Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Сэтинньи » 18 » Таптал имэҥэ сиргэ баар бары анала
Таптал имэҥэ сиргэ баар бары анала
21:46

Таптал имэҥэ сиргэ баар бары анала

18 Ноябрь, 2014 в 2:20
4-1.Сайылык Уола.Таптал имэнэТаптал имэҥнээх иэйиитэ икки атахтаах эрэ анала буолбатаҕын, илэ бэйэбинэн итэҕэйэн турардаахпын…
Сылгы базата оностон, үөр сылгыбытын илдьэн кыстаттыбыт. Онно сайылаттыбыт.
Күһүн буолла. Хойутаабыт кус-хаас ааспыта, бүтэһик хара тураах хааҕырҕаан барбыта ыраатта. Көмнөх түһэн, кыстык хаар түспүтэ да, чараас. Өрүстэр тураары сырылас тымныынан, дьыбардааҕынан тыыналлар. Түүн хаар чараас буолан, күөллэр муустара дэлбэритэ бараллар, этиҥ этэринии
эстээт куугунуу сүтэллэр. Эт тоҥор буолла.
Сылгыларбытын сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан мустубут. Туллай диэн бастыҥ атыырбытыгар мап-маҥан бэйэлээх эдэркээн кытыт биэ сыстыбыт.Үүрэн көрдүбүт да төттөрү
кэлэ турар. Имин билэр буолан илдьит ыыттыбыт. Аҕыйах хонон баран сылгыһыт уолаттар кэлэн ылан бардылар.
Убаһалары араартаан баран, уонча хонук истэрин тартаран, сылгыларбытын аһатар идэлээхпит. Онно көрбүппүт — били биэбит эмиэ холбоспут. Эмиэ илдьит ыыттыбыт. Кэлэн ыллылар.
Кыстык хаар халыҥаан, бытарыттар тымныылар түстүлэр. Туманынан бургучуйан, кыыдааннаах кыһыммыт тиийэн кэлээхтээтэ буоллаҕа. Сылгыларбытын кыстык аһылыктарыгар киллэртээри мустубут.
Били биэбит эмиэ баар. Эмиэ илдьиттэһии, эмиэ кэлэн илдьэ бардылар. Хоно сытан уолаттар саҥалара хойдубут, нуучча-саха тута өйдөһөр тыллара кыбыллыбыттар. Сылгы үөрүн хомуйуохтаахпытын бу биир биэ туһуттан күммүт-дьылбыт бары барда дэһэллэр. Нэһилиэктэрин анараа түгэҕэр баар сылгы базатыгар илдьэн, аатырбыт атыырдарыгар туттарыах буоллулар.
Хонон турдах аайы бэйэбит атыырбыт киҥэ-наара холлон барда. Күрүөнү да тулутуо суох, атын да үөрдэри кытта атааннаһара элбээтэ, бэйэтин да биэлэрин тутаттаан сиэтэлиэх курдук буолан барда. Хайа, бу бастыҥ атыырбыт киһи курдук өйдөөх бэйэтэ туох буолла диэн толкуй бөҕөҕө түстүбүт…
Убаһа эрдэҕиттэн бэйэм тутан-хабан улаатыннарбыт буолан, майгытын-сигилитин бэркэ билэр этим. Күһүҥҥү хомуурга да, кыһыҥҥы аһылыкка киллэрэргэ да көстөр сиргэ тиийэн баран, аатын ааттаан ыҥыра-ыҥыра дьиэҕитигэр барыҥ диэн үөгүлээтэххэ, үөрүн хомуйан дьиэтин диэки субурута турааччы. Арыт урут, арыт кэннилэриттэн барар, ким туораары гыммыты суолун көннөрөн
дьарыйан биэрээччи. Таах батыһаҕын эрэ.
Дьэ, ол бэйэтэ киэбэ-таһаата уларыйбыт. Бөһүөлэктэн базаҕа кэллэххэ, саҥам дуораанын истэрэ дуу, биттэнэн билэрэ дуу, сарсыныгар-өйүүнүгэр дьиэ турар сыһыытыгар үөрүн илдьэ киирэн кэлээччи. Билигин ыҥырдахха, антах хайыһан кэбиһэр.
Бу сыл хаара наһаа халыҥа суох буолан тымныыта сүрдээх этэ. Тымныы оройо. Үөр сылгы тыына сыһыыга бургучуйан баран олорон хаалбыта, туманы өссө хойуннарар. Күн кылгаһа бэрт буолан сырдыгы былдьаһыы.
Халлаан суһуктуйуута сылгыларбын аһаталыы тиийбитим, бэрт үчүгэйдик хаһан аһыы сылдьаллар, утуйан да турааччы баар. Дьөһөгөй оҕото Туллай үөрүгэр тиийбитим, наҕылыйбыт аҕай. Чугаһаан баран өйдөөн көрбүтүм, били биэ кэлэн турар… Мунна мууһурбутун Туллай өттүгэр туура аалына сатыы турар эбит. Оттон Туллайа биэ үрдүгэр харыйа ойуур халыҥ хаар көмнөҕө дьапталла түспүтүн, тииһинэн ытыран логлорутан ыла-ыла ыраах илгэн ыскайдыы турар эбит. Туллайым дьырайбыт аҕай, аам-даам тымныыга өрүкүйэр туман быыһыгар буолбакка, күөх ньаассын солконон көҕөрө чэлгийбит сыһыытын, сибэккинэн симэммит саамай үрдүк томторугар дьэргэллэн турарын курдук быһыылаах. Дьэ, атыыр да атыыр.
Ону көрөн тапталлаахтар ахтыһан аҕай баран ыбылы куустуһан, уураһа-сыллаһа, имэрийсэ-томоруйса туралларыгар наһаа диэн майгыннаттым, долгуйа көрдүм, уйадыйан да ыллым. Бу эдэркээн кытыт биэ эрэйдээҕиэ. Тапталлаахпар тиийиэм этэ диэн, сүрэҕэ тэппитин аанньа, мутук тостор тымныытыттан толлубакка, атын атыыр күөйэриттэн мүччү көтөн, сыһыы, хонуу аайы халыҥаабыт хаары, тибии тибэн кытааппытын хаһыйа хааман, үрүйэлэр аппаларыгар кыһыны быһа кыстык хаар симиллэ хойдубутун түөһүнэн тэлэн, хара тыа халыҥ хаар көмнөҕүн көхсүгэр сүгэн, хараҥа түүн ыйдаҥанан сирдэтэн, күнэ көстүбэт ала буурҕаҕа да муммакка, аара тохтоон ылбакка хаардары хаба-хаба хааман-сиэлэн кэлээхтээтэҕэ.
Бэри диэн бэркиһээтим, сөрү диэн сөхтүм. Дьэ, буолар да эбит, тапталынан умайбыт сүрэх уоҕа-күүһэ, имэҥ идэмэрдээх иэйиитэ, ахтылҕан алдьатыылаах аймааһына, сайыһар санаа самныбат саргыта сүрдээх да буолар эбит! Хас эмэ көһүнэн сири түргэнник да кэлээхтээбит, көбүс көнө түһээхтээтэҕэ…
Аан Ийэ Дойдуну баһылаан олорор иэгэйэр икки атахтаах идэмэрдээх санааны буолбакка, ити курдук уохтаах тапталы өрө тутара буоллар, дьоллоох-соргулаах олох олоҕуруо, сүтэрсибит сүрэх суох буолуо, кэнчээри ыччат кэскиллэниэ этэ…
Сылгыбын аһатаат, киэһэрдим диэбэккэ дэриэбинэҕэ ыстаннардым. Сылгыһыт уолаттарга, түүн да буоллар звоннуу оҕустум. Биэҕит манна кэлбит диэн. Үөргэ аһыы турар, сылгылыы сатаамаҥ, аны саас ылаарыҥ, сэниэ эбинэ түстүн, от-бурдук баар диэн көрдөһөөччү буоллум. Уолаттар үөрүүнэн сөбүлэстилэр. Уонна биригэдьиирдэригэр илдьит ыыттым: биэни илдьибиккит иһин төннө турууһу, миэхэ ити атыырым оҕото кытыттаахпын, ону атастаһан сааһыары кэлэн ылаарын диэн.
Хата, саастаах, уопуттаах биригэдьиир сөбүлэһэн, уолаттар сааһыары атастаспыт кытыылыыр биэлэрин сэтиилэнэн барбыттара. Кэлбит киэһэлэригэр атыырдаах биэбит туһунан сөҕө-махтайа, сылаанньыйа сэһэргэһэ, сүбэлэһэ-амалаһа хоммуппут…
Мап-маҥан биэ баһаах биэ буолбута. Сылгыларым төрдүлэрэ буолбут кырдьаҕас атыырым Туллай, тапталлаах биэтинээн билигин даҕаны үөрдэрин тутан ууһуу-тэнийэ сылдьаллар…
Сайылык УОЛА
 
Category: литература | Views: 2052 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 37
Ыалдьыттар (гостей): 37
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024