныгас эрэ дьон көрүстүннэр.
. - Быйанг
29.10.2014 (09:53) (217.150.7.21)
Кыахтаах буолан сүүрэн буоллаҕа дии, инбэлииттэр дьилэрин иһиттэн көмөтө суох кыайан тахсыбат дьоннор элбэхтэр.
Оннооҕор доруобай аатырар дьоннор оччону сатаан сүүрбэт. Доруобуйата үчюгэй буолан сүүрэн эрдэҕэ.
Наумоы кыбартыыра ылыам этэ диэн сүүрбэтэ ини. Бэйэтин баҕатын хоту сүүрэр буоллаҕа дии..
сүүрүк Наумов - Тыачаана
29.10.2014 (08:33) (94.245.159.178)
Туох ааттаах кыбартыыранан кыһарыйан хааллыгыт.Киһини кыбыстыыга киллэрэн.Итиччэ дойдутун аатырда сылдьар киһи эһиги ол-бу диэн суруйаргытыттан хомойоро буолуо дии өйгүтүгэр да оҕустарбаккыт.Салайааччылар да тугу эмэ толкуйдаатылар эни.Христофорова да итини таах хаалларыа суоҕа.
МСЭ-медико социальная экспертиза - Сонун
29.10.2014 (08:49) (82.145.223.116)
Буетурбутун керер эбит диэн 2 группа гыналлар уhу.
Билигин государствоттан пенсия ылааччы элбээтэ диэн инвалидтары а5ыйата сатыыллар.
. - Быйанг
29.10.2014 (09:55) (217.150.7.21)
Инвалитын быһан да кээһиэхтэрин син. Оннооҕор доруобай дьоннор итиччинэни сүүрэр кыахтара суох.
, - в
29.10.2014 (08:56) (82.145.222.70)
федеральнай испииьэги быьа кеппеккюн, оччо дьиэлиэххитин базарар буоллаххытына счет аьан харчыта хомуйуц.
ыллык - һөдүөт
29.10.2014 (09:30) (82.145.221.167)
"ыллык - һөдүөт" - онтон эн тугу
саллаҥнааццын кыайдын-хоттун
хара5ынан 1 группалаах инвалиды
кулуу-элэк гына оцосто5ун."
Дьэ санаан көр хас оннук төбөтүгэр оскуома киирбит киһи аайы кыбартыыра ыга үктээн ыла сатыыр төһө сиэрдээҕий. Ол оннугар олох суолугар үктэнэн эрэрэ эдэр ыалга биир эбит кыбартыыраны биэрдиннэр ээ. Ол ордук көдьүүстээх буолуо. Оннук күлүү кыннарыаххытын баҕарбатаххытына кыбартыыра туруорсумаҥ буоллаҕа. Ол бэйэтин тургутан көрбүтэ хайҕаллаах буоллаҕа. Ама кыбартыыра биэриэхтэрэ диэн баран кэлбитэ буолуо дуо. Бэйэтигэр инбэлиит да буолларбын дьонтон ордукпун диэн дакаастаатаҕа дии. Эр санаалааҕын иһин хата мэтээлгэ түһэр ордук ини. Чэ оччоҕо эн кыбартыыра биэриэхтэрэ дии-дии дьон оҥоро илигин икки илиигэр хааман куораты эргийэн кэл Дьэ ол хорсун быһыы буолуо. Бирээминэ дьоруой курдук көрүөхтэрэ, ким да оҥорботоҕун оҥорбутуҥ иһин кыбартыыраны аны мин эйиэхэ туруорсуом.
ким теЬеню биэрэринэн - А.Гаврильева Ссылка на блог
29.10.2014 (09:37) (188.244.185.82)
хомуйдахтарына бэрт буолуох этэ. Хас биирдии киЬи 50 солк да5аны биэрдэ5инэ син балай эмэ юб мунньуллуох эбитэ буолуо... Биир бэйэм биэриэм этэ. Наумов бу сыллар устата бэлэм харчыга тиргиллэ сылдьар спортсменнар, тренердэр да5аны ситиспэтэхтэрин ситистэ. Хас биирдии Россия таЬымнаах спортсмен дьиэнэн - уотунан хааччыллыбыта сымыйа буолбатах буолуохтаах.
Аны инвалидноЬын хайдах уларыталларый? Харах теЬеню керерюнэн уонна кербетюнэн дьююллэнэр буолбатах дуо? Ол кини ата5а сююрбютюгэр хара5ынан керере тупсан кэлбит дуо? Мин санаатахпына: "Баччаны керюёхтээх, баччаны сырдатыахтаах..." - диэбит курдук туох эрэ нуорма баара буолуо дии.
Бүөтүргэ уруй-айхал - эрчим
29.10.2014 (09:59) (80.83.239.83)
Сөдүөттээх Быйаҥ көлөөк дьоннор эбиккит,Бүөтүр эһигиттэн квартира көрдөөтө дуо,өһүргэнэ түһэҕит.Дьиҥинэн саха норуотун аатырда сылдьар киһибитин олорор сирин правительство тупсарара буоллар диэн дьон-сэргэ баҕарара туох да омнуота суох.Иччэ уһуннук сүүрэ сылдьар киһиэхэ Россия спордун маастарын иҥэрэргэ туруорсуо эбиттэр.Ил Дархан бэйэтэ да көрсүбүтэ буоллар куһаҕана суох буолуо этэ. Ити харчы хомуйааһына эмиэ куһаҕана суох идея,ким иилиирэ-саҕалыыра буоллар дьон-сэргэ өйүө этэ
Бүөтүр инвалидыгар буолбатах,дьыала саханы аатырда,сэриигэ саха омук кытта кыттыбыта диэн.омуктарга кэпсии сылдьарыгар.Ол дьон төһө эрэ сэхтүлэр 80 киилэлээх тэлиэскэлээх саханы көрөн.Ил Дархан тустууктарбытын кытта көрсөр дии,Бүөтүр кинилэр саҕа баар ини
. - Быйанг
29.10.2014 (10:50) (217.150.7.21)
Тустууктар күрэхтээһиигэ баран кыайаллар. Хайдах өйдөөбөт киһигиний?
А.Гаврильева, хата манна тэрий эрэ. ЯКТ кеметунэн Наумовка бириис харчы хомуйар сатаныа дуо? - -айисена.
29.10.2014 (10:23) (80.73.72.34)
били хаьан эрэ дьону ууттан быыьаабыт уолчаанна кемелеспуппут дии. ол курдук ынырыыта таьаарар бэрт буолуо эбит. норуот кууьэ-кемуел мууьа))
ыллык - һөдүөт
29.10.2014 (10:42) (82.145.221.167)
Дьэ хата бэлэтиичэскэй хамсааһын оҥорон Мэдибиэдэптэн кыбартыыра көрдөөҥ, биэриэҕэ. Аан дойду үрдүнэн Арассыыйаны арбаатаҕа дии. Көр оннооҕор инбэлиит киһи бүтүн Арассыыйаны тилэри сүүрэн кэлэн Арассыыйаҕа олох тубсубутун, оннооҕор саха оҕонньоро туох да буолбакка тыыннаах эргилиннэ диэн матыыптаатаххытына кырата Москубаҕа кыбартыыра баар буолуо. Арассыыйаҕа кыра норуоттар ити курдук көҥүллүк туохтан да куттаммакка күүлэйдээн кэлэллэр диэн призентаассыйа оҥорон Мэдибиэдэпкэ ыытыҥ. Оччоҕо Амыарыкалар сырайдара уһуо, Арассыыйаны холуннара сатыыллара сараланыа.
Бэрт буолуо этэ. Биир хомуйууннан сатаммата буолуо бука. - Тайгер
29.10.2014 (11:29) (85.26.241.234)
Ол акцияны ыытар буоллаххытына киэҥ далааһыннаахтык Саха Сирин бүттүүнүн үрдүнэн бардаҕына кыаллар. Уонна уһуннук, Кыайыы Күнүгэр дылы Наумов дьиэлэнэрин курдук. Ол буолуо этэ, Сомоҕолоһуу буолуо этэ. Омук бэйэ бэйэтин өйөһөрбүт көстүө этэ. Уонна ол Наумов бэйэтин анал счетугар киирэрдии. Холобур, телефон счетуттан обналичивайдыыр, уһулар кыахтанарын курдук. Киһи бары телефоннаах. Телефонтан телефонҥа ким баҕар быраҕыа. Бу ватсаап үйэтигэр.
Быйаҥ - эрчим
29.10.2014 (11:47) (80.83.239.119)
Бүөтүр тугу да хоппотоҕо диэри гынаҕын дуо,үчүгэйдик үөрэт саха биллэр биир киһитин биографиятын.уонна ону-маны туой. Чахчы саха сайдам санаалаах дьоно тугу эрэ толкуйдааҥ эрэ.Туох барыта чунуобунньуктартан тутулуктаах буолбатах,норуот диэн эмиэ баар
. - Быйанг
29.10.2014 (13:33) (217.150.7.21)
Бу дьон дьахтардыы эммуоссыйаннан сырыттаххытый, киһи син ону-маны ырааҕы ыйдаҥардар токкуйдаах буолуохтаах. Хата хамыыһыйа инбэлиититтэн таһаарбатын курдук үлэлээҥ. Билигин бүтүн Арассыыйаны тилийэ сүүрэр киһи ол аата үчүгэйдик көрөр эбиккин диэн баран инбэлиититтэн да уһуллахтарына көҥүл. Үлэлиир кыахтаах эбиккин диэн инбэлииттэн устубут түгэннэрэ аһара элбэх дии. Эбэтэр илиитэ, атаҕа суох дьону сордоон илии дуу, атах дуу үүнүөҕэр дылы сотору-сотору хамыыһыйа ыытан сордууллар аххан дии. Киһи соччо итэҕэйбэт соҕус оннук көрбөт киһи хайдах суолун көрөн оччо ыраах барар. Оннооҕор отой үчүгэй харахтаах киһи мунар дии. Отой көрбөт киһи диэ суох курдук, дьэ эһиги туманнаах күн өрүһүнэн мотуорунан айаннаан көрбүккүт дуо. Төһө сир өппүккүтүй. Эһиги этэргит курдук харахтаах буоллаҕына тумаҥҥа сылдьар киһи курдук буолуохтаах этэ. Оннооҕор -2,5 аҥаардаах ачыкыыны кэтэр киһи былыттаах күн ачыкыыта суох ойуурга бардахха эрэйи көрүллээччи. Барыта туман-имэн курдук тугу да чеуоккай көрбөккө хараҕыҥ дэлби ыалдьан кэлэр. Син лаппа соҕус көрөр буолан муммакка сылдьан кэллэ ини.
чугаһыҥ - Һөдүөтү
Инвалидтарга дьиэнэн хааччыйыынан бэдэрээллэр дьаруктаналлар. Биһиэннэригэр оннук орускуот көрүллүбэт.
Ону да 18 кв көрүллэр, 1 квадратын 40-ча тыһыынча этэ. Онон 700-тэн эрэ тахсаны бэриллэр. Оччо хаччыга 1 хостоох ч/б кэлэрэ дуу?
Аны 01.01.2005 иннинэ уочаракка турбут буолуон наада.
Бастаан үүтүн хайаҕаһын быһаарсан баран бырдаҥалаһыа этигит:-)
бу урукку ыстатыйаттан ыллым. билсин, сэргээн. - -айисена.
29.10.2014 (21:06) (37.29.88.89)
image
Маршрут будет пролегать по городам-героям: Великий Новгород – Ржев – Москва – Тула – Новороссийск – Керчь – Севастополь. Протяженность маршрута составит около 3 850 км.
Легкоатлетический забег посвящается 70-летию Великой Победы и направлен на пропаганду здорового образа жизни, а также патриотическое воспитание молодежи.
Постоянное представительство Республики Саха (Якутия) в Санкт-Петербурге и Администрация Новгородской области оказывают содействие в организации старта одиночного легкоатлетического забега Петра Наумова в Новгородской области.
Петр Наумов – известный человек в республике. Он – экстремал-бегун, участник многодневных пробегов, мастер спорта по легкой атлетике, трехкратный чемпион Якутии, участник чемпионатов России и Европы по марафону среди ветеранов . В этом году ему была предоставлена честь пронести по улицам Якутска Огонь Эстафеты Олимпийских игр в Сочи. В 2010 году Петра Наумова признали победителем в престижном республиканском конкурсе «Якутянин года».
П. Наумов в 2010 году совершил сверхдальний пробег на 12 тысяч км по маршруту «Калининград – Владивосток», посвященный 65-летию Победы в Великой Отечественной войне. Он пробежал это расстояние за 8 месяцев, преодолевая каждый день минимум по 50 км. Стартовав в Калининграде 1 апреля 2009 года, Петр Наумов завершил свой пробег в октябре 2010 года во Владивостоке.
Петр Наумов, инвалид первой группы по зрению, однако уже не раз совершал различные дальние пробеги, посвящая их историческим событиям России. О Петре Наумове были показаны сюжеты на федеральных телеканалах. Ему звонили губернаторы областей, по которым проходил маршрут бегуна. В городах его встречали с почестями и помогали. Во время пробега Петр Наумов в небольшую тетрадь собирал пожелания людей, которых встречал на своем пути. В ней есть одна интересная запись, ее сделал случайный человек, когда бегун уже находился на территории Хабаровского края: «Каждый человек сам создает для себя границы. Удивительно, что вы для себя их не ставите».
Этот пробег отважный бегун-экстремал Петр Наумов хочет совершить в память якутских солдат, павших в боях на озере Ильмень.
Справка:
Наумов Петр Степанович родился 9 февраля 1949 года в Чурапчинском районе Якутской АССР. По специальности учитель ИЗО и черчения, много лет работал в школе учителем. Спортом занимается с 40 лет, в 50 лет стал мастером спорта по лёгкой атлетике.
Спортивные достижения Наумова П.С.:
- в 2003 г. принял участие в чемпионате Европы по лёгкой атлетике на 100 км. занял 2-ое место;
- в 2003 г. участвовал в горном беге в г. Москве;
- в 2004 г. участвовал в суточном беге занял 3-е место;
- в 2005 г. принял участие в соревнованиях по суточном забеге на стадионе Лужники г. Москвы в командном зачете занял 1 место;
в 2007 г. пробежал дистанцию от озера Байкал до Якутска протяженностью 3175 км за 75 дней;
- в 2010 г. пробежал дистанцию от Балтийского моря (г. Калининград) до Японского моря (г. Владивосток) протяженностью 12 000 км. за 6 месяцев 27 дней. (пробег внесен в Книгу рекордов России).
Тайгер сатанар буолла5ына оннук акция хайдах тэриллэрин, туохтан са5аланарын билсиьэн, ыйыталаьан, субэлэьэн баран манна таьаарбаккын ээ. - -айисена.
29.10.2014 (21:27) (37.29.88.89)
тус бэйэм Петр Степанович кыьал5а5а кыьарыйтарбакка, тулуйан туран туруулаьан сахатын сирин ааттата сылдьарын биьириибин. кырдьык Кыайыы 70 сылын П.С.Наумовы кытары сибээстээн, кинини ейеен ыам ыйыгар диэри акция оноруохха сеп этэ. сырдык тыыннарын тереебут терут буордарын туьугар толук уурбут саха буойуттарыгар сугуруйэрбитин кердеруеххэйин ээ.
ол Наумовка кыбартыыратыгар кеме диэн буолбакка кининнэн киэн туттарбытын, холобур оносторбутун биллэрэр акция буоллун.
Оннугунан оннук. Норуот оннук саҕалаан бардаҕына тойот да өттө кыбыстан-саатан кыттыспыта - Тайгер
29.10.2014 (21:43) (37.29.88.211)
буола сатыа этэ. Мин ол сүүрүгү сирэй билбэт киһим саатар. Ити бэйэм хайдах толкуйдаабыппын эппитим маарыын. Киһи бары карточканнан туттубат. Уонна ордук абааһы көрөрө уочаракка туруу. Аны харчыны хомуйуу улахан сэрэхтээх, ол бу кир-хох кэпсэтии, сурах тарҕаныан сөп. Оннук буолбута хас да сыллааҕыта Уйгулааналаах операцияҕа концерт оҥорон харчы хомуйбуттарыгар. Билигин ватсаап диэн үөдүйдэ. Онон макс-репостаан тыаларынан, куоратынан таах барыан сөп. Онно тылын-өһүн тиийимтиэтик таҥыллара ирдэнэр. Уонна ити сүүрүгү бэйэтин булан сөбүлэҥэ наада буолара буолуохтаах. Арай сэмэйэ бэрт буолан "эй" диэтин? Арай санаабыт суумма чөкөйбөтүн?
арай ЯКТ ненуе сатаммата буолуо дуо? аны сааскыга диэри биирдии ыйы тус туспа Кыайыыга темалаан - -айисена.
Харчы суумматын быспакка ким теЬеню биэрэринэн - А.Гаврильева Ссылка на блог
30.10.2014 (10:00) (188.244.185.82)
тэрийиэххэ наада. Саха дьоно 10-50 солк биэрэллэрин алыс кыбыстааччылар. Ити 1 канал ыалдьар о5олорго 90солк хомуйар дии. Ол курдук, о5олору да5аны иитэ таарыйа, оскуоланан 10 да5аны солк хомуйдахха, биитэр, оскуола о5олоругар ярмарка да5аны тэрийтэрдэххэ септеех дьыала буолуон сеп. Учууталлар ейуёхтэрэ дии саныыбын. Наумов инвалид киЬи буолла5а дии. Инвалидка о5олор кемелеЬе юёрэниэхтээхтэр! ЮлэЬит дьон эмиэ теЬеню кыайарынан кемеленстюн ээ. Артыыстар кэнсиэр тэрийдиннэр. Оннук - маннык манньалаах шоу бе5етюн ыыталлар дии.
Аны бэйэтиттэн кенюл кердююр сыыЬа уонна сиэрэ суох быЬыы буолар - А.Гаврильева Ссылка на блог
30.10.2014 (10:02) (188.244.185.82)
Хайа киЬи:"Оннук гыныц!" - диэ5эй. Бэлэх курдук буолуохтаах.
Хайдах эрэ Бүөтүргэ туох да көмө суоҕун курдук суруйбуккут - V
30.10.2014 (10:31) (46.48.210.54)
Кини бу айаҥҥа турунаары төһө эмэ тэрилтэни кэрийбитэ, анал счетун нүөмэрин таһаарбыта. Көмө олох суох этэ диэххэ наада...
Онтон дьэ "Ситим" ылсыбыта. Хас биирдии куоракка көрсөллөрүн, атааралларын, сопровождайдыылларын курдук. Онон Бүөтүр урукку айаннарынааҕар биллэр көмөлтөлөөх сырытта. "Ситим" үлэһиттэрэ, Общественнай палата чилиэннэрэ биир күннээх хамнастарын кини счетугар түһэрбиттэрэ. Нам улууһуттан кыра-кыралаан да буоллар көмөлөр киирбиттэрэ.
Бүөтүрү куораттарга көрсүбүттэрэ, хоннорбуттара, аһаппыттара, дьону кытта көрүһүннэрбиттэрэ.
Түмүккэ Крым санаторийыгар сынньаныы тэриллибитэ.
Саас эмиэ сүүрүөхтээх. Сунтаартан Дьокуускайга диэри. Ол айаныгар көмөлөһөн харчыта киллэриҥ.
Мин Бүөтүр саамай ыарахан, туох да көмөтө суох айана 2007 сыллаахха этэ диибин. Аҥаардас сүүрэн эрэ буолбакка эрэһиинэ оҥочонон тимирэ сыһа-сыһа Өлүөнэнэн устан. Онно көмөлөһөр дьон олох суоҕун кэриэтэ этэ
биир дойдулаахтара үрдүк сололоохтор дии, чурапчы киьитэ эбит.. - Атын улуус
30.10.2014 (11:04) (82.145.222.149)
көмөлөһүө да эбиттэр, мөлүйүөн аҥардаах альбомунан бэлэхтэһэр дьон.
Наһаа ыксаамыаҕыҥ, көтүмэх курдук буолумуоҕуҥ, аһара тиэтэйимэҥ. - ХарысхаанХ
30.10.2014 (11:57) (46.48.143.251)
Кэлэр саас, онто да суох Улуу Кыайыыны көрсө квартираны биэрэллэр ини. Барыта олохтоохтук, оруннаахтык толкуйдана сылдьар буолуохтаах. Имбэлиит барыта итинник сүүрбэтэ биллэр! Чурапчы кытаанаҕа буолан, киһи киэнэ чиргэл иҥиирдээҕэ буолан, былыргы Чурапчы күүстээхтэрин сыдьааннара буолан сүүрээхтиир. Көрөрө буоллар, хас да көрүҥҥэ маастар буолар кыахтаах улуу саха! Уонна харах көрөрүн чөлүгэр түһэрэр лазернай операцияҕа аныыллара Бүөтүргэ көмөлөһүө эбитэ дуу? Аан Дойдуну ыраастык көрөртөн ордук дьол суох ини.
ПЕТР Наумовка сыЬыан КИЬИ тус ситиЬиитин тэццэ юллэстэ юёрэнэргэ уонна БИИР КИЬИ ситиЬиитинэн киэц туттар туругу са5ыы буолуон сеп.
Иэдээццэ тюбэспит киЬиэхэ ким барыта кемелеЬер, сиэр курдат, эбээЬинэЬэ буолар. Онтон БИИР КИЬИ ситиЬиитин уонна КИНИ ТУС ЮЁРЮЮТЮН тэццэ юллэстэр турук, бютюн омугу, УТУЁ санаа курдат тюмэр сюцкэн кююс буоларын умна быЬыытыйан эрэбит. Биир КИЬИ тус кыа5ынан ситиЬиитин сиилиир эрэ курдук буолан эрэбит дии санаабаккыт дуо? Маннык тюгэни былаас ыырын дьоно хас эмит мелюйюен сууммалаах проект оцорон ЭР ТЭГИЛ ЫЧЧАТТАРЫ мунньан ессе быраас, ГАИ, телевидение юлэЬиттэрэ арыалдьыттаах тэрийбиттэрэ эбитэ буоллар теЬелеех эрэ кююрээн- айдаан буолуох этэ. Тугу - тугу бэлэх туталларын киЬи да5аны таайар кыа5а суох. Онтон илии - атах оонньуутугар хастыы эмит массыынаны сююйэллэр буолбатах дуо? Онно холоотоххо Наумов айана МИН юйэбэр ба5ас буолбатах тюбэлтэ. Орто дойдуга олорбутум юйэ ацарыттан ааста. Былыыр - былыр ким да терюю илигинэ ба5ар сылдьыбыттара буолуо ону илэ кербют ким баарый? Онтон МИН юйэбэр ИЛЭ бу эрэ тюгэн буолан ааста.
Туох да суола-ииһэ суох хаалбыт хорсун быһыылары санатыым дуу - V
30.10.2014 (15:14) (46.48.210.54)
2008 сыллаахха этэ дуу. 24 саастаах, ыйааһына баара эрэ 40 киилэлээх кыысчаан саас муус устар ыйтан Анаабыр Сааскылааҕыттан собус-соҕотоҕун Дьокуускайга диэри бэлэсипиэтинэн түһүнэн кэбиспитэ. Кини аата -- Тоня Константинова. Бастаан түһүнэригэр 40-ча кыраадыс тымныыга айаннаабыт. Бу кыысчаан туох да дирбиэнэ-дарбаана суох Дьокуускайга Анаабыр курдук сиртэн бэлэсипиэти тэбэн кэлбитэ. Туох да көрсүү эҥин диэн мэлигир этэ. Ыччаттары да кытта көрсүһүүлэр эҥин тэриллибиттэрин өйдөөбөппүн.
Ол саас Дьокуускайтан Марат болуоссатыттан Игорь Данилов диэн 24-тээх уолчаан Магадан диэки түһүнэн кэбиспитэ . Кини олох тыбыс-тымныыга кулун тутар саҥатыгар аттаммыта. Ол баран иһэн балааккаҕа хонор, газовай примуһунан аһылыгын сылытар. Кини оннук же Магадантан бэлэсипиэтинэн төннөн кэлбитэ. Эмиэ дирбиэн-дарбаан, ыччаттарга холобур туруоруу диэн олох суоҕа.
Бу ыччаттары үбүнэн өйүүр киһи сир шарын да эргийэ баралларыттан толлон туруо суох этилэр. Онон биһиги үйэбитигэр соһуталыыр дьоннор өссө да баар буолуохтара.
2000 сыл сайын үрүсээк эрэ оҕото таһаҕастаах Климент Ефремов-Кыымчаан Кучу Магадаҥҥа сүүрэн тиийбитэ. Эһиилигэр Магадантан Чукоткаҕа сүүрэн тиийэр санаалаах, онтон Аляскаҕа туоруур былааннаах олох дьиикэй сирдэринэн сүүрэ баран баран сүтэн хаалбыта. Ханна, туохха сүппүтэ чуолкай биллибэт.
Бу неординарнай киһини күлүү гыналлара. Кэргэниттэн арахсан баран, Саахымат-дуобат сыантырыгар дьыбааҥҥа хоноро. Онтон доҕотторо үлтү туруорсан быраҕыллыбыт кэриэтэ дьиэҕэ олохтообуттара. Дьиэтин түннүгүн биичтэр тоҕута сынньар, буочукалаах уута тоҥон хаалар эбит этэ.
онтон бу сырыылар тустарынан билэр дьон - А.Гаврильева Ссылка на блог
30.10.2014 (16:06) (188.244.185.82)
суруйуох этилэрэ буолла5а... Кыымчаан туЬунан истибит эбиппин... Онтон сюппютюн ким да5аны сураспата5а - ирдэспэтэ5э дуо? КиЬи таах сютэн хаалара наЬаа ынырык дии...
Кыымчаан Кучуну уола баран кердуу сатаабыта да5аны ата5ын танаьыттан атыны булбата5а - быьыылаах этэ
30.10.2014 (21:21) (217.118.64.59)
Наумов Бүөтүр Чурапчы кытаанах киһитэ, - ХарысхаанХ pager
30.10.2014 (15:22) (46.48.143.251)
киһи киэнэ кииллээҕэ буолан, былыргы күүстээхтэрбит сыдьааннарын санатар. Онтон проект эбитэ буоллар, взноьун кыайар киһи барыта кыттыан сөп. Бүөтүр үчүгэйдик көрөрө буоллар, хас да көрүҥҥэ маастар буолар кыахтаах! Киниэхэ билигин көрөрүн чөлүгэр түһэрэр лазернай операцияны аныыллара буоллар көмөлөһүө этэ дуу?
Ити аара, Аан Дойду да диэни арааран өйдөөбөт, өссө "өйдөн эрэ" диэн тылынан быраҕаттаммыкка, мөлтөх харахтаахтар курдук өҥөйөрүҥ өлбөөдүйдэҕинэ:-"Аан Дойду сырдыгын, куйаарын, халлаанын, бачымах сулустарын, Күн сырдыгын, кустугу-былыты, чугас киһиҥ мичээрин, кыламанын, хараҕын чуолкайдык көрөртөн ордук күндү суох эбит - бу Аан Дойдуга!"- диэйэххиний... Ыраастык, ырааҕы көрөртөн ордук дьол суох. Аан Дойду диэн тугун кыратык эмэтик быһаарсар киһи буол, Көрөрүҥ Аан Дойдуну көрөрө өлбөөдүйбэтин!
, - в
30.10.2014 (17:09) (82.145.220.171)
наумов ити тус бэйэтин кыайыыта, бэйэтин тургутан кердезе дии. романтика дальних странствий. барытын харчынан, квартиранан сыаналаатахха кини тус бэйэтин кыайыытын суолтата сымсыыр дии саныыбын.
Наумов ситиһиитин биир киһи тус ситиһиитэ,бэйэтин тургутунан көрүүтэ диэн сыаналыыры - -Дайаана-
30.10.2014 (21:10) (94.245.131.132)
сөбүлэспэппин ааһан, утарабын!
Кини ситиһиитин аҥаардас спорт тыйыс көрүҥүгэр ситиһии эрэ курдук ылыныы уонна оннук көрдөрө сатааһын хорсун быһыыны намтата,суолтатын сүтэрэ сатааһын курдук көрөбүн.Ол кимиэхэ уонна то5о наадатын билбэппин,өйдөөбөппүн!
Бүөтүр Наумов ити дьарыгынан киһи дьоҥҥо эрэлэ сүтэ илигин,модун санаа ыарыытаа5ар күүстээ5ин,патриоттуу өй-санаа тыыннаа5ын туоһулуур.Ити айаннарын кэмигэр кини хара5ынан араас сир-уот,дьон-сэргэ дьиктитин көрөн аралдьыйар,үөрэр кыа5а суох,ол оннугар дьон үтүө санаатыгар,көмөтүгэр итэ5элин көрдөрөр.Ол кини дууһатын ырааһын,сырдыгын кэрэһитэ.Билигин атын омукка ха5ыс сыһыан бүрүүүкээн турар кэмигэр,куттанар санааны кыайа тутан, со5ото5ун ыарахаттары кытары туруулаһыыта кини хорсунун,киһиттэн таһыччы кыа5ын көрдөрөр.Биир дойдулаах буойуннарын сырдык ааттарын чиэстиирэ,өссө биирдэ киэҥ эйгэ5э таһаарара кини Ийэ сиригэр тапталын,сахатын дьонунан киэн туттарын туоһута.Бу маны барытын билэ-көрө сылдьан хайа суобаскытынан биир киһи ситиһиитэ диигитий?!
Геройбут суох диигит-былаастартан тугу да5аны эрэйбэккэ аҥардас үтүө дьон көмөтүгэр эрэ тирэ5ирэн саханы ааттата сылдьар бу сэмэй киһи -герой буолбатах үһү дуо?Киниттэн холобур ылар,кининнэн киэн туттар кыахпыт,ба5абыт суох дуо?
Бүөтүр Наумов саха дьонун иннигэр үтүөтүн-өҥөтүн өйдөөн көрбөт,эбэтэр - -Дайаана-
30.10.2014 (21:31) (94.245.131.132)
өйдөөбөт буола сатыыр салайааччыларбыт чахчы хорсун быһыыны көрдөрө сылдьар киһигитигэр иннигитинэн эргийэн сөптөөх сыананы биэриҥ,норуоккут иннигэр итинник дьоҥҥутун өрө тутаргытын,ытыктыыргытын көрдөрүҥ! Чулуу дьоммутунан киэн туттаргытын туоһулааҥ!Онноо5ор атын куораттар губернатордара суолта биэрбиттэр,биһирээбиттэр,ытыгылаабыттар.Оттон эһиги?!...
Дьэ сүрдээх. Атын регион тойотторо хата үөрүү бөҕө. - Тайгер
30.10.2014 (21:34) (85.26.241.203)
Ээ, биһи тойотторбут тотторо бэрт, их не прошибеш ни чем. - Моргунов
30.10.2014 (22:16) (213.129.48.150)
дайаана +100500 - -айисена.
30.10.2014 (21:48) (85.26.241.202)
ба5а еттунэн, бэйэ кыа5ынан кемелеьербут (кеме диэн барсыбат курдук...туох диэххэ сеп эбитэ буолла) бэрт буолуо эбит. ону бэйэтэ билиэ этэ, туохха туттарын. бэйэтиттэн ыйыттахха суох, кэбис диирэ биллэр. бэлэх онорорго бэлэхтиибин дуо диэн ыйытыллыбат ди.
бугун наумовы 3 поликлинникага кердум. - кав
30.10.2014 (22:24) (80.83.239.85)
керунунэн олох эдэр керуннээх, киьи 50 да сааьы биэриэ суох курдук, дьонно тугу эрэ кэпсиир,бокуой суох буолан истибэтим,
Тайгердаах Айисена бэрт идеяны көтөхпүккүт. - -Дайаана-
30.10.2014 (22:33) (94.245.131.132)
Тойотторбут кыһаммат буоллахтарына бэйэбит да5аны ылсыа5ыҥ.Бу курдук дьыала5а былаастарбыт бол5омтолорун уурбакка,суолта биэрбэккэ, бэйэлэрин ааттарын түһэн биэрэллэрин,норуот кинилэри утары туруутун күөртүүллэрин,сөбүлээбэт өйү-санааны,утарылаһыыны уһугуннаралларын хаһан өйдүүллэрэ буолла?
Эс, тойотторо суох ханна барыахпытый?! - ХарысхаанХ
31.10.2014 (01:16) (46.48.143.251)
Тойон диэн Аҕа кэриэтэ буоллаҕа! Аҕата суох туҥуй дьахталлар тугу оҥоруохтарай - таах сибиэ, часкыыр-искиир хаалар-хаалбат эрэ?! Олохтоох олоҕу оҥорооччу Эр киһи буоллаҕа, Дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүн - БЫҺААРААЧЧЫ!
Дьиэ кэргэҥҥэ сүрүн быһаарааччы - Эр Киһи! - ХарысхаанХ
31.10.2014 (01:24) (46.48.143.251)
Тойотторбут эмиэ Эр Дьон, Эр Хоһуун Буоллуннар - Саха Омук Туһугар!
атын дьону сиилээбэккэ-үөхпэккэ үтүөнү оҥорор эмиэ кыаллар суол дии - илинаартык
31.10.2014 (06:45) (91.185.252.6)
Сөп.Эр дьон, биһигини,о5ону-дьахтары эрэ буолуо дуо,Аан дайдыны барытын иилээн-са5алаан тутан - -Дайаана-
31.10.2014 (08:47) (94.245.131.132)
олороллоругар мэккиэр суох.Дьэ оччотугар, улуу тойотторбут(ити салайааччыларга эрэ туһаайбаппын,эр дьоҥҥо барыгытыгар этэбин),биһиэхэ ыраа5ы-киэҥи ырыҥалаан көрөр кыа5а суохтарга быһааран биэриҥ эрэ:то5о кыамматы көрөр-истэр ыйааххытын толоруоххутун ба5арбаккытый,то5о доруобуйата айгыраатар да5аны дьонун-сэргэтин,норуотун туһугар ыарахаттары тулуйан сахатын аатын аар-саарга ааттатар киһигит туһугар үөһээ өһүөлээхтэргититтэн туруорсар оннугар манна киирэн хай5аныахтаа5ы түһэрэ,айхалланыахтаа5ы самнара олороллоруй,сорох-сорох эрэттэргит.Дьэ,кытаатыҥ эрэ,эр киһи киилэ бу сиргэ баарын туоһулуу сылдьар Бүөтүргүтүн дьиэлээҥ-уоттааҥ,сынньанар,тыын ылар усулуобуйатын тэрийиҥ.Этиллибит тылгытыгар эппиэттэһэр кыах баар дуооо,улуу, кыахтаах,доруобай,кыанар эр дьоммуооот?????
освободи свои мысли от гнева - илинаартык
31.10.2014 (08:58) (91.185.252.6)
Эн этииц барыта сеп, ол эрээри, - А.Гаврильева Ссылка на блог
31.10.2014 (09:07) (188.244.185.82)
манна юксэ ЭР ДЬОН БУЕТЮРЮ тюЬэрэ сатыыр курдук керебюн. Биир да5аны ЭР КИЬИ ааттаа5а: "Буетюр ЭР КИЬИ кыайбатын кыайда!"- диэн билиммитин аа5а иликпин. Тойотторго сигии сатыыры эмиэ ейдеебеппюн. Кинилэр бэйэлэрин сыЬыаннарын эттилэр дии. Ессе ханна эрэ сююрэ барарын ирдиир курдуктар. Бастакы да5аны барыыта сюрдээх улахан айан этэ. Бэл кыахтаах уонна бэлэм усулуобуйа5а дьарыктана сылдьар спортсменнар ерюю юрдюк ситиЬиини кердербеттер эбээт. Ере тахсан баран тацнары тюЬюю кимцэ ба5ар баара айыл5а сокуона буолар. Буетюр айыл5а эйгэтин эцсэн киЬи муцутуур кыа5ын кердерде. Муцутуур кыах муцур буолан хаалыан эмиэ сеп эбээт. Онон киЬи кыа5ын эстиэр дылы энчирэппэккэ, мин санаабар, норуот бу киЬи уйгутун бэйэтэ тутара оруннаах уонна сиэрдээх хардыы буолуох этэ.
Дьицэр сюрдээх судургутук кыаллар дьыала эбээт. Ким да5аны ЭЬИГИТТЭН ууруугутун барытын ууран биэриц диэбэт эбээт. ЮлэЬит дьонтон 50 солк са5алаан, о5олортон 5-10 солкуобайынан быЬан хомуйдахха хомуллар юб буолара буолуо... Ким эрэ 100, ким эрэ 500, ким эрэ 1000 солк.биэриэ буолла5а дии. Кыахтаах со5устар ессе элбэ5и биэриэхтэрин сеп буолла5а дии. Юбю угарга счет аЬылынна да5аны теЬе киирэрэ кесте туруо буолла5а дии. Банк курдат ааЬар юб теЬе буолара чуолкай буолла5а дии. АЬыллыбыт юбю хамыыЬыйа курдук тэрийэн хонтуруоллуур оруннаах буолуон сеп. Дьон - норуот арааЬы толкуйдаабатын туЬугар.То5о диэтэххэ кэнсиэр игин тэрийэн баран зал арендатын уонна хамнас аахсан ылбыт тюгэннэр баар чахчыларын бары билэбит.
ээ мин идеям буолуо дуо. ити уеьэ гаврильева суруйбутун сэнээрбитим. - -айисена.
31.10.2014 (08:53) (80.73.72.34)
инник тэрээьин куукунатын билбэт буолан тыл-ес эрэ буолар кыахтаахпын :Р
ханна эрэ, кими эрэ кытта инин кэпсэтиэххэ субэлэьиэххэ наада буолуо ди.
харысхаан эр киьи буоллаххына дьэ ылсыс эрэ, эр хоьуун буол, холобурда кердер, са5алаа.
биьиги, "часкыыр-искиир хаалар-хаалбат" дьахталлар илии-атах буолуохпут.
Биир тюгэни санаан кэллим. - А.Гаврильева Ссылка на блог
31.10.2014 (09:17) (188.244.185.82)
Интернет курдат харчытынан быстарбыт Ийэ5э борогуон хомуйбуппут дии. Ону биир кыысчаан бэккэ тэрийбитэ. Харчыны:"Борогуон сыаната бачча!" - диэн баран ол суумманы эрэ хомуйбута. Ирдэнэр юб киирээтин кытта харчыны хомуйууну тута тохтоппута - билиэт ыла ыстаммыта. Хас биирдии киЬи аатын барытын списоктаан Интернет курдат отчуоттаабыта. Билигин да5аны хайдах дьиэни ылары уонна дьиэ сыанатын чопчулуохха сеп буолла5а дии... Застройщик, ба5ар, кыратык бырыЬыанын намтатыа дии... Кинилэр да5аны дьоннор буоллахтара дии. Саха тутааччылаах хампаанньаны булуохха баара...
Оскуоланы кытыннарарга Хотун Габышеваны кытта кэпсэтиэххэ сеп. О5олор тереппюттэрин харчытын а5алан биэрбэттэрин туЬугар оскуола5а ярмарка, телебюрдээх кэнсиэр тэрийтэриэххэ сеп. Ол хас оскуола аайы кыаллар дьыала. Итиннэ юёрэх салаата нууЬатын эрэ ууруон наада дии саныбын. О5ону иитиигэ оруола
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ |
Views: 1826 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 79
Ыалдьыттар (гостей): 79
Кыттааччылар (пользователей): 0