News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Сэтинньи » 13 » Эмиэ үүт харчыта
Эмиэ үүт харчыта | 17:22 |
Эмиэ үүт харчыта
Туймаада хаһыат ааспыт нүөмэригэр тахсыбыт “Айдааннаах үүт харчыта”,--диэн матырыйаалбын дьон сэҥээрбит. Улуустартан, куораттан элбэх дьон СР АПК ИМК-тан телефонунан эрийэн ыйыталлар. Онон бүгүн кылгастык санаабын этэргэ соруннум.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ынах сүөһүнү иитиигэ сүрүн тирэҕинэн үүт харчытын таба быһаарыы эрэ сайдыыга тиэрдиэхтээҕин туһунан быйыл күһүн ыытыллыбыт быыбар кэмигэр Аҕа баһылыкка кандидат Э.Б.Березкин өйдөтө, кэпсии сатаата. Кини ити ааҕыыларын олоҕу олорбут, үлэни үлэлээбит дьон норуот духовнаһын сайдыытын экономическай төрүөтүнэн мээнэ сыаналаабатылар. Биллиилээх улахан экономист ааҕыылара уонна суоттааһыннара оруннааҕын манныктарынан бигэргэтэбин. Биһиги тыабыт хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл устата үүт харчытын үрдэтэри туруорсан кэллилэр эрээри кэлин 12 сылга үрдүкү салалтаттан ханнык да өйөбүлү ыла иликтэр. Ол түмүгэр тыа сиригэр сүөһү-ас бүтэһиктээхтик эһиннэ,--диирбит кэллэ. Сотору ынах сүөһүнү зоопаркаҕа эрэ көрөрбүт буолуо. Иэдээн! Үөрэхтээхтэрбит ынах сүөһү эһиннэ да саха норуот быһыытынан эстэр, тылбыт суох буолуо,-- дииллэр. Ити мээнэҕэ буолбатах.
Дьон ырыынак ыар тыына ыгарыттан ыксаан сүөһүлэрин эһэн, дьиэлэрин-уоттарын атыылыы-атыылыы куоракка талаһан баран куоракка да, тыаҕа да үлэ булбакка сииккэ сиэлиилэрэ, хаарга хаамыылара хойунна. Куоракка да, тыаҕа да олорор дьиэтэ суох кыра оҕолордоох туран хаалыы туһааннаахтарга айыкката бэрт буолбатах дуо? Норуоппутун быыһыыр туһугар үлэлэһэр депутааттар баар буоллахтарына үүт харчытын үрдэтиигэ үлэни ыыттахтарына сатанар күннэрэ чаастара субу ыган кэллэ.
Өссө биирдэ хатылыыбын билигин дуоллар куурса биэс уон солкуобайга чугаһаата сотору харчыбыт суолтата олох да түһэр туруктанна. Туох баар аспыт, табаарбыт олоччу кытай киэнэ. Ону кытары сыккырыыр тыына эрэ олорор тыа сирэ эстэр турукка киирдэ. Тыа сирэ эһиннэ аҕыйах сылынан саха норуота эстэр. Бу иэдээни. Атын республикалар бэйэлэрин норуоттарын туһугар араас солуута суоҕу, сатанары сатамматы олоччу туруорсаллар. Биһиги оҕолорбут ханна эрэ баран ыллаан, үҥкүүлээн кэллэхтэринэ онон тотон олоробут. Норуотунан талыллыбыт депутаттар баар буоллахтарына норуоттарын туһатыгар үлэлиир, толкуйдуур кэмнэрэ кэллэ. Кэлии омуктар дьоллорун-соргуларын туһугар буолбакка, бэйэбит төрүт олохтоох омуктарбыт инники дьылҕатын туһугар үлэлиир правительстволаахпыт, Ил Түмэннээхпит. Кинилэр бэйэлэрин эбээһинэстэрин толорон норуоттара сайдарын туһугар хаһааҥҥыттан хорутуулаахтык үлэлииллэр?
Балтараа сүүс миллиард сууммалаах кэлэр сыл бюджетын барыла СР правительствотынан оҥоһуллан Ил Түмэҥҥэ бигэргэнэ киирбитэ. Интернетинэн ону көрдөххө төрүт олохтоох омуктар норуоттарын баар оҥоруохтаах сүрүн министерство, тыа хаһаайыстыбатын уонна аска үөлгэ политикатын министерствота саамай кыра бюджеттаах. Бу күннэргэ, бу боппуруос тула улахан кэпсэтиилэр Ил Түмэн мунньахтарыгар ыытылла
тураллар.
Интернети көрөн сылыктаатахха депутааттар тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бэрээдэктээһиҥҥэ тыллара-өстөрө өһүллүөх курдук буолан эрэр.
Бастакынан боппуруос турар тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын министерствотын оператор тэрилтэлэрэ тоҕо дириҥ иэскэ киирдилэр?
Эппиэтэ судургу ханнык баҕарар бизнес килийиэнэ суох буоллаҕына эстэр. Оттон ити оператор тэрилтэлэр килийиэннэрэ ынах сүөһүлээх тыа ыала, бааһынайдар. Тыа хаһаайыстыбатын табаарын онорооччулар. Кинилэр эһиннилэр аччаатылар да ити тэрилтэлэр дириҥ банковкай иэскэ батыллан эстэллэригэр тиийэллэр. Оннук буолан да турар.
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ правительство уонна Ил Түмэн депутаттара судаарыстыба көмөтүнэн табаар оҥорооччуну байытар усулуобуйа тэрийиэхтээхтэр. Оччоҕо эрэ оператор тэрилтэлэр бэйэлэрэ тус ырыыныктанан байан-тайан барыахтаахтар. Ону биһиги дьоммут төттөрү оператордары байытар табаар оҥорооччуну күөмчүлүүр хайысханы тутуһан тыа сирин табаар оҥорооччуларын олоччу собус соруйан, өсөһөн туран эстилэр. Бүтэһиктээх миэрэнэн сүөһү ас аччаатаҕын аайы правительствобыт уонна Ил Түмэммит арай министрдэрин уларытар. Ол балаһыанньаттан тахсыы буолбатах.
Балаһыанньа үбү тыырыыга хайысханы уларытыы буолуохтаах. Бу сүүрбэттэн тахса сыл устата бу туһунан олус да элбэхтик этилиннэ, сурулунна. Ол эрээри ырыынак ыар тыына ыгарыттан ыктаран нэһиилэ сыккыраан олорор тыа ыаллара бүтэһик эрэллэринэн үрдүкү өркөн өйдөөхтөрбүт,-- диэн ыал ыалынан, эр ойоҕунаан, убай быраатынаан иирсэн, өстөһөн туран талбыт улууканнаах дьоммут сылаас олбохтоох сири булаат да, тыа сирин сайыннар ити сүрүн боппуруоска тарбанан да көрбөттөр. Түмүгэ көстөрүн курдук ити норуоппут эстэн, сүтэн сир ийэ үрдүттэн симэлийэр күннэрбит чугаһаан иһэр. Ол да иһин биир эмэ тойон тугу эмэ өйдөөрөй,--диэн бу сурук эмиэ хаттаан хаһыс эмэ сылын сурулла турдаҕа.
Ханнык баҕарар бизнес сайдарыгар аналлаах бизнес сайдар оптимальнай точката диэн баар. Ол точка себостоимостан кырата сүүрбэ бырыһыан үрдүк буолуохтаах. Ону бюджет харчытынан көмө оҥорон ити точканы буллахпытына эрэ тыа хаһаайыстыбата сайдыаҕа. Ону билиҥҥи ырыынак кэмин киһитэ ким барыта өйдүүр суола. Ол эрээри тоҕо эрэ министерствобыт киилэ үүт биһиги усулуобуйабытыгар төһө себостоимостаах буолуутугар аналлаах институттарынан чуолкай ааҕыылары бу баар,--диэн ырыынакка киирбиппит устата оҥотторо илик. Бу кэнниттэн СР правительствота тыа хаһаайыстыбатын сайдыытынан дьарыктанар диибит дуо?
Саха Республикатын аҕа баһылыгар кандидат Э.Б.Березкин уонна бааһынай Р.С.Барашков улахан талааннаах энтизуаст экономистар уонна тыа сириттэн төрүттээх үлэҕэ хамнаска эриллибит дьон быһыытынан ааҕан суоттаан көрүүлэрэ билигин дьон сэргэ улахан биһирэбилигэр, болҕомто киинигэр сылдьар.
Чурапчы бааһынайа Роман Степанович Барашков 2014 сылга биир ынахтан 2500 киилэни ыан 2000 киилэни туттарар буоллахха киилэ үүккэ аҥаардас себостоимоһа 71 солкуобай буолар. 500 киилэ үүт бэйэ дьиэ кэргэн уонна ньирэй иһэригэр ороскуоттанар. Итиннэ сөптөөх субсидия көрүлүннэҕинэ эрэ себостоимост тэҥҥэ тахсар,--диэбитэ. Ол аата сүөһү
иитиитин сайыннарыахха,--диир буоллахпытына киилэ үүккэ сүбсидия кырата 70 солкуобай буолуон наада. Манна соҕутуопкаһыт атыылаһар сыаната эбиллиэхтээх. Кини ааҕыылара элбэхтик бэрэбиэркэлэннэ уонна сүрдээх чуолкайдар,--диэн бааһынайдар, тыа ыаллара биһирииллэр. Аны бу көрдөрүүлэр сыл аайы инфляцияннан үрдүү туруохтарын наада. Харчы суох,--диэн куотуналлар. Дьиҥэр биһиэхэ сөп буолар харчы бюджекка бу сүөһү ас аччаан турар кэмигэр баар, баар бөҕөтө. Наадыйан, сирийэн үҥкүүнү, ырыаны аччатан сыал-сорук оҥостон тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуга сорунан туран көмөлөһөн биэриэххэ эрэ наада.
Иккис курдук үбү инвест бюджеттан үүккэ ылыахха,-- диэн этиилэр иһилинниллэр. Инвест бюджет харчытын сүрүн средстволары оҥорууга хотоннору тутууга, техника ылыытыгар туһаныахха. Улахан хотоннору тутууну, кэлии ынаҕынан үлүһүйүүнү тохтотуохха чааһынай ыалларынан, бааһынайдарынан Туймаада лизинг бырайыактарынан кыра кээмэйдээх хотоннору тутуу ордук барыстаах уонна кэскиллээх буолуо.
Үсүһүнэн үөһээттэн соҥноон СХПК-лары тэрийэ сатааһын күннээҕи олоххо дьон итэҕэлин кыайан ылбата. Үлэһит дьон алларааттан общественнай тэрилтэлэргэ ассоциацияларга, сойуустарга түмсүүлэрин күүскэ көҕүлүөххэ. Алларааттан дьиҥнээхтик үлэлиир киһини, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуну Э.Б.Березкин этэринии быһаччы өйүүр кэм кэллэ.
Дьэ эрэ, депуттар саҥа састааптара эһиги болҕомтоҕутугар дьоҥҥут, норуоккут кыһалҕаларын быһаарар үлэҕитигэр наада буолаарай,-- диэн бэйэм бүччүм өлүүкэ санааларбыттан быктардым. Бюджеппытын тыырыыга быһаарыныылаах түмүктэри оҥорорго кыратык эмэ көмөлөстөр ханнык. Норуот депутааттартан элбэҕи эрэйэр.
Арамаан Дьөгүөрэп
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1282 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 97 Ыалдьыттар (гостей): 97 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|