Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ахсынньы » 24 » уут харчыта урдуурун туьугар куоластар
уут харчыта урдуурун туьугар куоластар
12:06

Саха түөлбэлээн олорор улуустара ынах-сүөһү төбөтүгэр көрүллэр харчыттан көрө маттылар

Среда, 24 Декабря 2014 10:37
Улахан айдааны тарпыт үүт харчытын туһунан сокуону судургутук быһаардахха, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна правительство тыл көтөҕөн, Саха сирэ үс зонаҕа араарыллыбыт: хотугу улуустар, промышленнай улуустар уонна киин, Бүлүү умнаһын улуустара. Урут туох баар хаһаайыстыбаларга ынах-сүөһү төбөтүгэр сылга 10-нуу тыһыынча солкуобай көрүллэрэ. 2015 сылтан ол харчы хоту уонна промышленнай улуустарга олорор  дьоҥҥо эрэ бэриллиэҕэ. Оттон саха уутуйан олорор, сүөһүнү иитиини сүрүн дьарык оҥостубут улуустар ити харчыттан көрө маттылар.
Хоту сүөһү иитии, биллэн турар, уустуктардаах, ол эрээри сүөһү ахсаана ити сирдэргэ аҕыйах, олохтоох нэһилиэнньэ табаны иитэр, балыктаан, бултаан эбии дохуот киллэринэр. Саха улуустарыгар соҕотох айах ииттинэр суол – ынах-сүөһү, аҕыйах сылгы баара күһүн идэһэҕэ эрэ туттуллар. Сүрүн дохуот аахсара – үүт туттарыы, ону даҕаны нуормалаах, онтон аһардыҥ да үүккүн туппаттар.

Промышленнай улуустарга төбө харчыта эмиэ хаалла. Манан диэн эттэххэ, промышленнай оруйуоннарга сүөһү ахсаана эмиэ аҕыйах, харчы көрүллэн да элбиирэ саарбах. Аны бу сиргэ бородууксуйаны батарыы ырыынага, саха улуустарыгар холоотоххо, быдан киэҥ уонна барыстаах. Киин улуустар батарар ырыынактара – Дьокуускай куорат, Бүлүү улуустара бэйэлэрин истэригэр хааһыланаллар. Олус кыра бырыһыана    Мииринэйи, Ленскэйи  булуон сөп.

Аны үүтү туттарыы сыанатыгар кэллэххэ, 10 солкуобайынан үрдээбит курдук – 1 лиитэрэни 30 солкуобайгы ДИЭРИ тутуохтара. Үүт сыаната төһөтүн муниципальнай – олохтоох дьаһалталар 30 солкуобай иһигэр бэйэлэрэ быһаараллар. Саамай үүт ыанар үгэнин саҕана: бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри 6-10 солкуобайынан быһылынна. Маны соҕутуопкалыыр, астыыр-үөллүүр тэрилтэ бэйэтин дохуотуттан төлөһөр. Онон үүт туттарааччы  1 лиитэрэбин 30 солкуобайга булгуччу туттарыам диирэ сир саарбах. Дьаһалта бэйэтэ 30 солкуобай иһинэн сыананы олохтуур.  

***   

Интернет социальнай ситимигэр саха улуустарыгар маннык алдьатыылаах сокуону ханнык депутат олоххо киллэрэргэ куоластаабыт боротокуола “атах тэбэ” сылдьар. Билигин депутаттар ортолоругар “кистэлэн боротокуолу” Ил Түмэн аппараата уонна парламент регламентнай, мандатнай  хамыыһыйата  хайдах “уоран” вацапка бырахпытын туһунан быһаарсар ылахтаһыы бара турар диэн иһитиннэрэллэр. Биир өттүнэн, сөп буоллаҕа, ханнык депутат хайдах куоластаабытын норуот тоҕо билиэ суохтааҕый? Билиэхтээх. Иккис быһаарсыы – “ЕР фракцията бу сокуону куолаан утарабыт диэн быһааран бараннар, сорохтор партияларын “тылын истибэккэ” утарбыт дьону эмиэ кыраҕы хонтуруолугар ылла диэн этэллэр. Бэйэ истэригэр мучумааннанар депутаттар, саха улуустарын дьэ иэдэттилэр диэххэ наада.

***

Тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһун көрөр-истэр Ил Түмэн кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий САВВИН “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы уонна 2012-2020 сс. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын,  сырьетун уонна аһын-үөлүн ырыынактарын сүрүннээһин” программаҕа барыта 7 млрд 583 мөл. солкуобай  (ону таһынан 200 мөл. солк. Россия хааһынатыттан кэлиэхтээх) диэн бэчээккэ эппит. Кини “Саха сирэ” интервьютугар “төбө харчытын хотуларга эрэ хаалларыахха” диэн туруорсубутун өҥ туттан кэпсэнэрэ ааҕарга сүөргү. Барытын быһа-сото сатыыр депутаттардаах олорон тыа сирэ хантан сайдыаҕай.  Бэл, боротокуолтан көрдөххө, үүт харчытын 50 солкуобайга диэри үрдэтиэҕиҥ диэн этиини Олег ТАРАСОВ “Якутэнерго” генеральнай дириэктэрэ, тыа сириттэн ыраах киһи кытары өйөөбүт. Оттон таатталар-томполор икки депутаттара иккиэн утарбыттар, сунтаардартан биир эрэ депуттаттара өйөөбүт, ньурбалар “ньыгыллара” иэмин-дьаамын биэрбэтэх, хаҥаластар депутаттара үүт харчытын үрдэтэри атахтарынан кытары утарбыттар, бииргэһэ тугун-ханныгын быһаарбатах... Чэ, ситигирдик депутаттардаахпыт.
Аартык.ру   

Источник: aartyk.ru
    уут харчыта урдуурун туьугар куоластар
    Автор: ватсапка маннык кэллэ (217.118.64.57) 22.12.2014 (08:53)   928  
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3503330&f=149
    уут сыаната
    Айдааннаах үүт субсидиятын харчытын      дьылҕата     2014 сыл ахсынньы ый 15 күнүгэр Ил     Түмэн бу кэлэр 2015 сыллаах
    республикабыт үбүн тыырыыта     ырытылынна. Биһиги 16 депутат     буоламмыт үүт субсидиятын харчытын 1     лиитэрэтин 50 солкуобайга үрдэтэргэ     этии киллэрэммит туруорустубут. Ол     гынан баран үгүс депутат «утары»     куоластаан бу тыа сирин дьылҕатын     быһаарыахтаах сүрүн туруорсуубут     ааспата.
    Дьон туһугар кыһаллан үүт харчытын     үрдүүрүгэр куоластаабыт дьоннор:
    АММОСОВ Петр Револьдович- Якутское
    республиканское региональное
    отделение политической партии
    "Коммунистическая партия Российской
    Федерации" (Борогонская региональная
    группа)
    АНДРЕЕВ Иван Иванович- Национальный
    Северный одномандатный
    избирательный округ № 33
    АТЛАСОВА Алена Николаевна- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (общереспубликанская часть)
    БЕЙСЕМБАЕВА Гульсум Агзамовна-
    Мирнинский одномандатный
    избирательный округ № 21
    ВАСИЛЬЕВ ИннокентийДавыдович-
    Якутское республиканское региональное
    отделение политической партии
    "Коммунистическая партия Российской
    Федерации" (Нюрбинская региональная
    группа)
    ВИНОКУРОВА Алина Романовна- Якутское
    республиканское региональное
    отделение политической партии
    "Коммунистическая партия Российской
    Федерации" (Намская региональная
    группа
    ГАБЫШЕВ Михаил Семенович-
    Региональное отделение политической
    партии "Справедливая Россия" в
    Республике Саха (Якутия) (Борогонская
    региональная группа)
    ГОЛОМАРЕВА Елена Христофоровна-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Национальная
    Северная региональная группа)
    ГУБАРЕВ Виктор Николаевич- Якутское
    региональное отделение политической
    партии «Коммунистическая партия
    Российской
    Федерации» (общереспубликанская
    часть)
    ЕГОРОВА Жанна Эдуардовна-
    Региональное отделение политической
    партии "Справедливая Россия" в
    Республике Саха (Якутия) (Сунтарская
    региональная группа)
    ЕНТОРОВА Ирина Викторовна- Якутское
    республиканское региональное
    отделение политической партии
    "Коммунистическая партия Российской
    Федерации" (Амгино-Майская
    региональная группа)
    МЕСТНИКОВ Василий Александрович-
    Колымо-Индигирский одномандатный
    избирательный округ № 34
    РУМЯНЦЕВ Николай Иннокентьевич-
    Намский одномандатный избирательный
    округ № 27
    СЕМЕНОВ Дмитрий Александрович-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Заложная региональная
    группа)
    ТАРАСОВ Олег Владимирович-
    Мухтуйский одномандатный
    избирательный округ №23
    ТИМОФЕЕВ Василий Васильевич-
    Региональное отделение политической
    партии "Справедливая Россия" в
    Республике Саха (Якутия) (Вилюйская
    региональная группа)
    ФИЛИППОВА Марфа Семеновна-
    Региональное отделение политической
    партии "Справедливая Россия" в
    Республике Саха (Якутия)
    (Верхневилюйско-Горная региональная
    группа)
    ЧЛЕНОВ Владимир Михайлович-
    Арктический одномандатный
    избирательный округ №35
    ШАМАЕВ Иван Иванович-
    Верхневилюйской-Горный
    одномандатный избирательный округ
    №26
    ЮМШАНОВ Петр Петрович- Региональное
    отделение политической партии
    "Справедливая Россия" в Республике
    Саха (Якутия) (Намская региональная
    группа)
    Билэ билэ собус соруйан үүт харчытын
    үрдүүрүн «утары» куоластаабыт
    депутаттар:
    АКИМОВ Андрей Афанасьевич-
    Даркылахский одномандатный
    избирательный округ № 7
    АЛЕКСЕЕВ Гаврил Николаевич-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    «Единая Россия» (Верхневилюйско-
    Горная региональная группа)
    АНДРОСОВ Иван Михайлович-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    «Единая Россия» (Таттинско-Томпонская
    региональная группа)
    АРТАМОНОВ Александр Васильевич-
    Удачнинский одномандатный
    избирательный округ № 19
    АТАМАНЧЕНКО Владимир
    Александрович- Гагаринский
    одномандатный избирательный округ
    №8
    БАЛАБКИНА Ольга Валерьевна-
    Томмотский одномандатный
    избирательный округ № 15
    БАИШЕВ Юрий Петрович- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Мегино-Кангаласская
    региональная группа)
    ВЛАДИМИРОВ Леонид Николаевич-
    Заложный одномандатный
    избирательный округ № 1
    ГРИГОРЬЕВ Иннокентий Юрьевич-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Вилюйская
    региональная группа)
    ДУДНИКОВ Александр Александрович-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Томмотская
    региональная группа)
    ДУДНИКОВ Александр Николаевич-
    Алданский одномандатный
    избирательный округ № 14
    ЕРЕМЕЕВ Алексей Ильич- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Намская региональная группа)
    ЖИРКОВ Александр Николаевич-
    Борогонский одномандатный
    избирательный округ № 29
    ЗЕМСКОВ Виктор Васильевич- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Удачнинская региональная
    группа)
    ИВАНОВ Семен Семенович- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Борогонская региональная
    группа)
    КОРЯКИН Александр Иванович-
    Амгинско-Майский одномандатный
    избирательный округ № 31
    КОШУКОВ Александр Андреевич-
    Нерюнгринский одномандатный
    избирательный округ № 18
    ЛАРИОНОВ Сергей Александрович-
    Пригородный одномандатный
    избирательный округ № 9
    МАМЕДОВ Алиш Забид оглы-
    Хангаласский одномандатный
    избирательный округ №25
    МИХАЙЛОВ Юрий Петрович- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Кобяйско-Верхоянская
    избирательная группа)
    МИХАЙЛОВА Евгения Исаевна-
    Университетский одномандатный
    избирательный округ №3
    НИКОЛАЕВ Юрий Михайлович-
    Айхальский одномандатный
    избирательный округ №20
    НОГОВИЦЫН Александр
    Александрович-Кобяйско-Верхоянский
    одномандатный избирательный округ №
    28
    ПАВЛОВ Сергей Степанович- Южно-
    Якутский одномандатный избирательный
    округ №16
    САВВИН Дмитрий Васильевич-
    Таттинско-Томпонский одномандатный
    избирательный округ № 32
    САДОВНИКОВ Юрий Николаевич-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Колымо-Индигирская
    региональная группа)
    СТАНИЛОВСКИЙ Виктор Николаевич-
    Промышленный одномандатный
    избирательный округ №17
    УАРОВ Александр Сергеевич- Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Сунтарская региональная
    группа)
    ФЕДОРОВ Виктор Николаевич-
    Поярковский одномандатный
    избирательный округ №5
    ФИЛИППОВ Алексей Алексеевич-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Амгино-Майская
    региональная группа)
    Туттуммут депутаттар
    (ол гынан баран туттуммут да, утарбыт
    да суолталара тэҥнэр)
    БЕРЕЗИН Семен Максимович-
    Сунтарский одномандатный
    избирательный округ №13
    ГРИГОРЬЕВА Антонина Афанасьевна-
    Нюрбинский одномандатный
    избирательный округ № 11
    ДОБРЯНЦЕВ Анатолий Анатольевич-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Хангаласская
    региональная группа)
    ЕВСЕЕВ Матвей Николаевич-
    Олекминский одномандатный
    избирательный округ №12
    МАГОМЕДОВА Марианна Анатольевна-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Олекминская
    региональная группа)
    ПИНИГИН Павел Павлович -Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Чурапчинская региональная
    группа)
    ПРОКОПЬЕВ Владимир Михайлович-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Нюрбинская
    региональная группа)
    СЛЕПЦОВ Александр Ильич-Якутское
    региональное отделение Всероссийской
    политической партии "Единая
    Россия" (Арктическая региональная
    группа)
    СУСОЕВ Александр Владимирович-
    Якутское региональное отделение
    Всероссийской политической партии
    "Единая Россия" (Университетская
    региональная группа).

    Маннык депутаттар норуоту утары     бардылар!

    Информацию об организаторе мероприятия, о правилах его проведения, количестве призов или выигрышей по результатам мероприятия, сроках, месте и порядке их получения уточняйте на сайте http://web.ykt.ru/           
              

          Пахыай, биьи депутаппыт Пинигин туттуммут эбит дуу-((( - 12
        22.12.2014 (10:01) (88.82.169.164)    
        Дойдутун дьонун туьугар икки илиитин уунан куоластыыра буолуо дии санаабыппыт...
              50 солк аьара урдук буолбатах дуо, - 010
            22.12.2014 (10:49) (79.133.86.237)    
            уут туттарыыга посреднигы суох оноруохха наада Молокозаводка туттарарга уонна 35 буолуон соп. 50 аьара урдук, уут аьылык кунду ас буолар оччо5уна. Бастаан уут туттарар механизмын кыайын, онтон куоластаан.
            Или посредниктары субсидиялаан дуу в лизинг, в кредит инин курдук.
          утарбыт, туттуммут дьону биир кун суеьу кердеруеххэ баара - ылдьыыс
        22.12.2014 (11:11) (80.83.239.97)    
        Саца Дьыл каникулларыгар.
        Нэдиэлэ буоллахтарына олох бигэ санаа уескуе этэ.
        Эт уут хайдах оцоьулларын.

        Тыа5а уут харчыта дэлэй буолла5ына атын салааларга улэ миэстэтэ тахсар.
        Ылсыы бэрсии.
        Араас еце оцоруута.

        Онон улэьит дьоццо, билицци кэминэн эрэ буолуо дуо, дойдубутугар бэйэ ас оцоруутун суолтата урдээбитинэн, уп керуллуутэ олох ирдэбилэ.

        Уонна тыа сиригэр улэ миэстэтин таьаарыы тэццэ эмиэ быьаарылларынан улахан боппуруос.
              килиэп курдук 40солк буоллун - син ки4илии сыана
            23.12.2014 (03:02) (217.118.64.58)    
          Үүт 50с. буолла5ына - Росток
        22.12.2014 (11:13) (80.83.239.44)    
        рентабельность диэн ончу суох буолар. Атыыга тахсара аччаабыта 120с. буолар, маннык үүтү ким ылыай? Дьэ марбайабыт, оччо5о
              бастаан - кирбэй
            22.12.2014 (11:19) (188.244.185.201)    
            субсидия диэн тугун уерэтин, онтон куолулаан комментатордар.
              Тоҕо - Түөрт Бүлүү тыата
            22.12.2014 (11:34) (194.226.6.254)    
            үрдүөҕэй тутар тэрилтэ кыраҕа тутар,
            атыыга да таххыыта кыра буолуо этэ.
            Утарбыттар туттуммуттар тыа хотон
            дьонугар улахан ыар аньыыны оҥордулар, өйөөбүттэргэ күүстээх
            санааларын иһин махтал, малдьыастар
            бу сырыыга аҕыйаан биэрдигит тыа
            дьонугар чугастарын көрдөрдүлэр.
            Маннык поименна таһаарбыт киһи
            махтал аныгыс талыыга сыһыа
            суохпут.
                  Субсидиа5а олорон хаһан да сайдыбаккын! - Сонор
                22.12.2014 (11:45) (80.83.238.44)    
                Бюджеттан босхо харчы ылар сыыһа буо. Үүт собуоттара аһары элбэх харчыны сииллэр, кинилэр хайдах үлэлииллэрин ырытан көрүөххэ наада!
          . - Быйанг
        22.12.2014 (11:37) (217.150.7.21)    
        Мин кыһаллыбаппын, мин тетрапакетаах үүтү иһэбин.
              бэрт киьи эткин эмиэ оннук сиир инигин - ылдьыыс
            22.12.2014 (14:35) (80.83.239.97)    
            Бэйэ этин сиэбэппин диэ.
            Ынах этигэр кыьаппаппын диэ.
            Космонавтар курдук аьыыбын диэ.

            Оччотугар Депутаттарбыт ""субсидияларын"эмиэ быьыахха.
            Хамнаьа да суох кнопка баттыыллар ини.
            Оннуктарын манныктарын барытын быьыахха.
            Массыналарын таймаларын

            Керуехпут ээ уонна норуот туьугар анньыьааччылар теье хаалаллар эбит.
                  . - Быйанг
                23.12.2014 (10:27) (217.150.7.21)    
                Эти эмиэ атыылаһан сиибин. Дьон үксэ атыылаһан сиибит. Кыһын биллэриилэри көрөн тушанан атыылаһан кээһэбин. Сайан ларьга уонна морозильникка батарынан.
          Yут - Змеелов
        22.12.2014 (14:54) (85.26.241.251)    
        Үүт закупочнай сыаната..30 солк...онно икки самалык харчы эбиллэн..40 солк..буолар диэн кун бэ5эhээ кэпсээбиттэрэ...Cыана 50 да солк...буолла5ына ,наадыйар дьон 150 ылар буолла5а...Онноо5ор буоккачаанна 500 солк...кэрэйбэттэр дии..биhиэнэ буолла да то5о чэпчэки буолуохтаа5ый?
          ол оннугар - Змеелов
        22.12.2014 (14:58) (85.26.241.251)    
        ..О5о уутун онорооччуларга чэпчэтэн...дотациялаан тар5атыахха..тус аадырыhынан..
              Мин тус бэйэм итиннэ биири ейдеебетум - Ваисапка маннык кэллэ
            22.12.2014 (15:15) (217.118.64.51)    
            Итилэртэн отой кими дазаны кемускэспэппин эрээри, тозо туттуммут дьону утарбыт дьонно тэннээбиттэрий? Мин санаабар сыыьа саныыллар эбит
                  уруй айхал - Буурга
                22.12.2014 (16:21) (82.145.223.103)    
                Уут субсидиятын урдэтии бастатан туран тыа дьонугар улахан эбилик куус буолуо этэ.
                Билигин тып сиригэр дьон ыарахан балаьыанньага олорор биир оттунэн улэ хамнас суох иккис оттунэн дьон суоьулэрин элбэтэ сатыа этэ туьалаагын биллэгинэ уп харчы онорор ынахтарын суускэ биэрэллэрэ тохтуо этэ
                Дьон улэлээх хамнастаах курдук сананыа этилэр
                Биьи бюджеппыт 150 мил. солк. тахса онтон саатар 7-8 бырыьыан. тыа хаьаайыст. сайдыытыгар ыыталлара буоллар субсидияны 65 солк. оноруохха соп этэ.
                      Салгыы этэр буоллахха - Буурга
                    22.12.2014 (16:32) (82.145.223.103)    
                    Сайдыылаах дойдулар тыа хаьаайыстыба сайдыытыгар бэйэлэрин бюджеттарын 10 бырыьыанын биэрэллэр . Дьэ санаан корун биьи бюджеппыт 10 быр. т/х ыытар буол оччого биьи сылга 15 миллиард солк. угуо этибит.
                    Билигин коуллэр бюдж. 6.500миллиард коруллэр
                    Саха сирэ сурун дьарыга т/х буоларын бары билэбит онон мин кордохпунэ т/х соруйан эьээин курдук коробун.
                          Хайа да суукка судьуйа, албакаат уонна буруйдааччы баар буолуохтаах. - Snipe
                        22.12.2014 (16:41) (217.118.64.57)    
                        Буруйдааччылары иьиттибит, аны албакааттары истиэххэ, утары куоластааччылар туох эмэ доводтаахтара буолуо?
                      Туттуммут - Түөрт Бүлүү тыата
                    22.12.2014 (16:34) (194.226.6.254)    
                    диэн, тыын боппуруоска таҥнарбытын
                    тэҥэ, барыларын таҥнарбыт. Ол иһин
                    үүтү үрдэппэппит диэҥнээҕэр туттуммутун эрэбилэ суох буолар,
                    быһа куттас.
                          үүт собуотун үлэһиттэрэ - бытык
                        22.12.2014 (16:55) (185.26.180.118)    
                        харчыны сүүлүктээн,эргитэн байара байда.Холобур биир нэһилиэк собуотун хотуна биэс сыл үлэлээн баран куоракка квартира ылан онно көспүтэ,маҕаһыыннаах.Сүөһүтэ суох чугас ыалларыгар үүт туттарбыт курдук харчы ааҕан биэрэн,онто арыллан уурайбыта.Бэйэтигэр мөлүйүөнүнэн харчы ааҕыннаҕа.Маннык сиэһинсаха сирин үрдүнэн элбэх буоллаҕа.
                          үүт собуотун үлэһиттэрэ - бытык
                        22.12.2014 (16:55) (185.26.180.118)    
                        харчыны сүүлүктээн,эргитэн байара байда.Холобур биир нэһилиэк собуотун хотуна биэс сыл үлэлээн баран куоракка квартира ылан онно көспүтэ,маҕаһыыннаах.Сүөһүтэ суох чугас ыалларыгар үүт туттарбыт курдук харчы ааҕан биэрэн,онто арыллан уурайбыта.Бэйэтигэр мөлүйүөнүнэн харчы ааҕыннаҕа.Маннык сиэһинсаха сирин үрдүнэн элбэх буоллаҕа.
                              уут харчыта - уут харчыта урдууругэр ыалдьааччы
                            22.12.2014 (23:38) (10.244.38.82)    
                            Тыа сирин дьонун олус да кэрээнэ суох атагастыыллар, холобур кун бугунугэр дылы сайын туттарбыт ууттэрин харчы тын ыла иликтэр. Уйбаныап уруккута Туймаада лизинг тойоно кытта утары куоластаабыт дии, Тыа сирин дьонуттан куорсун анньынан тахсан баран (уксулэрэ да оннуктара боло да ) Уйбаныаптан серу ден сегуу бегетун сеген олоробун. Кыратык суобас дуома диэн суох эбит дьонно. Бачча тымныыга суеьу керер диэн манан дьыала буолбатах, сайын сагаланыагыттан аны от айдаана
          ыттар..суеьулэр.. - кырдьа5ас
        22.12.2014 (23:53) (82.145.208.194)    
        уонна туох диибит
              уут харчыта урдуурэ барыбыт интириэспит - АЙЫЛ5АНА
            23.12.2014 (00:40) (82.145.223.20)    
            уут харчыта урдуурэ сеп бе5е болла5а,Хайаан бачча ас уел ыарыы турда5ына,Баар суох ууппут харчыта урдуурэ сеп этэ. Жирков утарбыта хомолтолоох эбит.Убаастабыллаах депутаттар , олох туруорсун бу тыын суолталаах боппуруоьу Мун саатар 40 солк буоллар
                  тугу да ойдооботум - ууту атыылаьааччы
                23.12.2014 (01:26) (82.145.222.218)    
                Ити тугу ырыта5ыт? Уут туттарар сыананы этэ5ит дуо, 50 солк. буоллун диэн? Эбэтэр, 1 литрэ ууккэ СУБСИДИЯ 50 солк. толоотуннэр диигит дуу?
                      Сеп - 50 с.
                    23.12.2014 (08:49) (82.145.220.182)    
                    Инфляциянан суоттаатахха, харчы уларыйда5ына 5 с. Буолуо.
          Биири өйдөөҥ - Росток
        23.12.2014 (05:17) (80.83.239.36)    
        Ити привозной Үүттэр, сливкилар, молочнай да дождик сухой үүттэн оҥоһуллаллар, ол сухой үүккэ ПАЛЬМОВАЙ ЖИИР баар, пальмовай жиир киһи оһуоба кыра оҕоҕо куһа5аннык дьайар!!! Онон Саха сиригэр бэйэбит Детскай питание оҥоруохтаахпыт! үүт баар, собуоттар бааллар
              уут харчытын асаабаттао буо - м
            23.12.2014 (09:06) (82.145.221.40)    
            Пинигини киргистэр асаталлар буолуо ууккэ наадыйбат
          Омукпут төрдө - тыа сирэ - 909
        23.12.2014 (10:04) (94.245.153.18)    
        Тыа сирэ бу сылларга наһаа айгыраата, сүөһү, сылгы төбөтө сыллата аччыы турар, элбэх дьиэ буруота умулунна. Дьон төрөөбүт алаастарыттан - киин сиргэ тардыһар. Тыаҕа ынах маҕараабат, сылгы кистээбэт буоллаҕына - таас оскуоланы да тутан тыа сирин өрөһүйбэккин. Олохтоох норуот, төрөөбүт тыл баар буолуутун - "Үүт харчытын" үрдэтии эрэ быһаарыа. Куолулааһын, араас "Гигантомания" тутуулар, боруода сүөһү аҕалыытын программата тыа сирин өрөһүйбэт. Депутат! Тыа сирин кэнэҕэскитэ эн быһаарыыгын кэтэһэр. "Үүт харчыта" - олохтоох үүт, эт дэлэйиитэ - Саха сирин сайдыыта! Маны аах уонна толкуйдаан!
          суеьулээх дьон санааларын эттэххэ - ылдьыыс
        23.12.2014 (10:14) (80.83.239.72)    
        Туох ааттаах уут харчытынан кеечуктэнэн хааллылар.

        Улэьит дьон ону себулээбэттэр.
              . - Быйанг
            23.12.2014 (10:34) (217.150.7.21)    
            Биһиэхэ үүт хаччыта төһөнөн чэпчэки буолар да, оччоннон үчүгэй.
            Пакетаах үүттэр эмиэ дьиҥнээх үүттэр. Натуральное Молоко, Молоко восстановленное, Пастеризованное Молоко, уонна молочный напиток арахсаллар. Пастеризованное молоко - дьиҥнээх ынах үүтэ 60С° дылы сылытыллыбыт.
              Ол уут сыаната улаатта5ына ким атыылаьар? А5ыйах баай бэйэтин айа5ар булунара буолуо. - dana_z
            23.12.2014 (10:43) (82.145.220.194)    
            Биьиги ханна чэпчэкини атыылаьабыт. Тетрапак. Уут, спрей арыы, эти эмиэ чэпчэки сыаналаа5ы. Улахан бырааьынньыктарга эрэ ынах арыытын, суегэйи, эти ылабыт. Ол 150солк. ууту хайа ма5аьыын ылан сытытар? Нэьилиэнньэ улахан аран'ата быстар дьадан'ы. Эмиэ били омук хотонун туппуккут курдук буолбат дуо? Дьон оло5ун таьыма урдээтэ5инэ эрэ сыаналаа5ы атыылаьар кыахтаах. Ейдеех дьоннор утарбыттар.
                  оО, бу Дана Z - Кээтии
                23.12.2014 (16:02) (82.145.221.236)    
                Саамай сопко суруйбуккун! Юют сыаната ыараата5ына, биьиги пенсионердар, кыра хамнастаах, элбэх о5олоох дьон буорайабыт!
          УУТ субсидиятын урдэтии мин санаабар олох сыыьа - Семен
        23.12.2014 (10:43) (94.245.164.253)    
        того? уут субсидията урдээтэгин аайы биьиги ууппутун сыаналаабат буолабыт дии саныыбын. Заготовителлэр закупочнай сыаналара 4 солк, закупочнай сыана урдуехтээх, билигин субсидия урдээтэгинэ заготовитель интириэьэ суох, ол иьин продукция онорон таьаарар интириэьэ суох, босхо харчы бюджеттэн керуллэ турар ол иьин, угус заготовителлэрбит ууттэрин бары арыылыы олороллор ол саамай ночооттоох буолар (1 киилэ арыы 24 лиитирэ ууттэн оноьуллар) хомойуох иьин магаьыыннарбытыгар биир да уут продукция суох, ол теруетэ субсидия
              куоракка олорор туора топпут дьон куолулаамаҥ - тыаттан
            23.12.2014 (12:41) (82.145.222.120)    
            эһиги маҥнай тыа сиригэр олохсуйан көрүҥ.Сүөһүнү ииттии биир да өрөбүл күнэ суох ыарахан үлэ.Тыа сирин үгүс олохтооҕо үүт эрэ харчытынан аһаан таҥнан олороллор.
                  . - Быйанг
                23.12.2014 (13:00) (217.150.7.21)    
                Оттон быраҕан баран баран хаалыаххын... Ким буруйдааҕый ол, эн ынаххыттан иҥнэн олороргор?
                      быйанг эн дьону того уегэгин? - киьи киьитинэн
                    23.12.2014 (13:14) (82.145.221.21)    
                    суеьу согус киьи быьылааххын тус олоххор!!!
                      Быйаҥ хайдах эрэ киһигин быһыылаах - эбээ
                    23.12.2014 (13:21) (10.244.56.228)    
                    Ол сааһыҥ тухары үлэлээн кэлбит бурҕалдьыгын ыллыҥ да быраҕан кэбиһэр кыайтарбат буоллаҕа. Дьиэҥ-уотуҥ, хаһаайыстыбаҥ, оҕолоруҥ- барыта тарда сытар. Өр сылларга муспут көлөһүннэрэ, үлэлэрэ сыаналанара тоҕо табыллыбатый?
              Эн - Сэмэннэ
            23.12.2014 (22:18) (82.145.220.20)    
            Арааьа халлаан уола5ын.
          Этэргэ дылы - Moioho
        23.12.2014 (13:29) (82.145.208.130)    
        "дьаарай эдьиинэйдэр" утары куоластаабыттар эбит, ону сэргэ олохтоох омуктарбыт. Дьэ арай дьокутаат хамнаьын икки төгүл үрдэтиэххэ диэн эбитэ буоллар икки илиилэринэн куоластыа этилэр.
        Үүт тутуллар сыанатын үрдэттэххэ ма5аьыыҥҥа атыыланар сыаната үрдүө диир дьоҥҥо: үүт тутуллар сыаната үгүс сылларга үрдээбэтин иьин дьон сүөһүтүн эьэ турар, барыыьа суох диэн. Дьэ оччо5о сырайбыт тэҥнэьэр - чэпчэки, ыарахан диэн сирэрбит-таларбыт суох буолар. Бороьуоктан оҥоьуллубут үүт ута5ы ба5абыт хоту иьиэхпит.
          эмиэ уут - змеелов
        23.12.2014 (14:58) (85.26.241.85)    
        ..бу да дьон"КОКА КОЛАНЫ" о5олоргутугар кун аайы 200 солк. ылан иhэрдэ5ит..оннук маннык чипсыны..пиибэни..винону..буокканы этэ да барбаппын..Yуту кун аайы ылбаккыт биллэр..чэ нэдиэлэ5э иhэ улуннэ5инэ 2-тэ ылыаххыт..ол да саарбах..
              оннук таьа дьэрэкээн ойуулаа5ы сыанатын кэрэйбэккэ ылааьын баар суол - Дьэрбэ Ссылка на блог
            23.12.2014 (15:18) (80.83.239.61)    
            иьэ теье кедьуустээ5ин билбэккэ эрэ...
            оттон ынахпыт уутэ барахсан тун былыргаттан илдьэ кэлбит баайбыт,кедьууьун кэпсии да барыллыбат, кедьууьэ суо5а буоллар ким ына5ы тутуо этэй?
            а5ыйах бытархайы аьынан кытаатан суррогатынан аьаан чэпчэкитин талан.
          куьун буолла да куораттар дьыл хайа кэминээ5эр тыа5а олорор аймахтарын саныыллар - ылдьыыс
        23.12.2014 (15:09) (80.83.239.72)    
        Тыа ыала барахсан кэлбит дьону кураанах ыыппат инниттэн куну тууну аахсыбакка дьирээлэьэр буолла5а.
        Стрекозаларбыт куьун буолла5ына кэлиэхтэрэ диэн бук эрэллээх.

        Тыа сиригэр олорор саха ыала уйэлэртэн кэлбит утуе угэьи сал5ыыр утуе ыралаах суеьутун эспэккэ улэлии-хамсыы сылдьар.

        Ити утары уонна туттуммут депутаттарбытын тыа ыалыгар та5ыстахтарына теье эрэ тыалар суурэллэр кетеллер.
        Остуол хотойорунан остуол тардан.
        Массыына уйарынан симэн ыыталлара буолуой.



        Как говорится "Хорошо иметь дом с родственниками, хотон с крс в деревне"
          буурҕаҕа - дьөгүөр
        23.12.2014 (15:25) (82.145.222.241)    
        төһө да үүт хаччытын үрдэтттиннэр ынах ахсаана эбиллиэ суоҕа.Билигин дьон байан,сүрэҕэлдьээн,кырдьан кыайбат буолан сүөһүтүн эһэ турар.Уонна ынах ыыр эрээри үүт туттарбат дьон эмиэ баар.
          Cүөһү иитиитигэр бэриллэр харчыны социальнай ороскуот курдук көрүөххэ наада - Быр5ай
        23.12.2014 (15:41) (91.185.252.25)    
        Ама эт өйгүтүнэн олорон Саха сиригэр тыа хаhаайыстыбатынан чэчирии сайдыахпыт дии санаабат инигит?
        Бу утары куоластаабыт дьон, бука, "дьоммут барахсаттар тойоттору үөҕэ2, сүөһү эрэ көрбүтэ буолан олороохтооботуннар, атын тугу эмэтэ толкуйдаан, тобулан, киирэн-тахсан киhи --хара буолуо этилэр" диэн утарбыт буолуохтаахтар.
              манна диэн эттэххэ - Дьэрбэ Ссылка на блог
            23.12.2014 (16:01) (80.83.239.61)    
            дьон 1л ынах уутун 75солк атыылаьан олорор,быстан-ойдон барбыттара кестубэт.уес сиргэ атыылаьыы ессе далааьыннаах буолуо эбит мин санаабар.
          мин куорат киьитэ буолбатахпын, тыага олоробун - Семен
        23.12.2014 (15:59) (94.245.164.253)    
        мин дбонум 2 ыанар ынахтаахтар, кинилэр уут туттарар иьин ииппэттэр, бэйэлэрин потребностарын сабынаар иитэллэр, ол эбэтэр 4 оголоругар сиэннэригэр уут аьы уонна этинэн хааччыйаары, но мин дьонум вечнай буолбатахтар ууьаатахтарына уонча сыл иитиэхтэрэ, уонна кыаммат буолаллар, оттон биьи эдэр ыччат хотон тутар саннаабыт суох, бу курдук хартыына улууска барытыгар баар, ыччат суеьу иипэт, суеьу вынужденно эстэр, теье да харчыны кер
          сыл ахсын ереспуубулукэ урдунэн - Семен
        23.12.2014 (16:05) (94.245.164.253)    
        10 тыыьынча ынах суеьу ахсаана кегуруу турар, билигин Правительство уларытыы киллэриэн наада, хас биирдии улууска атахтарыгар турбут тыа хаьаайыстыбатын кооперативтар бааллар оннук профессионально дьарыктанар хаьаайыстыбаларга туох баар базаларын тутан биэриэн наада, оччого бу дьон продукция эрэ онорор интириэстээх буолуо этилэр, холобур 1 СХПК 1000 ыанар ынахтаах буоллун, оччого улуус потребноьын 3 СХПК сабар
              Эн - Сэмэннэ
            23.12.2014 (22:12) (82.145.220.20)    
            Арааьа ыйтан туспуккун.
          оттон чааьынай дьон - Семен
        23.12.2014 (16:08) (94.245.164.253)    
        бэйэлэрин интириэстэригэр иитин, здоровое питание - здоровая нация диэн девизтаах
              хата инньэ диэ, - Дьэрбэ Ссылка на блог
            23.12.2014 (16:18) (80.83.239.61)    
            ынах керер дьон кырыйдылар,ким да кербет,суланыы бе5ете биьиги келуенэ сааьырдахпытына тутуохпут сиэннэрдэннэхпитинэ урун аьынан хааччыйа таарыйа.
          Сэмэн биир ыалга суеьу керуу ночоохтоох буолла5ына - ылдьыыс
        23.12.2014 (18:11) (80.83.238.35)    
        Хайдах 1000 ыанар ына5ы тутар барыстаах буолуой?

        Ититиитин
        Уотун
        Атын чааьынай ыалга суох ороскуотун ким уйунар.

        Тыа ыалын кооператив хотонноругар симии бу буолар дьону эьии.

        Чааьынай ыал сарсыарда куорат киьитэ автобуска анньыьар бириэмэтигэр хотонун улэтин бутэрэн салгыы ким туох улэлээ5инэн тар5аьар.

        Онтон кооператив улэьитэ хотонугар бааллан атын туох улэ5э кыттар кыа5а суох.
        Аныгы уйэ5э чааьынай ыал 20-чэ суеьутун отун уьаппакка кун турда5ына оттоон бутэр.
        Кооперативтар сайыны быьа, атын улэ5э аралдьайар бириэмэлэрэ суох.
        Хамнас боточчу буолуо дуо.
        Ону уонна хантан ылаллар.

        Чууйэ хотоно, тобугар дылы саахтарыгар буккуллар суеьулэр ама чааьынай ыалга оннугу ким керуей.

              уут сыаната урдуехтээх - Уут
            23.12.2014 (19:20) (80.83.239.117)    
            Бу да дьон толкуйгут санаагыт чычааьын.Уутунэн этинэн байан сайдан олорор дойдулар регионнар ол эбэтэр уут эт туттарааччыларга кеме онорон урдэтэллэр сыананы ол кэннэ аны продукта переработка онорор дьонно эмиэ субсидияланар.Атыылаьааччыга сыананы урдэппэтин курдук ол аата биьи курдук уут аьы сиэччилэргэ.Кербеккут дуо омук этэ уутэ ити улугэр транспортнай айан затрататын урдунэн биьи Саха сиригэр кэлэн конкурент буолар.Ити баар тыа хаьаайыстыбатын сайыннарыы кемелеьуу диэн.Биьиэхэ хантан бачча тымныы усулуобуйага туох да кормовой эбии аьылык базата суох дьонно ессе саатар уут харчытын урдэппэттэр.Чааьынайы барытын эстилэр сотору дэриэбинэлэр эстиэхтэрэ суеьутэ суох.СХПКга эрэ улэлиир дьон олорор буолуо уонна агыйах бааьынай хаьаайыстыба.Сотору чэпчикэгэ сеп буолар омуктар кэлиэхтэрэ бэйэлэрэ СХПК тэрийиэхтэрэ.
              Утарбыттар бары да тыа сириттэн иитиллэн тахмыбыт дьон - хотон
            23.12.2014 (19:21) (85.26.241.4)    
            Өбүгэлэрэ дьонноро сэргэлэрэ сүөһү ииттэн сүөһү иитиитэ ыараханын эттэринэн хааннарынан билбит дьон буолуо уонна хайдах итинник дьоннорун сэргэлэрин санаабакка утарбыттара буолуой Ама да кыаҕырбыттарынайбыттарын иһин
          биьиги дьоммут Германия5а сотору сотору баралларын истэбит - ылдьыыс
        23.12.2014 (20:27) (80.83.238.41)    
        Онтон биир маннык тугэни кэпсиим.
        Уйэлэр кирбиилэригэр немец тылын учууталынан улэлиир эдьиийим Германия5а бара сырытта.
        Билсибит коллегата Германияттан бу билицци куннэр курдук тымныыга кэлэ сылдьыбыта.
        Дьэ ол ыалдьыппыт саамай сехпутэ тымныы буолбатах.
        Бу тымныыга суеьулэр ититиллибэт хотоццо кыстыыллара этэ.
        Олох кууьунэн тахсан хотон керен, се5уу бе5е се5ен.

        Экономика сурун сокуоннарынан салайтаран, рентабельность, бородууксуйа бэйэ5э турар сыаната ханна чэпчэкитинэн салайтаран тыа хаьаайыстыбатын сайыннарыах баар этэ.
          Абырыа, этинэн-үүтүнэн хааччыйыа диир - Moioho
        23.12.2014 (22:03) (82.145.210.156)    
        тэриллиилээх хаьаайыстыбаларгыт, СХПК-гыт өнүйбүттэрэ, эти-үүтү дэлэппиттэрэ көстүбэт. Төһө эмэ бүддьүөттэн кэтэхтэргэ холоотоххо ботуччу көмөнү ыла олорон. Маа5ыан тэлэгэр-нэлэгэргэ "аатырбыт" "Манчаарылары" көрдөрөн аьарбыттара - салалталара уларыйбыт, моҥкуруут барбат туһугар мөхсөллөр, барыыстара 6 тыһ. буолла5ына ороскуоттара 10 тыһ. диэтилэр. Аарыма хотонноро тымныыта бэрт быһыылаах - тыыннара бур5аҥнас. Дьэ, дьаабы
          . - Быйанг
        23.12.2014 (22:31) (217.150.7.21)    

            Цитата:
            быйанг эн дьону того уегэгин? - киьи киьитинэн
            23.12.2014 (13:14) (82.145.221.21)    
            суеьу согус киьи быьылааххын тус олоххор!!!


        Бэйэн, сүөһүлэргин кытта хаанньоһон утуйар буолан, сүөһү буолбуккун өссө да өйдөөбөккө сылдьаҕын быһыылаах.
        Олордоҕун дии, сүөһүлэргин кытта бэйэн, нароту умса тардыма! Уонна государства эн бэйэн ынаххар, бэйэн үүткэр тоҕо энихэ хаччы бириэхтээҕий? Этин атылаабыт хаччытын бэйэҕэр ылаҕын, үүтүн атылаабыт хаччытын эмиэ бэйэҕэр ылаҕын. Наһаа буолбатах дуо?

        Ынах ииппэт, боростуой үлэһит дьоннор налогтарынан тоҕо эниигин иитэн олоруохтаахтарый? Эккин уонна үүккүн босхо бирбэккин буолбат дуо?
              Быйанг никкын уларытыыгын - ылдьыыс
            23.12.2014 (23:25) (80.83.239.34)    
                  Быйанг - Түөрт Бүлүү тыата
                24.12.2014 (00:44) (194.226.6.254)    
                аһары мээнэ буолаҕын, сорох дьокутааттар бу киһи курдук токкуйдаахтара буолуо ол иһин
                куоластааһыннара утары тыа дьонун.
                Уонна эппиттэр дии ааккын уларыт
                ханнык да саха Быйаны Быйанг игин диэн саакка киирбэт баҕайыта бэйэн да .төбөлөөх киһигин Быйаҥ буолуон сөп,
                ити бүтэһик Г буукубаны Россияҕа
                сөбүлээбэттэр мин да сөбүлээбэппин.
                Куорат да кыһалҕата элбэх буолуо
                ону игин көтөх манна киһи сонуну
                истиэҕи.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1589 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024